Бэс ыйын 8 күнүгэр Үс Хатыҥҥа Бүлүү куорат 385 сылыгар, Бастакы Күүлэт нэһилиэгэ 100 сылыгар, “Бүлүү Кэскилэ” уопсастыбанай түмсүү 25 сылыгар аналлаах Бүлүү улууһуттан төрүттээхтэр ыһыахпытыгар ыҥырабыт!
Үбүлүөйдээх ыһыах сүрүн тосхоллоро:
10.00-10.15 Норуоттар доҕордоһууларын болуоссатыттан автобустар айанныыллар (кэлэ-бара 200 солкуобай).
10.30-11.45 Түһүлгэлэри киэргэтии, симээһин (түөлбэлэринэн, нэhилиэктэринэн, тэрилтэлэринэн).
11.00 Ыһыах спортивнай күрэхтэригэр, оһуохайга, саха таҥаhыгар уо.д.а. күрэхтэргэ суруттарыы.
12.00 Ыһыах аһыллыытын сиэрэ-туома (түөлбэлэринэн, нэhилиэктэринэн, тэрилтэлэринэн хаамыы).
12.15 Ыалдьыттар – Бүлүү куорат, Бастакы Күүлэт айар талааннарын эҕэрдэлэрэ.
13.00 Түөлбэлэринэн (нэһилиэктэринэн, түмсүүлэринэн) күнүскү аһылык (дьүүллүүр сүбэ түһүлгэлэри сыаналыыр)
13.00 Оҕо-аймах түһүлгэтэ.
13.30 Оһуохай түһүлгэтэ.
14.30 Сахалыы таҥаһы көрүү.
15.00 Күүстээхтэр, сымсалар күөн-күрэстэрэ (эр дьоҥҥо, кэрэ аҥаардарга, оҕолорго): мас тардыһыыга уонна хапсаҕайга.
16.30 Биир дойдулаахтарбыт, саха эстрадатын сулустарын эҕэрдэлэрэ. Ыһыаҕы түмүктээһин, кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин.
17.30-19.00 Уоттаах-күөстээх дискотека (үҥкүүннэн түмүктээһин). Ыччат программата.
18.00 — 1 автобус, 19.00 — 2 автобус куоракка айанныыллар.
Күндү биир дойдулаахтарбыт, үбүлүөйдээх ыһыахха көхтөөхтүк кэлэн үтүө-мааны ыалдьыт буолуҥ!
Эһиэхэ анаан хорчуоппа үлэлиэ: кымыс, быыппах, үтэһэлээх эт атыыланыа.