Киир

Киир

Бу күннэргэ Ньурба улууһун Мэҥэдьэк нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Мегаджек” устуудьуйа салайааччыта, “Амака” диэн тыыннаах бөлөх тэрийээччитэ, уһуйааччыта уонна норуокка биллэр элбэх ырыалаах мелодист Дмитрий Корнилович Потапов күн сириттэн барда.

Дмитрий Корнилович 1962 сыллаахха кулун тутар 25 күнүгэр Мэҥэдьэк нэһилиэгэр алта оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оскуола сааһыттан ырыа кэрэ эйгэтигэр үөрэнэн барбыта. Аҕата кыра сааһыгар суох буолан, дьиэ үлэтигэр олох быыкаатыттан эриллибитэ. Оскуола аҕыс кылааһын бүтэрбэккэ сылдьан, сылгыһыттыы барбыта. Ол кэннэ аармыйаҕа ыҥырыллан, ытык иэһин төлөөрү, бэркэ сулууспалаан кэлбитэ.

Аармыйаттан кэлэн баран, дойдутугар Хатыыга кулуупка үлэлии киирбитэ. Ол киирэн “Сарыал” диэн бөлөҕү тэрийбитэ. Ити кэмнэргэ Раиса Афанасьевнаны көрсөн ыал буолар. 1999 сыллаахха кинилэр Чаппандаҕа көһөн кэлэллэр, 6 оҕолоноллор, 14 сиэннээхтэр. Дмитрий Корнилович Саха сирин улуустарын кэрийэ сылдьан, тыаҕа сиригэр олорор, ырыаҕа дьоҕурдаах дьону көрдөөн, ыйыталаһан, альбомнарын таһаарара, үйэтитэрэ.

Күндү доҕорбут, убайбыт Батаап Дима олус ураты дьоҕурдаах мелодист. Бэйиэттэр уонна тыа сиригэр олорор хоһоонньуттар хоһоонноругар элбэх ырыалаах. Олортон миэхэ “Дорообо”, “Сандал саас”, “Таптаатым”, “Сибэккиттэн күн тахсар”, “Хайыаҥ этэй?”, “Күн ийэм алгыһын ыламмын” ырыалары бэлэхтээбитэ.

Ырыатын хайдах истиҥник иэйэн толоруохтааххын барытын быһааран биэрэрэ уонна ол сатаннаҕына, оҕолуу үөрэрэ, астынара. Ырыатын элбэх ырыаһыкка биэрбитэ, Ньурбаҕа эдэр талааннары ыллатара, кэлбит дьоҥҥо барыларыгар ырыаларын муусукатын оҥорон биэрэрэ...

Дмитрий Корнилович чугас дьонугар, бары аймахтарыгар, үтүө доҕотторугар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит, аһыыгытын тэҥҥэ үллэстэбит.

Барда бүгүн убайым,

Батаап Дима атаһым,

Ураты дьоҕурдаах музыкааммыт

Тапталы туойбут Батааппыт.

Быраһаай, доҕорум барахсан

Быдан дьылларга арахсан!

Дьылҕа Хаан ыйааҕа тыйыһыан

Соһуччу барбытыҥ абатыан,

Саныахпыт-ахтыахпыт

Убайбыт ырыатын ыллыахпыт,

Быраһаай Батаап Димабыт.

Сиэйэ Уола-Бииктэр, бар дьон дьокутаата Мария Христофорова