Киир

Киир

Ахсынньы 18 күнүгэр “Кыым.ру” көҕүлээһининэн “Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын стратегиятын туһунан ыйааҕын сокуон өттүнэн хааччыйыы” диэн төгүрүк остуол буолан ааста. Төгүрүк остуолу “Ситим” медиа-бөлөх генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, суруналыыс Владимир Степанов иилээн-саҕалаан ыытта.

IMG 6706

 

IMG 6701

Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 11 күнүгэр 232 №-дээх “Саха өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы тутаах (стратегическай) хайысхаларын туһунан” диэн тыын суолталаах ыйааҕа тахсыбыта. Манна 2024 с. диэри кэмҥэ оҥорон таһаарыыны улаатыннаран, нэһилиэнньэ эт, үүт, хортуоппуй, сымыыт курдук сүрүн аска наадыйыытын хааччыйар кээмэй үрдүөхтээҕэ этиллэр. Ону ситиһэргэ Бырабыыталыстыба ханнык салааҕа, туох үлэ, тутуу барарын хааччыйыахтааҕа чопчу сыыппаратыгар, кээмэйигэр тиийэ ыйыллыбыт. Агробырамысыланнас оҥорон таһаарыытын өйүүр пуонда тэриллиэхтээҕэ, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр сыыппара киириитэ, бородууксуйаны батарыы тиһигин сайыннарыы, улуус баһылыктарыгар сүбэ уо.д.а. киирбит.Ил Дархан Ыйаах туолуутун тус хонтуруолугар ылбыта. Төгүрүк остуолга бу Ыйаах сүрүн хайысхаларын хайдах олоххо киллэрэри, туох итэҕэс-быһаҕас баарын уо.д.а. тула кэпсэттилэр.

IMG 6723

Ахсаантан – хаачыстыбаҕа

IMG 6717

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Василий Афанасьев бу ыйаах туһунан сиһилии билиһиннэрдэ. Кини ыйаах сүрүн уратыта – оҥорон таһаарыыны өйөөһүн диэн тоһоҕолоото:

— Ыйаах ылылларыгар сүрдээх улахан үлэ ыытылынна, ол инниттэн нэһилиэнньэни, тыа хаһаайыстыбатын салааларыгар үлэлиир дьону кытары көрсөн этиилэри хомуйбуппут, сүбэ-ама ылбыппыт. Ыйаах хара тахсыар диэри приоритет туох буоларый диэн кэпсэппиппит. Тыа хаһаайыстыбатын сүрүн сыала-соруга – аһы-үөлү оҥорооһун. Инньэ гынан, бу ыйаахха сүрүн сыалынан бэйэбит бородууксуйабытынан бэйэбитин хааччыныы турбута. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы сүрүн сыалынан нэһилиэнньэни олохтоох, хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн хааччыйыы буолар. Ол курдук, үүтү ыаһыны уонна үүт аһын астааһыны 61 бырыһыаҥҥа диэри улаатыннарар былааннаахпыт. Маны таһынан, эккэ – 30%, хортуоппуйга – 66 %, оҕуруот аһыгар – 51, сымыыкка – 65% дылы көрөдрүүлэри улаатыннарар сорук турар. Маннык уураахтаарга үгэс курдук төгүрүтүллүбүт сыыппаралар суруллааччылар. Оттон манна, көрөргүт курдук, чопчу сыыппара ыйыллыбыт. Ол эбэтэр, бу сыыппара халлаантан ылыллыбакка, чопчу баар көрдөрүүлэри анаалыстааһынтан, ааҕыы, суот-учуот кэннэ бигэргэннилэр. Онуоха тх күүһүн, төбөбөүт ахсаанын, үлэһиттэрбитин, тиэхиньикэбитин уо.д.а. барытын анаалыстаабыппыт. Тоҕо диэтэххэ, ыйаахпыт 2024 сылга диэри чопчу болдьохтоох. Ол эбэтэр, 2024 сылга диэри биһиги төһөнү эбинэн ыйаахха ыйыллыбыт сыыпараларга тиийэбит диэн ымпыгар-чымпыгар диэри аахпыппыт. Тыа хаһаайыстыбата сиртэн саҕаланар, онон ыйаахха бастатан туран сир боппуруоһа турда. Иккиһинэн, сүөһү продуктивноһын улаатыннарыы турар. Манна сүөһү ахсаанын элбэтии сүрүн сорук буолбат, ахсаантан хаачыстыбаҕа иэҕиллии сүрүннэнэр. Ол эбэтэр, сүөһүттэн ылар аспытын элбэтиэхтээхпит. Онуоха ыйаахха киирбит капитальнай тутуу үлэһиттэр үлэлиир усулуобуйаларын тэрийиигэ төһүү буолуохтара. Ыйаахха биир сүрүн пуун баар – саха сүөһүтүгэр туһуламмыт. Билигин 660 эрэ төбөлөөхпүт, онтубутун 2024 сылга диэри тыһыынчаҕа диэри тиэрдэр сорук турар. Маны таһынан оҥорон таһаарыыга, батарыыга, балыктааһыҥҥа, тх сыыпаралааһыҥҥа соруктар турдулар. Хотугу таһаҕаһы тиэрдиигэ билигин он-лайн карта оҥоүулла сылдьар, ол көмөтүнэн баржа ханна, хаһан тиийбитэ эҥин ырылхайдык көстө сылдьар буолуоҕа. “Туймаада” ФАПК базатыгар пуонда тэриллиэҕэ. Ол пуонда АПКны сайыннарыыга сүрүн механизм буолуоҕа.

Сир үлэтин сөргүтүү – сайдыы суолун тутуһуу

IMG 6704

Ефим Гоголев, Нам улууһун баһылыгын т/х боппуруостарыгар солбуйааччы:

-- Бу ыйаах боростуой дьону өйүүргэ туһуламмыт диэн сыаналыыбыт. Нам улууһугар элбэх бородууксуйаны бэлэмниэх дьоммут сирдэрэ суох буолан улаханнык атахтаналлар. Инньэ гынан, бу тосхолго сир боппуруоһа көтөҕүллүбүтүн биһирээтибит. Сир үлэтиттэн сиэттэрэн атын салааларбыт сайдаллар. Оҕуруот аһыгар, түргэнник сайдар салааларга туруоруллубут сыыппаралары намнар толоруохпутун сөп. Холобур, Саха сиригэр мүөтү оҥорууга 20 туоннаҕа диэри тиэрдэбит диэн сорук турбут. Оттон биһиги билигин 2 туоннаны оҥоробут, онтубут тааҕыта 10 туоннаҕа диэри тиийиэн сөп. Онуоха сөптөөх үлэ барыан наада. Мүөтү оҥоруу биисинэс курдук сайдан турар, билигин 8 хаһаайыстыба баар. Сыллата 2-лии хаһаайыстыба эбиллэн иһэр. Пуонда тэриллэр буолбутуттан улаханнык үөрдүбүт. Хаһаайыстыбалар оборуоттара суох буолан күттүөннээх үлэ барбат, онуоха барыта харчыга кэлэн иҥнэн хаалаллар. Онон Пуонда хайаан да баар буолуохтаах. Бу сайдыы стратегията тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үп-харчы эбилэригэр эрэли үөскэтэр.

Саха ынаҕар болҕомто уурулунна

IMG 6712

Василий Лукин, “Сахаагроплем” салайааччыта:

— Бу ыйаахха чопчу сыыппаралар ыйыллыбыттара олус үчүгэй, уута-хаара суох, чопчу сыал-сорук турбут. Хаачыстыба өттүгэр болҕомто ылыллыахтаах диэн сөптөөх туһаайыыны тутуспуттар. Дойду ирдэбилин быһыытынан, уопсай сүөһү ахсааныттан племенной сүөһү 10-12 бырыһыан буолуохтаах диэн. Оттон биһиэхэ баара-суоҕа 1,8 бырыһыан (1880 төбө, 8 племхаһаайыстыба). Ол аата, кыччаабыта 5-6 төгүл үрдэтиэхтээхпит. Ааспыт сылга биир племенной ынахтан 3660 л үүт ыаммыт. Онтон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ортотунан 2300 л үүтү ыабыттар. Ол эбэтэр, хас биирдии племенной ынах 1 т. 200 л тахса ордугу биэрэн олорор. Ити 8 племхаһаайыстыба атыттарга холоотоххо, былырыын 99 мөл. солк. үүтү ыабыт. Арассыыйа таһымыгар тахсан, плем сүөһүнү элбэттэхпитинэ, миллиард аҥарын өлөрөр кыахтаахпыт. Эрэйэ биир буолар, ол гынан баран харчытыгар таһаардахха быдан барыстаах. Маныаха бу ыйаахха сүөһү аһын хааччыйыыга чопчу сыал-сорук турбута олус үчүгэй. Ас базата баар буоллаҕына бородууксуйаны ылыы тупсарын бары өйдүүбүт. Маны таһынан, сиэмэлээһини үрдэтиигэ сорук турбута эрэли үөскэтэр. Ил Дархан ыйааҕар аан бастакытын саха ынаҕын өйөөһүн ахтылынна. Онон сүтэн эрэр сахабыт ынаҕын харыстыырга, тутан хааларга кыах бэриллэр. Тас дойдулар, Арассыыйа атын эрэгийиэннэрэ саха ынаҕын олус сэҥээрэллэр ээ, арай биһиги бэйэбит сэнэбиллээхтик сыһыаннаһабыт. Онон суолта биэриэххэ наада. Саха ынаҕын этэ, үүтэ экологическай ыраас бородууксуйа буоллаҕа дии. Онон биһиги бу ыйааҕы былаах оҥостон үлэлиэхтээхпит.

“Бары күүһү холбуохха”

IMG 6714

Василий Дарбасов:

— Билим хараҕынан көрөн, анаалыстаан баран, бу ыйаах кэлэр алта сыл иһигэр туолуон сөп эбит диэн түмүккэ кэллибит. Урукку ыйаахтары эмиэ көрбүппүт, онно чуолаан төбө ахсаанын элбэтиигэ болҕомто ууруллар этэ. 1989 сыллаахха сүөһүбүт ахсаана 290 тыһ. этэ, билигин 187 , ол аата 103 тыһ. аччаппыпыт. Ол аата урукку ыйаахтар туолбакка турбуттар эбит. Аграрнай бэлиитикэҕэ ханна эрэ сыыстарар эбиппит. Тастан 60 тыһ. т эти, 120 тыһ. т. үүтү аҕалаллар. Ону Россельхознадзор барытын бэрэбиэркэлиибит дииллэр. Дьиҥэ, ити олох хаачыстыбата суох бородууксуйа буоллаҕа. Онон бу ыйаахха бэйэ бородууксуйатыгар хаачыстыбаны өрө туппуттара ордук. Биһиги санаабытыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар бүддьүөттэн 10 млрд солк. көрүллэрэ саамай сөп, ол тиийиэхтээх. Ол гынан баран, ону табыгаһа суохтук туттабыт. “Туймаада-лизинг” тэрилтэ хаһаайыстыбаларга тиэхиньикэни аҕалан батарыан оннугар, 120 мөл. солк. хотоннору тутуунан дьарыктанар. Дьоҕус хотону пиэрмэрдэр бэйэлэрэ да туттуохтарын сөп ээ. Ол харчыны 10-нуу мөл. гынан түҥэттэххэ дьон бөҕө хотон туттан үлэлиэ этэ дии саныыбын. Бу ыйааҕы толорорго бары күүспүтүн холбоон үлэлээтэхпитинэ сүрүн тосхоллор туолар кыахтаахтар.

IMG 6715

Саргылаана Павлова, ветеринария департаменын салайааччытын солбуйааччы:

— Бу ыйаах саамай сөптөөх уонна кэмигэр таҕыста диэн биһириибин. Киһи доруобуйатын 70-80 бырыһыана астан тутулуктаах, 10 бырыһыан – генетикаттан, онтон хаалбыта – эйгэтиттэн, дьарыгыттан диэн билим дакаастаан турар. Онон хаачыстыбаҕа улахан болҕомто ууруллуохтаах. Ветеринар, исписэлиис үлэлиириттэн уонна хаһаайынтан хаачыстыба быһаччы тутулуктаах. Хас биирдии улууска баар ветлаборотория ас хаачыстыбатын чинчийэргэ төлөбүрдээх өҥөнү оҥорор. 38 лаборотория баарыттан 28-а федеральнай аккредитацияны ааспыта. Сокуон ирдэбилэ кытаатан, билигин 17 эрэ лаборатория туһааннаах аккредитацияны ааста. От ыйын 1 күнүттэн, сокуон ирдэбилинэн, ветеринарнай-арыаллыыр докумуону сыыппараҕа көһөрдүбүт. Урут кумааҕынан суруйан биэрэр эбит буоллахпытына, билигин барыта электроннай буолан быдан судургутуйбута. Ол гынан баран, сибээс мөлтөҕүнэн, ити барыларыгар кыаллыбат. Инньэ гынан, бу сыл бүтүөр дылы уураах таһааран, 109 нэһилиэккэ уруккулуу кумаҕынан үлэлииллэригэр көҥүл биэриэхпит. Маннык ыспырапканы урут ветврач эрэ толорор эбит буоллаҕына, билигин боломуочуйалаах уонна аттестациялаах киһи биэрэр буолуоҕа.

IMG 6716

Василий Афанасьев:

— Эһиил “Закон о качестве безопасности пищевой продукции в РС (Я) (об отдельных мерах)” диэн олохтоох бородууксуйа кэлии бородууксуйаттан уратытын көрдөрөр саҥа сокуон тахсыахтаах. Онно туспа ыстатыйа быһыытынан “о национальном стандарте питания” диэн бары өрөспүүбүлүкэлэргэ баар курдук ыстандаарт киириэхтээх. Билигин, холобур бэйэбит суораппытын “суорат” диэн ааттыыр кыахпыт суох, тоҕо диэтэххэ, кини “кефирная закваска” быһыытынан оҥоһуллар. Кымыс заквазката эмиэ суох. Онон бу сокуон киирдэҕинэ, бэйэбит бородууксуйабытын бэйэбит оҕолорбутугар сиэтэр курдук дьаһаныахпыт. Кэнники сылларга олохтоох бородууксуйа хаачыстыбата тубустар тупсан иһэр. Оннооҕор кыһыҥҥы өттүгэр үүппүт баар буолла.

IMG 6718

Роман Барашков:

— Бу ыйааҕы бары уу иһэ-иһэ хайҕаатылар, ол гынан баран, мин ыйаах итэҕэһэ олус элбэх диэн көрөбүн. Мин былырыын анаан-минээн Үөһээ Бүлүүгэ сылдьан хаһаайыстыбаларга судаарыстыба төһө көмөлөһөр, өйүүр эбит диэн ырытан көрбүтүм. Сорох хаһаайыстыбаларга биир ыанар ынахха 150 тыһ. солк. судаарыстыба өйөбүл оҥорор. Оттон былаан быһыытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 30 тыһ. солк., оттон сорохторго 15 эрэ тыһ. Оттон сорохтор биир кэлтэгэй кэппиэйкэни ылбаттар. Тоҕо манныгый? РФ сокуонугар бары биир бырааптаахтар диэн ээ. Бу ыйаах үлэлээбэт туруктаах. Манна суруллубут дии: бачча хотон, оччо сир диэн. Онтон ким эрэ биллэн турар көҥө тардан ылыа. Биһиги бөдөҥ хотон тутан монополистары тэрийэн кэбистибит. Оттон ырыынак сокуонунан күрэстэһии баар буолуохтаах ээ. Пуонда тэриллибит диэн үөрэллэр, онтубут “единый заготовитель” диэннэрин эрэ өйүүр сыаллаах тэриллэр быһыылаах дии. Оттон атыттар? Табаары оҥорооччуну көмүскүүр курдук балаһыанньа оҥоһуллубатах. Бу ыйааҕы уопсастыбаннас ырытыытын кэннэ биирдэ таһаарыах баара. Биһиэнэ барыта үөһэттэн биир киһи эппитинэн...

IMG 6727

IMG 6722

Арктика судаарыстыбаннай кэмитиэтиттэн 2030 сылга диэри таба этин бырамыысалыннай таһымҥа таһаарар курдук сорук турбутун, онуоха усулуобуйа оҥорууга үлэ барыахтааҕын эттилэр. Маны таһынан, аквакултуура сайдыахтааҕын тоһоҕолоотулар. Куорат УСХтын начаалынньыын э.т. Пелагея Кардашевская бу ыйаах урукку өттгэр куоракка ылыллыбыт тыа хаһайыстыбатын стратегиятыгар дьүөрэлии диэн бэлиэтээтэ уонна ол стратегия киин куоракка олоххо киирбитин тоһоҕолоото. АПКны сайыннарыыга тэриллибит пуонда уорат бааһынайдарыгар абыраллаах буолбутун аҕынна уонна өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллэр пуонда үчүгэйинэн эрэ дьайыаҕар саарбахтаабатын биллэрдэ.

IMG 6731

“Россельхозбаан” салайааччыта Василий Тимофеев хаһаайыстыбалар үп отчуотун кыайан оҥорбот буоланнар, кыра бырыһыаннаах кирэдьииккэ (14-15 бырыһыан) тиксибэккэ хаалалларын эттэ. 2017-2018 сс баар суоҕа 9 мөл. солк. эрэ ылбыттарын ыйда. “Туймаада” ФАПК саҥа дириэктэрэ Петр Ефремов “бу ыйаахха баар тылтан уон тылы таһааран киэҥ далааһыны хабан үлэлиэххэ сөп диэтэ”. Кини бу ыйаах саамай сүрүн тосхоло – сири оҥоруу буоларын биһириирин эттэ.

IMG 6741

— Ким да сирэ буоллун, сир судаарыстыба баайа буоларынан, бэйэтэ көрөн-истэн нүөлсүтүөхтээх, сөргүтүөхтээх. Онон Айсен Сергеевич бу ыйаахха сири оҥорууга болҕомтону уурбута биһирэллээх. Сир баар буоллаҕына сайдыы барар. Маны таһынан, үлэлиир усулуобуйа оҥоһуллуохтаах. Грант биэрэр диэни олох сыыһа диибин. Судаарыстыба нэһилиэккэ улахан хотон туттун уонна түүлэһиигэ биэрдин ээ. Үлүгэр кирэдьииккэ ыйаммыт бааһынай салгыы хайдах да сайдар кыаҕа суох. Пуонда туһунан эттэххэ. Харчыны биэрэн баран хайаан да хонтуруолга ылыахха наада. Үп бэрилиннэ да, ол туһаҕа тахсыахтаах. Онон биһиэхэ тэриллэр пуонданы биһиги толорооччу эрэ быһыытынан сылдьабыт. Ити “Туймаада” чааһынай харчыта буолбатах, судаарыстыба гиэнэ. Биһиэхэ ТХМ “бу баларга биэриҥ” диэн эттэҕинэ биэрэр буолуохпут уонна хонтуруоллуохпут. “Туймаада” бэйэтэ эрэ быһаарыныыны ылыа суоҕа. Онон пуондаттан олох куттанымаҥ. Улуустар бэйэлэрэ эмиэ эппиэтинэһи ылыахтаахтар.

   Мэҥэҕэ 4 бөдөҥ хаһаайыстыба баар, онно 600 мөл. солк. тэрил ылыллан турар. Тоҕо улууска биир бөдөҥ соҕотуопкалааччыны тэрийэр кыаллыбатый, хайаан даҕаны ахсаанын элбэтэбитий?

Сомоҕолоһуу сылыгар бары биир санааннан үлэлиэхтээхпит. Бары күүспүтүн холбоотохпутуна биирдэ. Мин Татарстаҥҥа сылдьан сиикэй үүтү буочукаттан баһан ылан атыылыылларын сөхтүм уонна “хайа бу, Роспотребнадзор эҥин боппот дуо?” диибин Онуоха “һа, оттон кини эмиэ өрөспүүбүлүкэҕэ олорор ээ” дииллэр. Оттон биһиэхэ хайдаҕый? Ааспыкка Хатаска кыһалҕа турбутугар Ветеринария департамена “биһиги Таможеннай Сойуус быраабылатынан үлэлиибит” диэн ыспыраапка биэрбэт. Мин бу үүтүм куораттан да тахсыбат ээ, тоҕо таможня ирдиирин курдук буолуохтааҕый? Онон бары бэйэ-бэйэбитин өйдөстөхпүтүнэ эрэ биирдэ бу ыйааҕы толорор кыахтаахпыт.

 

IMG 6721

***

Төгүрүк остуолга ЯНИИСХ учуонайдара “биһиги патеннаах оҥоһууларбытын туһаныахха наада” диэн этиннилэр. Кырдьык, кинилэр оҥорбут арыйыылара бэйэ усулуобуйатын учуоттаан киэҥник туһаныллыан сөп эбит. Түмүккэ, төгүрүк остуол кыттыылаахтара ыйаах туолуутугар хайдах дьаһаныахха сөбүн хас биирдии салааларынан өссө ырытан тобулуохха наада диэн санааҕа кэллилэр.

Дмирий ИВАНОВ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар