Киир

Киир

Дьокутааттар киксиилэрэ

385 сааһын туолбут Өлүөхүмэ – Саха сирин биир былыргы устуоруйалаах, олоҕун-дьаһаҕын добуочча туруктаахтык тэринэн олорор куорат. Дьэ, ол эрээри сэтинньи ый саҕаланыыта, куорат мээрэ Альбина Михайловна Масина эмискэ уурайда. Ол кэнниттэн Өлүөхүмэҕэ бэрт дьикти сабыытыйалар саҕаланнылар. Ол туһунан кылгастык.

Куорат мээрэ А.М. Масина эмискэ уурайбытын кэннэ, ДьУоХХ, тутуу уонна благоустройство боппуруостарыгар солбуйааччыта  Сергей Евгеньеевич Щебляков баһылык э.т. хаалбыта. Сотору кэминэн куорат баһылыгын быыбара буолуохтааҕа өйдөнөр. Ол эрээри, куорат дьокутааттара соторутааҕыта буолан ааспыт мунньахтарыгар атыннык быһаарбыттар. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо буолуоҕунааҕар, Өлүөхүмэ куоратын олохтоохторо да билбэккэ хаалыа эбиттэр. Өскө сэтинньи 21 күнүгэр Сергей Щебляков бэйэтин инстаграмыгар куорат олохтоохторугар туһаайыы таһаарбатаҕа буоллар. Онно кини маннык эппитин кылгатан аҕалабыт.

– Күндү Өлүөхүмэ куоратын олохтоохторо! Бүгүн эһигини албыннаары гыналлар. Эһигиттэн Төрүт сокуонунан мэктиэлэнэр быыбардыыр уонна быыбарданар быраапкытын уораары тэринэллэр. Куорат дьокутааттарын бөлөҕө, сорох оройуон дьокутааттарын уонна оройуон дьаһалтатын кытта куомуннаһан баран, куорат дьаһалтатын баһылыгын быыбарын уонна эһиги бэйэҕит баҕарар баһылыккытын таларгытын тохтотоору гыналлар. Баҕар, ким эрэ баһылык Масинаны эбэтэр Щеблякову сөбүлээбэтин, кинилэр хайдах үлэлииллэрин ылымматын. Ол эрээри ким даҕаны ол туһуттан эһиги быыбардыыр уонна быыбарданар сокуоннай быраапкытын суох гынар бырааба суох. Быыбар диэн бэлитиичэскэй киирсии үстүрүмүөнэ. Быыбарга эһиги бэйэҕит олорор куораккыт дьылҕатын быһаараҕыт, онно сөптөөх диэбит салайааччыгытын итэҕэйэн талаҕыт.

Билигин сабыылаах аан кэннигэр туох буола турарый? Сорох дьокутааттар бөлөхтөрө, бэйэлэрин интэриэстэринэн салайтаран, оройуон дьаһалтатын кытта холбоон, куорат дьаһалтатын суох гынаары гыналлар. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, биһиги кинилэргэ мэһэйдиибит.

Быыбары суох гынан баран, баһылыгы дьокутааттартан анаары гыналлар. Ол аата, быыбар сабыылаах аан кэннигэр, олохтоохтор кыттыыта суох барыахтара. Мин дэмэкирээт буоларым быһыытынан, итинниги ылыммаппын. Маннык дьоһун суолталаах быһаарыыны куорат олохтоохторо кыттыгастаах ылыллыахтаах, кистээн буолбакка.

Иккиһинэн, куораты салайыы туох баар функциятын оройуон киинигэр биэрээри гыналлар. Куорат дьокутааттарын Сэбиэтэ уонна баһылык ыйга үстэ эрэ мустан мунньахтыыллара көрүллэр. Оччоҕуна бүддьүөтү,  туох баар боппуруоһу быһаарыы барыта оройуон баһылыгын илиитигэр киирэр. Оттон тугу да быһаарбат куорат баһылыга атыттар хамнастарынааҕар үс төгүл үрдүк хамнаһы ыла-ыла таах олорор буолар. Наада дуо оннук биһиэхэ?

Олохтоохтор бэйэлэрэ быһаарыахтаахтар

         

Мин Сергей Щеблякову кытта сибээстэһэ сырыттым.

 

– Сергей Евгеньевич, дорообо. Эһиэхэ туох буола турарый, баһаалыста, балаһыанньаны  билиһиннэриэҥ дуо?

– Дьокутааттар Сэбиэттэрин мунньаҕа быһаарыы ылынна – ол икки дьаһалтаны холбооһун, куораты салайар боломуочуйалары оройуоҥҥа биэрии туһунан. Маннык быһаарыыны өссө саас киллэрэ сатаабыттара, ону дьокутааттар сөбүлэспэтэхтэрэ, бары биир курдук, утарбыттара. Оттон билигин, куорат баһылыга Альбина Михайловна уурайбытын кэннэ, бу быһаарыыны көҕүлээччилэр эмиэ хостоон таһаардылар.

Ол эрээри, саамай кутталлааҕа диэн, кинилэр ону уларыттылар: ол эбэтэр, “куорат баһылыгын быыбарын суох гынарга” диэн эбэн биэрдилэр. Куорат дьаһалтата хаалар, дьокутааттар Сэбиэттэрэ хаалар, ол эрээри куорат баһылыгын олохтоохтор талбаттар, дьокутааттар бэйэлэрин истэриттэн куонкурус хамыыһыйатын нөҥүө аныыр дуу, талар дуу буолаллар  диэн.

Дьокуускайтан МСУ департаменын салайааччытын солбуйааччыта Старостин кэлэ сылдьан, кинилэргэ “куорат уонна оройуон дьаһалтатын холбуур наада, ону өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай сокуоннар да көҥүллүүллэр” диэн сүбэлээбит этэ. Онон үөһээттэн өйөбүл-сүбэ ылан, устаабы уларытар уонна оройуон дьаһалтатыгар холбуур туһунан итинник быһаарыылары ылыннылар.

– Устаапка туох уларыйыыны киллэрэ сатыылларый?

– Эппитим курдук, “куорат дьаһалтатын баһылыгын быыбара суох буолар” диэн уларытыыны. Куорат хаһаайыстыбатын салайыы боломуочуйата оройуон дьаһалтатыгар бэриллэр. Куорат дьокутааттара бэйэлэрин истэриттэн бэрэстэбиитэл функциялаах салайааччыны талаллар дуу (аныыллар дуу). Кини туохха да эппиэттээбэт, тоҕо диэтэххэ, туох баар үп-харчы, бүддьүөт, исписэлиистэри салайыы – барыта оройуон киэнэ буолар. Дьиҥинэн, биһиги куораппыт бүддьүөтүн 5%-на эрэ датаассыйанан кэлэр, бэйэтин дохуотун суотугар олорор, бэйэтин бэйэтэ хааччынар. Оттон оройуон бүддьүөтэ – 100% датаассыйанан олорор, бэйэтин дохуота суох. Ол баар кыһыыта.

         

 

Референдум ыытыллыахтаах!

“II Нөөрүктээйи нэһилиэгэ” МТ баһылыга  М.А. Терентьев санаатын үллэстэр:

– Мин урут даҕаны куораттааҕы Сэбиэт дьокутааттара дьаһалта үлэтигэр мэһэйдэһэллэрин көрөр этим. Бары даҕаны ону көрө-билэ сылдьыбыппыт. Ол эрээри, бу дьокутааттар кэнники быһаарыылара сиэрэ суох быһыы диэн сыаналыыбын, онон бэйэм санаабын аһаҕастык этэбин. Маннык балаһыанньаҕа биһигини сыыйа тиэрдэн эрэллэр. Кэнники сылларга куорат дьаһалтатыгар СМИлэри, социальнай ситими нөҥүө күүстээх атаака ыытылларын көрө сылдьыбыппыт (Оlekmaonline нөҥүө). Онно сотору-сотору ыйытыы ыыталлара: “Икки дьаһалта холбоһуутугар хайдах сыһыаннаҕытый?” эҥин диэн. Ол эбэтэр, бэлэмнэнии эрдэттэн былааннанан ыытыллыбыт диэн билигин көрөбүт.       

Билигин дьаһалта үлэтин сөбүлээбэт дьон көмөтүнэн ханнык эрэ интэриэстээх дьон бөлөҕө кутталлаах эпэрээссийэни ыытаары тэринэр. Мин ону “авантюра” эрэ диэн сыаналыыбын. Дьиҥинэн, холбооһун ханна дьиҥнээхтик туһалыыр сиригэр оҥоһуллара сөп. Холобур, Аллайыаха улууһугар холбообуттара сөп – онно оройуон олохтоохторун 70%-на оройуон киинигэр олорор – оройуоҥҥа 3 тыһыынча кэриҥэ киһи, оттон Чокуурдаахха  2 тыһ. киһи олорор. Оттон биһиэхэ нэһилиэнньэбит төһө эмэ элбэх, куорат улаата турар. Өлүөхүмэ – былыргы устуоруйалаах куорат.

Ленскэйдэр холбоһо сатыыллара өйдөнөр, онно бүддьүөттэрэ улахан, оттон биһиги улууспут бүддьүөтэ дэписсииттээх, онон мин бу холбоһууга ханнык да луогука баарын көрбөппүн. Билиҥҥитэ боломуочуйа сорох эрэ өттүн биэрии туһунан этэллэр эрээри, мин санаабар, толору силбэһии туһунан боппуруос туруоҕа. Итинник суолталаах боппуруоска публичнай истиилэр буолбатах – булгуччу референдум ыытыллыахтаах дии саныыбын.  Референдум – дэмэкирээтийэ саамай сөптөөх института. Быһаарыыны дьокутааттар буолбакка, олохтоохтор бэйэлэрэ ылыахтаахтар! Тугу эмэ тэрийэрдээҕэр, саҕалыырдааҕар, ыарахаттары туоруурдааҕар, алдьатар, бобор, суох гынар  быдан чэпчэки!

Иһэ истээх

дьыала эбит

– Бу идиэйэни бастаан кимнээх саҕалаабыттарай?

– Альбина Михайловна Масина 2016 сыллаахха куорат баһылыгынан талыллыаҕыттан кинини утарар дьон, дьокутааттар көстүбүттэрэ. Онон итини барытын эмиэ кинилэр көҕүлээбиттэрэ диэххэ сөп. Дьокутааттар Несмелов, Мамонтов, “Комфорт” диэн салайар хампаанньа дириэктэрдэрэ уонна куорат дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Мамонтов туһунан туспа кэпсээн. Кини салайар хампаанньата биһиги куораппыт МУП-гар суутунан 10 мөл. солк. иэстээх. Ону толотторор лиис (исполнительнай лист) суут приставтарыгар киирэ сытар. Бу киһи счёта  “тутуллубута” (арест). Дьэ, ол “тутуллубутун” кэннэ, эмискэ бу дьыала күөрэйэр. Онон ити барыта туох эрэ сибээстээх дуу диэн сабаҕалыахха сөп. Оттон иэһэ, дьиҥэ, куорат олохтоохторугар иэс буоллаҕа. Онтон суол тутуута, оптуобус сырыыта, тротуардар, о.д.а. боппуруостар тутулуктаахтар.

         

Дьон сөпкө өйдүүр

– Дьокутааттар кистээн ылыммыт быһаарыыларын утарар, эһигини өйүүр хамсааһын тэрилиннэ дуо?

– Ааспыкка туһаайыы таһаарбытым кэннэ, куорат олохтоохторуттан элбэх өйүүр тыл-өс киирбитэ, кинилэр ити быһаарыыны сөбүлээбэттэрин биллэрбиттэрэ. Нэһилиэк баһылыктарыттан эмиэ өйүүр этиилэр киирдилэр, уопсастыбаннас, бэлиитиктэр тахса сырыттылар. Биллэн турар, бу аҥаардастыы олохтоох дьокутааттар бөлөхтөрүн көҕүлээһинэ буолбатаҕын бары да өйдүүбүт, маннык этии үөһэттэн соҥноммута өйдөнөр. Маннык былааннара Ленскэйгэ ааспатах эбит буоллаҕына, ону Өлүөхүмэҕэ олоххо киллэрэ сатыахтаахтара биллэр. Ол эрээри, биһиэхэ олоххо киирэн хааллаҕына, салгыы өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар тарҕаныа – ол баар куттала. Муниципальнай уокуруктары тэрийии былаанын олоххо киллэрэ сатыахтара, ол туһунан уларытыылары таах ылымматах буолуохтаахтар.

Экэниэмийэ туһуттан дуо?

– Туох санааттан маннык быһаарыы ылаары гынабыт диэн өйдөтөллөрүй?

– Биллэн турар, “үп-харчы экэниэмийэлэниэ, ороскуот аччыа” дииллэр. Оннук диэччилэргэ этиэм этэ: ити сымыйа. Туохха да эппиэттээбэт эрээри, улахан хамнаска олорор куорат баһылыга син биир баар буолар. Син биир исписэлиистэр баар буолаллар, ол эрээри, аны оройуон дьаһалтатын иһинэн үлэлиэхтэрэ. Баҕар быыбарга экэниэмийэлиэхпит дии саныыллара буолуо? Оннук эмиэ буолбатах – биһиги баһылыгы уонна дьокутааттары талар болдьохпут сөп түбэспэт. Онуоха мин эппитим: дьокутааттар, “самороспуск” биллэриҥ уонна куорат баһылыгын уонна дьокутааттарын быыбарын хос ыытыахха диэн. Оччоҕо экэниэмийэ тахсыа этэ диэн. Ону ылымматахтара. Билигин дьокутааттар сиэссийэлэригэр оройуоҥҥа холбонуу туһунан быһаарыыны ылыннылар. Оттон устаабы уларытар туһунан быһаарыыны “Публичнай истиилэргэ” көрөргө диэтилэр. Ол Истиилэрэ биир ыйынан буолуо дииллэр.

– Оччотугар эһиги хайдах, туох хардыылары ылаары сылдьаҕытый?

– Мин бастаан бу барыта сокуоннайын дуу, суоҕун дуу быһаартаран, борокуратуураҕа ирдэбил түһэрээри сылдьабын. Онтон борокуруор “дьокутааттар быһаарыылара сөп” диэтэҕинэ, суут нөҥүө барыахпыт. Онно регламент кэһиллиитэ, болдьохтор кэһиллиилэрэ баар. Салгыы көрөн иһиэхпит, манныкка олорон биэрэр табыллыбат.

Тоҕо “паровоз иннигэр” түһэбит?

Н.А.Копылов, "Дьаархан национальнай нэһилиэк" МТ баһылыга:

– Икки дьаһалта силбэһэр түбэлтэтигэр поселениелар ситэ үбүлэммэт кутталлара үөскүүр. Тоҕо диэтэххэ, оройуон салалтата, бастатан туран, куорат боломуочуйаларын ыллаҕына, “суорҕаны” бэйэтигэр тарда сатыыра өйдөнөр. Оттон поселениелар онто суох бүддьүөттэрэ тиийбэт тирии, тарпат тараһа курдук.

Иккиһинэн, боломуочуйалары тыырсыынан боппуруоһу быһаарыахха сөп этэ. Холобур, куоракка ордук суолталаах боломуочуйалары оройуонтан куоракка биэрии, ол бүддьүөттэн үбүлээһинин хааччыйыы. Оччотугар куоракка дьиҥнээх көмө, куорат олохтоохторун кыһалҕатын быһаарыы буолуо этэ. Үсүһүнэн, куорат олохтоох бэйэни салайыныы уоргана буоларынан бэйэтэ талыллыбыт салайааччылаах буолуохтаах – мээр. Кини административнай, салайар, тэрийэр боломуочуйалаах буолуохтаах. Ол хаһаайыстыбаны эрэ көрөр, быһаарар ананар сити-менеджер буолбатах.

Онон, мин санаабар, оройуон олохтоохторун интэриэһинэн салайтарар буоллахха, бу быһаарыыны ылынар наадата суох. Барытын суоттаан-учуоттаан, муниципальнай салайыы маннык көрүҥэ ордук көдьүүстээҕэ билиннэҕинэ эрэ, быһаарар наада. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр муниципальнай салайыыны уларытыы үтүө уопута, олоххо киирбитэ билиҥҥитэ суох, онон, этэргэ дылы, “паровоз иннигэр” түһүмүөххэ баара.

***

Куорат мээрин талыыны суох гыныы, ол аата норуоту бэйэни салайыыттан туоратыы. Оччотугар салайааччы кимиэхэ отчуоттууруй, ким иннигэр эппиэтинэстээх буоларый?  Саҥата суох олорон биэримиэххэ, өлүөхүмэлэри өйүөххэ! Маннык быһаарыы сотору ханна баҕарар ылыллыан сөп.

Нина ГЕРАСИМОВА.

 

Бүтэһик сонуннар