Киир

Киир

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ СӨ Бырабыыталыстыбатыгар уонна Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтатыгар Дьокуускайдааҕы гааһы переработкалыыр комплекс тутулуннаҕына тулалыыр эйгэҕэ хайдах дьайарын туһунан сыанабыл киирбит.

gas2

SakhaLife ЯТЭК хампаанньа генеральнай дириэктэрин сүбэһититтэн Афансий Егоровтан бу туһунан кэмэнтээрий ылбыт:

42 ykt08 560x448

— Хомойуох иһин, Илин эҥээргэ гаас-химия собуотун тутуу туһунан бырайыак баҕа санаа эрэ быһыытынан, кэпсэтиһии эрэ кэмигэр күр гынан баран тохтоон хаалбыта. Инньэ гынан дьон эмоцияҕа эрэ ылларан “үчүгэй-куһаҕан, баҕарабын-баҕарбаппын” диэн эрэ таһымынан ырытыстылар.

gas

Ол гынан баран, Дьокуускайдааҕы уматык-энергетика хампаанньата (ЯТЭК) бу боппуруоска иҥэн-тоҥон үөрэтэн баран, кимэллээхтик киирсэн эрэр. Билигин биһиги хампаанньабыт Арассыыйа биир бөдөҥ уонна ыйааһыннаах билим тэрилтэтин – карбамид уонна органическай синтез бородуукталарын билим чинчийэр уонна бырайыактыыр институтун кытары кыттыһан  Дьокуускайдааҕы гааһы переработкалыыр комплекс тутулуннаҕына тулалыыр эйгэҕэ хайдах дьайарын туһунан сыанабыл оҥордубут.

Бу докумуоҥҥа оҥорон таһаарар тэрилтэ тулалыыр эйгэҕэ уонна дьоҥҥо туох кутталлааҕын, хайдах дьайыаҕын туһунан сиһилии ырытылла сылдьар. Бу учуонайдар оҥорбут сыанабыллара бүтэһиктээх докумуон буолбатах диэн тоһоҕолоон этэбин. Билигин бу докумуону кытары хас биирдии баҕалаах киһи билэн баран, бэйэтин этиитин киллэриэн сөп.

Инньэ гынан, билигин гааһы переработкалыыр комплекс тутуутун тула эмоция таһымынан эрэ буолбакка, дириҥник хорутан уонна сөптөөхтүк сыана быһан көрөр кыахтанныбыт.

Дьокуускайдааҕы гааһы переработкалыыр комплекс тутуутугар ханнык эрэ саарбах Кытай дуу, Индия дуу технологиялара буолбакка, европалыы технология туһаныллыаҕа диэн тоһоҕолуохха наада. Чуолаан, инньэ 1940 сылтан ыла химия технологиятыгар күүскэ үлэлиир HALDOR TOPSOE диэн Дания хампаанньатын технологията туһаныллыаҕа.

Айылҕа гааһыттан метиловай испиири ылыыны бырамыысыланнас технологиятыгар өссө 1925 сыллаахха BASF диэн хампаанньа Германияҕа туһанан саҕалаабыта. Ити кэмтэн ыла, биллэн турар, технология тупсарыллан, куттал суоһаабатын курдук дьаһаныллыбыта. Ити – сүүс сыллаах уопут көрдөрүүтэ.

Үөһэ этиллибит сыанабылы кытары билсиэн баҕалаахтар Дьокуускай куоракка Петр Алексеев аатынан уулусса 76 дьиэтигэр, 123 кэб. билсиэхтэрин сөп. Төл: 401-401 (эбии 11-38). Манна кэлэн докумуон оригиналын кытары билсиэххитин сөп уонна химия технологиятыгар сыһыаннаах таһымнаах хоруйу исписэлиистэртэн ылыаххытын сөп.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар