Киир

Киир

Ааспыт от ыйын 21 күнүттэн саҕалаан Таатта кэрэ-нарын айылҕатыгар улуу суруйааччыларбыт А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И. Софронов – Алампа, П.А. Слепцов – Ойуунускай уонна Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон төрөөбүт алаастарынан сатыы хаамыылаах айан үлэтин саҕалаабыта. Бу үгүс дьон көрдөһүүтүнэн олохтоммут бырайыак.

Бу бырайыак аныгы олоҕу кытары быһаччы ситимнээх уонна уратылаах. Ол курдук, дьон кэккэ төрүөтүнэн кыайан кэлбэт түбэлтэтигэр, итиэннэ кэрэ айылҕаҕа ыҥырар, интэриэһи тардар туһугар туур бассаабын уонна телеграм-ханаалыгар киирэн, дьон хайдах сатыы хааман алаастары көрөрүн уонна усулуобуйатын кытары эрдэттэн билсиэххэ, сэҥээриэххэ сөп. Тууру көҕүлээччи, «Айгы ситимэ» түмсүү салайааччыта Александр Протодьяконов буолар. Кини маршрут туһунан бэйэтэ интэриэһинэй туспа санаалаах уонна төлөпүөнүгэр суруйааччылар алаастара ханан баарын ыйан көрдөрөр анал хаарталаах. Сүүстэ истибиттээҕэр, көрбүттээҕэр биирдэ илэ көрбүт быдан ордук уонна тиийимтиэ. Оннук санаанан салайтаран, Александрдыын үс күннээх бастакы онлайн-туурга сырыттыбыт. Кини хас маршрут ахсын ханна тиийбитин уонна ол суруйааччы, алаас, сир туһунан онлайн-туур кыттыылаахтарыгар анаан видео уһулан, сибээс ханна хабарынан тута бөлөххө ыытан иһэр. Көрөөччүлэр ону биһирииллэр аҕай. Ол сиргэ баран сылдьыбыт курдук буолаллар.

Атырдьах ыйын 10 күнүгэр сарсыарда, Дьокуускайтан үс күннээх айаҥҥа турунан баран Чөркөөхтөн саҕалаан, Былатыан Ойуунускай “Көтөрдөр мөккүөрдэрэ” диэн бэлиэ таастан туурбут саҕаланна. Бу бэлиэ таастан күүс-уох ылынан, Айыылартан алгыстаах айаны көрдөһөн туран сирбитигэр арыылаах алаадьыны ууннубут. Кэрэ ураты көстүүлээх киһи хараҕар тута быраҕыллар алаас ортотугар оскуола дьиэтэ дьэндэйэн турара саҥа үктэммит киһиэхэ соһуччу түгэн. Ол Ойуунускай үөрэммит оскуолата буолар.

Ол курдук, Былатыан Ойуунускай 1893 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр Таатта улууһугар үһүс Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Уолчаан 14 сааһыгар диэри үөрэххэ-сырдыкка талаһыы диэни билбэккэ улааппыта. Кини дьолугар, чугастарыгар оскуола аһыллан, саҥа үүнэн иһэр уол үөрэххэ киирэн билии аартыгын атыллаабыта. Оттон 48 миэтэрэ уһуннаах “Таатта” үрэҕи туоруур саҥа тимир муостаны туораан бараммыт Ойуунускай киинэ түспүт “Муҥха Дэлбэрийбит” диэн ааттаах алааһыгар балааккабытын тэлгээн бастакы хонукпутун хонон турдубут. Салгыы кини күн сирин көрбүт балаҕаныгар, буор кута кутуллубут өйдөбүнньүк бэлиэтигэр, «Ньургун Боотур», «Оҕо куйуурдуу турара» бэлиэ таастарга уонна ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бастакы ыҥырыылаах быыбарыгар дьокутаакка-хандьыдаатынан туран баран, нэһилиэгин дьонун-сэргэтин кытта көрсөн кэпсэппит да, бырастыыласпыт да историческай сиригэр сырыттыбыт. Онон, улуу киһи сүүрбүт-көппүт, сылдьыбыт сирин устун хаамар олус дуоһуйуулаах уонна умнуллубат.

IMG 2490

Хас ытык сир аайы алаадьынан айах тутан күндүлүүгүн. Оччоҕуна ытык сир иччитэ онтон үөрэр. Иккис сырыы саха норуодунай суруйааччыта, үгүс биллэр түмэллэри төрүттээбит, саха аарыма ытык кырдьаҕаһа Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон төрөөбүт, киинэ түспүт “Ытык Таҥас” диэн алааһын, балаҕанын уонна тиэргэнин көрдүбүт. Кини төрөөбүт төрүт буора ураты кэрэтинэн сөхтөрдө. Суорун Омоллоон сайылыгар хонон бараммыт аны айар тыл аҕата Алексей Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй алааһыгар туруннубут. “Ытык таҥас” диэн алаастан “Амыдай” алааһыгар диэри 8 км хааман кэлиллэр.    Суорун Омоллоон алааһыттан баран истэхпитинэ, арай көрбүппүт, эрдэ былааннаабыт маршруппутуттан туораан хаалбыт этибит. Онон маршруппутугар киирээри, арыый атын суолунан барыы буолла. Ол баран иһэн отчуттары көрсө түспүппүт. Кэпсэтэ түһээт билбиппит, олох даҕаны Суорун оҕонньор сыдьааннара Чөркөөх уолаттара буола түстүлэр. Суорун Омоллоон аан бастаан 70 сааһыгар Чөркөөхтөөҕү музейы тэрийэригэр кинилэргэ, балтытыгар, тохтуур эбит,. Уолаттар итиччэлээх кэпсээннэрин киһи истэ эрэ олоруох курдук.

Айаммыт аартыга ити курдук саҕаланна. Саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, учуонай-бөлүһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөн-үөскээн, ууһаан улааппыт “Амыдай” диэн киэҥ алааһын, балаҕанын, тиэргэнин көрөн харахтыын сымнаатыбыт. Манна Өксөкүлээхтэр өтөхтөрө дьукаахтыы тураллар. Үһүс сырыыга эмиэ сатыы хааман, саха литэрэтиирэтин төрүттэспит суруйааччы, саха норуотун духуобунай лиидэрэ, Анемподист Софронов - Алампа төрөөбүт “Оккуодай” диэн алааһыгар, “Куобах Буһарбыт” диэн сайылыгар уонна кыстыгар ыалдьыттаатыбыт. Ити курдук, барыта биэс алааска сырыттыбыт.

IMG 2668

Саха бастакы суруйааччылара, интэлигиэннэрэ Тааттаттан тахсыбыттара. Онон, бу кинилэр сырдык ааттарын, нэһилиэстибэлэрин үйэтитии үлэтин биир бастыҥ, кэрэхсэбиллээх көрүҥэ буолар эбит диэн санааҕа кэллим.

Айанньыттар бу сырыыбыт кэмигэр улуу суруйааччылар олохторун-дьаһахтарын, айымньыларын кэпсэттибит, санаабытын үллэһиннибит. Алаастарынан сатыы хаамыылаах айаҥҥа үчүгэй ыһыктаах, халыҥ-сылаас таҥастаах, балааккалаах тэринэн, улахан анал үрүксээги сүгэ сылдьыы булгуччулаах. Улахан таһаҕаһы сүгэн сатыы хаамыы эмиэ биир туспа уратылаах. Ол курдук, киһи күүстээх эр санаата уонна тулуура уһуктар. Онон, маннык кэрэ Таатта талыы алаастарынан сылдьан үгүскэ-элбэххэ үөрэннибит. Суруйааччылар төрөөбүт ыллыктарынан хаамыы, өтөхтөрүнэн сылдьыы бэйэтэ ураты истиҥ алыптаах, иэйиилээх. Киһи өйө-санаата аһыллар, кэскилэ кэҥиир. Түмүгэр тууру көҕүлээччи Александр Протодьяконов санаатын субу курдук үллэһиннэ:

- Бу бырайыакпыт биир сүрүн сыалынан - Саха дьонугар айылҕаҕа сылдьыыны көҕүлээһин буолар. Аныгы киһи туругун мөлтөөһүнүн биир төрүөтэ – Аар айылҕаны кытта алтыһыыта кыччаабытыгар сытар. Онон, бу айаммыт, онлайн-туурдар туһунан тус санааларбын, анаарыыларбын кэпсээн көрүөм. Эбии санаа-оноо бөҕө киирдэ. Уонна биири бигэргэттим – онлайн-туурдар уонна маннык маршруттарынан сылдьыы олус кэскиллээх хайысхалар эбит.

Артем Осипов,
П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэл үлэһитэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар