Айар куттаах доҕоттор,
Дьоро күммүт үүммүтүн
Бары бииргэ мустаммыт
Уруйдуоҕуҥ, туойуоҕуҥ!
(Сэргэ кыыһа Тускулаана)
Муус устар ый 24 күнүгэр, "Ника" банкеттыыр саалатыгар "Айар Кут" Саха сирин хоһоонньуттарын уонна сэһэнньиттэрин эрэгийиэннээҕи Сойууһа бэйэтэ биир эйгэлээх доҕотторун түмэн, төрүттэммитэ 7 сылын бэлиэтээтэ. Көрсүбэтэх да ыраатан буоллаҕа, дьон сүрдээҕин үөрэн-көтөн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн көрүстэ.
Бу Сойууска билигин өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан 30 тахса айар, суруйар дьоҕурдаах дьон баар. Маҥнай, 2015 сыллаахха Е.Г.Федоров-Долун "Айар Кут" диэн куйаар ситимин форумугар суруйар дьоҕурдаах дьону түмпүтэ. Бу кэмҥэ эмиэ "Полярная звезда" сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Доллонов В.С. "Айар Кут" бөлөҕү арыйбыта. Ол кэнниттэн 2018 сыллаахха, муус устар ый 25 күнүгэр СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ В.В.Васильев-Муттуххай Бороҥ, Г.Г. Басылайканова-Кэнтик Кыыһа, И.В. Феофанова, Е.Г.Федоров-Долун уонна Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ В.И.Никифоров-Суор Уола туруорсууларынан бу түмсүү "Айар Кут" РСПиП (региональный Союз поэтов и прозаиков) диэн уопсастыбаннай тэрилтэ буоларын туһунан, сокуонунан бигэргэтиллибит туоһу суругу туппута. Сойуус бэрэссэдээтэлинэн В.И. Никифоров талыллан үлэлээбитэ.
2021 с. Е.Г.Федоров-Долун эбээһинэһи толорооччунан, онтон 2022 сылтан бэйэтэ саҥалыы көрүүлэрдээх, самныбат санаалардаах, ыллыктаах тыллардаах эдэр, кэскиллээх киһи А.Г. Кириллин-Толикус Сойуус бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлии сылдьар.
Билигин Сойуус Салайар Сүбэтигэр тэрийэр дьоҕурдаах З.Н.Данилова-Кэкэрдэ, Е.Г.Федоров-Долун, Э.Н.Семенова-Сэргэ Кыыһа Тускулаана, В.С. Саввина-Оһуордаах, С.А. Семенов-Сэгэй, П.Тумусова-Туску уонна сүбэһит быһыытынан киэҥ билиилээх, салайар үлэҕэ уопуттаах киһибит А.П. Григорьева бааллар. Бэйэтин өҥөтүн суоппар быһыытынан эҥкилэ суох толорор киһибит К.Р. Харлампьев буолар.
Бу дьоро күммүтүн иилээн- саҕалаан ыыппыт дьоммутунан Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, "Народное признание" уо. д. а. элбэх анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Э.Н. Семенова-Сэргэ Кыыһа Тускулаана уонна Кэбээйиттэн төрүттээх, билигин Дьокуускай куораттааҕы "Арчы" дьиэтэ Култуура духуобунай киинин фольклорга салаатын специалиһа, үгүс ырыа күрэхтэрин лауреата, дипломана, СӨ культуратын туйгуна П.П. Кычкин-Сайылык Бүөтүрэ буолаллар. Болдьоммут кэмигэр, саамылаһан олоруу кэннэ, ыытааччылар "Айар Кут" Сойуус 7 сыллааҕыта көннөрү түмсүүттэн саҕалаан, хайдах Кэмиэрчэскэйэ суох туспа тэрилтэ буолан, онтон кэлин сойуус аатын ылбытын туһунан сырдаттылар.
Салгыы, Сэргэ Кыыһа Тускулаана А. Файрушина "Алгыс ырыата", Сайылык Бүөтүрэ "Сааскы кэрэ сарсыарда" диэн ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр. Ыҥырыылаах ыалдьыттартан аан бастакынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха народнай поэта И.В. Мигалкин тыл эттэ. Кини бэйэтэ айар эйгэҕэ хаһааҥҥыттан киирбитин уонна суруйар дьоҥҥо туһаайан суруйааччылары кытары көрсүһүүлэри тэрийэн, хас биирдии ааптар айымньыларын, кинигэлэрин ырытыылары киэҥник оҥоруохха наадатын туһунан сүбэ быһыытынан эттэ. Аан бастаан 55 сыл анараа өттүгэр, 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан, уруокка сорудах быһыытынан бэриллибит хоһоонун хайдах суруйбутун уонна кэлин ол бастакы хоһооно хас да омук тылынан тылбаастаммытын туһунан ахтан аһарда.
И.В. Мигалкин кэнниттэн, Сойуус бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Е.Г. Федоров-Долун мустубут дьону, ыҥырыылаах ыалдьыттары эҕэрдэлээн туран, Дьокуускай куорат дууматын бэрэссэдээтэлэ А.Н. Семенов илии баттааһыннаах, өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин, култуура сайдыытыгар тус кылаатын иһин диэн ис хоһоонноох Бочуотунай грамотаны уонна "Знак признания заслуг" диэн түөскэ кэтэр анал бэлиэни соторутааҕыта 70 сааһын туолбут, Сойуус тутаах киһитигэр А.П. Григорьеваҕа туттарда.
"Айар Кут" Сойуус бэрэссэдээтэлэ А.Г. Кириллин илии баттааһыннаах Махтал суруктары А.П. Григорьева, В.И. Яковлева, П.А.Тумусова, З.Н. Данилова, Э. Семенова, В.А. Санникова, В.С. Саввина, Е.Е. Никифоров, Н.Н. Иванов, А.Л. Егоров уонна К.Р. Харлампьев туттулар. Салгыы, В.И. Никифоров-Суор Уола эҕэрдэ тылын эттэ. Манна даҕатан эттэххэ, кини дьиҥ патриоттуу өйдөөх-санаалаах, ыарахан түгэн тирээтэҕинэ бэйэтинэн көмөҕө тиийэр, өрүү инники күөҥҥэ сылдьар киһибит буолар. Ол курдук, ааспыт сайын өрөспүүбүлүкэбитигэр хас да сиргэ ойуур баһаара турбутун умуруорууга сылдьыбыта уонна бу билигин Украинаҕа буола турар анал эпэрээссийэ эбии хомууругар баран эрэр. Киниэхэ этэҥҥэ сылдьан, дойдутугар сотору кэминэн эргиллэн кэлэрин баҕарабыт.
Салгыы эҕэрдэ тылларын "Тыл сүмэтэ" түмсүү салайааччыта, "Айар Кут" Сойууһу төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ И.В. Феофанова, суруналыыс, суруйааччы И.Н. Николаев-Уххан, "Иэйии" өрөспүүбүлүкэтээҕи Кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ салайааччыта И.И. Афанасьев-Алмаас, Нам "Отуу уоттара" литературнай түмсүүтүн аатыттан СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ М.П. Мохначевская - Марта-Мария, "Сахалыы тыынынан" түмсүүттэн П.П. Кычкин-Сайылык Бүөтүрэ, Л.Е. Семенова-Сэгэйэ, П.П.Неустроев-Айаанньа Уус бэйэлэрин эҕэрдэлэрин ырыа-хоһоон доҕуһуоллаах тиэртилэр. Эҕэрдэни ситэрэн, Сайылык Бүөтүрэ "Иэйиим ырата" диэн Марта-Мария тылларыгар, бэйэтин мелодиятыгар ылбаҕай ырыаны толордо.
"Иэйии" түмсүүттэн эмиэ биир ураты кэрэ куоластаах М. Протопопова-Намыына Куо "Кэрэтик кырдьыахха" диэн Т.Потапова-Татыйык Мыла ырыатынан эҕэрдэлээтэ.
"Айар Кут" хоһоонньуттарын бөлөҕө САССР төрүттэммитэ 100 сылынан, автономияны төрүттээбит саха сирин чулуу дьонугар аналлаах хоһооннорунан уус-уран дьүһүйүүнү көрдөрдө. Салгыы, "Көҥүл көтүү" бөлөх көхтөөх кыргыттара Р. Львова-Дөлүһүөн, Туску, А. Габышева-Талбаана, П. Находкина-Победа, Р. Винокурова Н. Иванов-Хоро Холлойу кытта самурай оруолугар "Самурайдар" диэн инсценировканы көрдөрөн күллэрдилэр.
Салгыы, "Айар аартыкпыт аргыстара" диэн билигин 3 бөлөҕүнэн 100-тэн тахса айар куттаах эдэр дьон мустубут түмсүүлэрин салайааччылара Диана Сутакова-Дайаана Куо эҕэрдэ тыл эттэ. Дьоро түһүлгэҕэ бу түмсүүлэртэн Ираида Коркина-Чугдаара, Саргын кыыһа Уран Күннэй, Сардаана Гаврильева-САРДААНА, Нюргуяна Сметанина-Сулус Куо, Вера Цыпандина, Петр Кычкин-Сайылык Бүөтүрэ, Яков Алексеев кэлбиттэр. Бары билэр киһибит, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Р. Корякина-Хотууна төрөппүт кыыһа Сардаана Гаврильева-САРДААНА сүрдээх үчүгэй, намыын ырыаны ыллаан бэйэтин эҕэрдэтин тиэртэ. Аны туран, кини суруйбут «Таракааттар» айымньытынан диэн сыаҥка көрдөрдүлэр. Ол кэнниттэн, ыччаттарбыт И.Коркина-Чугдаара, Мария Винокурова, Николай Петров тылларыгар уонна Маайа-Мария Григорьева мелодиятыгар "Айар аартыкпыт аргыстара" диэн гимн буолбут ырыаларын ыллаатылар. Эдэр, элбэҕи эрэннэрэр, маннык айар дьоҕурдаах ыччаттарбытыттан үөрэбит эрэ.
Тускулаана доҕотторуттан, ол эбэтэр «83-с сыллаах выпуск» чилиэттэриттэн Орто Халыматтан төрүттээх, иирэ талах курдук имигэс хамсаныылаах үҥкүүһүт Мария Бережнова хотугулуу "Хопто" уонна "Хаарчаана" үҥкүүлэри толорон сөхтөрдө. Кини быйылгы "Терпсихора бырааһынньыга" диэн сылын аайы ыытыллар үҥкүү күрэҕин ll степеннээх лауреата, норуоттар икки ардыларынааҕы онлайн көрүҥүнэн Лондон куоракка ыытыллыбыт үҥкүү күрэҕин lll cтепеннээх лауреата, А. Иванова салайааччылаах "Үҥкүү эйгэтэ" уонна С. Алексеева салайааччылаах "Аяврина" бөлөхтөр үҥкүүһүттэрэ буолар.
"Бэтиэхэлээх кыргыттар" бөлөхтөрө Олимпиада Серафимовна, Анна Петровна, Любовь Егоровна-Сэгэйэ ыыппыт үҥкүүгэ күрэстэригэр 3 паараны кытыннардылар. Манна үһүс бочуоттаах миэстэҕэ П. Тумусова-Туску С. Кожуров-Ыстапаан Таастаахтыын, иккис миэстэҕэ Ираида Коркина-Чугдаара Ефим Аркадьевтыын уонна бастакы миэстэҕэ Мария Бережнова-Тупсууна Илья Лазаревтыын тиксэннэр, анаммыт бириистэрин үөрэ-көтө туттулар. Сунтаар Кэппэндээйититтэн төрүттээх элбэх ырыа, хоһоон ааптара, тылбаасчыта Олимпиада Спиридонова Т.Колесова-Айсура тылларыгар уонна мелодиятыгар "Кини - мин дьолум" диэн олус истиҥ тыллардаах ырыаны ыллаан эҕэрдэлээтэ. Зоя Данилова-Кэкэрдэ "Кытыл урсуна" диэн бэйэтин хоһоонугар айбыт ырыатын ыллаата. Эҕэрдэлэр быыстарыгар Степан Кожуров-Ыстапаан Таастаах лотореяҕа бэйэтин 20 тахса ырыалара киирбит диискэтин уонна кинигэтин оонньотон бириис уунна.
Бииртэн биир сонун нүөмэрдэр, көстүүлэр буолан истилэр. Сэргэ кыыһа Тускулаана "Бэлэхтиэм эйиэхэ күөх сааһы" диэн ырыаны толордо. "Айар абылаҥ кэрэтэ" диэн Сайылык Бүөтүрүн хоһоонугар айыллыбыт Е. Ильина- Нам-Чы ырыатын доҕулуонунан "Хайдах курдук кэрэний..." диэн сэлээппэ күрэҕигэр 6 Далбар Хотун кыттан, дьоһуннук туттан долгулдьуһа хаамтылар. Бу манна В. Яковлева-Чэлгийээнэ "эргэттэн - саҥаны" диэн баай фантазиялаах сэлээппэтэ кыайыылааҕынан буолла, Иккис миэстэҕэ сиэдэрэй сибэккилэринэн чэлгийэ симэммит Э. Семенова-Тускулаана сэлээппэтэ, үһүскэ судургу соҕус эрээри, олус маанытык көстөр П. Тумусова-Туску сэлээппэтэ тигистэ. Ньургуһун сибэкки курдук сырдык халадаайыгар дьүөрэлии кыл сэлээппэлээх, нарын-намчы көрүҥнээх А. Болтокова- Дьолууна, В. Санникова-Мичийээнэ бэйэтэ кылынан өрөн уонна хатайдааһын ньыматынан оҥорбут сэлээппэлэрин, З. Данилова-Кэкэрдэ ураты истииллээх сэлээппэтин эмиэ биһирии көрдүм.
Мичийээнэ бу күн бэйэтэ оҥорбут үлэлэриттэн аҕалан, оттон Тускулаана баай кэллиэксийэтиттэн бу күҥҥэ сыһыаннаах маллары аҕалан быыстапка туруорбуттара. Салгыы, эҕэрдэҕэ "Айар Кут" хоһоонньута Т.Г.Колесова- Айсура тылларыгар, В.И. Яковлева-Чэлгийээнэ мелодиятыгар "Көҥүллээ дуу, тапталым" диэн ырыаны Эльвира-Тускулаана уонна Ефим Аркадьев дуэтынан ыллааннар ол ураты иэйии долгураҥыгар уйдаран ыллыбыт.
Сойуус чилиэннэрин таһааттарбыт хомуурунньуктарын туһунан билиһиннэрэр уонна кыратык сырдатар буоллахха, А.И. Дмитриев-Таммах, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ, 500 тахса айбыт ырыаларыгар 4 хомуурунньук, 1 аудиоальбом, 1 дискэ таһаартарбыта. В. И. Яковлева-Чэлгийээнэ ааспыт сылга эмиэ бэйэтин ырыанньыгын кытары аудиоальбомун таһаартарбыта, С.А.Семенов-Сэгэй 15 айбыт ырыаларын хоһооннорун, кэпсээннэрин кытары хомуурунньугар киллэрбитэ. Т.Г. Колесова-Айсура, З.Н. Данилова-Кэкэрдэ, О.С. Спиридонова, В.В.Пинигина-Арылы курдук ырыа айааччылар уонна хастыы да кинигэлэрдээх Е.Е. Никифоров-Басхаай, Ф.К. Аммосов - Хоһуун Уол, С.И. Константинов-Таас Уола Сэмэн диэн хотуулаахтык суруйар хоһоонньуттар бааллар.
Сойуус чилиэннэрин айымньылара элбэх хомуурунньуктарга уонна "Айар Кут" сурунаалга киирбиттэрэ. В.А.Санникова-Мичийээнэ СӨ Култууратын туйгуна, норуот маастара, В.С. Саввина-Оһуордаах СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара уонна уһанар идэлээх П.П. Неустроев-Айаанньа Уус бааллар. Анастасия Болтокова-Дьолууна байаанын доҕуһуолугар бэйэтэ айбыт ырыатынан, Валентина Оһуордаах Уххан тылларыгар, Сиэн Тиитэп матыыбыгар "Үөрүҥ, үрүҥ күн сырдыгыттан" диэн ырыанан, А.А. Егоров- Өркөн «Дьол» эмиэ бэйэтин ырыатын ыллаан эҕэрдэлээтилэр.
Маны сэргэ, Н.Н. Иванов-Хоро Холлой сүр дуорааннаахтык бэйэтин хоһоонун аахта. Чөл олоҕу көҕүлээччи, хоһоонньут П. Находкина-Победа бэйэтин ураты имигэс хамсаныыларын көрдөрөн сөхтөрдө... Кини бу иннинээҕи тэрээһиннэргэ өссө рэп ааҕааччы.
Түмүктүүр эҕэрдэ тылын М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо салаатын чинчийэр учуонайа М.Т. Сатанар эттэ.
Бу дьоро күн бары барыта баар буолла. Дуэтынан ырыалар өссө даҕаны ылланнылар, үҥкүү-битии, оонньуу-көр өргө диэри салҕанан бардылар. Киэһэни түмүктүүр үөрүүлээх түгэҥҥэ бырааһынньыктааҕы торт быһылынна.
Түгэнинэн туһанан, бу үөрүүлээх күнү иилээн-саҕалаан ыыппыт дьоммутугар - Сэргэ кыыһа Тускулаанаҕа уонна Сайылык Бүөтүрүгэр, ыалдьыттарбытыгар, тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыт доҕотторбутугар ис сүрэхтэн махтанабыт. "Айар Кут" Сойууспут силигин ситэн сүһүөҕэр турдун, сырдык аартыга алгыстана, арылла туруохтун!
Валентина Саввина-Оһуордаах, "Айар Кут" Сойуус чилиэнэ.25.04.22.