Киир

Киир

"Улуу айымньылары сахалыы саҥардыбыт уран тыл ууһа" диэн норуот суруйааччыта Сэмэн Руфов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаммыт улахан тэрээһиннэр Дьокуускай куоракка уонна Үөһээ Бүлүүгэ буолан аастылар.

"Хотугу сулуһу" ааҕан улааппыт дьон элбэхпит. Онно суруйааччыларбыт "Литературалар доҕордоһуулара - норуоттар доҕордоһуулара" диэн төбөнөн атын омуктар чыпчаал айымньыларын сахалыы тылынан ааҕарга кыах биэрбит кэмнэрэ баара. Сурунаал сирэйдэриттэн домбра тыаһа иһиллэргэ, кыһыл тюльпанынан долгуҥнуур хочо устун тыал курдук атынан көтүтэн иһэр дьикти турук үөскүүргэ, кыһыл кумах уонна үрүҥ тэбиэн, хаардаах хайаттан суккуллар күрүлгэн субу баардыы көстөн кэлэргэ дылылара...

Тылбааска бэйэтин айар үлэтин баһыйар өттүн анаабыт Сэмэн Руфов бу бэлиэ сааһын тылбаас тула ис хоһоонноон тэрийбиттэрэ олус тоҕоостоох уонна биллэр дьон саастарын бэлиэтээһин халыыбыттан тахсар, ураты тыыннаах эйгэ буолан өргө диэри өйгө-санааҕа хаалара буолуо. Бастакытынан, тылбааска өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх биллэрбиттэр: А.С. Пушкин "Мне вас не жаль, года весны моей..." хоһоонун уонна биир бэйэтэ талбыт ханнык баҕарар хоһоонун тылбаастыырга.

Куораттан, үгүс улуустартан 67 ааптар үлэтин көрбүт дьүүллүүр сүбэни салайдым. 1-кы миэстэни Ксана Саввина (Дьокуускай), 2-һи Вячеслав Хон (Дьокуускай), 3-һү  Антонина Хобусарова (Үөһэ Бүлүү) ыллылар. Антонина Гаврильевна Үөһээ Бүлүү Д.С. Спиридонов аатынан оскуолатын нуучча тылыгар-суругар үөрэтээччитэ. Киниэхэ "Күрүлгэн" сурунаал эрэдээксийэтиттэн эбии биһирэбил быһыытынан тывалар "Хунан Кара" олоҥхолорун тывалыы, нууччалыы, сахалыы тылынан тахсыбыт кинигэтэ ананна. Сахалыы Александр Жирков уонна  Альбина Борисова тылбаастаабыттар.

061cc93f ce76 46d6 9cf2 ed4463034cee

b12303d1 1812 4db4 a9c6 148c43330781 1

Иккиһинэн, туох баар тэрээһин билигин умнулла быһыытыйбыт "норуоттар доҕордоһуулара" диэн үтүөкэн көстүүнү тилиннэрэрдии тыыннаах. Улуус киинигэр буолбут үөрүүлээх түһүлгэҕэ нэһилиэктэр уус-уран самодеятельностара Сэмэн Руфов тылбаастаабыт айымньыларынан нүөмэрдэри көрдөрдүлэр. Манна Тиигир таҥастаах Бухатыыр да, Нариспии да бааллар, казах, грузин, кыргыс, ода омуктар үҥкүүлэрэ, көрдөрө-нардара, ырыалара ньиргийэн олордо. 

56355249 f374 419e a290 1b6be6b4bb94

Үөрэммит оскуолатыгар Ороһуга оҕолор кэнсиэртэрин көрө олорон киһи "оҕолорбут сахалыы саҥарбат буоллулар" диирбит олус омун дуу, диэх курдук санаалар киирэн ылаллар. Ол курдук оҕолор чобуолар, ордук уолаттар сахалыы тыллара-өстөрө сэниэлээх, дорҕоонноох. Сэмэн Руфов тылбаастаабыт омуктарын былаахтарын тутан тахсыбыттарын көрөн, уран тыл ууһа элбэх да омугу сахалыы саҥардыбыт эбит диэн чахчы итэҕэйэҕин.

a7c4b8e6 2a95 435b ba9f 99ffc79dd919

Ороһу оскуолатын 5-с кылааһыгар норуодунай суруйааччы аата иҥэрилиннэ. Кылаас оскуоланы бүтэриэр диэри бу аатын сүгэр, оҕолор суруйааччы олоҕун, үлэтин чинчийэргэ, кинини холобур оҥосторго Андаҕар эппиттэрэ ордук долгутуулаах буолла. Хайдах эрэ урут пионерскай этэрээппит герой-пионер Леня Голиков аатын сүгэринэн киэн туттарбытын санаан кэллим.

f7e9e79d d6f7 4e40 b7f0 7439257e2b24 1

Тэрээһиннэр суруйааччы төрөөбүт сиригэр Тамалакааҥҥа, үөрэммит оскуолатыгар Ороһуга, улуус киинин икки оскуолатыгар суруйааччылардыын уонна Сэмэн Руфов уолаттарын кытта көрсүһүү майгытынан ыытылыннылар.

САЙА