Бу хамсык үөскэппит кириисиһэ хаһан бүтэрэ өссө биллибэт. Дьон “олохпутугар төһө охсуой, кыһыны хайдах туоруубут, бүддьүөппүт туруга хайдаҕа эбитэ буолла?” диэн долгуйар. Быйылгы бүддьүөппүт туругун, олох хаһан көнөрүн туһунан СӨ экэниэмиэкэтин миниистирэ М.А. Даниловаттан ыйыталастыбыт.
– Майя Андреевна, биһиги бүддьүөппүт федеральнай бүддьүөттэн тутулуга улахан. Дьон хоруона хамсыгыттан, ньиэп сыаната түһүүтүттэн экэниэмикэбит оҕустарыа диэн дьиксинэр. Төһө кэминэн чөлбүтүгэр түһэбитий?
– Кырдьык, быйыл аан дойдуга барытыгар да бэрт уустук сыл ааһан эрэр. Төһө да тас ырыынактарга балаһыанньа уустугурбутун, хамсык охсуута улаханын иһин, өрөспүүбүлүкэ 2020 с. бүддьүөтүгэр нолуоктан уонна атын дохуоттан 122,3 млрд үп киирэрэ сабаҕаланар. Ити ааспыт сыллааҕар 7,5 % кыра буолуоҕа. Ону таһынан, федеральнай бүддьүөттэн 81,1 млрд солк. төннөрүллүбэт харчы кэлиэхтээх. Ити былырыыҥҥытааҕар өссө 19 %-нан үрдүк: дотациялар – 10, субвенциялар – 13 %, субсидиялар 2,2 төгүл эбиллэн кэлиэхтэрэ.
Сыл бастакы аҥаарыгар хамсыктан сылтаан бырамыысыланнас оҥоруута 7,9 % түһэ сырытта. Өрөспүүбүлүкэ баалабай региональнай бородууктата (ВРП) 7 % түһэ сырытта. Итинтэн сылыктаатахха, быйыл ВРП 99,4% туолар туруктаах.
Хамсык охсуутун экэниэмикэ түһүүтүн таһымын (уровень закрытости) көрдөрүүтүттэн көрүөххэ сөп. Саамай улахан – 8 % көрдөрүү муус устар бүтэһигэр – үлэ 17 көрүҥэ тохтообут, 27 тыһ. киһи хааччахха олорбут кэмигэр – тахсыбыта. Билигин экэниэмикэбит үлэлээн барда, ити көрдөрүү 2,9 %-ҥа (Арассыыйа орто көрдөрүүтэ – 1,8%) диэри түстэ. Кыра уонна дьоҕус урбааҥҥа үлэ 7 көрүҥэ хааччахтанан, 2,9 тыһ. тэрилтэ толору үлэлээбэккэ олорор. Үлэтэ суох хаалыы быйыл 8,8 % элбиирэ күүтүллэр, былырыын ити сыыппара 6,9 %-ҥа тэҥнэһэрэ. Былырыыҥҥы таһымҥа эһиил төннөрбүт күүтүллэр.
Биһиги бүгүҥҥү сүрүн сорукпут – эһиил, 2021 с., экэниэмикэ үүнүүтүн тэтимэ 3,5% үрдүүрүн ситиһии. Оччоҕо 2022 с. былааннаммыт 104,6 %-ны ситиһэр, сыл аайы үүнэ турар таһымҥа тахсар кыахтаныахпыт. Экэниэмикэни чөлүгэр түһэрэр, үрдүү турарын ситиһэр, өрөспүүбүлүкэ сайдар стратегиятын былаана торумнанна, от ыйа бүтүөр диэри бигэргэниэхтээх. Былаан нэһилиэнньэ үлэлээх буоларын, дохуота элбиирин, экэниэмикэ үүнэрин ситиһэр соруктаах.
Экэниэмикэбит чөлүгэр түһүүтэ үс түһүмэҕинэн барыаҕа:
– сыыйа хааччах эрэсиимиттэн тахсыы уонна улаханнык эмсэҕэлээбит салаалары туруктаах оҥоруу;
– үлэнэн хааччыйыы, үлэ миэстэтин тэрийии тиһигин чөлүгэр түһэрии, экэниэмикэ тутула уларыйыытын хааччыйар усулуобуйаны тэрийии;
– хамсыктан көмүскэнэр хааччахтан босхолонуу, экэниэмикэ үүнүүтүн уонна нэһилиэнньэ дохуота үрдүүрүн ситиһии.
– Хамсыктан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэҕэ, биисинэскэ, тэрилтэлэргэ өрөспүүбүлүкэ, федеральнайга эбии, туох көмөнү оҥороруй?
– Хамсык кириисиһин сымнатарга үс бөлөх миэрэлэр ылылыннылар. Бастакыта, СӨ бырабыыталыстыбата РФ экэниэмикэтин тирэҕэ буолар тэрилтэлэрин испииһэгэр бэйэбит тэрилтэлэрбитин киллэриигэ элбэх үлэни ыытта. Түмүгэр онно 11 тэрилтэ: «Якутия», «Полярные Авиалинии» авиа-хампаанньалар, «Дьокуускай» аэропорда, ЛОРП, Киренскэйдээҕи өрүс пуорда, «ЖКХ РС(Я)» ГУТ, «Саханефтегазсбыт», «АЛРОСА», «Якутуголь», «ЯТЭК», «Сахатранснефтегаз» – киирдилэр. Бу тэрилтэлэр судаарыстыба көмөтүн, чэпчэтиилээх кирэдьииттэри ылыахтара. Холобур, бу тэрилтэлэргэ 554,3 мөл. солк. чэпчэтиилээх кирэдьиит, 157,8 мөл. солк. субсидия бэрилиннэ, 250,1 мөл. солк. кээмэйдээх нолуок төлөнүүтэ уһатылынна.
Өрөспүүбүлүкэ иһигэр экэниэмикэ тирэҕэ буолар 103 тэрилтэ быһаарылынна, туруктара нэдиэлэ аайы кэтэнэр. Бу тэрилтэлэргэ СӨ бырабыыталыстыбата 1,61 млрд солк. көмө оҥордо. Урбаан эйгэтин өйүүргэ 25 көмө көрүҥэ олохтонно, нолуок төлөбүрэ 1 млрд солк. кыччатылынна, урбааны өйүүр пуонда 400 мөл. солк. улаатта. Уопсайынан, кириисиһи утары дьаһалларга федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 11,3 млрд солк. үп көрүлүннэ.
– Арассыыйа салалтата национальнай бырайыактары дойду олоҕун күүскэ сайыннарар үлэ курдук көрөр. Бу бырайыактар хамсыкка да тохтооботтор. Саха сиригэр национальнай бырайыактарынан нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыыга төһө элбэх үлэ барарый?
– Саха сиригэр Арассыыйа 11 национальнай бырайыагын 52 федеральнай бырагыраамата үлэлиир. Биһиэхэ киһи хапытаалын сайыннарар, олох хаачыстыбатын үрдэтэр, экэниэмикэ сайдыытын түстүүр бырайыактарга сылын аайы улахан суума көрүллэр, элбэх үлэ ыытыллар. Быйыл 26,1 млрд солк. көрүллүбүтүттэн, 30-тан тахса %-нын туһаҕа таһаардыбыт.
Улахан болҕомтону оҕолоох ыаллары өйүүр бырагыраамаҕа уурабыт. Быйыл 14 тыһ. тахса саҥа оҕоломмут ыал көмө харчы ылыаҕа. Атын бырагыраамаларынан тыа оскуолаларын матырыйаалынай-тэхиниичэскэй базалара саҥардыллыа, оскуолаларга «Кванториум» техно-пааркаҕа тирэҕирэн “сыыппара” үөрэхтээһинин кииннэрэ, өссө мобильнай технопарк үлэҕэ киириэхтэрэ. 2020 с. Сунтаарга, Ньурбаҕа оҕо саадтара, Алын Бэстээххэ, Бэрдьигэстээххэ успуорт комплекстара, Дьокуускайга онкология диспансерын иккис уочаратын тутуута салҕанар, 2023 сылга үлэҕэ киирэн, араак ыарыыны эрдэ быһаарыыга улахан кылааты киллэриэҕэ.
“Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” бырайыагынан былааннаммыттан 2,8 төгүл элбэх, 38,4 тыһ кв. м иэннээх хаарбах дьиэттэн дьон көһөрүлүннэ. 1335 киһи (былаантан 1,7 төгүл элбэх) толору хааччыллыылаах дьиэлэннилэр. Быйыл 96 тыһ. кв. м иэннээх хаарбах дьиэттэн 5240 киһи көһөрүллүөхтээх.
Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суоллара» бырагырааманан 2019 с. 148,7 км суол оҥоһуллубута. 2020 с. Кэбээйи», «Алдан», «Анаабыр», «Умнас», «Амма», «Дьааҥы», «Нам» суолларга – 186,1 км, Дьокуускайга 23,5 км уһуннаах суол оҥоһуллуохтаах.
Национальнай бырайыактарынан Саха сиригэр туох оҥоһулларын https://sc.sakha.gov.ru/np саайка киирэн ким баҕарар аһаҕастык көрүөн, билиэн сөп. Инникитин маннык хаысхалаах өҥө тиһигэ өссө элбээн иһиэ, ону көрөн ким баҕарар ыытыллар үлэни сыаналыыр кыахтаныа.
– Уһук Илин сайдыыта – судаарыстыба улаханнык суолталыыр бэлиитикэтэ. Бэс ыйын бүтүүтэ В.Путин Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын түргэтэтэр ыйаахха илии баттаата. Ыйаахха туох киирдэ? Саха сиригэр туох үлэ былааннанарый?
– Бэрэсидьиэн ити ыйааҕа Уһук Илиҥҥэ олох таһымын хаачыстыбата, экэниэмикэ үүнүүтүн тэтимэ Арассыыйа орто көрдөрүүтүнээҕэр үрдүк буоларын ирдиир. Ол аата биһиги сайдыыбыт РФ Дьобуруопатааҕы чааһынааҕар үрдүк буолуохтаах. Ити сорук сөҕүмэр үлэни, үбү ирдиир. Хаачыстыба өттүнэн эттэххэ, 2024 с., Саха сиригэр киһи орто үйэтэ 76,3 сылга тэҥнэһиэхтээх. Үлэлиир саастаах дьон өлүүтэ аҕыйыахтаах. Сылга 960 тыһ. кв. м. иэннээх дьиэ тутуллуохтаах. ТОРдарга 115,7 млрд солк. инвестиция киирэн, 3650 саҥа үлэ миэстэлээх 21 тэрилтэ тэриллиэхтээх.
Бу ыйаах үбүлэниитэ Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын Национальнай бырагырааматынан барыахтаах. Бырагыраама 2035 с. тиийэ хабар. Балаҕан ыйыгар ситэн бигэргэниэхтээх. Бу баараҕай Национальнай бырагыраамаҕа Өлүөнэ күргэтин, Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 тутуулара, Бүлүү улууһун Кыһыл Сыырын аттыгар баар Саха сирин киин өттүн гааһынан хааччыйар магистральнай турба учаастагын саҥардыыта, 10 аэропорт реконструкцията, Дьокуускайтан омук сиригэр көтөр терминал, сөмөлүөт түһэр иккис балаһата, Тиксиигэ муора пуордун уларытыы курдук бөдөҥ бырайыактарбыт киирэллэр. Экэниэмикэҕэ (бүддьүөккэ) харчы киллэрэр бырайыактар быһыытынан Элгэ чоҕун комплекса, «Тарыҥ» көмүһү хостуур ХБК, Сыырдаахха сылы быһа үлэлиир тэпилииссэ тутуулара былааннанар. Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай эйгэ 336 саҥа эбийиэгэ тутуллуо. Ону таһынан, 555 урут тутуллубут эбийиэктэр өрөмүөннэниэхтэрэ.
СӨ бырабыыталыстыбата Уһук Илин нац. бырагырааматыгар итиннэ эбии 43 соц-эбийиэги, 23 инженернэй, тырааныспар ситимнэрин тутууну уонна 7 инвестицияны тардар бырайыагы киллэрэри туруорсар. Ол иһигэр, тыа сиригэр 31 оскуоланы, өрөспүүбүлүкэ саҥа инфекционнай балыыһатын, Мииринэй-Сунтаар-Ньурба ВЛ-220 кВ уот лииньийэтин тутуу уонна Национальнай мед-киини инженернэй-тэхиниичэскэй өттүнэн саҥардыы киирэллэр. Уһук Илин бырагырааматыгар киирбэтэх эбийиэктэрбитин атын нацбырайыактарга, федеральнай бырагыраамаларга киллэрэн үбүлэтэри туруорсар күүстээх үлэ бара турар.
– Өрөспүүбүлүкэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлэниитин туругун туһунан кэпсээ эрэ. Кэнники сылларга эбиллэр дуо? Ону туохха туттабытый?
– Быйыл федеральнай киинтэн бүддьүөппүтүгэр сылын аайы кэлэр дотацияны таһынан, федеральнай бырагыраамаларынан 61,38 млрд солк. эбии киириэхтээх. 2018 с. ыла өрөспүүбүлүкэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин элбээн иһэрин ситистэ. Ол курдук, 2018 с. 2017 сыллааҕар 1,8 млрд солк. үп эбии киирбитэ. 2019 с. 2018 сыллааҕар 10,9 млрд солк., 2020 с. 23,78 млрд солк. үрдээтэ.
Бу үп 2018-2020 сс. маннык үлэлэргэ ыытылынна:
– Федеральнай, эрэгийиэннээҕи суоллары тутууга, аэропортар реконструкцияларыгар;
– Онкология киинин II уочаратын уонна кардиология диспансерын тутууга;
– Дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ;
– Тулаайах оҕолорго, Уһук Хотуттан көһөөччүлэргэ дьиэ тутуутугар;
– Оҕо саадтарын элбэтиигэ (саҥаны тутууга, атыылаһыыга);
– 7 оскуола, 5 успуорт комплексын, 3 култуура эбийиэгин, уйулҕа-ньиэрбэ ыарыһахтарыгар 3 интэринээт-дьиэ тутуутугар;
– Куораттыы олорор эйгэни тэрийиигэ;
– Иһэр уунан хааччыйыы эбийиэктэрин тутууга, сөргүтүүгэ;
– Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар.
Доруобуйа харыстабылыгар сыһыаран эттэххэ, манна киирэр үп санитарнай авиацияны субсидиялыырга, үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн тупсарыыга, сыстыганнаах ыарыылары сэрэтэр уонна эмтиир үлэни сайыннарыыга, диспансердары, балыыһалары мэдиссиинэ аныгы тэриллэринэн хааччыйыыга, модульнай ФАП-тары тэрийиигэ туһанылынна.
– Бөдөҥ хампаанньалары кытта үлэ тэрээһинэ хайдаҕый? Саха сириттэн элбэх сир баайа хостонор да, “ону кистииллэр” диэн өйдөбүл күүстээх. “Газпром” быйылгыттан эрэ бүддьүөккэ элбэҕи төлүүр буолла. Сорох тэрилтэлэргэ нолуокка чэпчэтиилэр көрүллэллэр, ол бүддьүөккэ охсуута суох дуо?
– Нолуок барыта РФ Нолуогун Кодексыгар олоҕуран төлөнөр. СӨ бүддьүөтүгэр нолуок хайдах тыырыллан киириитэ РФ Бүддьүөтүн Кодексынан ыытыллар. Нолуок киириитин уонна нолуокка чэпчэтии кээмэйин туһунан дааннайдары Нолуок федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи салаата өрөспүүбүлүкэни кытта түһэрсиллибит бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэһии быһыытынан уонна судаарыстыба уорганнарын официальнай ыйытыктарынан биэрэр. 2017-2019 сс. көрдөххө, сир баайын хостуур хампаанньалартан киирэр үп өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 55 % толорор. Быйылгы сыл 5 бастакы ыйыгар хостуур хампаанньалар киллэрэр өлүүлэрэ 57,2% буолла. Нолуок уорганнарын дааннайдарынан, хостуур тэрилтэлэргэ бэриллибит чэпчэтиилэр (льгота) кээмэйдэрэ 9 млрд солк. тэҥнэһэр.
2019 с. эрэгийиэннэр инвестиционнай бырайыактарыгар көрүллэр чэпчэтиилэр кээмэйдэрэ 4 төгүл улаатыннарыллыбыта. Ол иһин биһиги быйыл саас нолуокпут сокуонугар улахан дохуоттаах бырайыактарга чэпчэтиини кыччатар туһунан уларытыылары киллэрбиппит. Ону таһынан, РФ Нолуогун Кодексыгар итинник уларытыыны киллэрэр сокуон барылын бэлэмнээбиппит. Ол эрээри, ити чэпчэтиилэр хампаанньаларга “саҥа үлэ миэстэтин тэрийдиннэр, инфраструктураны сайыннарар инвестиция бырайыагын сайыннардыннар” диэн бэриллэрин санатар тоҕоостоох.
Бөдөҥ бырамыысыланнай хампаанньалар Саха сирин социальнай сайдыытыгар улахан кылааты киллэрэллэр. Бу үлэҕэ барыта 31 хампаанньаны кытары анал сөбүлэҥнээхпит. Ол быһыытынан, хампаанньалар 16,9 млрд солк. үлэ оҥордулар, ол иһигэр 32 социальнай эбийиэк тутулунна. Холобур, “Газпром” 2022 сылга диэри Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Дьокуускайга 4 улахан успуорт эбийиэгин тутуутун үбүлүө. “Роснефть” 2017 сылтан Хаҥалас улууһун Чапаевотыгар СӨ билимин аччыгый акадьыамыйатын тутууну үбүлүүр. Эһиил 150 миэстэлээх Саха сирин ыччатын үөрэтэр уонна сайыннарар тутуу үлэҕэ киириэҕэ.
– Өрөспүүбүлүкэбит РФ инвестицияны сайыннарар эриэйтинигэр 20-с миэстэҕэ таҕыста. Ити – үчүгэй көрдөрүү. Улуустар эмиэ эриэйтиҥҥэ куоталаһар буоллулар. Ханнык улуустар бастыҥнарый? Эриэйтин тугу биэрэрий?
– СӨ Бырабыыталыстыбата 2019 с. ахсынньы 25 к. Саха сирин улуустара, куораттара инвестицияны тардыыга табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ хайдах үлэлииллэрин сыаналыыр эриэйтин тиһигин олохтуур уурааҕа ылыныллыбыта. Түмүк 28 көрдөрүү туругунан сылга биирдэ таһаарыллар. Ол эриэйтини улуус бэйэтин отчуотугар олоҕуран оҥоһуллубат. Сахастат, нолуок сулууспатын, үп министиэристибэтин, дьаһалталар дааннайдарынан, урбаанньыттар санааларынан сирдэтэр. “Бырамыысыланнай”, “т/х-тын киин улуустара” уонна “Арктика бөлөҕө” диэн араарыллар.
Ол түмүгүнэн муниципалитеттар баһылыктарын үлэлэрин көдьүүһэ сыаналанар. Биллэн турар, ырыынак экэниэмикэтэ үлэлиирин туһугар харчы тардар кыаҕы, усулуобуйаны тэрийии улахан суолталаах. Бастакы түмүк бу күннэргэ бүтэн тахсыаҕа. Оччоҕо ханнык улуус, куорат баһылыга дьонун-сэргэтин туһугар дьиҥнээхтик кыһаллан үлэлиирэ көстүөҕэ. Онон бу саҥа эриэйтин үлэни тэрийиигэ улахан көдьүүстээх буолуо диэн эрэнэбит.
– Майя Андреевна, өрөспүүбүлүкэ сылы, кыстыгы этэҥҥэ туоруурун туһунан киһини уоскутар кэпсээниҥ иһин махтанабыт.
Владимир Степанов.