Киир

Киир

Былырыын киинэ тыйаатырдарыгар былыргыны кытта бүгүҥҥүнү ситимниир дьикти киинэ тахсан эрэрэ биллибитэ. Дьон социальнай ситимҥэ Кубалыырап диэн аатынан биллэр көрдөөх вайнер Ярослав Лебедев оонньуур киинэтин олус кэтэспитэ уонна ол кэтэспититтэн кэмсиммэтэҕэ. Сандал Баишев сынаарыйынан режиссёр Александр Лукин (“Государственные дети”, “Белый ангел тундры”) устубут киинэтигэр Вася диэн харабыл уол бааннаҕа олорон, бэрт дьиибэтик былыргы үйэҕэ түбэһэн хаалар. Интэриниэтинэн иилэммит аныгы олох уола өбүгэлэрин саҕанааҕы дьону кытта билсиһиитэ, доҕордоһуута, араас мүччүргэннээх түгэҥҥэ түбэһиитэ, олохтоохтору аныгы үйэ албастарыгар үөрэтиитэ олус интэриэһинэй уонна кэрэхсэбиллээх. Киинэ бүтүүтэ Таас ойуун көмөтүнэн Вася бэйэтин кэмигэр төннөр. Өбүгэлэрин олохторун илэ көрөн, кини элбэҕи өйдүүр, ылынар.

Оттон бу бэрт соторутааҕыта “Бүгүн – былыр” киинэ иккис чааһа таҕыста. Ол салгыыта хайдах буолуон сөбүн таайа сатаан, көрөөччү киинэ тыйаатырыгар сылдьан эрэр. Хартыына иккис чааһа Дьокуускайга уонна Чурапчы кэрэ айылҕалаах Мырылатыгар уһуллубут. Быһа түһэн эттэххэ, бастакы чааһыгар Вася атын үйэҕэ түбэһэн, ууга-уокка түспүт буоллаҕына, саҥа түһүмэххэ кини өбүгэтин үйэтигэр көрсүбүт доҕоро Күндэлэй аныгы олоххо баар буолан хаалар. Ол хайдах табыллыбытый? Хоруйа олус судургу. Таас ойуун Васяны ыытаары арыйбыт аартыгын саппакка хаалбыт эбит. Онно Күндэлэй балыктыы сылдьан, түбэһээхтээбит. Былыргы киһи барахсан көтөр аалы, массыыналары, аалыҥнас дьону көрөн, сүрэҕэ хайдымына! Дьолго, дьикти киһи туһунан информация тэлэбиисэргэ көстүбүтүн Вася түбэһэ көрөн, доҕорун быыһыы ыстанар. Күндэлэй оруолун Опера уонна балет тыйаатырын артыыһа, ырыаһыт Олег Беляев итэҕэтиилээхтик толорор.

Доҕордуулар ыксаллаах быһыыттан-майгыттан тахсар суолу түргэнник тобулуо эбиттэр да, кэтэх, ымсыы санаалаах дьон кинилэри бултаһан тураллар. Баанда салайааччытыгар билиҥҥи кэмҥэ улахан сыаналаах түҥ былыргы маллар-саллар наадалар. Оттон ону Күндэлэйдээх Вася дэбигис булан биэрэр кыахтаахтар. Доҕордуулар бу да сырыыга бэркэ тапсан, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, ыарахан түгэннэри мүччү түһэллэр, араас көрүдьүөстээх түгэннэргэ да түбэһэллэр.

Киинэни “Ол сайын”, “Тайна Чингис Хаана”, “24 снега”, “Тыгын Дархан” киинэ оператора Юрий Бережнев устубута элбэҕи этэр. Киинэ бастакы чааһын устууга хамаанда 2,5 мөл.солк. харчыны инбиэстэрдэр көмөлөрүнэн булбута. Киинэ көрөөччүгэ тахсыбыт бастакы ыйыгар 9,5 мөл.солк. тахсаны киллэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэ киинэ тыйаатырдарын таһынан хартыынаны Хабаровскайга, Владивостокка, Улан-Удэҕа, Новосибирскайга, Москубаҕа көрбүттэрэ.

“Бүгүн – былыр” киинэ иккис чааһын нууччалыы тылбааһыгар “Кинологистика” хампаанньа үлэлэһэ сылдьар. Киинэ төһө үбү хомуйара, хайдах ситиһиилэнэрэ хас биирдии көрөөччүттэн тутулуктаах. Саха киинэтин биир эмиэ сонун, сэргэх, элбэххэ үөрэтэр, күллэрэр, толкуйдатар, анаартарар хартыынатын көрөргө тиэтэйиҥ!

Көрөөччү өбүгэтин олоҕун-дьаһаҕын илэ көрбүт кэриэтэ сананыаҕа, төрөөбүт сахатын тылын, култууратын туһунан эбии билиини сомсуоҕа, былыргы да, билиҥҥи да олоҕу баарынан сыаналыаҕа.

Сааскы ылааҥы күннэргэ таһырдьа дьаарбайары та­һынан киинэ тыйаатырын быһа түһүмэ, сүргэни көтөҕөр сэргэх, чэпчэки тыыннаах хартыынаны көрөн аас!

Бэйэ кэр.