Киир

Киир

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Нуучча тылын күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! 

Бэс ыйын 6 күнүгэр, улуу нуучча суруйааччыта Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүт күнүгэр, биһиги улуу тыл күнүн бэлиэтиибит. Нуучча тыла – аан дойдуга улахан тыллартан биирдэстэрэ, славянныы саамай тарҕаммыт тыл. Нуучча тылынан 146 мөлүйүөн Арассыыйа олохтооҕо саҥарар, маны сэргэ, 127 мөлүйүөн киһи нуучча тылын иккис тылларын быһыытынан билэллэр. Уопсайынан аахтахха, бу тыл аан дойдуга элбэх ахсааннаах бастакы уон тыл ахсаанын иһигэр киирсэр. Бу ООН официальнай тылларыттан биирдэстэрэ. Оттон интэриниэт ситимигэр туттууга нуучча тыла иккис миэстэни ылар.

Биһиги дойдубутугар эйэлээхтик сомоҕолоһон 190-н тахса норуот олорор. Нуучча тыла Арассыыйаҕа олорор бары омуктары холбуур судаарыстыбаннай тылынан буолар. Бу иһин киһи нуучча тылынан киэн туттар.

11 сыл анараа өттүгэр, 2011 с. бэс ыйын 6 күнүгэр, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Арассыыйаҕа нуучча тылын күнүн сыл ахсын бэлиэтиир туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Бүгүн, хас даҕаны дойду Арассыйа утары сааҥсыйалары биллэрбит кэмигэр, нуучча тыла ураты суолталанна – кини норуоттар икки ардыларынааҕы култуурунай-гуманитарнай үлэлэһиигэ биир сүрүн үнүстүрүмүөнүнэн буолла.

Нэһилиэнньэ өйөбүлүн ылан, судаарыстыбаҕа тыллары харыстааһыҥҥа бэлиитикэ ыытыллар. “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2020-2024 сыллардаахха судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы” диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай бырагыраамма олоххо киирэр.

Саха сиригэр элбэх тылы үөрэтэргэ табыгастаах, информационнай эйгэ баар. Маныаха, онно туһуламмыт үгүс тэрээһин көмө буолар: тыл уонна саҥарар саҥа култууратын туһунан тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа биэриилэрэ, ыстатыйалар уонна научнай үлэлэр, испэктээкиллэр уонна киинэлэр, кинигэ быыстапкалара. 2021 сыллаахха Дьокуускай Тотальнай дьыктаан киин сиринэн буолла. Саха сирин хоту эҥээригэр нуучча былыргы култууратын тирэҕэ - хотугулуу нуучча тылын илдьэ сылдьар Русское Устье сэлиэнньэтэ баар.

Тыл киһи аймахха алтыһыы ньыматынан эрэ буолбакка, духуобунас сүнньүтүнэн, биһиги матырыйаалынайа суох култуурунай нэһилиэстибэбитинэн, аан дойдутааҕы цивилизация духуобунай нэһилиэстибэтин сорҕотунан буолар. Нуучча тыла – ордук сайдыбыт уонна баай тыллартан биирдэстэрэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиийэр норуот тыыннаах дууһата уонна баайа-дуола. Тыла суох норуот суох диэн мээнэҕэ эппэттэр.

Күндү доҕоттор! Нуучча тылын күнэ эйэ уонна сомоҕолоһуу бырааһынньыгынан буоллун. Барыгытыгар тыл култууратын тупсарыыга, нуучча тылын баайын, кэрэтин уонна чулуутун харыстааһыҥҥа ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэтин сахалыы тылбааһа

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар