Киир

Киир

От ыйын 28 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтатыгар уопсастыбаннай истиилэр буоллулар. “Гросс” хайаны байытар кэмбинээккэ хостонор көмүс уруудатын сылга 26 мөл. туоннаҕа тиийэ улаатыннарар туһунан билиһиннэрдилэр.

Олигарх Мордашов баайа

Бу “көмүстэ, көмүстэ!” кэннигэр туох турарый? Манна “Гросс” уонна “Таборнай” диэн икки рудникка “Нерюнгри-Металлик” ХЭТ лиссиэнсийэ быһыытынан көмүс хостуур үлэлэри ыыта сылдьар. Бу — аан дойдутааҕы көмүһү хостуур модун “Nord Gold” хампаанньаҕа киирсэр тэрилтэ. Биллэрин курдук, “Nord Gold” сүрүн актыыбын бас билээччитэ – “Forbse” испииһэгинэн, Арассыыйа биэс саамай баай олигархтарыттан биирдэстэрэ Алексей Мордашов. Кини карьератын, хайдах байбытын, бас билиитин кээмэйин туһунан ааҕан киһи эрэ сөҕөр. Этэллэринэн, Чубайс “ыкса доҕоро”. Дьэ, ол бэйэтэ, АХШ сааҥсыйаларыгар түбэһэн, дьыалата хаахтыйыах курдук буолла. Ол да иһин, быыс-хайаҕас булан, “сорох актыыптарын нэһилиэнньиктэрин бас билиитигэр көһөрдө” диэн суруйбуттара баара. Итини сэргэ, хампаанньатын хостоон таһаарыытын улаатыннардаҕына эрэ, ыарахан кэмнэргэ тулуктаһара буолуо. Онон рудник үлэ кээмэйин улаатыннарар төрүөтэ — ити.

20 сыл тухары тугу гынна?

“Нерюнгри-Металлик” Саха сиригэр үлэлээбитэ быйыл номнуо 20 сыла — инньэ 2002 сылтан. Ол тухары тойон Мордашов уонна кини чугас эргимтэтэ төһөлөөх барыһы аахсыбыттара, төһөлөөх баайы хаҥаттыбыттара буолуой, сэрэйиэххэ эрэ сөп.       

Ол эрээри бу аан дойду ырыынагар тиийэ актыыптардаах баай “Nord Gold” хампаанньа олохтоох табаһыттар олохторун-дьаһахтарын чэпчэтэргэ төһө сыратын уурда? Өлүөхүмэ улууһун сайдыытыгар төһө көмөлөстө, туох социальнай-экэнэмиичэскэй бырагыраамаларга кытынна?

IMG 20220802 WA0043

***

Биһиги өссө 2021 сыллаахха “Кыым” хаһыакка суруйбут “Тээнэ суола ханна тиэрдэр?” матырыйаалбытыгар нэһилиэк олохтоох Сэбиэтин дьокутаата Надежда Габышева кэпсээбитэ баар:

“Нерюнгри-Металлик” хампаанньа биһиги сирбитигэр-уоппутугар үлэлээбитэ ыраатта, сүүрбэччэ сыл буолла. Ол эрээри, билиҥҥэ диэри кинилэрдиин көрсүһэ, биирдэ да кыһалҕабыт туһунан атах тэпсэн олорон быһаарса иликпит. Социальнай эбийиэктэрбит сэбиэскэй кэмтэн тураллар. Биһиэхэ, холобур, дьоҕус култуурунай-сынньанар киин тутан биэриэхтэрин сөп этэ. Ону суох. Кимнээҕин сирэй көрөн билбэппит даҕаны.

      Амыр уобалаһыттан, тастан баахта үлэһиттэрин аҕалан үлэлэтэллэр. Олохтоохтору саа тэбиитигэр да чугаһаппаттар. Маннааҕы дьонтон кими да үлэҕэ ылбаттар.(...) Сирбитин-уоппутун туһаналлар, алдьаталлар, киртитэллэр, өбүгэ дьарыгынан дьарыктанарбытын мэһэйдэһэллэр. Нолуок төлүүллэрэ буолуо, дуона суоҕу... Токко — Өлүөхүмэ саамай ыраас уулаах өрүһэ, былыр былыргыттан дьон мантан уу иһэр, балыктыыр. Билигин өрүһү быһа түһэн саптарбыттарын кэннэ балыкпыт хайдах буолар? Суол солоору тыабытын алдьаталлара уруккуттан да баара. Табаһыттарбыт билигин табаларын атын сиринэн үүрэргэ күһэлиннилэр. Көмүсчүттэр үлтү хастарбыт мэччирэҥнэрэ хаһан оһуо биллибэт...”

“Хоруоҥка” иһин?

Ити курдук, олохтоох докутаат эппитинэн, нэһилиэктэрэ хайдах уруккулуу олорбутай да, оннук олорор эбит. Баҕар, кэпсэтиһии ньыматынан, түгэниттэн көрөн, туох эрэ тэрээһиннэргэ эҥин, быстах көмө оҥоһуллара буолуо? Дьокутаат этиитэ мээнэ тыл буолбатах буолуохтаах. Онон даҕаны буолуо, ити кэннэ Тээнэ нэһилиэгин олохтоохторо уонна төрүт омуктар Ассоциацияларын актыыба “Нерюнгри-Металлик” ХЭТ салалтатын кытта көрсүбүттэрэ, манна сир баайын хостооччулар үлэлээбит 20 сылларын тухары арааһа, нэһилиэнньэ санаатын, туруорсуутун аан бастаан истибит буолуохтаахтар.

      Чуолкайдыыр буоллахха, “Нерюнгри-Металлик” ХЭТ оройуон дьаһалтатын, нэһилиэги уонна родовой общинаны кытта үс өрүттээх социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга көмө туһунан сөбүлэһиннэрии түһэрсэн үлэлиир. Холобур, 2019 сыллаахха оройуон таһымыгар – 3, 6 мөл. солк., нэһилиэккэ — 3 мөл. солк., родовой общинаҕа – 2 мөл. солк. диэн көрүллүбүт, барыта 8,6 мөл. солк. диэн.

Mining Operations 6538856

Көмүс хостооһуна улаатыаҕа

Билигин көмүһү хостооһуну салгыы улаатыннарар сорук турар – “Гросс” рудниктан 26 мөл. туонна – бу улахан кээмэй. Итиннэ барытыгар хос суот-орочуот ыытыллыахтааҕа, саҥа дьаһаныылар оҥоһуллуохтаахтара, саҥа бырайыак бигэргэниэхтээҕэ өйдөнөр. Ону кытта, ити үлэ кээмэйин улаатыннарыы олохтоох нэһилиэнньэ, чуолаан Тээнэ табаһыт эбэҥкилэрин интэриэстэрин таарыйара саарбахтаммат. Хостооһун кээмэйэ улаатта да, ол аата, барыта эмиэ уларыйар. Элбэх киһи кэлэн үлэлиэ, тулалыыр эйгэҕэ дьайыы, ноҕурууска улаатыа...

Уопсастыбаннас дьүүлүгэр

Онон, бу от ыйын 28 күнүгэр Өлүөхүмэ куоратыгар, Федеральнай сокуон ирдэбилинэн, олохтоохтору, Тээнэ актыыбын кытта уопсастыбаннай истии ыытылынна. Бу истиилэр нэһилиэнньэни астыннардылар, кинилэргэ “сирбитигэр-уоппутугар, тулалыыр эйгэбитигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, биһигини ытыктыыр дьон кэлбиттэр эбит” диэн санааны сахтылар дуо? Ол туһунан биһиги манна бара сылдьыбыт дьонтон санааларын ыйыталастыбыт.

Халбаҥ хоруйдар

шадрин

СӨ Олохтох төрүт омуктар ассоциацияларын вице-бэрэсидьиэнэ Вячеслав Шадрин:

— Мунньахха оройуон салалтата, оройуон тэрилтэлэрин салайааччылара, уопсастыбаннаһа, “Нерюнгри-Металлик” ХЭТ бэрэстэбиитэллэрэ, “СПб-Гипрошахт” бырайыактыыр тэрилтэттэн сырыттылар. Ону кытта Тээнэ нэһилиэгин уонна родовой общинатын улахан дэлэгээссийэтэ кэлэн кытынна. Бастаан бырайыактааччылар тулалыыр эйгэҕэ дьайыы бырайыагын (ОВОС – оценка воздействия на окружающую среду) кэпсээтилэр. Онтон ыйытыыларга хоруйдаатылар уонна дьүүллэһии буолла. Олохтоохтор, сүрүннээн, бырайыак итэҕэстэригэр тохтоотулар. Ол курдук, “Чоруода” ураты харыстанар айылҕа сирин (ООПТ) кытта ыксалаһара, бырайыакка тоҕо ыйыллыбатаҕа, Усу үрэх көстүбэтэ, Кыһыл кинигэҕэ киирэр үүнээйилэр, кыыл-сүөл бырайыакка көтүтүллүбүтэ – барыта ыйытыылары үөскэттэ. Сакаасчыт уонна ОВОС бырайыактааччыта « чинчийиилэри ыыттарбыппыт » дииллэр да, бу ыйытыыларга нэһилиэнньэ чуолкай хоруйу ылбата.

Аны, этнология эспэртиисэтэ ыытыллыахтааҕа билиҥҥэ диэри суох. Холобур, бу көмүһү хостооһун табаны иитиигэ хайдах дьайарын туһунан биир тыл суох. Хампаанньа бэрэстэбиитэллэрин ыйытыыларга хоруйа олус халбаҥ. Аны, биһиэхэ бэйэбитигэр СӨ Билим акадьыамыйата, Сибиирдээҕи отделение салаата, ХИФУ бааллар. Олохтоох усулуобуйаны бэркэ билэр олохтоох билим эспиэрдэрин кими даҕаны бу үлэҕэ тоҕо тардыбатылар?

Мин бырайыак быһаччы Тээнэни уонна кини олохтоохторун таарыйарынан, иккис истиилэри онно ыытарга диэн туруорустум. ОВОС сыанабылын кытта тэҥҥэ этнология эспэртиисэтэ ыытыллыахтаах. Оччоҕо эрэ бу үлэлэр туох дьайыыны оҥороллоро дьэҥкэтик көстүөҕэ. Ити үлэлэргэ маннааҕы эспиэр-учуонайдары булгуччу кытыннарар наада. Муниципалитеттар сэргэх буолаллара, олохтоох эспиэрдэри кытыннарыыга күүскэ ылсаллара эрэйиллэр. Тоҕо диэтэххэ, тэхиниичэскэй өттүнэн, холобур, туох сыыһа-алҕас баарын билбэппит: ууну туттуу кээмэйэ төһө уларыйыан, ол хайдах дьайыан, о.д.а. Аны Өлүөхүмэ -- сейсмо-кутталлаах оройуон, 50 сыл устата 20 тыһыынча сир хамсааһына буолбут. Ол учуоттамматах. Аны “бачча үлэһит илии наада буолар” диэн тоҕо эрэ намтатыллан көрдөрүллүбүт. Дьиҥинэн, биһиги суоттуурбутунан, тыһыынча киһи үлэлиэхтээх. Ону кинилэр 126 киһинэн эрэ элбиир диэн көрдөрбүттэр.

Бүтэһигинэн, нэһилиэнньэни кытта социальнай бииргэ үлэлэһиигэ туох былаан баарый? Баһырхай барыстаах хампаанньаҕа сылга хас биирдии таһымҥа 3-түү мөлүйүөнү төлүүрэ -- бу олус кыра, дохуоттарыттан 0,1% буолар дуу, суох дуу. Тоҕо эрэ атын оройуоннарга сир баайын хостооччулар тэҥ тэҥҥэ кэпсэтиһиилэри ыытан үлэлии олороллор. Холобур, Өлөөҥҥө “Восток-инжиниринг”, АЛРОСА. Быһата, ыйытыыларга халбархай хоруйдары эрэ иһиттим. Эспэртиисэ түмүгэ суох. Онон, ОВОС бырайыага олох сиикэйинэн, чуолкайа, ситэтэ суоҕунан, киирбит ыйыылары-кэрдиилэри, этиилэри учуоттаан, ылыммакка, көннөрүүлэри киллэрэн баран хос көрөргө диэтибит.

Итэҕэс бырайыак

роббек

Константин Роббек, СӨ олохтоох төрүт омуктарын бырааптарын көмүскүүр боломуочунай:

— Бырайыактааччы «Спб-Гипрошахт» ХЭТ бэрэстэбиитэлэ Ирина Дихтяренко ОВОС хайысхаларынан, дьайыы хадах буолуон сөбүн туһунан билиһиннэрдэ. Холобур, дэлби тэптэриилэр, тыас-уус, киртитиилэр өҥ буор араҥатыгар, салгыҥҥа, ууга, тыынар тыыннаахха, үүнээйигэ о.д.а. туох дьайыылаах буолуохтарын сөбүй? Ону кытта, «Чоруода» диэн резерват (ООПТ) сиригэр бу үлэлэр дьайыыларын билиһиннэрдэ. Ол эрээри Тээнэ олохтоохторо, табаһыттар итини барытын “итэҕэс сыанабыл бэриллибит” диэн, хос сыныйан эспэртиисэлиири туруорустулар. Кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйи, кыыл, көтөр бырайыакка баар буолуохтаах диэтилэр. Тээнэ олохтоохторо “Нерюнгри-Металлик” ХЭТ улуус да, нэһилиэк да социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көхтөөх кыттыыны ыларыгар баҕаларын эттилэр. Холобур, суол оҥоруутугар, социальнай эбийиэктэри тутууга, үбүнэн-харчынан көмөлөһүүгэ. Экология олохтоох хонтуруолун иниспиэктэрэ В.Филиппов хампаанньа экология туругун тупсарыыга кыттарыгар ыҥырда. “Nord Gold” хампаанньа судаарыстыбаннай уорганнары кытта үлэлэһиигэ управлениетын салайааччыта Александр Бурмистров “Этнология эспэртиисэтэ бэлэм, сотору дьүүлгэ таһаарыахпыт” диэтэ.

Харбин

Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин “Тээнэ нэһилиэгэ – ураты сирдээх-уоттаах, манна сир баайын сэргэ, төрүт дьарык, төрүт үгэстэр да бааллар. Кинилэри сэрэнэн дьүөрэлиир, харыстыыр наада диэтэ. Маны таһынан, Өлүөхүмэ таба төбөтүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакы сылдьар оройуон, ол барыта учуоттаныахтаах" диэтэ.

Дьаһалтаҕа сүбэ-ама суох

Сууттаһыыга улуус тоҕо кыайтарбытын ыйыппыкка боломуочунай К.Роббек “итиннэ боротокуол хампаанньа бэрэстэбиитэлин кыттыыта суох оҥоһуллан, алҕас тахсыбыт. Ол билигин көнөр кыаҕа суох. Улуус дьаһалтатыгар Арбитраж суутугар анаан, хамыыһыйа тэриллибитэ. Ситэриилээх былаас уорганыгар тэриллэр хамыыһыйаларга судаарыстаннай быраап дэпэртээмэнэ баар, куратор быһыытынан, туох баар мэтэдиичэскэй көмөнү, консултаассыйаны кини оҥоруохтаах, сүбэлиэхтээх этэ”. Ол аата, өйдөөтөххө, ол дэпэртээмэн иҥэн-тоҥон үлэлэспэтэх буоллаҕа дуу? Аан дойду таһымнаах юристардаах хампаанньалар улуус дьаһалтатын хамыыһыйатын киһилээбэттэрэ өйдөнөр буоллаҕа. Аны, К.Роббек “этнология эспэртиисэтэ баара-суоҕа 4 эрэ оройуоҥҥа барда: Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Кэбээйигэ уонна ити Өлүөхүмэҕэ. Онон дьаһалталар итиннэ туох да уопуттара суох. Өлүөхүмэҕэ билигин 30-ча лиссиэнсийэнэн сир баайын көрдүүр, хостуур үлэлэр ыытыллаллар, онтон ити биир эрэ эспэртиисэ оноһулунна. Аны олохтоох да дьаһалталар хамсаныылара ситэтэ суох. Кинилэри үөһэттэн дьаһайан кэбиһиэхтэрин сөп”, — диэтэ.

К.В. Роббек күһүн хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ уонна олохтоох дьаһалта, нэһилиэнньэ актыыба буолан, өссө көрсүһүөхтэрин туһунан эттэ. Онно этнология эспэртиисэтин кытта билсиһии эмиэ ыытыллыаҕа.

Хоромньуну – сөптөөхтүк

кульбертинов

Өлүөхүмэттэн Ил Түмэн дьокутаата Николай Кульбертинов уопсастыбаннай истии туһунан санаатын үллэһиннэ. Кини көмүс хостооччулар, ыларын ылан баран, бэйэлэрин кэнниттэн син биир алдьаммыт айылҕаны хаалларыахтара диир. Онон оҥорбут хоромньуларын булгуччу толуйуохтаахтар. Ол сөптөөх кээмэйдээх буолуохтаах. Аны “Нерюнгри-Металлик” Өлүөхүмэҕэ үлэлиир эрээри, Нерюнгрига регистрациялааҕа ыйытыылары үөскэтэр эбит. Усу диэн Чоруодаҕа түһэр үрэх баар, бу үрэх төһө киртийиэ биллибэт. Онон ити эҥин түгэннэр барыта чуолкай ыйыллыбыт буолуохтаахтар этэ, ол билиҥҥитэ суох. Эспэртиисэ тутулуга суохтук уонна оройуон кыттыылаах барыахтаах диэтэ.

***

Түмүккэ, 30 мрлд солк. үбү эргитэр хампаанньа улууска улахан көмөтө суох, биир даҕаны социальнай эбийиэги туппакка кэриэтэ сылдьарын, итини барытын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы дуогабарын оҥосторго учуоттууру эттилэр. Билигин кыстыкка киириэххэ диэри оҕо уһуйаанын, балыыһа өрөмүөнэ барыахтаах. Өлүөхүмэҕэ көмүс эрэ хостооботтор, манна ньиэп, гаас эмиэ баар. Хаһааҥҥа диэри итиччэ баай үрдүгэр олорон, тиийбэт тирии, таппат тараһа буолуохха сөбүй? Сир баайын хостооччулары кытта тэҥҥэ аахсан үлэлиир уолдьаста буолбатах дуо?

 Бэлэмнээтэ Нина Герасимова.

Бүтэһик сонуннар