Ахсынньы 24 күнүгэр Дьокуускай куоракка "Ника" банкетнай залга үс улахан айар түмсүү: "Иэйии" КСТ, РСПиП "Айар Кут", ЯРОО СО "АйАрт" кыттыһан, сылы түмүктүүр, Саҥа Дьылы көрсөр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ муһуннулар. 50-ча киһи, бары биир киһи курдук, олус тэтимнээхтик, олус көхтөөхтүк, хас биирдии түһүмэххэ барытыгар кыттыыны ылан, бырааһынньык олус үрдүк таһымҥа өрө күүрүүлээхтик барда. Көрөн олорооччу диэн суоҕун кэриэтэ буолла.
Дьон кыаҕа, дьон сатыыра, дьон кыайара диэн үгүһүн көрөн мин сөхтүм, астынным. Биир интэриэстээх, биир айар куттаах, бары биир энергетикалаах, күүстээх-уохтаах айар дьон түмсэн, бары эрдэттэн бэйэ-бэйэбитин билсэр дьон курдук олус истиҥник, сылаастык көрүстүбүт, сырыттыбыт. Хас биирдиибит ситиһиититтэн, хас биирдиибит кыайыытыттан бары ис сүрэхтэн үөрдүбүт-көттүбүт. Олус сылаас эйгэлээх бырааһынньыгы Сайылык Бүөтүрэ салайан ыытта. Ону сэргэ Тааттаттан кэлэ сылдьар ыалдьыппыт Александра Жулёва-Суһума, тэбис-тэҥҥэ биэчэри ыытыһан, олус киэргэттэ, байытта. Ис сүрэҕиттэн кыһаллан, бар дьонугар үөрүү бөҕөтүн бэлэхтээтэ.
Сыл түмүгүнэн бастыҥ үлэлээхтэрин көрдөрбүт дьоҥҥо "Ил Түмэн" Бочуотунай грамотата уонна Махтал суруга туттарылынна. Ол курдук, Степанида Иванова-Санаара уонна Александра Жулева-Суһума Бочуотунай грамотанан наҕараадаланнылар. Инна Николаева-Угинка уонна Наталья Сергеева-Аана Кыыһа Махтал суругу тутан үөрдүлэр-көттүлэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылынан сибээстээн, 2022 сылга саҥа кинигэлэри бэчээттэтэн таһаарбыт дьоҥҥо "100 лет Якутской АССР" диэн үбүлүөйүнэй бэлиэлэри туттардылар: салайааччыбытыгар Алмааска, Суһумаҕа, Саргылана Сайыҥҥа, Мойуу Кыыһыгар, Күн Сиккиэригэр, Уһуйаанаҕа, Чэлгийэҕэ, Айталыынаҕа, Угинкаҕа, Байбаралаах Балбаараҕа уонна Ылдьаа Хоточчуга.
РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ Ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александра Самсоновна Бочкарёва-Иннокентьева хартыыналарынан "Ойуу тылын күүһэ" диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ситим нөҥүө ыытыллыбыт күрэскэ кыайбыт дьоҥҥо Сууралдьыма Куо анал кубоктары туттарда: кэпсээн күрэһигэр - Поскачина Мария Еремеевнаҕа, хоһоон күрэһигэр - Кононова Варвара Даниловнаҕа-Балбаараҕа. Сыралаах үлэ күүскэ барбытын учуоттаан, Сууралдьыма Куо күрэһи тэрийэн ыыппыт дьоҥҥо уонна дьүүллүүр сүбэҕэ махтанан, бэйэтин хартыынатын бэчээттэтэн таһаарбыт үлэлэрин бэлэхтээтэ. Ол курдук, Алмаас, Долун, Күн Сиккиэрэ, Тулуйхаана, Хотууна, Суһума, Санаара, Чэлгийэ, Күн Чөмчүүк, Аана Кыыһа хартыыналары тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Худуоһунньук үлэлэринэн дьүһүйүү-күрэс бу айар түмсүүгэ аан бастакытын ыытылынна. Сүҥкэн үлэ оҥоһулунна. Салгыы тохтоон хаалбакка, бу бырайыакка өссө элбэх үлэ күүтүллэр. Күрэскэ киирбит үлэлэринэн кинигэ бэчээттэнэн тахсара былааннанар.
Мелодист Константин Мохначевскай "Иэйии" КСТ хас ыытар тэрээһинигэр барытыгар тэҥҥэ кыттыһан, куруутун ырыанан-тойугунан киэргэтэн, тэрээһин үлэтин олус тупсарар, киэргэтэр. Ону барытын учуоттаан туран, Наталья Сергеева түмсүү аатыттан махтал тыллары тириэртэ уонна мелодист "Иэйии" КСТ чилиэнэ буолбутун туоһулуур дастабырыанньаны кытта түөскэ кэтиллэр үрүҥ көмүс бэлиэни-значогу үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьон ортотугар туттарда. Мелодист хас да ырыаны дьонугар утары бэлэх уунан, манна мустубут дьону олус үөртэ, сэргэхситтэ. Хас биирдии киһи барыта туран үҥкүүлээн, Константин Мохначевскай дьон кутун тутуон тутта.
Түмсүү кэрэ куоластааҕа Зоя Никандровна Данилова-Кэкэрдэ бэйэтэ суруйбут, мелодия оҥорон таһаарбыт ырыаларын бар дьонугар бэлэх уунан, дьон биһирэбилин, билиниитин ылан үөрдэ-көттө.
Биэчэрбит биир ураты түгэнинэн - Украинаттан саҥа кэлбит Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Никифоров Валерий Ивановиһы-Суор Уолун кытта көрсүһүү буолла. Кини Украинаҕа буола турар анал эппэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн иккитэ баран кэллэ. Бастакы сырыытыгар баран икки ый буолан кэлбитэ. Иккис сырыытыгар - үс ый. Кини бу баран кэлиитэ - төрөөбүт дойдутугар күүстээх тапталын, хайа да балаһыанньаҕа бэйэтин төрөөбүт дойдутун түһэн биэрбэтин, кэнэҕэски ыччат олоҕо уу нуурал буоларын туһугар күүһүн-кыаҕын кэрэйбэтин көрдөрдө. Иккитэ Украинаҕа сылдьан дойдутугар чөл эргиллэн кэлиитэ - бу эдэрдэргэ тыыннаах холобур буолла, киһи күүһүн-кыаҕын дакаастаата. Дойдубут дьонун-сэргэтин аатыттан Суор Уолугар дириҥ билиниибитин, барҕа махталбытын тиэрдиэҕиҥ! Дойдутун төрүт аһын бука ахтан аҕай кэллэҕэ буолуо диэн, Тааттаттан сылдьар Александра Жулёва-Суһума, киниэхэ анаан дойдутуттан илдьэ кэлбит сүөгэйин-сүмэтин, этин-аһын дьон ортотугар туттарда. Итинник болҕомто ууруллубута мустубут дьону барыбытын олус долгутта. Бары ону олус биһирээтибит, махтана санаатыбыт.
Саҥа Дьыл буоларынан, араас туруоруулар, сценкалар, ырыалар-тойуктар, оонньуу-көр, быысталы биэрбэккэ, ыытылынна. Бастыҥ маскарад оҥостубут дьон анал бирииһинэн наҕараадаланнылар.
Ити курдук, айар түмсүү дьоно олус сэргэхтик, бары биир киһи курдук сомоҕолоһон, бэйэлэрэ айбыт хоһооннорун бэлэхтэһэн, олус астынан-дуоһуйан тарҕастылар. Инникитин даҕаны төрөөбүт төрүт тылбыт - сайаҕас сахабыт тыла чэчирии, чэлгийэ сайдарын туһугар былаан үгүс, туох баар күүспүтүн-кыахпытын барытын ууран туран, күүскэ үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрэбит. Өссө да айар куттаах дьоммутугар, саҥаттан саҥа айымньылары айан, бар дьоммутугар бэлэх ууналларын баҕара хаалыаҕыҥ! Сытыы бөрүөҕүт сыппаабатын! Дьол-соргу, үрдүктэн үрдүк чаҕылхай ситиһии, табыллыы эрэ эһигинниин аргыстастын!
Наталья Сергеева-Аана Кыыһа. Чурапчы