Киир

Киир

Арассыыйатааҕы РАН Цитология институтун (ИНЦ) учуонайдара аутоимуннай ыарыылары уонна аллергияны эмтииргэ саҥа ньыманы булбуттар. Бу туһунан Арассыыйа Үөрэҕириитин уонна билимин институтун пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Перекиһи аһытыыга флуоресцентнай свойство трансформациятын көмөтүнэн Н2О2 (водород перекиһин) молекулаларын булар, 2006 с. оҥоһуллубут HyPer биосенсоры туттубуттар. Маныаха, бу үнүстүрүмүөн көмөтүнэн, испэсэлиистэр киһи тыыннаах килиэккэлэригэр молекулалары үчүгэйдик көрбүттэр (смогли визуализировать). Ол кэнниттэн, араас тииптээх килиэккэлэргэ оксидантан утары көмүскэли хайдах оҥоруохтарын сөбүн үөрэппиттэр.

Учуонайдар быһаарбыттарынан, искэн килиэккэлэригэр перекисьтэн көмүскэл көннөрү килиэккэлэргэ көмүскүүр дьайыытынааҕар мөлтөх эбит. Онон, бу арыйыы көмөтүнэн, медиктэр инникитин өссө сыныйан, киһи килиэккэтигэр аһытыы уонна чөлүгэр түһүү процеһа хайдах барарын дириҥник үөрэтэллэрин былаанныыллар. Маныаха, маннык үөрэтии атеросклероһу, инфекционнай ыарыылары, нейродегенерацияны уонна диабеты эмтииргэ саҥа ньымалар үөдүйүүлэригэр тирэх буолуоҕа.

2022 сыл олунньутугар инфекционист-быраас Евгений Тимаков этэринэн, саҥа хоруона вируһунан ыалдьан ааспыт дьон этигэр-сиинигэр ыарахан патологическай туруктар үөдүйүөхтэрин сөп. Кини быһаарарынан, ити ыарыынан хаттаан ыарыйдахха, хаан эргиирин уонна тымыр үлэтигэр кэһиллиилэр тахсан, аутоимуннай ыарыы элбиир чинчилээх.