Киир

Киир

Соторутааҕыта Хаҥалас улууһун эр дьонугар анаммыт итэҕэлгэ, оҕону иитиигэ сыһыаннаах бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Маннык тэрээһиннэр улууспутугар элбээн эрэллэрэ үөрдэр.

Тыл этэрбэр аҕа баһылыкпыт О.В. Иринеев эр дьону түмэр, уол оҕо иитиитигэр болҕомтону уурар, Аар Айыы итэҕэлин кытары быһаччы ситимнээх түмсүүнү бэйэтэ көҕүлээн ыыта олороругар махтанным. Кини ааспыт сыл сааһыгар Аар Айыы итэҕэлин тула нэһилиэк бас-көс дьоно кыттыылаах тэрээһини эмиэ тус бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыытан турардаах.

Биһиги улууспут саха омугун киинэ түспүт ытык сирэ буолар. Онон улуус бары дьонун түмэр эрэ буолбакка, бүтүн саха омугун сомоҕолуур, урааҥхайдары уруулуур, түүрдэри түмэр Ыйтан ыйаахтаах, Күнтэн Уураахтаах диэн саныыбын.

Хаҥалас эр дьонун түмэр оһуохай

  • Мин норуоту түмэр, сомоҕолуур араас хайысхалар баалларыттан икки сүрүн хайысхаҕа тохтуохпун баҕарабын. Биһиги оҕолорбут 100% аҕаларын ааттарын сүгэ сылдьаллар. Онон саҥа үйэҕэ үктэммит ыал аҕа быһылыга, саҥа төрөөбүт оҕолорун сахалыы ааттаатаҕына, бу оҕолор аны 20-чэ сылынан ыал буолан, бэйэлэрин оҕолоругар сахалыы ааты иҥэриэхтэрэ. Ол инникитин оҕолор толору сахалыы ааттаналларыгар төрүөт буолуох этэ. Эр киһи толору сахалыы ааты ылыннаҕына эрэ, сахалар киһи буолан килбэйиэхпит, омук буолан  сандаарыахпыт, инники кэскиллэниэхпит;
  • Бу мунньахха саханы саха дэппит, Саха сирин курдук тымныы, тыйыс дойдуну баһылаан-көһүлээн дойду оҥостон олорорбутугар кыаҕы биэрбит ытык-мааны саха сылгытыгар XXI үйэҕэ тиийбит саха эр дьонун аатыттан өйдөбүнньүк-пааматынньык тутуоххайыҥ диэн уруккуттан илдьэ сылдьар баҕа санаабын эттим. Дьиҥэр, саха сылгытыгар өйдөбүнньүгү саха норуота бүттүүнэ кыттыһан туруорарбыт буоллар, Саха сирин үрдүнэн эр дьонун түмэр уонна сомоҕолуур улахан хамсаныы буолуо этэ. Онтон сахабыт сылгытыгар өйдөбүнньүк баар буолуохтааҕын туһунан элбэхтик хаһыаттарга да суруйбутум, брошюра да таһааттарбытым, кэнсиэпсийэ да бэлэмнээбитим. Бэл, Саха сирин икки бэрэсидьиэннэригэр В.А. Штыровка уонна М.Е. Николаевка, тус бэйэм санааларбын этэ сылдьыбыттаахпын.

Вячеслав Анатольевичтан туох да харда суох эбит буоллаҕына, Михаил Ефимович бу санааны сэргээн, миигин уонна Саха сирин биллэр скульпторын Эдуард Пахомовы бэйэтин үлэлиир хоһугар ыҥырбыта. Саха сылгытын өйдөбүнньүгүн эскиһин оҥорорбутугар сорудах биэрбитэ. Ол эскиһи Эдуард Пахомов оҥорбута эрээри, олохтон туораабытын кэннэ ол саҕалааһын уостан, тохтоон хаалбыта.

Онон, бу Бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев бэйэтин кэмигэр өйөөбүтүгэр уонна кини биир кинигэтигэр: «Киһиэхэ буолбатах буоллаҕына, Cаха сылгытыгар, кини дьоҥҥо сүҥкэн улахан өҥөтүн иһин, Саха сиригэр эрэ буолбакка, Чуумпу байҕал кытылыгар саха сылгытыгар өйдөбүнньүк хайаан да баар буолуохтаах» - диэн суруйан хаалларбытыгар олоҕуран, хаҥыл аттаах Хаҥалас эр дьоно бүтүн Саха сирин үрдүнэн ыҥырыы ыытан, саха дьонун түмэр хамсаныыны саҕалыахха.

Ыҥырыылаах ыалдьыт Спиридонов Л

  • Саха эр дьонун биир сомоҕо оҥорор, биир санааҕа киллэрэр, биир эрэллээх суол баар. Чулуу убайбыт Владимир Алексеевич Кондаков, биһиэхэ, хаҥаластарга анаан: «Аар Айыы итэҕэлэ, бу бастатан туран хаҥаластар итэҕэллэрэ» диэн түмүккэ кэлбит кэс тылыгар олоҕуран, бары Аар Айыы итэҕэлин ылынан, бүтүн саха норуотугар холобур буолуоҕуҥ диэн ыҥырдым. Аар Айыы итэҕэлин дьиэ кэргэн Аҕа баһылыга ылыннаҕына эрэ, кини кэргэнэ, оҕолоро ити итэҕэли билиниэхтэрэ уонна ылыныахтара;
  • Улууспут киинэ чулуу, хорсун-хоодуот, кырдьык туһугар олохторун толук уурбут убайдарбыт сэймэктэммит күннэрин аатын сүгэр. Бу кутурҕаннаах уонна хараастыылаах ааттан хаһан босхолонобут? Аныгы XXI үйэ сахалара Эргис аатын улууспут киинигэр иҥэрдэхпитинэ, бу эмиэ туһугар эргитии сиэригэр-туомугар киирсиэн сөп буолуон курдук көрөбүн. Баҕар алҕаһыырым буолуо? Ол эрээри тугу да гыммакка олоруохтааҕар, ытык кырдьаҕас өбүгэбит Эргис эһэбит этиитигэр суолта уонна болҕомто ууран тугу эрэ тобула сатаабыт ордук буолуон сөп этэ диэн этиилээхпин. Бу хайысхаҕа Аар Айыы итэҕэлин сөргүтэ сылдьар дьон хайыы сахха үлэлэлэһэ сылдьаллар. Онон Хаҥалас улууһун олохтоохторугар биир үтүө күн Эргис аатын эргитии туһунан ыйытык турдаҕына, эр хоһуун, хаҥыл аттаах халыҥ аймах хаҥаластар ону 100% өйүүргүтүгэр ыҥырыам этэ.

Билэргит курдук, былыргыны эргитэр буоллахха, биһиги өбүгэбит, Үрүҥ Айыы Ойууна Эргис эһэбит хаҥаластар көҥүлү уонна итэҕэли көмүскүүр бүтэһиктээхтик өрө турууларыгар кыттыбыт курдук кэпсэнэр. Ол кыргыһыыга кини өстөөх оҕуттан бааһыран, бу дойдуттан араҕаары сытан кэриэс тылы эппитэ уос номоҕо буолан бүгүҥҥү күҥҥэ дылы сылдьар. Кини: «Хаҥаластар, мин уҥуохпун үстэ эргитэн харайаарыҥ. Үһүс эргитии кэннэ саха саргыта салаллыаҕа, дьоло-соргута туругуруоҕа. Аар Айыы итэҕэлэ дьоҥҥо дьиҥнээхтик эргиллиэҕэ, саханы салайар улуу киһи үөскүөҕэ, уһун сылларга салайыаҕа» -- диэн эппит кэриэһэ туолбута дуо? Манна мин санаам бу курдук. Сыл-хонук аастаҕын аайы, Эргис эппит кэриэс тыла умнууга хаалан сүтэн-симэлийэн хаалар кутталлаах. Биһиги билэрбитинэн, өбүгэлэрбит кини этиитигэр суолта ууран уҥуоҕун иккитэ эргийбиттэрэ кэпсэнэр. Онтон үсүһэ, кыаллыбыта кыаллыбатаҕа биллибэт буолан, «үһү» эрэ диэн тылынан муҥурданабыт.

Түмсүү кыттыылаахтара

Эр дьон ааспыты сыныйан үөрэтэн, Эргис эһэбит аата улууспут киинигэр тоҕо эргиллиэхтээҕин, чугас дьонноругар, кэргэннэригэр, оҕолоругар, сиэннэригэр саас-сааһынан өйдөтөн кэпсээтэхтэринэ, ону кэмигэр бука бары  өйөөтөхпүтүнэ эрэ, бу олоххо киириэҕэ, ол кэннэ сайдыы барыаҕа.

Бүтэһикпэр, Хаҥалас улууһун эр дьонугар анаан этиэм этэ, ол-бу араас бэйэни эрэ арбаныыга, күүһү-уоҕу холонууга, бэрт былдьаһыыга, суолтата суох көрү-нары сырсыыга аралдьыйбакка, сыраны да, үбү да бараабакка, үйэлээх үлэни эрэ өрө тутан,  бу курдук оҕолорбутун, ыччаттарбытын иитиигэ, сахалыы ааттаах саха омуга баар буоларын туһугар сүрүн болҕомтону ууран, төрөөбүт нэһилиэкпит, улууспут, бүтүн Сахабыт сирэ чэчирии сайдарын туһугар үлэни ыытан, аһыныгас санаалаах Айыы аймаҕа, көмүскэс санаалаах Күн киһитэ, Аар Айыы итэҕэллээх, хаҥыл аттаах, халыҥ аймах хаҥаластар буолан, бүтүн Саха сирин үрдүнэн үтүө холобур буолуоҕуҥ диэн ыҥырабын!

xaritonov

Аар Айыы итэҕэллээх Александр ХАРИТОНОВ.

Бүтэһик сонуннар