Киир

Киир

Күннээҕи сүпсүлгэнтэн уоскуйан, бүгүн "Тимир" диэн олус сэргэх киинэҕэ сылдьан, үрдүк дуоһуйуу ыллым. Дьиҥэр, ыҥырыыларыгар психологическай киинэ, оскуола оҕолорун уустук сыһыаннарын, оҕону атаҕастааһын (буллинг) туһунан диэни көрөммүн, хайдах эрэ, ытырыктата санаабытым. Ол эрэн киинэбит бэйэтин ис туругунан "юмористическая драма" диэнин көрөн олус дьиктиргээтим. Хайдах бу икки ураты өйдөбүллэри бииргэ тутан айымньы оҥорбуттарай диэн толкуйдаах буоллум.

Дьиҥэр, аныгы искусствоҕа "фьюжн" диэн өйдөбүл баарын билэбит буоллаҕа.

Киинэ режиссера Николай Корякин, киинэ эйгэтигэр анал үөрэҕэ суох эрээри, айар куттаах, дьулуурдаах буолан, биирдэ эмискэ тоҕо биэрэн таҕыста ээ. Ол эрэн күлүм гынан ааһар көстүүлэргэ улахан суолтаны биэрэн (детальная сьемка), кыраҕы хараҕынан олоххо үөскүүр олус уустук түгэннэри арыйар. Ол курдук, киинэ бэйэ-бэйэлэрин хаһан да көрбөтөх уол – Тимир уонна кини аҕатын – Дьууруй көрсүһүүлэринэн саҕаланна. Хас биирдиибит оҕо эрдэхпититтэн кыра да, улахан да араас охсуулары туораан, тулуйан, тургутууну ааһан олох диэн кэрэтин билэбит. Дьэ, олох барахсан мускуйан киһи дуу, кии дуу буоларбытын быһаарар.

Уол аҕата Дьууруй олох дьэбэрэтин билэн сылдьарын режиссер Николай Корякин олус да кыраҕытык кирдээх-хахтаах иһит түгэҕин сыныйан көрдөрөн дууһабытын уйадытан көрдөрдө. Ол эрэн биир түгэнтэн сылтаан, мин бу Дьууруй көнүөҕэр, өрүттүөҕэр эрэллээх этим. Ол курдук, Дьууруй барахсан, төһө да итирдэр-кутурдар, опека хотунун уонна полиция үлэһитин сахалыы сиэринэн сылбархай чэйинэн күндүлээхтиир... Кини да хаһан эрэ киһилии киһи этэ эбээт!

Тимир уол, айыыһыттара анаабыт ааттарын курдук, хатан, тулуурдаах, дьулуурдаах оҕо буолан, аҕатыгар өйөбүл буолла, эрэл кыымын саҕан сырдыкка талаһарыгар бигэ эркин үөскэттэ. Ону ааһан, бу кыра уолчаан үтүө сүрэҕэ, ыраас дууһата ыаллыы олорор бардам, хабыр майгылаах Филипповтар майгылара-сигилилэрэ уларыйарыгар, аһыныгас, эйэҕэс буолалларыгар сабыдыаллаах буолла. Ол курдук, киинэ саҕаланыытыгар көрөөччү арыгыһыт киһи – Дьууруй олох дьэбэрэтиттэн тахсарын кэтэспит буоллаҕына, дьиҥэр тулабытыгар ардыгар ити арыгыһыттардааҕар бэйэбит тосту-туора быһыыланабыт, араас кэмэлдьилээх буолабыт, ардыгар дьону сиилиэх кэриэтэ, бэйэбит бодобутун тардыныах баара.

Оҕо барахсан төһөлөөх, соҕотохсуйарыттан көстүбэт күүстэртэн өйөбүл булан, ыра санаатын байҕалыгар дьаарбайара буолуой?! Саха киинэтигэр аан маҥнай, арааһа, өлбүт киһи дууһата, биир ураты герой буолан, бу курдук сүрүн геройу кытары сэргэстэһэн көһүннэ. Дьиҥэр, олох уонна өлүү олорорбут тухары бииргэ сылдьар өйдөбүллэр буоллаҕа. Киинэҕэ бу орто дойдуттан күрэммит киһи дууһатын кэмсиниитэ, хараастыыта, олох күндүтүн кэпсиир.

Төһө да олох уустук түгэннэрин көрдөрдөр, киинэбит олус сырдык тыыннаах. Ол курдук өҥө, уота-күөһэ, ырыа доҕуһуола барыта дьүөрэлэнэн, кырачаан уол – Тимир сырдык дууһатын, сүрэҕин, олоххо тардыһыытын туоһулууллар. Киинэ уотун-күөһүн Константин Сыромятников таҥмытын көрөн, сэмээр үөрдүм, өссө да кини үлэлэрин көрүөхпүт диэн бигэ эрэллээхпин.

Киинэ, дьон уустук олоҕун, сыһыанын эридьиэһин таарыйдар да, киһи кэтэһэр көстүүтүн дьон көрүүтүгэр көрдөрбөтөҕө үөрдэр. Аныгы айымньылар, ардыгар кырдьыгы көрдөрөбүт дии-дии, олус олоххо субу көстөр сидьиҥ быһыыны-майгыны туруору көрдөрүүнэн үлүһүйэллэр. Ол эрэн хайа баҕарар айымньы сиэрдээх, толкуйдатар буолуохтаах.

Киинэ итэҕэтиилээх. Барыта олоххо эриэ-дэхси буолбатын Дьууруй уолугар аргыбын испэппин диэн баран тылын туппатаҕынан бэрт ырылхайдык көрдөрүлүннэ.

Киинэҕэ сахалыы сиэр-туом суолтата аныгы ыччакка туһаайан этиллибит. Ол курдук, Дьууруй уолунуун Тимирдиин кутаа уот оттубуттара олус уйадытта. Бары да бу түгэни кинилэри арчылааһын курдук ылынныбыт. Олгуйга оргуйбут күүгэннээх уу – бу ыал олоҕо, уустук кэрдииһин ааһан, сотору уоскуйуон, чуумпу-нуурал кэм кэлиэ диэн кэрэһэлииргэ дылы...

Тимир аҕатыныын Дьууруйдуун дьоллоох олохтонуохтара диэн бары эрэнэ эрэ хаалабыт – ол барыта кинилэртэн бэйэлэриттэн тутулуктаах.

Антонина Ускеева

Санааҕын суруй