“Эйиэхэ сибэкки биэрээри” диэн мэлэдьиис Александр Дмитриев-Чүмэчи ырыатын тылынан ааттаммыт Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр сынаарыйынан Майаҕа муусукаалынай испэктээк турда. Өрдөөҕүтэ бу айымньыны Сергей Потапов Саха тыйаатырыгар туруора сылдьыбыта. Сиэн Өкөр Чүмэчини тыйаатырга аҕалан, артыыстары кытта билиһиннэрбит этэ. Оттон быйыл Майаҕа мэлэдьиис төрөөбүтэ 65 сылынан кини кэриэһигэр СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинин дириэктэрэ Василий Винокуров бырайыак ааптарын быһыытынан үлэлэстэ.
Киһи айылгытын, саха аналын анаарааччылар талаан, дьоҕур диэн киһиэхэ Үөһээҥҥилэртэн ананарын, ол киниэнэ буолбатын, бэлэх быһыытынан бэриллибити сиргэ, олоххо уон оччонон төннөрөр иэстээҕин этэллэр. Сайаҕас матыыбы, уйан куту туппут мэлэдьиис Александр Дмитриев ис-иһиттэн сыыйыллар истиҥ, ону тэҥэ хатан, чуор куолаһа ойуччу, ураты. Ырыалара, эчи, истиҥнэрин, нарыннарын, уйаннарын! Киһи хараҕын уута иэдэһин устун сүүрбүтүн билбэккэ да хаалар. Ол буоллаҕа киниэхэ анаммыт бэлэҕэ.
Чүмэчи дьылҕата судургута суоҕа. Уол оҕо, эр киһи буолан, тыыллан-хабыллан эрэр кэрэ кэмэ чиэски сытар дэриэбинэҕэ, оччотооҕу ыччат ыыра буолбут кулууп дьиэтигэр, имик-самык хочуолунайга ааспыта. Дойду үрдүнэн арыгыны иһии хааччаҕа суох тэнийбит бириэмэтэ этэ. Ол ыар чахчылары көрдөрөр түгэннэртэн сылайан, хаста да таһырдьаны былдьаһа сыһан, суруйар эрэ соруктааҕым быһыытынан иҥнэн олордум. Оттон итинник иэдээҥҥэ бүтүн көлүөнэ биирдэ бэриллибит олоҕун олордоҕо. Нэһилиэк дьоно бүттүүн кэриэтэ сутуллан, “күөх моҕой” сүлүһүнүгэр сүүйтэрэн, дьайыгар ылларан, ити кэмҥэ төһөлөөх дьылҕа таҥнары сатыылаабытын, төһөлөөх ыччат түҥнэри төлкөлөммүтүн, төһөлөөх талаан быстах аналаммытын ким ааҕан ситиэй?! Чахчыны хайдах баарынан тиһэҕэр тиийэ көрөн, Чүмэчи барахсан дьылҕата санаабыттан арахпат. Киһи барахсан сырдыкка талаһар аналынан гитаратын кылын сыыйан, нарын матыыптары айбыта күн бүгүн ырыа буолан ыллана сырыттахтара.
Чүмэчи ырыаларын кини төрөппүт кыыһа Марфа Егорова, ырыаһыт доҕоро Сардана Осипова, Екатерина Ефремова, Галина Сосина, “Сардаана” вокальнай ансаамбыл, артыыстар Николай Куприянов, Алексей Говоров толордулар. Артыыстар Александр Шарин, Денис Петров, Данил Осипов, Александра Соловьева, Михаил Попов, Станислав Иванов оччотооҕу дьон уобарастарын көрөөччүгэ итэҕэтиилээхтик тириэртилэр. “Кыталык” ансаамбыл үҥкүүһүттэрэ курус дьылҕа тойугун үҥкүүнэн киэргэттилэр. Гитараҕа Герасим Павлов, байааҥҥа Дмитрий Готовцев доҕуһуоллаан, тыыннаах доҕуһуолунан бэртээхэй туруоруу буолла. Тыаһы-ууһу Александр Теряков, уоту-күөһү Алексей Ефимов хааччыйдылар. Көстүүмнэри Андрей Зыков, Вера Быганова, Галина Безменова бэлэмнээтилэр. Валерий Эверстов, Матрена Аргунова худуоһунньук быһыытынан үлэлээтилэр.
Туруоруу бүтүүтэ Чүмэчи доҕоро “Сааска, эн өлөрүҥ ордук! Өлбүтү эрэ дьон сыаналыыр. Онон, эн өл!” диэн тыллары саҥарбытын “Тыый, бу киһи тугу түөстэ?! Сынаарый ааптарын тыла тугун сүрэй?! Режиссер тоҕо маны киллэрдэ?!” диэн санаалар үүйэ-хаайа тутан ыллылар. Онтон чуумпуран олорон санаатахха, чахчы да оннук буолбатах дуо? Аттыбытыгар сылдьар төһөлөөх талааны таҥнары тардабытый, төһөлөөх дьоҕурдааҕы суолталаабаппытый? Арай өлөр өллөҕүнэ эрэ үтүөтэ күөрэйэрэ, хомойуох иһин, олоххо баар.
Режиссер Василий Павлович Винокуров “Арыгы дьаара быстах дьылҕалаабыт талааннаахтарбытын, чулууларбытын хаһан да умнумуоҕуҥ!” диэн тылынан көрсүһүүнү түмүктээтэ. Ити курдук, умуллубат аналлаах Чүмэчини кинини ырыаһыт гынан кынаттаабыт, көмүс уҥуоҕун кистээн сытар Мэҥэтин сирин дьоно-сэргэтэ кэриэстээтилэр.
Оксана ЖИРКОВА.