Киир

Киир

Саха көрө-күлүүтэ – ханна да суох ураты көстүү, олохпут биир бастыҥ киэргэлэ. Урут сатираны тэлэбиисэринэн уонна тыйаатырга эрэ көрөрбүт саҕана, көргө-күлүүгэ саха дьонун кутун туппут бастыҥ артыыстарынан Петр Пестряков, Алексей Павлов, Александр Бурнашев, Валентина Чиркова уо.д.а. этилэр. Билигин кинилэр курдук норуот тапталын ылбыт көр-күлүү артыыһа аҕыйах. Арай, кэнники үс сылга социальнай ситимнэри кыайа туһанар саха дьоно Зина уонна Леха диэн аатынан сахалыы көрдөөх роликтары устан тарҕатар уолаттары киэҥник биллилэр, кэтэһэн көрөр буоллулар. Балаҕан ыйын 29 күнүгэр уолаттар бу сайын уһулбут «Зина уонна Леха. Операция: хвост и вымя» диэн уус-уран кэмиэдьийэлэрин улахан экраҥҥа таһааран эрэллэр. Бүгүн ол туһунан кэпсэтиэҕиҥ.

5cab3efe f9ad 40cb a906 7eec4c1dc6a3

Алексей Витальевич Михайлов (Өттүк Леха)

Сунтаар улууһун Түбэй-Дьаархан нэһилиэгэр 1989 c. ыам ыйын 18 күнүгэр (Телец бэлиэлээх) төрөөбүт. Чурапчы Одьулуунугар улааппыт. А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы Култуура уонна ускуустуба колледжын «Социо-култуурунай үлэ» салаатын үөрэнэн бүтэрбит. Итини таһынан, эр киһи араас идэлэригэр уһуйуллубут. Кэргэннээх, үс уол оҕолоох. Киинэ продюсера уонна сүрүн оруолга артыыһа буолар.  

f35c2d21 c9ec 41a6 bd0f 628b9de88a09 2

Иннокентий Юрьевич Орестов (Зина)

Амма улууһун Амма сэлиэнньэтигэр 1987 c. от ыйын 26 күнүгэр (Хахай бэлиэлээх) төрөөбүт. Оскуоланы онно бүтэрбит. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филологиятын факультетыгар «Пиар» салааны бүтэрбит. “Саха” НКИХ ханаалын «Биһикчээн» биэриитигэр 5-6 режиссердаабыт, таарыйа Бээчэ уонна куобах оруолларын толорбут. Быстах кэмҥэ Филармонияҕа, Эстрада тыйаатырыгар үлэлээбит. Кэргэннээх, икки кыыс оҕолоох. Киинэ сүрүн оруолга артыыһа буолар. 

175 235 A 2

– Чэ, бэйэҕитин билиһин­нэрдигит. Аны үлэҕитигэр-хамнаскытыгар киириэх. Эһиги хаһааҥҥыттан бииргэ үлэлиигит?

Киэсэ: Биһиги «Хара хаар» диэн киинэни уста сылдьан билсибиппит. Онно Алексей – толорооччу продюсер, мин уот-күөс худуоһунньуга этим. Онтон сыыйа-баайа билсэн, доҕордоһон барбыппыт.

– Хаһааҥҥыттан Зина уонна Леха диэн ааттаммыккытый?

Леха: Өттүк Леха диэн хос аат миэхэ Дмитрий Коркин турнирыгар дьону ыҥырар роликка уһуллуохпуттан иҥпитэ. Онно доҕорум Дьулустаан Захаровтыын дьоруойбутугар аат толкуйдаабыппыт. Онно «өттүктүүр» диэн хапсаҕайга туттуллар ньыматтан сиэттэрэн “Өттүк” диэн аат тахсан кэлбитэ.

Киэсэ: Зина диэн хос аат миэхэ биир доҕорум дьээбэлэммититтэн сылтаан иҥпитэ. Арай биирдэ тугу эрэ мөҕүттэн саҥара турдахпына, киһим: «Дыа, Зина курдук буолан бүт эрэ!» – диэтэ. Мин өйдөөбөтүм, туох Зинатын этэрин ыйыттаҕым дии. Онтум ханнык эрэ элбэх саҥалаах аймаҕын аата эбит.

Леха: Бу Киэсэ хайдах дьахтар оруолугар киирбитин кэпсиэхпин баҕарабын. Арай 2019 c. реклама ролигын уста сырыттыбыт. Онно кыыс оруолугар артыыс наада буолла. Бу кэмҥэ суол нөҥүө Киэсэ ааһан иһэр эбит. Хайыахпытый? Кыһалҕаттан кинини кыыстыы таҥыннаран баран уһуллахпыт дии. Онтубут, хата, олус табыллан, роликпыт дьон биһирэбилин ылан, ити уобараһы салгыы туһанар буолбуппут.

Киэсэ: Зина уобараһын арыйарбар миэхэ дьахтар аймаҕы кэтээн көрөр дьоҕурум көмөлөһөр. Кэргэммин да, ийэбин да, оптуобуска да баар дьону хайдах кэпсэтэллэрин, тутталларын-хапталларын өйдөөн көрөбүн уонна онтон толкуйдаан таһаарабын.

Леха: Күннээҕи олох кыһалҕатын боростуой тыа ыалын уобараһа эрэ арыйар кыахтаах буоллаҕа. Ону көрүнэн-күлүүнэн «убатан» биэрдэххэ, олох уустуктарыгар сыһыан эмиэ чэпчиир. Ол да иһин Зиналаах Леха уобарастара бар дьон биһирэбилин ыллахтара.

– Кэргэттэргит маннык, «кэргэннии Зиналаах Леха» буолан, киинэҕэ оонньуургутун хайдах ылыналларый?

Киэсэ: Мин кэргэним миигин мэлдьи өйүүр, сүрүн фанатым. Уһуллубут уобарастарбын көтүппэккэ көрөр, астынар аҕай, ол быыһыгар сүбэлиир-амалыыр. Бэйэм бэйэбин соччо көрбөт буоламмын, “хайдах итинтэн хал буолбаккын?” диэн ыйытабын. Онтум син биир көрө олорор буолар.

Леха : Мин кэргэним эмиэ өйүүр уонна кириитикэлиир. Ардыгар, өһүргэнэбин. Кини төрүт куорат буолан, нуучча тылын үчүгэйдик билэр, онон, сүрүннээн, ол өттүн болҕойон көрөр. Бэйэм ити чааһыгар ыарырҕатар буоламмын, киниттэн тыл-өс өттүгэр ыйытарым элбэх.

ce9c1958 8517 4223 8206 e8b1b4363de3

– Бу «Леха&Зина» диэн киинэҕитин устар санааҕа хаһан кэлбиккитий?

Леха: Устубут дьоҕус, күлүүлээх “вайннарбытын” дьон наһаа сөбүлээбитэ, “сериалла устуҥ эрэ” диэн кэмэнтээрийдээччи элбээбитэ. Дьиҥинэн, онто да суох, киинэ устар баҕа уруккуттан баара. Ол эрээри, киинэ эйгэтигэр син сыһыаннаах дьон буоллахпыт, үчүгэй киинэни устарга наһаа элбэх үп-харчы ирдэнэрин өйдүүрбүт. Онон улахан киинэҕэ санаммакка сылдьыбыппыт. Ол да буоллар, Киэсэни мэлдьи “киинэ устуохха эрэ” диэн үтэн-анньан көрө сылдьааччыбын. Киһим бастаан батынар этэ, онтон былырыын саас сөбүлэһэн, барыта санаа хоту табыллан, киинэбит олус бэркэ уһуллан хаалла.

Мин урут «Суораттар» диэн бөлөххө кытта сылдьыбытым. Онно кэнсиэр хайдах тэриллэрин үчүгэйдик билбитим-көрбүтүм. Кэлин уолаттары кытта «Күл-Тур» диэн кэнсиэр бырагырааматын толкуйдаан гастроллуу барбыппыт. Киэсэбит бастаан эмиэ, сценаттан кыбыстар аатыран, аккаастаммыта. Ол да буоллар, барсыбыта. Соторутааҕыта Ньурбаттан кэлбиппит. Саас Бүлүү бөлөххө, онтон Илин Эҥээргэ сырыттыбыт. Саала мэлдьи толору буолар. Ону көрөн “дьон сөбүлүүр эбит” диэн өйдөөбүппүт. Ити курдук, “кынаттанан” диэбиккэ дылы, бу уус-уран киинэни уһуллубут.

– Дьэ, “киинэ устабыт” диэн быһаардыгыт. Оттон тутаах дьоҥҥутун: сценарискытын уонна режиссергутун – хайдах уонна хантан буллугут?

Киэсэ: Алексей «бэйэбит чөкө хамаанда буолан устуохха» диир. Оттон мин, киинэ устарга идэтийбэтэх уонна улаханнык артыыстаабатах буоламмын, куттанабын. Бэйэбит уһуллахпытына, мөлтөһүөр соҕус киинэ буолан тахсыа диэн саарыыбын. Балай да толкуйдаан баран: «Оннук табыллыбата буолуо. Бастатан туран, үчүгэй сценариста, режиссерда уонна операторда булуохха”, – диэн этии киллэрдим. Ол түмүгэр, элбэх кэмиэдьийэ жанрдаах киинэни устубут уопуттаах режиссер Роман Дорофеевка эрийдибит. Хата, сөбүлэстэ. Сценарийбытын Алексей Амбросьев (аччыгыйа) суруйбута. Операторынан эмиэ улахан уопуттаах Тим Третьяков үлэлэстэ. Дьэ, онон, киинэбитин от ыйыттан саҕалаан устан бардыбыт. Ол кэмҥэ, оруобуна, баһаар бөҕө буола турар этэ. Уһуллубуту барытын таҥан, тыастаан-уустаан, муусукалаан Анатолий Яковлев «Айар» устуудьуйата толору метражтаах киинэ (тизердэрин, трейлердэрин кытта) оҥорон таһаарда. Кини элбэх саха киинэтин (50 кэриҥэ) таҥан оҥорбута. Билигин да киинэ көрдөрүүтүгэр сүбэлээн-амалаан көмөлөһө сылдьар. Ону тэҥэ, афиша эҥин чааһыгар Виктор Ли-Фу «Среда» устуудьуйата күүскэ үлэлэстэ. Кини эмиэ биир бастыҥ, айар куттаах киһи, сүбэнэн-аманан улаханнык көмөлөстө.

– Ханна, хайдах уһуллугут? Кимнээх көмөлөстүлэр?

Леха: Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэр устубуппут. Төхтүргэ, уопсайынан, элбэх киинэ уһуллубута. Холобур, «Юбилей», «Кэскил», о.д.а. Төхтүр – киинэ устарга бары өттүнэн табыгастаах сир: кэрэ айылҕалаах, өрүстээх, мырааннаах уонна чугаһа сыттаҕа. Хата, түгэнинэн туһанан, Төхтүр нэһилиэгин олохтоохторугар, Сынньалаҥ киинин үлэһиттэригэр, сүрүннээн, эдэр баһылык Багдарыын Кэскил Ньургун Уолугар махталбытын тиэрдэбит. Кини биһиэхэ усулуобуйаны барытын тэрийэн биэрбитэ. Баһылык быһыытынан, олохтоохтортон ыйытан, сүбэлэһэн баран ыҥырбыта. Онон олохтоохтор биһигини үөрэн-көтөн көрсүбүттэрэ.

– Киинэҕэ, уопсайа, төһө элбэх киһи үлэлэстэ? Артыыстар кимнээхтэрий?

Леха: Сүрүн хамаандаҕа 20 киһи баара. Ону таһынан, артыыстар: Елизавета Далбараева, Карина Семенова, Илья Шумкин, Аюна Спиридонова, Екатерина Хоютанова, Валентина Якимец уонна да атыттар. Чэ, быһа холуйан, 50-ча киһи. Кастины режиссербут ыыппыта. Биһиги улаханнык кыттыспатахпыт. Гримербут, костюмербыт – Мария Мигалкина, бэйэтэ Ньурба тыйаатырын артыыһа. Хас да киинэҕэ үлэлэспит уопуттаах киһи буолан, тугу таҥнарбытын бэйэтэ толкуйдаан, булан-талан, барбах эрэ «Vassa» диэн маҕаһыынтан таҥнан сылдьыбыппыт. Реквизиттэрбитин худуоһунньуктарбыт булбуттара, бэлэмнээбиттэрэ.

– Дьэ, ыйы быһа киинэ устар кэмҥитигэр умнуллубат, күлүүлээх түгэннэр бааллара буолуо.

Леха : Буруо уонна оҥоойу.

Киэсэ: Итинтэн саамай эрэйдэммит киһи мин баарбын. Зина оруолун толорорбор гримнээх буоламмын, куйааска сирэйбин сууммаппын, оҥоойу сиэтэҕинэ тарбаммаппын, сөтүөлүү киирбэппин. Аны оҥоһуу баттахтаахпын, онтум толору оҥоойу буолар. Аттыбытынан өрүс ааһар. Дьонум күҥҥэ хаста да сөтүөлүүр кэмнэригэр мин кытылга олоробун. Киэһэ хойут устуу бүппүтүн кэннэ биирдэ сөтүөлүүбүн. Дьэ, ыарахан этэ.

Леха: Хатастааҕы сибиинньэ комплекса биһиэхэ эт успуонсардаабыта. Онон, сибиинньэ этин элбэхтик сиэбиппит. Режиссербут Роман Дорофеев сибиинньэ этин сиэбэт буолан, элбэхтик эрэйдэммитэ. Аны «Оксиэ» диэн олохтоох аһы оҥорооччу успуонсар буолан, үрүҥ аһы наһаа элбэхтик сиэн кэбиһэн, ол күлсүүтэ эмиэ баара.

Киэсэ: Арай, биир сарсыарда аһаары гыммытым, гречка буһарбыттар. Амсайан көрбүтүм, минньигэс, саахардаах. Хаһан да саахардаах гречканы сиэбэтэх буоламмын, улаханнык соһуйбутум. Асчыппыт дьыссаат үлэһитэ буолан, оҕолор менюларынан астыыр эбит. Устуу кэмигэр өссө биир күлүүлээх түгэн баара. Лехабыт, эрэһиинэ тыыны сатаан эрдибэт буолан, кыайан уһуллубатаҕа. Биир сиргэ эргийэ-эргийэ турар, иннинэн да, кэннинэн да кыайан барбат. Онтон дубль үөһэ дубль оҥоро, үөрэтэ сатаан баран, Леха таҥаһын кэтэммин бэйэм уһуллубутум.

– Хата көхсүгүт кэтитэ тэҥ буолан абыраабыт дии! Дьэ, оччотугар көрөөччүлэри бу киинэҕэ өссө туох күүтэрий? Тохтоло суох күлэ олоруохпут дуо?

Киэсэ: Үчүгэй кэмиэдьийэлэргэ киһини толкуйдатар да, сонньутар да, күллэрэр да түгэннэр баар буолаллар. Син биир дьиҥнээх олоххо курдук...

Леха : Ол сиэринэн, биһиги киинэбитигэр барыта баар буолуо. Син биир аныгы олох харчы тула эргийэрин курдук, харчы айдаана, кыһалҕаҕа кыһарыйтарыы, дьиҥнээх доҕордоһуу уонна таптал. Хоонньоһуу сцената баарын иһин, көрөөччүбүт сааһа 16 + диэн сурулла сылдьар. Ол быыһыгар мүччүргэннээх сырыылар: баһаар диэн, саанан ытыалаһыы диэн, ууга тимирэ сыһыы диэн уонна да атын “экшеннэр”. Чэ, кэллэххитинэ, бэйэҕит көрүөххүт.

Түмүккэ сакаасчыппытыгар: Дмитрий Антонов салайааччылаах «Авторитет» диэн хампаанньалар холбоһуктарыгар, генеральнай успуонсардарбытыгар: «Киинстрой», «Ваш Юрист», «Розтор», «Атмосфера» ЖК, «РеклаМИР», «Дентал Авеню» (Киэсэбит киинэҕэ уһуллаары тииһин оҥорторбута), битэмиининэн хааччыйбыт «Bioshop» тэрилтэлэргэ уонна бары көмөлөспүт доҕотторбутугар барҕа махталбытын этэбит.

857f708e 5eda 4040 b127 ec3c0aeafddc 2

Дьэ, ити курдук билиҥҥи олус уустук, үтүмэн кыһалҕалаах олохпутун сахалыы көрүнэн-күлүүнэн киэргэтэр Алексей МИХАЙЛОВ уонна Иннокентий ОРЕСТОВ эһигини олус бэрт сахалыы «ЗИНА&ЛЕХА. Операция: хвост и вымя» кэмиэдьийэни балаҕан ыйын 29 күнүттэн Сахабыт сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар астына-дуоһуйа көрөргүтүгэр ыҥыраллар.

Күлүү олоҕу уһатарын умнумаҥ, доҕоттор!

Кэпсэттэ КҮНДЭЛИ.