Киир

Киир

“Анаабыр алмаастара” аахсыйалаах уопсастыба муоһатын Павел Маринычев туппута, салайааччы буолбута номнуо биэс сылтан орто. Онон сибээстээн, биһиги кинини кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттибит, улахан инвервьюну бэлэмнээтибит. Павел Алексеевич бу көрсүһүүбүт кэмигэр хампаанньа үлэтин-хамнаһын, сайдар тосхоллорун, аахсыйалаах уопсастыба күн бүгүн хайа сиргэ-дойдуга үлэлиирин, Красноярскай кыраайыгар тоҕо тиийбитин уонна сир баайа биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар туох оруоллааҕын сэһэргээтэ.

Урут түһэн эттэххэ, бу интервьюга биһиги хампаанньа салайааччытын кытта үлэ-хамнас бастакы сылларын, хайдах саҕаламмытын туһунан кэпсэппэтибит. Тоҕо диэтэххэ, ол туһунан урут балачча киэҥник уонна сиһилии сырдатан турабыт. Онон, бу сырыыга, сүрүннээн, “Анаабыр алмаастарын” бүгүҥҥү күннээҕи үлэтин-хамнаһын туһунан билистибит.

Хампаанньа үлэтэ-хамнаһа

– Павел Алексеевич, дорообо. Кэпсэтиибитин үгэс буолбут ыйытыыттан саҕалыым: ааспыт сылга хампаанньа туох сыаллаах-соруктаах үлэлээбитэй уонна ону ситистигит дуо?

– 2021 сылга кэлэктииппитин тутан хаалар уонна хампаанньабытын өссө сайыннарар туһугар үлэлэстибит. Ол курдук, бас тэрилтэбит – АЛРОСА өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэ да, дойду да араас учаастактарыгар үлэлээтибит. Ол иһигэр Мииринэйгэ, Ньурбаҕа, Айхалга, Удачнайга уонна отой саҥа сиргэ, саҥа хайысхаҕа – Красноярскай кыраай Таймыыр тумул арыытыгар. Биһиги онно көмүһү хостуурга хас даҕаны лиссиэнсийэлээхпит уонна геология эрэспиэккэтин ыытар чааһынай да, судаарыстыбаннай да хантараактардаахпыт. Итини таһынан, биһиги Саха сирин олохтоохторун Чайыҥдаҕа баахта үлэтигэр тэрийэн ыытарга эпэрээтэр быһыытынан үлэлээтибит. Онон, хампаанньа үлэһиттэрин, кэлэктиибин туһугар ылыммыт мэктиэтин (эбэһээтэлистибэ) толордо.

WhatsApp Image 2022 03 10 at 14.53.13

– Бу 2022 сылга туох былааннаах олороҕут? Былааҥҥа хампаанньа Красноярскай кыраайыгар лиссиэнсийэлээх учаастактарга көрдүүр-чинчийэр үлэтэ төһө улахан оруоллааҕый?

– Быйыл биһиги кириисис иннинээҕи хостуур кээмэйбитигэр тахсыахтаахпыт, толору күүһүнэн үлэлииргэ-хамсыырга оҥостон олоробут. Онон сибээстээн, тиэхиньикэбитин уонна эргэрбит оборудованиебытын саҥардарга үп-харчы көрдүбүт, ону сэргэ уматык ыскылааттарын саҥардарга үлэлэһэн эрэбит. Оттон инвестиция чааһынан эттэххэ, минеральнай-сырьевой базаны толорорго үлэлэһэбит – ГРР тэрийэн ыытабыт уонна 2022 с. “Программа геологоразведочных работ по золоту” инвестициялаах бырайыак чэрчитинэн, үлэ кээмэйин улаатыннарабыт.

Красноярскай кыраай туһунан эттэххэ, Челюскин тумуһа – оҥорон таһаарыыбытын кэҥэтэр биир тутаах сирбит. Онно көмүһү көрдүүр-чинчийэр бастакы үлэбит үтүө түмүктээх буолла. Бэрт сотору геология чинчийиитин күүһүрдүөхпүт, ол кэннэ сир баайын хостоон барыахпыт. Ол аата уолаттарбытыгар, Саха сирин олохтоохторугар, саҥа үлэ миэстэлэрэ тахсыахтара. Уопсайынан, саҥа сиргэ Саха сирин, АЛРОСА уонна “Анаабыр алмаастарын” былааҕын өрө астыбыт.

WhatsApp Image 2022 03 10 at 14.53.20 1

– АЛРОСА аахсыйалаах хампаанньа улахан, баай саппаастаах, хампаанньаҕа тирэҕэ буолар сирдэри бас билэр. Ол гынан баран, Арктика эргимтэтигэр оннук сирэ суох. Арай хоту “Анаабыр алмаастара” курдук тэрилтэлэргэ сөптөөх, элбэх баайдаах сирдэр бааллар. Эһиги Анаабырга, Өлөөҥҥө, Булуҥҥа уонна Мииринэйгэ алмаастаах сири чинчийэр уонна алмааһы хостуур 30 лиссиэнсийэлээххит. Билигин олортон хаһыгар үлэлии сылдьаҕытый? Баайдаах сирдэр ханна баалларый?

– Саха сирин туһунан эттэххэ, “Анаабыр алмаастара” тэрилтэ хотугу эргимтэттэн саҕалаан, киин улуустарга тиийэ баар диэххэ сөп. Билигин биһиги түөрт улууска баарбыт, үлэлиибит – Анаабырга, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ уонна Өлөөҥҥө. Ити улуустарга учаастактардаахпыт, геология чинчийиитин ыытар эбийиэктэрдээхпит уонна көмө-тирэх буолар оҥорон таһаарыылардаахпыт. Итини таһынан, эрдэ эппитим курдук, Таймыыр тумул арыытыгар үлэлиибит. Ол эрээри сүрүн үлэни-хамнаһы – алмааһы – Анаабырга, Булуҥҥа уонна Өлөөҥҥө хостуубут. Алмааһы сэргэ биир сүрүн хайысхабыт – көмүс, онно эмиэ хас даҕаны лиссиэнсийэлээхпит. Лиссиэнсийэбит сороҕо “чинчийиигэ”, сорох өттө – “сквозной” дэнэр. Судургутук быһаардахха, чинчийбит саппааспытын бэйэбит балаансабытыгар киллэрдэхпитинэ эрэ, хостуурбут көҥүллэнэр.

Күн бүгүн хампаанньа “Майаат” уонна “Молуода” бириискэлэргэ үлэлии олорор. “Майаат” бириискэ Анаабыр уонна Өлөөн улуустарыгар баар сир үрдүгэр, “ыһылла сытар” алмаас саппааһын хостуур. “Майаат” иһинэн 2022 сылга “Эбэлээх”, “Лээһигир”, “Биллээх”, “Хара Мас”, оттон “Куонаапкы” иһинэн “Улахан Куонаапкы”, “Небайбыт” учаастактар үлэлииллэр. “Молуода” бириискэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Булуҥ улууһугар “Молуода” уонна “Далдын” учаастактарынан үөһэ сытар алмааһы хостуур.

Уопсайынан, алмаас уонна көмүс хостооһуннарын араарар буоллахха, алмааһы чинчийии-эрэспиэккэ үс түөлбэҕэ ыытыллар: Куонаапкыга, Анаабырга уонна Приленскэйгэ. Оттон көмүһү икки сиргэ – Анаабырга уонна Таймыырга.

WhatsApp Image 2022 03 10 at 14.53.14

– Кырдьык, 2016 сыллаахтан “Анаабыр алмаастара” тэрилтэ алмааһы сэргэ көмүһү уонна да атын күндү металлары хостуур анал лиссиэнсийэлэри ылбыта. Ити хайысхаларга көрдөрүүгүт хайдаҕый?

– Эн сөпкө этэҕин, 2017 сыллаахтан аахсыйалаах уопсастыбабыт алмааһы сэргэ (попутно) күндү металлары эмиэ хостуур. Арыый чопчулаатахха, кумахха алмааһы тэҥэ дэбигис “сууйуллубат”, “чараас көмүс” дэнэр көмүс кыырпахтара баар буолаллар. Биһиги ол көмүһү буларга, “тутан ыларга” үөрэммиппит уонна 2017 сылтан саҕалаан, “Сир баайын туһунан” сокуоҥҥа уларыйыы киириэҕиттэн, хостуур, туһаҕа таһаарар буолбуппут. Оннук ньыманан сылга, быһа холоон, 130-150 туонна хостонор. 2021 сыллаахха барыта 145,7 киилэ күндү металл хостоммута. Оттон былырыын 2020 сыллааҕы хостообут баайбытын атыылаабыппыт. Ол түмүгэр 669 мөлүйүөн солкуобайы барыһырбыппыт.

– Биир канаалга көмүһү хостуур туһунан биэриини көрдөрөллөр. Онно көстөрүнэн, кинилэр көмүһү бэрт кылгас кэм иһигэр хостууллар. Сыыспат буоллахпына, эһиги эмиэ дьыл кэминэн көрөн үлэлиир ньымаҕыт уларыйар. Үлэ-хамнас хайдах аттарылларый, хайдах быһыылаахтык барарый?

– Биһиги сылы эргиччи тохтоло суох үлэлиибит эрээри, дьыл кэмиттэн көрөн үлэлиир ньымабыт уларыйар. Өскөтүн үлэни икки болдьохтоох кэминэн быһар буоллахха, кыһынын, сүрүннээн, хайаҕа, сиргэ үлэлиибит, оттон сайынын – байытабыт. Холобур, кыһын-саас, ол эбэтэр олунньуттан саҕалаан ыам ыйыгар диэри, бэлэмнэнэбит – алмаас-көмүс хостонор түһүлгэлэрин, массыына-тиэхиниькэ сылдьар суолларын, онтон да атыны оҥоробут. Итини сэргэ хайа-тэхиниичэскэй тутуулары бэлэмниибит. Судургутук эттэххэ, ханаабалары, даамбалары тутабыт, алмаастаах кумах үрдүгэр сытар кураанах боруоданы ыраастыыбыт, улахан массыыналарынан сир баайдаах кумаҕы наардыыр-нарылыыр эбэтэр байытар баабырыкаларга тиэйэбэт.

Оттон сайыҥҥы өттүгэр, ыам ыйын иккис аҥаарыттан балаҕан ыйын ортотугар диэри, кумахпытын салгыы таһабыт, ону наардыыр установкаларга сууйабыт, бөх (отход) хараллар сирдэрин ыраастыыбыт. Наада буолар түгэнигэр, аҕыйах да буоллар, туһата, алмааһа-көмүһэ суох, кураанах липпэни (торфма) эмиэ ыраастыыбыт.

Социальнай бэлиитикэ

– “Анаабыр алмаастара” тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ улуустарын кытта социальнай-экэнэмиичэскэй эйгэҕэ бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэһиилэри түһэрсэр. Барыта хас сөбүлэһиилээххитий? Сөбүлэһии усулуобуйата хайдаҕый? Эдэргэ дылы, ол “парашют харчыта” буолбатах буоллаҕа. Ити харчы улуус сайдыытыгар туттуллуохтааҕа өйдөнөр.

– Социальнай-экэнэмиичэскэй эйгэҕэ бииргэ үлэлэһэр сөбүлэҥнэрбит быһыытынан, биһиги сир баайын хостуур лиссиэнсийэбит үлэлиир болдьоҕун тухары сыл аайы биэс улууска үп-харчы биэрэбит – Анаабырга, Өлөөҥҥө, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ уонна Эбээн Бытантайга. Сөбүлэһиибит уһун болдьохтоох, сир баайын хостуур улууспутугар лиссиэнсийэбит үлэлиирин тухары дьайар. Ити барыта үөһэ ахтыллыбыт улуустар сарсыҥҥы күннэригэр эрэллээх, төрөөбүт түөлбэлэрин сайдыытын, кэскилин былаанныыр буолалларын туһугар оҥоһуллар. Биллэн турар, сыл аайы төлөнөр суума кээмэйин ырыынак туругуттан көрөн көннөрөбүт, чопчулаһабыт, сүбэлэһэбит. Холобур, ааспыт сыл туһунан эттэххэ, 2021 сыллаахха улуустары кытта социальнай-экэнэмиичэскэй сөбүлэһиибит чэрчитинэн, барыта 109 мөлүйүөн солкуобайы биэрбиппит. 2022 сылга эмиэ оччо сууманы биэрээри былааннаан олоробут.

Кырдьык, эн эппитиҥ курдук, ити харчы тус сыаллаахтык туһаныллар – улуус инфраструктуратын сайыннарарга.

– Итини таһынан, хампаанньа дивиденд төлүүр. Ол харчы АЛРОСА аахсыйалаах уопсастыба бүттүүн дивиденин кытта барар дуу, туспа ааҕыллар дуу? Ону хампаанньа үлэлиир улуустара ылаллар дуо?

– Дивидени барытын биһиги бас тэрилтэбит – АЛРОСА быһаарар. “АЛРОСА” хампаанньа биһиги тэрилтэбит 100 % аахсыйатын бас билэр. Биһиги дивидеммит АЛРОСА уопсай үбүн-харчытын кэккэтигэр тэҥҥэ ааҕыллар уонна онтон өрөспүүбүлүкэҕэ, улуустарга тыырыллан төлөнөр. Даҕатан эттэххэ, 2021 сыллаахха 2020 сыл түмүгүнэн барыта 7,4 миллиард солкуобай дивиденд төлөммүтэ. Урукку өттүгэр “Анаабыр алмаастара” хампаанньа итиччэ элбэх дивидени төлөөбүтэ диэн суоҕа. Онон, туһугар рекорд олохтоммута диэххэ сөп.

– АЛРОСА эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан болҕомтотун уурар. Ол иһигэр нолуок, дивиденд төлүүр, СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатыгар үтүө баҕатынан ботуччу сууманы сиэртибэлиир, онон Саха сирин араас муннугар социальнай суолталаах инфраструктура тутуллар. Ону сэргэ хампаанньа бырагыраамалары, бырайыактары, тэрээһиннэри үбүлүүр, успуонсар буолар. Ити барыта “АЛРОСА” хампаанньа бүттүүн тэрилтэлэрин аатыттан кэлэр үп-харчы буоллаҕа. Оттон “Анаабыр алмаастара” – АЛРОСА иһинэн үлэлиир туспа тэрилтэ. Эһиги ити курдук хайысхалаах үлэни-хамнаһы туспа ыытаҕыт дуо?

– Туспа эмиэ көмөлөһөбүт. Ол курдук, “Анаабыр алмаастара” тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ уонна улуус таһымнаах араас социальнай бырагырааманы үбүлүүр, биирдиилээн дьоҥҥо, тэрилтэҕэ үбүнэн-харчынан көмөлөһөр, култуура тэрээһиннэрин, чөлүгэр түһэрэр, коррекциялыыр оскуолалары, о.д.а. өйүүр, үбүлүүр.

Итини таһынан, хас да улуус сиригэр үлэлиирбитинэн, этэргэ дылы, ыаллыы олорорбутунан, муниципальнай тэриллиилэри кытта ыкса үлэлэһэбит. Холобур, улуус дьаһалта туох эмэ уустуктары көрүстэҕинэ, онтун бэйэтэ сатаан быһаарбатаҕына, көмө көрдөөн биһиэхэ тахсыан сөп. Тугу эрэ буурдаан, кутан, ыраастаан, тиэйэн-таһан, бэлэмнээн биэриэхпитин сөп. Холобур, үлэ саҕаланан бөртөлүөт көтөр, онно иллэҥ, кураанах миэстэ баар буоллаҕына, ол туһунан дьаһалталарга хайаан даҕаны иһитиннэрэбит, таһаҕаһы да, дьону (сүрүннээн, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлэ суох араҥатын) даҕаны ылыахпытын сөп. Өссө биир холобур. Сөбүгэр сыанаҕа олохтоох бородууксуйаны атыылаһабыт: эти уонна балыгы. Уопсайынан, олохтоох дьоҕус биисинэс өҥөтүн туһана сатыыбыт. Онон, этэргэ дылы, бэйэ-бэйэбитигэр хардары көмөлөһөбүт. Оттон ол – кырата суох суолталаах.

WhatsApp Image 2022 03 10 at 14.53.15

– Хотугу улуустар олохторугар-дьаһахтарыгар таба улахан суолталаах кыыл. Ити чааһыгар АЛРОСА кэккэ үлэни ыытар. Быраканьыардары утары үлэттэн, кыыл таба айанын кэтииртэн саҕалаан быһаччы таба иитиитин өйөбүлүгэр тиийэ көмөлөһөр. Оттон “Анаабыр алмаастара” таба боппуруоһугар хайдах үлэлэһэрий?

– Ити чааһыгар биһиги тэрилтэбит улуустары кытта хара тэриллиэҕиттэн үлэлэһэр. Холобур, хараалга, таба ахсаанын ааҕарга, бөртөлүөт уларсабыт. Арыт таба хаан уларыталларыгар кыылларын тиэйэн, илдьэн-аҕалан биэрэбит. Ону сэргэ быһаччы көмө оҥоһуллар, Табаһыт күнүгэр кыттабыт. Даҕатан эттэххэ, Табаһыт күнэ олус улахан уонна суолталаах бырааһынньык. Арааһа, бу бырааһынньыгы ыһыаҕы кытта тэҥниэххэ сөп буолуо. Оннук улахан, киэҥ суолталаах.

WhatsApp Image 2022 03 10 at 14.53.16

– Павел Алексеевич, эн “Саха Өрөспүүбүлүкэтин дзюдоҕа федерацията” эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэни салайаҕын. Ол туһунан аҕыйах тылынан сырдат эрэ.

– Успуорт диэн, бастатан туран, үп-харчы ороскуота. Онон, биһиги тэрилтэбит бас хампаанньабыт сөбүлэҥинэн сыл аайы федерация сайдыытыгар, спортсменнар күрэхтэһиилэргэ кэлэллэригэр-баралларыгар, таҥналларыгар, дзюдо күрэстэрин тэрийэргэ түөртүү мөлүйүөн солкуобайы биэрэбит.

“Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска”

– Бырамыысыланнас кэлэр уон сылга өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын сүрүн тирэҕэ буолара саарбаҕа суох. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата бырамыысыланнаска олохтоох каадыры бэлэмниир, үлэнэн хааччыйар соруктаах. “Анаабыр алмаастарыгар” төһө элбэх олохтоох дьон үлэлиирий?

– “Анаабыр алмаастара” хампаанньа хара тэриллиэҕиттэн олохтоох дьону-сэргэни, каадыры үлэҕэ ылар бэлиитикэни ыыппыта. Ол курдук, күн бүгүҥҥү туругунан, үлэһиппит 97 %-на Саха сирин олохтооҕо буолар. Ол иһигэр Арктика, хотугу эргимтэ олохтоохторо 14-15 %-ны ылаллар. Ити өрөспүүбүлүкэҕэ, ол аата биһиэхэ эмиэ, олус улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, ити Саха сиригэр саҥа “бырамыысыланнас оскуолатын” тэрийэр соруктаах, ол элбэх көдьүүстээх буолуоҕа. Этэргэ дылы, бырамыысыланнаһы баһылаабыт бэйэбит каадырдарбыт үүнэн тахсыахтара, өрөспүүбүлүкэҕэ нолуок, үп-харчы киириэҕэ. Судургутук эттэххэ, биһиги үлэһиттэрбит хамнастарын эрэгийиэн иһигэр барыыллар, ол түмүгэр, олохтоох биисинэс даҕаны, бүддьүөт даҕаны үбэ хаҥыыр, нолуок, төлөбүр кэлэр. Онон, итини харыстыахха наада.

Оттон Саха Өрөспүүбүлүкэтин “2018-2022 сылларга олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыагын олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлэһии туһунан эттэххэ, сөбүлэһии чэрчитинэн маннык тутаах суоллары олоххо киллэрэбит: үлэтэ суох дьону үлэҕэ ылабыт, ол иһигэр араас дьыл кэмигэр тахсар быстах үлэлэргэ; 30-гар диэри саастаах эдэр исписэлиистэри үлэҕэ ылабыт; тыа сиригэр олорор, үлэтэ суох дьону үлэнэн хааччыйабыт; дьону идэ ыларга уонна идэлэрин таһымын үрдэтэргэ үөрэттэрэбит; хампаанньабыт суотугар эдэр исписэлиистэри стажировкалатабыт, о.д.а.

Ол курдук, 2018 сылтан саҕалаан 2021 сылга диэри ити бырагыраама чэрчитинэн 1184 киһини үлэҕэ ыллыбыт, 262 киһини үөрэхтээтибит, 88 киһини стажировкалаттыбыт. Ону сэргэ үлэһиттэрбит профессиональнай таһымнарын үрдэтэргэ, үүнэллэригэр-сайдалларыгар усулуобуйа тэрийэбит, үрдүк хамнастыыбыт.

WhatsApp Image 2022 03 10 at 14.53.15 1

– “Анаабыр алмаастара” курдук хампаанньаҕа үлэлиир киһи үчүгэй хамнастаах, үп-харчы чааһыгар сарсыҥҥыга эрэллээх буолар. Ол да буоллар этиэҥ дуо, үлэһиттэргит, ортотунан, төһө хамнаһы аахсалларый?

– “Анаабыр алмаастара” аахсыйалаах уопсастыба үлэһиттэрин орто хамнаһа 211 тыһыынча солкуобай буолар. Хонууга, сиргэ үлэлиир дьон, туох идэлээхтэриттэн, ханнык эрэсэрээттээхтэриттэн көрөн, 107-274 тыһыынча солкуобайы аахсаллар. Оттон куоракка үлэлээччилэр, эмиэ ортотунан, 105 тыһыынча солкуобай хамнастаахтар.

Эрдэ этэн аһарбытым курдук, үчүгэй хамнас уонна үлэ усулуобуйата – дьону хотугу сиргэ тутан хаалар биир тутаах көрдөрүү. Онтон атын суол суох. Онон, биһиги ити үрдүк көрдөрүүнү ыһыктыбат курдук үлэлии сатыыбыт.

– Былырыын сыл бүтүүтүгэр АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ-бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов кэлэктиип хамнаһа 5% курдугунан үрдүөхтээҕин туһунан иһитиннэрбитэ. “Анаабыр алмаастарыгар” эмиэ үрдүүр дуо?

– Ити этии “Анаабыр алмаастарыгар” эмиэ быһаччы сыһыаннаах. 2021 сыл от ыйын 1 күнүгэр үлэһиттэр хамнастарын индексацията 4,91 %-ҥа тэҥнэспитэ. Итини таһынан, 2022 сыл тохсунньу
1 күнүгэр салалтаттан ураты үлэһиттэр хамнастара 8,13 %-нан үрдэтиллибитэ.

– Павел Алексеевич, кулун тутар 8 күнүгэр Аан дойду дьахталларын күнүн бэлиэтээтибит. Онон сибээстээн, тэрилтэҕэ үлэлиир дьахталлар тустарынан ыйыппат буоларым табыллыбат курдук. Күн бүгүн “Анаабыр алмаастарыгар” хас дьахтар үлэлиирий? Кинилэр туох идэлээхтэрий? Ураты идэни баһылаан, кыһамньылаахтык үлэлии сылдьааччылар бааллар дуо? Холобур, биһиги билэрбитинэн, АЛРОСАҕа грохотовщик, авто-пуойас суоппара дьахталлар бааллар.

– Дьиҥэр, үгэс курдук, үлэһиппит баһыйар өттө эр дьон эрээри, кинилэри кытта тэҥҥэ үлэлиир дьахталлар эмиэ бааллар. Биһиги кэлэктииппитигэр күн бүгүн барыта 82 кэрэ аҥаар үлэлиир. Онтон 18-һа – салайар эйгэ үлэһитэ, 47-тэ – исписэлиис уонна сулууспалаах, 17-тэ – оробуочай. 2021 сыллаахтан оҥорон таһаарар эбийиэктэрбитигэр (бириискэлэргэ – “Кыым”) дьахталлары эмиэ ылар буолбуппут. Ол курдук, күн бүгүн онно 5 асчыт уонна дьиэ-уот сууйааччы үлэлиир. Уопсайынан, кэлэр өттүгэр дьахтар үлэлиир эйгэтин-идэтин кэҥэтэр, элбэтэр былааннаахпыт.

Дьикти идэ туһунан эттэххэ... Төһө “дьиктитин” бу диэн этэр кыаҕым суох эрээри, биһиэхэ геолог, маркшейдер дьахталлар бааллар.

– Уопсайынан, дьахталлар үлэҕэ төһө кэлэллэрий?

– 2018 сыллаахха – 49, 2019 сыллаахха – 31, 2020 сыллаахха – 9, 2021 сыллаахха 18 дьахтар үлэҕэ киирбитэ. 2018-2021 сс. барыта 107 кэрэ аҥаары үлэҕэ ылбыппыт.

Түгэни туһанан, “Анаабыр алмаастара” тэрилтэ эр дьонун аатыттан кэрэ аҥаардарбытын, далбар хотуттарбытын, Аан дойду дьахталларын бырааһынньыгынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин, бары үтүөнү, үчүгэй настарыанньаны уонна сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолары баҕарабын. Оттон биһиги, эр дьон, ити баҕа санаа туоларыгар кыһаллыахпыт.

Андрей ШИЛОВ бэлэмнээтэ.

2021 сыл түмүгүнэн “Анаабыр алмаастара” тэрилтэҕэ барыта 2317 киһи үлэлиир. Онтон 97 %-на, ол эбэтэр 2238 киһитэ, Саха сирин олохтооҕо.

2021 сыллаахха алмаас ырыынага атаҕар турбутунан, алмаас сырьетун атыылаһааччы элбээбитинэн, 32,4 миллиард солкуобай барыс киирбит (2020 сыллаахха 22,9 миллиард солкуобай этэ).

Онтон ыраас барыһа – 11,7 миллиард солкуобай (2020 сылтан 19 %-нан эбиллибит).

WhatsApp Image 2022 03 10 at 14.53.20

– Мин бэйэм Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа нэһилиэгин олохтооҕобун, олохтоох нэһилиэнньэ бэрэстэбиитэлэбин. “Майаат” бириискэ “Талахтаах” учаастагар үлэлиибин. Манна былырыын эрэ үлэҕэ киирбитим. Олус судургутук диэххэ сөп: нэһилиэгим дьаһалтатыттан эрийэн “пуобардыан баҕалаах дьахталлары хомуйаллар, үлэлиэххин бараҕарыҥ дуо?” диэн ыйыппыттара. Мин тута сөбүлэспитим. Онон баахтанан үлэлиир асчыт буолбутум туһунан устуоруйам ити курдук: бэрт судургу уонна кылгас.

Былырыын баахтаҕа биэс ый үлэлээбитим – от ыйын ортотуттан саҕалаан сэтинньигэ диэри. Быйыл тохсунньу 12 күнүгэр эмиэ “Талахтаах” учаастагар кэллим. Иккис сырыым.

Бэлиэтээн эттэххэ, мин бу учаастакка үлэлии кэлбит бастакы дьахтарбын. Кэлин иккиэ буоллубут. Кэллиэгэм дьиэ-уот сууйар үлэлээх.

Уопсайынан, асчыттар барыта биэспит. Миигин таһынан түөрт эр киһи баар. Ол иһигэр биир килиэп буһарааччы. Иккилии буолан күнүскү-түүҥҥү симиэнэлэргэ арахсан үлэлиибит. Мин күнүскүгэ сылдьабын.

“Талахтаахха” барыта 270-ча киһи үлэлиир. Олорор да, үлэлиир да усулуобуйабыт үчүгэй. Онон киһи тоҕо баахтаҕа үлэлиэ суохтааҕый, буолары буолан, үчүгэй хамнаска. Биллэрин курдук, үчүгэй хамнастаах киһи элбэх кыахтаах буолар.

Марина ПОПОВА, асчыт.

WhatsApp Image 2022 03 10 at 14.53.21

Бэлиэтээн эттэххэ, өссө ааспыт үйэ 1990-с сылларыгар “Анаабыр алмаастара” хампаанньа тэриллээтин кытта, биһиэхэ, Анаабыр улууһугар, хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар түөлбэлээн олорор сирдэригэр, хампаанньаны кытта социальнай бэлиитикэ эйгэтигэр бииргэ үлэлэһэр, хампаанньа үлэтин-хамнаһын тэрийэр сөптөөх суол быһаарыллыбыта. Онно туох да саарбаҕа суох улахан өҥөлөөх киһинэн улууспут оччотооҕу баһылыгын, биһиги бары улаханнык ытыктыыр киһибитин Николай Егорович Андросовы ааттыахха сөп. Бастатан туран, олохтоох нэһилиэнньэ санаатын учуоттуур, төрүт дьарык үлэтэ-хамнаһа өйөнөр буоларын ситиһэр сорук турбута. Иккиһинэн, Анаабыр улууһа тыа хаһаайыстыбатын сэргэ бырамыысыланнаһы тэҥҥэ баһылыырын, улуус сириттэн-уотуттан көстүбүт сир баайа улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайтыыдыгар туһаныллыахтааҕын ситиһиллиэхтээҕэ. Күн бүгүн биһиги ити былаан, сорук олоххо киирэн үлэлии турарын көрөбүт.

Ааспыт сыл ахсынньытыгар Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэр ыытыллыбыт Өрөспүүбүлүкэ долгааннарын төрдүс сийиэһигэр кэлбит ыалдьыттар табаһыттар улуус баай-талым олохтоох дьоно буолалларын, үгүс ыал саҥа, үчүгэй дьиэлээҕин, сиргэ-уокка сылдьар тиэхиньикэлээҕин, ыччат табаһыт элбэҕин, өрөспүүбүлүкэ уонна ыаллаһа сытар Красноярскай кыраай эдэркээн кыргыттара табаһыт уолаттарга кыбыстыбакка эргэ тахсалларын, кинилэр ортолоругар үрдүк үөрэхтээх кэрэ аҥаардар элбэхтэрин илэ көрбүттэрэ, итэҕэйэн барбыттара. Ити – индикатор. 1970-1980-с сыллардаахха итинниги киһи санаан да көрбөт буолара. Оттон табаны иитии диэн омугу омук оҥорор уонна дьиэ кэргэн дьарыга буоллаҕа. Дьиэ кэргэнэ, ойоҕо-уруута суох табаһыт туундараҕа сылдьара уустук суол. Онон таба иитиитин АЛРОСА хампаанньа алмаасчыттара үбүнэн-харчынан өйүүр, көмөлөһөр эрэ буоланнар тутан хааллыбыт, ыһыллыбатыбыт. Онтун ааһан, таба иитиитэ тирэхтээхтик сайда турар салааҕа кубулуйда. Ааҕыйах сылынан биһиги табаһыттарбыт төрүт үгэһи уонна 21 үйэ аныгы технологиятын дьүөрэлии тутан олорор Норвегия табаһыттарын таһымыгар тиийиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Ити биһиги барыбыт соруга. Хоту дойдуга уонна Арктика эргимтэтигэр үтүө олох эргийиэхтээх.

СӨ Долгааннарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, СӨ Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын ассоциациятын Сүрүннүүр сүбэтин чилиэнэ
Ольга Тимофеева-Терешкина.

Бүтэһик сонуннар