Киир

Киир

2018 с. ахсынньы 27 күнүнээҕи (2022 с. от ыйын 14 к. эрэдээксийэлэммит) 498-с №-дээх “Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан уонна РФ сокуон кэккэ аактарыгар уларытыылары киллэрии” диэн, норуокка биллэринэн, “Бурматов ыты көмүскүүр сокуона” киирбитэ. Омос көрүүгэ, түөрт атахтаах доҕору, кыылы-сүөлү харыстыыр туһалаах сокуон этэ. Ол эрээри туһугар “ноолоох” сокуон буолан тахсыбыта.

Оттон былырыын от ыйыгар Госдума ити сокуоҥҥа уларытыыны киллэрбитэ. Ол иннинэ саҥа сокуон барылын ааптардарыттан биирдэстэрэ, дьокутаат  Николай Будуев: “Сорох эрэгийиэҥҥэ ыттар дьоҥҥо саба түһүүлэрэ элбээтэ, оттон билиҥҥи сокуон ытырбыт ыкка кытаанах миэрэни ылары хааччахтыыр, онон бэйдиэ сылдьар ыттары утутар быраап бэриллэрин туһунан боппуруос көтөҕүллүөхтээх”, – диэбиттээҕэ. “Ыт кыһалҕатын быһаарар боломуочуйа эрэгийиэннэргэ бэрилиннэ” диэн буолбута.  Сэҥээрбиппит.

“Ол сокуоммут ханнаный? Кыһалҕа тоҕо быһаарыллыбатый?” – диэн дьон ыйытар.

Түрүлүөнү тардыбыт сокуон

Ыйытыкка хардарыах иннинэ “Бурматов сокуонун” санатар оруннаах. Хара ааныттан бу сокуон ирдиир тэрээһиннэрин олоххо киллэрэргэ кэлтэгэй кэппиэйкэ көрүллүбэтэҕэ. Эрэгийиэннэр төһө ый кыһыннаах-сайыннаах эбиттэриттэн тутулуга суох, сокуону толорон, тута ыт приюттарын туттарар, дьэллик ыты төрөөбөт-ууһаабат оҥорууну, быһыыны бэрдэриини, чииби олордууну (“отлов, стерилизация, вакцинация, возврат “-мантан салгыы –ОСВВ) ыыттаран баран, ыты төннөрөр эбээһинэстэммиттэрэ. Оттон ыт дьоҥҥо кутталлааҕа, кырыктааҕа билиннэҕинэ, бу ыт хаһан олоҕун моҥоон өлүөр диэри приюкка көрүллэрин сокуон модьуйар. Бэл, киһини ытырбыт, сиэбит ыты кытта (!) өлөрөрүҥ бобуллар! Силигин ситэрэн, бэйдиэ сылдьар ыты өлөрүү иһин, РФ ХК 245-с ыст. холуобунай эппиэккэ тардыллан, 3 сылга тиийэ күлүүс хаайыытыгар түбэһиэххэ сөп. Арай ыт ыарыыттан муҥу-сору көрөр түгэнигэр эрэ утутуохха  (эвтаназия) сөп.

Ыты кытта сатаан алтыһар киһиэхэ, о.э. приют үлэһитигэр, сылаастык тутуллан, аһаан абыранан, бэрт “көрсүө-сэмэй” буолбут ыт көҥүлгэ тахсан аччыктаатаҕына, тоҥноҕуна-хаттаҕына, кыылын хаана, өбүгэтин булчут үөрүйэҕэ уһуктуон сөбө болҕомтоҕо ылыллыбатаҕа. Ол улахан алҕас буоларын дойду үрдүнэн ыттар киһиэхэ, оҕоҕо саба түспүт, бэл, өлөрбүт, сиэбит хобдох түбэлтэлэрэ тахсара туоһулуур. Биһиги Дьокуускайбытыгар эмиэ. Ама, ким умнуой 2021 сыл ахсынньы бүтүүтүгэр, тымныы оройугар, хаарыан ыал ийэтэ – учуонай – ыттар саба түһэн, абалаахтык суорума суолламмытын?! Кини оннугар ким баҕарар түбэһиэн сөбө.

Ыттар дьоҥҥо саба түһэр, ытырар түбэлтэлэрэ тахса турар. Сыччах былырыын Саха сиригэр 828 киһи ытыртаран, балыыһаҕа көрдөрбүт. Сиирэ-халты эбэтэр удамырдык хаптаран, көрдөрүммэтэҕи, ыттан куттанан хааннарын баттааһына үрдүүр, сүрэхтэрэ ыалдьар дьон баалларын ааҕа да барыллыбат.

Роспотребнадзор чахчытынан, 2022 с. 1454 киһи, о.и. Дьокуускайга 627 киһи ытыртарбыт. Бу мантан 350 түбэлтэтигэр иччилээх дьиэ ыта ытырбытын мээр бэлиэтээн турар. 2021 сылга – 1579 киһи.

Сокуону оҥорооччулар, ыты көмүскээччилэр да эрэгийиэн уратытын, тымныы уонна аччык сылдьыы ыт сигилитин алдьатарын өйдөөбөттөр.

“Рэй” диэн дьэллик ыттарга көмөлөһөр пуонданы сүрүннээччи Наталья Цветкова эвтаназияны  (утутууну) көҥүллүүр бэйдиэ ыт элбиир кыһалҕатын тохтоппотун, суох гыныы ньымата 1990 сс. киирэ сылдьыбыта туһалаабатаҕын, ол иһин “ОСВВ” киирбитин быһаарар. Силигин ситэрэн, кини РБК таһаарыыга ити сокуону билиммэттэриттэн кыһалҕа үөскүүрүн курдук этэн таһаарбыт: “Цветкова подчеркивала, что система ОСВВ эффективна в тех регионах, которые действительно ее применяли, — это Нижний Новгород, Санкт-Петербург, Калининград и другие. «Почему ОСВВ не работает в Оренбургской области, Бурятии, Якутии? ПОТОМУ ЧТО ТАМ ИГНОРИРОВАЛСЯ закон об ответственном обращении с животными, НЕ ВЫСТРАИВАЛАСЬ ГРАМОТНАЯ ИНФРАСТРУКТУРА работы с ними», — говорила зоозащитница”.

Аллараа Новгороды, Калининграды 9 ый кыһыннаах, хомунаалынай өҥө, матырыйаал, уматык той быдан сыаналаах Саха сирин кытта хайдах тэҥниэххэ сөбүй?! Усулуобуйа уратыта диэн баар ээ. Биһиги саҕа сокуону тутуһааччыны күнүһүн тымтыктанан да булар устуук ини. Тоҕо инньэ диирбин суруйуу түмүгэр билиэххит.

Ночоот үөһэ ночоот

Тымныы сиргэ приюту тутуу, харайыы, аһатыы-сиэтии, стерилизация, чииптээһин курдук тэрээһиннэргэ, приют үлэһиттэрин хамнастыырга төһөлөөх үп барарын, өссө да барыаҕын этэ да барыллыбат. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыт 14 приюта, быстах кэмҥэ тутар 11 пуун үлэлиир. Сокуону толорон, өссө төһөнү тутарбыт биллибэт.

Саха сиригэр сыччах биир ыты аттыырга бүддьүөттэн – 3024 солк., чиип иилэргэ – 178 солк., быһыыны туруорарга 460 солк. туттуллар.

СӨ Бэтэринээр дэпэртээмэнин чахчытынан 2020 с. – 4388, 2021с. – 5713, 2022 с. – 6497, 2023 – 5048, оттон бу сыл 1,5 эрэ ыйын иһигэр 380 ыт тутуллубут. Баларга барытыгар сокуон ирдэбилин – ОСВВ-ны  – тутуспуттара, сыра, харчы барбыта өйдөнөр.

Сыстыганнаах ыарыыта суох уонна дьоҥҥо куттала суох буоллулар да, сылдьыбыт сирдэригэр төттөрү тахсаллар. Дьэллик ыт ордук Дьокуускайга элбэх. Аҥаардас былырыын 2461 ыт тутуллубут. Бу – 2023 с. өрөспүүбүлүкэ көрдөрүүтүн аҥаарын кэриэтэ. Иннинээҕи да сылларга маннык буоллаҕына, куораппыт, ыт куоратыгар кубулуйуох курдук. Былырыын Алдан оройуонугар – 467, Хаҥаласка – 410, Нерюнгри оройуонугар – 345, Мииринэйгэ 339 ыт тутуллубут.

Бэйэбит да иннибитигэр “бэрэбинэлээхпит”. О.э. кыһалҕа дириҥииригэр кыттыгастаахпыт. Тыаҕа ыт бултуур, дьиэни, хаһаайыстыбаны маныыр, ханна эрэ көлө буолан туһалыыр. Оттон куоракка? Кэтэх дьиэ, даача харабыла буоларын аахпатахха, доҕор-атас гынаары ылан баран, киһилии көрбөккө-харайбакка, ыты, тулалыыр дьону да эрэйдииллэрэ өйдөммөт. Кинилэр эппиэтинэстэрэ суоҕуттан бэйэтэ да халыҥа суох хааһына харчыта халтайга барар.

Дьэллик ыт элбэҕинэн, Дьокуускайга куорат дьаһалтатын кытта дуогабар түһэрсибит бэдэрээт тэрилтэлэрэ уонна “Бэйдиэ сылдьар ыттарынан дьарыктанар сулууспа” ХЭУо, “Помоги выжить” аһымал пуонда биригээдэтэ ыты тутуунан дьарыктаналлар.

Тыа сиригэр да ыты  бэйдиэ ыытар дьон элбэх. Ону ыттар дьиэ сүөһүтүн-сылгытын тардаллара кэрэһилиир. Холобур, былырыын Дьокуускай эргин – 10, Кэбээйигэ – 8, Аммаҕа – 7 сүөһүнү, Чурапчыга – 8, Үөһээ Бүлүүгэ  6 сылгыны ыттар тардыбыттара бигэргэммит. Уопсайа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн т/х дьарыктанааччылар 52 сүөһүттэн, 25 сылгыттан ытыс соттубуттар. Дьэ, хайдаҕый? Балар улаатан, төһөлөөх дохуоту, эти-үүтү биэриэхтэрэ этэй?! Сылгы, сүөһү улахан сыранан иитиллэр. Онно дьэллик ыт кыһалҕата “мэҥэстэрэ” төһө сиэрдээҕий?! өй-санаа уларыйан, эппиэтинэс үрдүөх тустаах. 2023 сылга ыты көрүү-истии быраабылатын тутуспакка, 800 киһи административнай сэмэҕэ тардыллыбыт. О.и. 46 – иккистээн!

4 эрэгийиэн быраабын туһанна!

Суруйбутум курдук, Госдума “дьону дьэллик ытта быыһыыр” туһуттан диэн, ити 498-с №-дээх сокуоҥҥа уларытыылары, эбиилэри киллэрэр 377-дээх ФЗ ылыммыта (24.07.2023).

“РФ субъектарын публичнай былаастарын тэрийии уопсай бириинсиптэрэ” ФЗ субъектарга бэриллэр боломуочуйа туһунан 44-с ыст. уларытыыны киллэрэн туран, “ыт боппуруоһун” эрэгийиэн быһаарыытыгар, эппиэтинэһигэр биэрбиттэрэ. О.э., туох эрэ буолла да – эппиэтинэһи эрэгийиэн сүгэр. Быстах кэмнээх пууннары, көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар ыттар ахсааннарын, популяциятын кэтээн көрүү (мониторинг), эрэгийиэн таһымыгар дьэллик ыттары регистрациялыыр, о.и. утутуу эмиэ бэриллэр курдук. Тоҕо “курдук”  диэтэххэ, мөккүөр билигин да баар.

Үчүгэйэ, кэнники сокуонунан ыты бэйэтин эрэ уулуссаҕа чэччитэ ыытыы бобуллар, улахан ыт булгуччу “намордниктаах” буолуохтаах, ыстараап улааппыт, кээмэйин эрэгийиэн бэйэтэ олохтуон сөп.

ҮРЭЭТИЙЭ аан бастакынан эрэгийиэн таһымнаах сокуон барылын бэлэмнии охсон, Норуот Хурала былырыын, сэтинньи 16 к., бигэргэтэн, лаппа хамсаныылааҕын көрдөрбүтэ. Ол сокуоннарыгар олоҕуран, бэйдиэ сылдьан тутуллубут ыт сыстыганнаах ыарыылаах, кыайан эмтэммэт, эрэйдэнэр-муҥнанар гына эчэйиилээх, ыарахан ыарыылаах эбэтэр дьоҥҥо кутталлаах түгэнигэр ыты гуманнай ньыманан утутар бырааптаммыттара. Сүрүн усулуобуйа – ыт тутуллубут күнүттэн 30 күн иһинэн иччитэ көстүбэтэх түгэнигэр. 30 күн устата ыт иччитин биитэр ылыан баҕалаах киһини көрдүүллэр. Ол кыаллыбатаҕына, ыты утуталлар. Биллэн турар, тутуллубут ыт барыта билигин да “ОСВВ” хапсар. О.э., аттанан, ууһаабат оҥоһуллан, чииптэнэн, быһыылынан баран, төттөрү ыытыллар.

*АЛТАЙ ӨРӨСПҮҮҮЛҮКЭТИН Эл Курултайа эмиэ субъект таһымнаах сокуон барылын тута дьүүллэһэ охсубута. Кинилэргэ эмиэ тутуллубут ыт иччитэ көстүбэтэҕинэ, маннык түгэннэргэ утутары көҥүллүүр сокуону былырыын ахсынньыга ылыммыттар:

– ыт төрүөтэ суох кырыктааҕын көрдөрдөҕүнэ;

– ытыран киһи доруобуйатын айгыраттаҕына, өлөрдөҕүнэ;

–  кыыл приютугар киирсибэт, ыттары быстах, кылгас кэмҥэ эрэ тутар муниципальнай эбэтэр чааһынай пууннарга тутуллан турар, ким да, тэрилтэ да наадыйбатах ыта буоллаҕына.

Кинилэргэ ыт иччитин күүттэрэр кэм 11 күнтэн уһаабата бэлиэтэммит.

Тустаах сокуон барылын ырытыһыыга 2023 сылга  447 киһини ыт ытырбыта, кыыллыйбыт ыттар 300-чэ сүөһүнү тардыбыттара этиллибит.

*ЗАБАЙКАЛЬЕ КЫРААЙЫГАР эмиэ итинник сокуон ылыллыбытын “Ветеринария и жизнь” портал  иһитиннэрбитэ баар. Сокуон барылын Забайкалье кыраайын бэтэринээрдэрин судаарыстыбаннай сулууспата бэлэмнээбит.

Тустаах сулууспа салайааччыта А.Лим эппитинэн, 2018 с. ылыллыбыт сокуону толороору эрэгийиэннэрин хааһынатыттан 2022 с. – 93мөл. солк., 2023 сылга 153 мөл. солк. туттуллубут. Кинилэр ааҕан таһаарбыттарынан, биир дьэллик ыты көрүү-харайыы 53 тыһ. солк. тахса буолбут. “Бу – хааһынаҕа ыар таһаҕас”, – диэбит. Сокуоннарыгар кинилэр “быстах кэмҥэ тутар пуун”, “наадата суох (невостребованнай) кыыллар” уонна “төрүөтэ суох кырыктаах (немотивированная агрессивность) диэн өйдөбүллэр быһаарыыларын киллэрэн биэрбиттэр. Аны бэйэлэрин сокуоннарынан, арҕаһын үрдүгэ 25 см намыһах эрэ ыттары “ОСВ” кэнниттэн урукку сирдэригэр ыытарга быһаарбыттар. Онтон атын ыттар приюкка 6 ыйга диэри сыталлар. Бу кэмҥэ диэри иччи көстүбэтэҕинэ, кинилэри эмиэ утутуу күүтэрэ суруллубут.

*АСТРАХАНЬ УОБАЛАһЫН Дуумата иккис ааҕыы түмүгүнэн ылыммыт сокуонунан, дьэллик, кырыктаах ыты быстах кэмнээх пууннарга 15 күҥҥэ диэри иччитин күүттэрэн баран, ким да ылбатаҕына, түргэнник уонна ыарыыта суох өлөрөр (гуманнай) ньыманан суох оҥороллор.

Уобалас олохтоохторо бу сокуону өйөөн, туруорсар 2 тыһ. тахса илии баттааһыны хомуйбуттар. 2022 с. уобалас үрдүнэн 4813 киһини ыт ытырбыт, о.и. 1400 оҕону.

Ол эрээри кыылы көмүскээччилэр халыҥ аармыйалара уоскуйуох быһыыта биллибэт. Боломуочуйаны туһанан, киһи быраабын өрө туппут эрэгийиэннэр быһаарыыларын утарса сылдьаллар. Олор үҥсүүлэрин Бурматов “борокуратуураҕа ыыттым” дии олороро. Ыты көмүскээччилэр сокуоҥҥа уларыйыы киирэ да илигиттэн утаран, Госдуума иннигэр мустубут дьон буоллаҕа. Ол кыттыһыы “көмөтүнэн”, сокуон барылын бастааҥҥы толору барыйаана уларыйбыт чинчилээх. Дьокутааттар көрүүлэригэр уларыйан киирбитин Бурматов бэйэтэ да эппит этэ. Ол түмүгэр эбитэ дуу, ФЗ сокуон сорох пууна уларыйбакка хаалан, эрэгийиэннэр ылыммыт сокуоннара олору утарар курдук буолан тахсарын киин сир юристара бэлиэтээбиттэрэ баара.

Оттон биһиэхэ? Сө Бэтэринээрдэрин дэпэртээмэнэ эппитинэн, 377 ФЗ олоҕуран, былырыын атырдьах ыйыгар сокуон барылын бэлэмнээн киллэрбиттэрин Сө Борокуратуурата ылымматах (дала отрицательное заключение). Онон хаттаан оҥорбуттара билигин бэрээдэктиир, сүрүннүүр дьайыы сыанабылын (процедура оценки регулирующего воздействия) ааһа сылдьар. Ол кэнниттэн, ирдэбил быһыытынан, өссө интэриэстээх уорганнарга сөпсөһүннэрэ киириэхтээх үһү. Быһата, дьыала бытааннык хамсыыр чинчилээх.

Дьиҥинэн, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар сокуон ылылларыгар туох-ханнык иннинэ салалта, дьокутааттар, бэтэринээрдэр интэриэстээх буолуохтарын сөбө. Эппиэтинэс сүҥкэнэ билигин кинилэргэ эбээт!

Татьяна Захарова-ЛОһУУРА.

Бүтэһик сонуннар