Киир

Киир

“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан турбут Валерий НИКОЛАЕВ, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгынан талыллан, үлэтин саҕалаата. Бу күннэргэ Дьокуускайга кэлэ сылдьарын көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэттибит. 

– Валерий Валерьевич, кыайыыгынан эҕэрдэ буолуохтун!

– Махтал. Бастатан туран, дойдум дьонугар, улуус хас биирдии олохтооҕор, быыбарга көхтөөхтүк кыттыбыттарыгар махтанабын. Эрэлгитин түһэн биэрбэккэ, эһигинниин бииргэ, түмсүүлээхтик, аһаҕастык улууспут сайдарын, чыпчаалга тахсарын туһугар үлэлиэхпит-хамсыахпыт.

Тохсунньу 26 күнүгэр Дьокуускайга Ил Дархан А.С. Николаевы кытта көрүстүм. Айсен Сергеевиһи кытары Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан кэпсэттибит. Онно тус көрүүлэрбин, инники былааммын билиһиннэрдим. Өрөспүүбүлүкэ, улуус, тыа сирэ сайдарыгар биир суолунан, биир көрүүнэн, биир ньыгыл күүстээх хамаанда буолан үлэлиэхпит диэн эрэнэбин.

– Уустук быыбар буолан ааста быһыылаах... 

– Элбэх мэһэйи-харгыһы көрсөн, быыбар иккис хампаанньатыгар ахсынньы 28 күнүгэр хандьыдаат быһыытынан Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын быыбарыгар кыттар регистрацияны ааспытым. Саҥа дьыл аҕай иннинэ, хаалбыт үлэ күннэригэр, счёт арыйан, харчыбытын аһарбыппыт. Бырааһынньык кэмнэрэ саҕаланан, аҕытаас-сыйа ыытар кыаҕым суоҕа. Онтон саҥа сылга үктэнээт, тохсунньу 4 күнүгэр улууспут саамай ыраах сытар Туобуйа нэһилиэгиттэн дьону-сэргэни кытта көрсүһүүбүтүн саҕалаабыппыт. Бырагыраамабын билиһиннэрбитим.

– Дьэ, бастакы нэһилиэ-гиҥ хайдах-туох өйдөбүлү хаалларда? Урут сылдьыбытыҥ дуу?

– Улуус 21 нэһилиэктээх буоллаҕына, Туобуйаҕа эрэ сылдьыбатах эбиппин, онон бастакы сырыым. Ааттаах үчүгэйдик, дьоһуннаахтык тэринэн олорор нэһилиэк. Айылҕа дьоно буолан, сүрдээх аһаҕастар,  ыалдьытымсахтар. Дьаһалта үлэһиттэрэ, олохтоохтор истиҥник көрсүбүттэрэ. 3,5 чаастаах көрсүһүүгэ киһи бөҕөтө кэлбитэ. Нэһилиэк үксэ киин ититиигэ холбонон олорор, бары киэҥ-куоҥ уһаайбалаахтар. Дэриэбинэ бэйэтин кыаҕынан сэргэхтик дьып-дьап дьаһанан олороро харахха быраҕыллар. Сорох дьиэ куорат ыалыттан итэҕэһэ суох толору хааччыллыылаах. Ону сөхтүм-махтайдым. Салгыы Быракааҥҥа, Өргүөккэ сылдьан, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүм бэрт сэргэхтик саҕаламмыта. 

– Саҥа дьыл уһун өрөбүллэрэ нэһилиэнньэни кытта көрсөр тэрээһиҥҥэр харгыс буолбута чахчы.

– Оннук, быыбар аҕытаас-сыйата кылгас баҕайы бириэмэҕэ сөп түбэстэ. Онон улуус киинигэр сорох тэрилтэни кыайан хаппатыбыт. Ол да буоллар ДьУоХХ, электростанция, үөрэҕирии уонна бэтэринээрдэр управлениелара курдук бөдөҥ тэрилтэлэри кытта истиҥ, иһирэх көрсүһүүлэр буоллулар. Үөһээ Бүлүү улууһун дьоно-сэргэтэ уруккуттан даҕаны быыбарга сүрдээх көхтөөх.

– Кыайыыга эрэллээх этиҥ дуу?

– Бэйэм Чап уустарыттан төрүттээх буоламмын эбитэ дуу, үгүс мэһэйи, харгыһы көрсөн, ыстаал кытаанах уһаарыллыытын аастым. Барытын тулуйдум. Күүстээх утарылаһааччым С.А. Михалёв буолла, эрбии биитинии кииристибит. Быыбарым штабын Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга С.И. Дмитриев салайда. Хамаандабар сорох нэһилиэк баһылыктара, аҕам саастаах ытык-мааны дьон киирэн үлэлэстилэр. “Быыбар биэтэгэр тиийдэхпинэ, кыайыам” диэн эрэнэр этим. Өрүс уҥуоргу нэһилиэктэриттэн аҕыйах куолаһы ылыам дии санаабытым. Онтум баара, 2400 кэриҥэ быыбардааччыттан 924 киһи куоластарын миэхэ биэрдилэр. Баһаам куолаһы улуус киинин Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторо биэрдилэр. Маны мин “улахан итэҕэл” диэн сыаналыыбын.

– 215 куолаһынан хоттуҥ. Маны хайдах сыаналыыгын?

– 1 эбэтэр 1000 даҕаны куолаһынан хоттоххуна – “она и есть победа”. Кыайар, биллэн турар, ыарахан. Бачча ситиһэн баран, кыайыыны  кыайыы курдук эппиэтинэскэ ылынан, үлэлиэххэ-хамсыахха наада.

Өрүс уҥуоргу нэһилиэк-тэр сүрдээх уустук балаһыанньалаахтар. 

– Кинилэргэ гаас ситимэ суох. Киин ититиигэ холбоммотох ыаллар маһы оттон олороллор. Тыын суолталаах социальнай эбийиэктэр олус эргэрбиттэр. Кулууптарга киһи сонноох олорор тымныыта. Боотулууга буолбут көрсүһүүгэ Балаҕаннаах олохтооҕо И.Н. Харитонов, ыраахтан айаннаан кэлэн, тус санаатын, көрүүтүн эттэ. Дьон оннук интэриэстээхтэр эбит, көрсүһүүгэ. Суол оҥоһуутугар былааннаммыт үлэни – Көтөрдөөх, Сургуулук, Боотулуу, Маҥаас, Дүллүкү, Кырыкый суолларын – тиһэҕэр тиэрдиэхпит. Далыр, Күүлэт суолун оҥорууга бырайыак оҥорторон, үлэ барыаҕа.      

– Улуус нэһилиэгин барытын кэрийдиҥ дуу?

– Хамаандабын кытары 21 нэһилиэккэ сырыттыбыт. Олохтоохтор көхтөөхтүк кытыннылар. Туох баар кыһалҕаларын, тирээн турар боппуруостары кэпсэттибит.

Улууспут үөрэҕириитигэр киирдэххэ, хаарбах оскуола элбэх, ол иһигэр кулууптар эмиэ. Олохтоохтор үксүн социальнай эбийиэктэр эргэрбиттэрин, үлэ суоҕун, ходуһалары чөлүгэр түһэриини, тыа хаһаайыстыбата сайдарын уонна былаас норуокка аһаҕас буолуохтааҕын туһунан санааларын этэллэр. Ол курдук, Ил Дархан А.С. Николаев норуоту кытта аһаҕас эпииргэ мэлдьи тахсарын холобурдаатылар. Маннык биэриилэри сэҥээрэллэрин, көрөллөрүн кэпсииллэр. Онон былааһы кытта норуот хардарыта сибээһэ баар буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. Аныгы үйэ сайдыытын ситиминэн, социальнай ситимнэринэн: “ВК”, “Одноклассники”, ТГ, о.д.а. ханаалларынан былаас норуоту кытта чугас сибээһин сэргииллэрин эттилэр.

– Алмаастан киирэр дивиденд харчытыгар санаалара хайдаҕый?

– Алмаастаах провинция буоларбыт быһыытынан, дивиденд үбэ аһаҕас буоларыгар, “Үөһээ Бүлүү улууһун дьоно, тыа сирин олохтоохторо туһаналлара буоллар” диэн санааларын этэллэр. Бүлүү улууһун холобурдууллар. Ол курдук, улуус баһылыга С.Н. Винокуров улуус дьокутааттарын кытта бииргэ үлэлээн, дивидентэн кэлбит 20% үп нэһилиэктэр сайдыыларыгар бэриллэрин сэргииллэр. Атын улуустар дивиденд харчыта ханна, туохха барбытын, туох үлэҕэ туттуллубутун отчуокка ырылхайдык суруйалларын этэллэр. 

– Тыа дьоно мустар, сэргэхсийэр сирэ кулууп буолара саарбахтаммат.

– Хаарбах кулууптар бааллар. Олор национальнай бырайыактарга, судаарыстыбаннай бырагыраамаларга кытталларыгар бүддьүөттэриттэн бырайыак оҥорторор кыахтара суох. Билигин бырайыак оҥорторорго – 5 мөл.солк., эспэртиисэ ааһарга – 800 тыһ.солк. саҕалаан 1,5 мөл. диэри. Онно куонкурустарга кыттарга үптэрэ-харчылара суох. Онон, холобура, “Сайдыы бүддьүөтэ” (“Бюджет развития”) диэн баара эбитэ буоллар дии саныыбын. Маны быыбар иннинээҕи бырагыраамабар киллэрбитим.

– Олохтоохтор тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар болҕомто уурулларыгар эрэллэрин биллэрбиттэрэ буолуо.

– Бүлүүлэр гааһынан, ньурбалар алмааһынан, сунтаардар цеолитынан биллэр буоллахтарына, Үөһээ Бүлүү тыа хаһаайыстыбатын улууһа буолабыт. Онон бу өттүгэр муниципальнай таһымнаах бырагыраама баар буолуон наада. Холобур, бүтэй тутуутугар 50%-нын – улуус бүддьүөтүттэн, олохтоох дьаһалта – 25%-ны уонна тустаах хаһаайыстыба 25%-нын төлүүрүн курдук.  Холобур, сунтаардар үлэлэтэр “Длинная корова” диэн тыа хаһаайыстыбатыгар үп-харчы көрөр анал бырагыраамалаахтар. Уобарастаан эттэххэ, 1 мөл.солкуобайга 10 бургунаһы атыылаһан, сүөһү ииттиэн баҕалаах киһиэхэ, хаһаайыстыбаҕа босхо биэрэллэр. Ол эбэтэр “бу ылбыт 5 бургунаскын хас да сыл иитэн, көрөн-истэн, этинэн-үүтүнэн бэйэҕин хааччынаҕын, онтон хас да сыл буолан баран (3–5 сылынан), ылбыт 5 бургунаскын төнүннэрэҕин. Оннук ньыманан аны атын киһи салгыы ылан, сүөһү-ас ииттэр. Олус үчүгэй бырагыраама! Бу бырагырааманы олоххо киллэрэн, сунтаардар элбэх сүөһүлэннилэр. Маннык бырагыраама Маҥааска, Далырга, Оҥхойго үлэлиир. Сылдьыбыт сирбит ахсын биир сүбэнэн үлэлиир наадатын ыйаллар. Онон тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын олохтоох бырагырааматыгар  саҥа сүүрээни киллэриэхпит, бу хайысхаҕа олохтоохтук ылсан үлэлиэхпит.

Ил Дархан А.С. Николаев иккис болдьоҕор талыллан баран “Борьба с бедностью” ыйаах таһааран турар. Онно тыа хаһаайыстыбатын (ЛПХ) биирдиилээн тэринэр дьоҥҥо социальнай хантараак урут 250 тыһ.солк. буоллаҕына, билигин 500 тыһ.солк. диэри үрдээтэ. Бу – тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар дьоҥҥо сүҥкэн көмө. Онон бу хайысхаҕа элбэх үлэ күүтэр.

– Нэһилиэк баһылык-тарыгар туох ирдэбили туруораҕын, үлэ саҥа хайысхатын былаанныыгын?

– Нэһилиэктэр баһылыктара бары актыыбынай позициялаах, туспа көрүүлээх, сөптөөх хайысханан баран иһэр үлэлээх, норуот талбыт дьоно. Аныгы олох ирдэбилинэн, судаарыстыбаннай бырагыраамаларга, бырайыактарга кыттарга “Киһи киһиттэн үөрэнэр” бириинсибинэн, куурустарга үөрэнэллэрэ наада. Араас таһымнаах куонкурустарга кыттыы  үбү-харчыны ирдиир. Онно өйөбүл, көмө буолуохпут уонна куонкурустарга кыайан, инбэстииссийэ аҕалбыттарга улуустан “софинансирование” өттүгэр өйөбүл баар буолуохтаах.    

– “Саҥа баһылык – саҥа хамаанда” диэн өйдөбүл уруккуттан баар. Манна туох былааннааххын, көрүүлээххин?

– Солбуйааччыларбар саҥа көрүүлэрдээхпин. Быыбарга биир хамаандаҕа үлэлэспит, Өргүөттэн төрүттээх Егор Дмитриевич Иванову бастакы солбуйааччынан аныыр былааннаахпын. ХИФУ инженернэй-тэхиниичэскэй факультетын 2012 сыллаахха үөрэнэн бүтэрэн, Хаҥалас улууһун дьаһалтатыгар тутуу салаатыгар үлэлээбитэ. Билигин “СӨ тырааныспарга уонна суол-иис управлениетыгар” федеральнай тус сыаллаах бырагыраамаларга уонна олохтоох тэриллиилэри кытары үлэлэһэр отдел начаалынньыгынан үлэлиир. Оттон тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар Нам бөһүөлэгиттэн төрүттээх Вячеслав Владимирович Гаврильевы көрөбүн. Кини Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үүнээйи салаатыгар, мелиорацияҕа уонна МТО-ҕа дэпэртээмэн салайааччытынан үлэлиир. Маны сэргэ экэниэмикэ уонна үп-харчы дуоһунаһыгар баай уопуттаах киһини көрдүү сылдьабыт.   

– Оттон дьаһалта структуратыгар былааныҥ?

– Быыбарга күөн күрэстэһээччим, баһылык эбээһинэһин толорооччунан үлэлээбит С.А. Михалёв атын хайысхаҕа бииргэ үлэлэһиэ дии саныыбын. Үлэһиттэр профессиональнай хаачыстыбаларыгар болҕомто күүһүрүө. Инникитин, дьаһалта структуратын көрөн, ырытан, үөрэтэн уларытыылары киллэриэхпит.  

– Дуоһунаскар сүрэхтэнииҥ хаһан буоларый?

– Баһылык дуоһунаһыгар үктэнэр тэрээһин үөрүүлээх түгэнэ олунньу 4 күнүгэр былааннанар. Ол кэнниттэн сарсыныгар СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө улууска үлэтин саҕалыыр. Олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсөн, үрдүкү салалта ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүктэрин отчуоттуур.

Ил Дархан А.С.Николаевтыын көрсүһүү түгэнэ

– Валерий Валерьевич, улууһуҥ олохтоохторун ЭРЭЛлэрин, ИТЭ¡ЭЛлэрин уонна ТАПТАЛларын ылан, баһылык муоһатын ылбыккынан эҕэрдэ буолуохтун. Эппиэттээх, уустук үлэҕэр саҥа саҕахтар арылынныннар, дьоһун ситиһиилэр сиэттистиннэр диэн алгыыбыт. 

Кэпсэттэ Саргылаана БАГЫНАНОВА.