Киир

Киир

Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр буолбут быһылаан бүтүн өрөспүүбүлүкэни аймаата: алтынньы 7 күнүгэр, өссө халлаан лаппа сырдык эрдэҕинэ, дьэллик ыттар 12 саастаах Виктория Кошубаҕа саба түстүлэр. Бу сонун федеральнай ханаалларынан эмиэ күүскэ тарҕаммыта. Ынырык быһылааны көрбүт туоһулар кэпсээннэриттэн киһи куйахата күүрэр.

Быраастар кыахтара баарынан кыыһы быыһыы сатаатылар да, хомойуох иһин, алтынньы 9 күнүгэр 40 чаас олоххо тардыһа сатаабыт кыысчаан сүрэҕэ адьырҕа ыттар тиистэрин тулуйбакка тохтоото... Алтынньы 12 күнүгэр кыысчааны тиһэх суолугар атаарыыга бөһүөлэк бүтүннүү кэллэ, Нерюнгри оройуонугар кутурҕан күнэ биллэриллибитэ.

656x438 1 977022a11bde768a916ded3c31e79aed1920x1280 0xavhNiFMD 9335491637026507402.jpg

Бу хаһан эмэ түмүктэниэ дуо?

Хомойуох иһин, Сахабыт сиригэр ыттар киһиэхэ саба түһүүлэриттэн дьон өлөр түбэлтэтэ аҕыйаҕа суох:

2003 сыл, олунньу. Дьокуускай куорат. 20 саастаах кыыһы Стадухин уулуссатыгар 15 дьэллик ыт саба түһэн өлөрбүтэ. Кыыс өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа реанимацияҕа киирэн өлөөхтөөбүтэ.

2010 сыл, ыам ыйа. Ленскэй куорат. Тоҕус саастаах кыыһы дьиэтин тэлгэһэтигэр дьиэлээхтэр ыттара өлөрбүтэ. Аҕата уулуссаҕа тахсан ынырык хартыынаны түбэһэ көрбүтэ: дэлби ытыртарбыт кыысчаана хаанынан устан өлө сытара, аттыгар кыыһы дьаһайбыт ыта олороро.

2013 сыл, тохсунньу. Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэ. Олохтоох балыыһаҕа киирбит дьахтар сырдык тыына быстыбыта. Бөһүөлэк олохтооҕо ааһан иһэн сиргэ бүтүннүү кыа хаан буолбут дьахтар сытарын булбута, муҥнааҕы ыттар куйахатын тырыта тыытан тиниктии сыталлара.

2014 сыл, олунньу. Нерюнгри оройуонун Беркакит бөһүөлэгэ. Дорожнай уулуссаҕа ыттар саба түһэн, 9 саастаах уолу туппуттара. “Суһал көмө” “номнуо өлбүт” эрэ диэн түмүктээбитэ. Оччолорго икки дьэллик ыт, икки моойторуктаах ыт уолу өлөрбүттэр диэн сабаҕалаабыттара.

2014 сыл, кулун тутар. Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгэ. Дьэллик ыттар үөрдэрэ 9 саастаах кыыска саба түһэн өлөрбүттэрэ. Бөһүөлэк баһылыгын тутан хаайбыттара, үлэтиттэн устубуттара. Кэлин кини РФ ХК 293-с ыст. 2-с ч. (дьалаҕай сыһыантан (халаатынас) алҕаска киһини өлөрүү) сууттаммыта. Оччолорго олохтоохтор миитиннээн, улуус баһылыгын дуоһунаһыттан уһултара сатаабыттара кыаллыбатаҕа. Ол да буоллар уһаабатаҕа, дуоһунаһыттан уурайбыта.

Ити сыл утуу-субуу буолбут быһылааннартан өрөспүүбүлүкэ былаастара улаханнык ыгылыйа сылдьыбыттара. Оччотооҕу Ил Дархан Егор Борисов дьэллик ыттар ахсааннарын бэрээдэктиир туһунан эбии миэрэ ыларга уураах таһаарбыта. Ыттары тута өлөрбөт инниттэн кинилэри дьон олоҕор кутталы үөскэтэр ынырык кыылга тэҥнээбиттэрэ. Ол эрээри ону “Бурматов сокуона” туора сотон кэбиспитэ.

2021 сыл, ахсынньы. Дьокуускай. Автодорожнай уокурукка киирсэр Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ипподромугар тэхиниичэскэй билим хандьыдаата, дассыан, ХИФУ полимернай нанокомпозиттар технологияларын лабаратыарыйатын сэбиэдиссэйэ Сардаана Слепцоваҕа биэс дьэллик ыт саба түһэн өлөрбүттэрэ. Сардаана Афанасьевна төрөөбүт күнэ буолаары турдаҕына суорума суолламмыта.

Ынырык ыстатыыстыка

Роспотребнадзор Госдуумаҕа эспиэрдиир сэбиэт мунньаҕар ыйбыт ыстатыыстыкатынан Арассыыйаҕа сыллата ыкка ытыртарыы ортотунан 360 тыһ. түбэлтэтэ бэлиэтэнэр эбит, ити 100 тыһ. нэһилиэнньэҕэ 243,7 тиксэр. Арассыыйа орто көрдөрүүтэ кэнники биэс сылга дойду 16 субъегар улааппытын бэлиэтээбиттэр.

Арассыыйаҕа ыттартан өлбүт дьону аахпаттар,  онтон сылтаан тэриллибит холуобунай дьыалалар ыстатыыстыкалара эмиэ ыытыллыбат. Арай иноагенынан билиниллибит “Агентство медиа” суруйарынан, 2020 сылтан бу күҥҥэ диэри ыттартан 19 оҕо суорума суолламмыт. Аҥаардас быйыл ыттартан дойдуга 8 киһи өлбүт, ол иһигэр – 4 оҕо. Дьэллик ыттар Хабаровскайга ускул-тэскил сылдьар хаамаайыны тутан сиэбиттэр. Сорох түбэлтэҕэ хаһаайыннаах ыттар саба түһэн өлөрбүттэрэ ыйыллар: Доннааҕы Ростовка стаффордширскай терьер диэн охсуһар боруода ыттар заводчик-хаһаайкаларын уонна кини ийэтин тырыта тыытан өлөрбүттэр. Башкортостаҥҥа баайыллан турар ыт 3 саастаах кыыска саба түһэн өлөрбүт. Ленинград уобалаһыгар алабай хаһаайкатын тутан өлөрбүт. Быйыл Кузбаска икки быһылаан бэлиэтэммит: дьиэтээҕи ыттар алталаах уонна түөртээх кыргыттары өлөрбүттэр.

Былырыын 11 киһи өлбүт, олортон 7 түбэлтэтигэр дьэллик ыттар саба түспүттэр. Иркутскай уобалаһыгар эр киһи, Оренбурга оҕо, Астрахань уобалаһыгар, Магадааҥҥа уонна Ставрополь кыраайыгар биир дьахтары уонна икки эр киһини өлөрбүттэр. Хаһаайыннаах ыттар Новгород уобалаһыгар уолу, Чечняҕа кыыһы, Аллараа Новгород уобалаһыгар уонна Алтаайга дьахталлары тутан өлөрбүттэр.

2022 сыллаахха ыттартан 12 киһи өлбүт, ол иһигэр алта оҕо. Олортон 11 түбэлтэҕэ хаһаайыннаах ыттар саба түспүттэр: Чукоткаҕа, Забайкалье кыраайыгар икки төгүл, эмиэ иккилии киһи өлүүлээх түбэлтэ Сочига, Тверь уобалаһыгар бэлиэтэммит. Маны таһынан Новосибирскай уобаласка, Красноярскай кыраайга, Бүрээтийэҕэ уонна Севастопольга бэлиэтэммит. Ярославскай уобаласка дьэллик ыттар дьахтары өлөрбүттэр.

Муннукка хаайбыттар

Чульмаҥҥа буолбут быһылаан сирэ олорор дьиэлэртэн тэйиччи турар – гараастар быыстарыгар. 12 саастаах Викторияны хадьырыйбыт сирдэрэ хаар үллүктүөр диэри кыа хаанынан тэлгэнэн, тырыта тыытыллыбыт синтепон куурка лоскуйдарынан бүрүллэн турбут. Билиҥҥэ диэри гараас эркинигэр кыысчаан барахсан хааннаах илиитин тиһэх суола көмө көрдөөн “быыһааҥ даа!” диэбитин санатар.

Олохтоохтор этэллэринэн, кыысчаан дьүөгэтигэр оонньоон баран, дьиэтигэр быһа суолунан бараары ыт үөрүгэр түбэспит. Оттон сорохтор  ыттар кыыһы гараастар муннуктарыгар куоттаран хаайбыттарын этэллэр. Быһылаан буолбут сириттэн бэрт аҕыйах миэтэрэлээх сиргэ адьырҕа ыттар тырыта тыытыллыбыт дьыбааннара турар.

Аны туран, бэрт чугас маҕаһыын баар. Ама, кыысчаан өлөр хаһыытын, ыттар өлөрөрдүү үрэллэрин ким да истибэтэҕэ буолуо дуо?

Кыысчаан дьиэлээн иһэн, дьүөгэтин кытары төлөпүөнүнэн кэпсэтэригэр “утары ыт үөрэ иһэр” диэн эппитигэр дьүөгэтэ тута аҕатыгар эрийэн тыллаабыт.

“Викаҕа 15 дьэллик ыт саба түспүт” дииллэр. Ити сиргэ кыысчаан төрөппүт аҕата уонна туоһулар тырыта тыытыллыбыт, бүтүннүү хаан буолбут кыыһы булаллар. Кинилэр суһаллык Чульман куораттааҕы балыыһатыгар, онтон Нерюнгри киин оройуоннааҕы балыыһатын травматология отделениетыгар илдьэллэр. Эпэрээссийэ хас да чаас устата барар.

Норуот долгуйуута

Алдьархай буолбута биллээтин кытары, тута социальнай ситимнэр өрө оргуйан олордулар, дьон үлтү кыйаханан эстиэхчэ буолбута. Кэмэнтээрийдээччилэр икки лааҕырга араҕыстылар: сорохтор дьаһалта дьэллик ыттар кыһалҕалара сытыытык турбутун билэ-билэ, киһи өлөрүн манаан турбут курдук, наадыйбатаҕын, атыттар айдааннаах “Бурматов сокуонун” буруйдууллар. Олор быыстарыгар “бу быһылаан биричиинэтэ – ыттары уулуссаҕа быраҕар дьон” дииллэр.

Нөҥүө күнүгэр олохтоохтор бөһүөлэк дьаһалтатыгар биир боппуруостаах муһуннулар: “дьэллик ыттарынан туолбут бөһүөлэккэ салгыы хайдах олоробут?” диэн. Биллэн турар, кэпсэтии олус күүрээннээх барбыт. Кинилэри өйдүөххэ сөп. Дьон бөһүөлэги бүтүннүү толорбут дьэллик ыттартан бэйэлэрин уонна оҕолорун көмүскүүрү ирдииллэр.

Алтынньы 8 күнүгэр оскуола үөрэнээччилэрин 60-ча %-на уруокка уонна куруһуокка кэлбэтэх. Төрөппүттэр оҕолорун соҕотохтуу ыытартан куттаммыттар, кинилэри омнуолуур табыллыбат курдук. Олохтоохтор ыттар оҕолорго эрэ буолбакка, улахан дьоҥҥо эмиэ саба түһэллэрин, нэһиилэ үргүтэллэрин кэпсииллэр.

Аны туран, Чульман амарах сүрэхтээх олохтоохторо (ордук дьахталлар) ыттары аһатар буолан, кыһалҕаны өссө сытыырхаталларын туһунан эмиэ ахталлар. Социальнай ситимнэргэ ону туоһулуур хаартыска элбэх. Ол түмүгэр ыттар аһыыр сирдэрин “туора” ыттартан көҥөнөн, харабыллаан бараллар.

Дьаһалта аактабай саалатыгар турбут ыһыы-хаһыы биир эр киһи киирбитигэр эмискэ чуумпуран хаалар. Кини: “Я отец этого ребенка. Я вчера побывал в аду. Реально я был в аду. Это очень страшная трагедия”, – диэхтиир.

Маныаха кини ыттары сокуон көмүскүүрүн, оттон олохтоох дьаһалта илиитэ-атаҕа бааллан хаалбытын кытары толору сөбүлэһэр.

Дьаһалта дьаалайбат?

Мунньахха Чульман дьаһалтата дьэллик ыттар үөрдэрин бэрээдэктииргэ туох үлэ барбытын уонна барыахтааҕын, туох миэрэлэр ылыллалларын туһунан иһитиннэрбит.

Бөһүөлэк дьаһалтата балай эмэ кэм устатыгар биир урбаанньыты кытары дьэллик ыттары дьаһайар туһунан дуогабар түһэрсээри кэпсэппит. Кулун тутар 1 күнүгэр дуогабар түһэрсиллибит. Ол эрээри ый буолан баран, урбаанньыт тутуллубут ыттары ханна да гынар, батарар кыаҕа суох буолан, дуогабардаспыт үлэтин тохтоторун туһунан сурук ыыппыт.

Чульман дьаһалтата Нерюнгри куораттааҕы суутугар СӨ Бэтэринээрийэҕэ дэпэртээмэнигэр дьэллик ыттарга приюту туталларыгар модьуйуу түһэрэн киллэрбит. Балаҕан ыйын 13 күнүгэр ону суут толору ылыммыт эбит.

Ону тэҥэ олохтоох дьаһалта муус устарга бөһүөлэк территориятыгар дьэллик ыттары быстах кэмҥэ тутар пууну тутар туһунан быһаарыыны ылыммыт. Билигин ол үлэ 90-тан тахса бырыһыана түмүктэнэн турар эбит. Ол гынан баран ол пуун бөһүөлэккэ сүүстэн тахса бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕатын бүтэһиктээхтик быһаарыа дуо?

“Сиикэй” сокуон

“Об ответственном обращении с животными” сокуон барыла Госдуумаҕа киирбитэ аҕыс сыл буолан баран, парламент аллараа палаататыгар кыыллары көмүскэһэр тэрилтэлэр баҕалара киирбитин учуоттаан баран, 2018 сыллаахха ылыммыттара.

Бу “Бурматов сокуонун” сүрүн ис хоһооно дьэллик ыттарга сыһыан бэрээдэгин быһаарыы буолбута. Кини сүрүн бириинсибэ – “ОСВВ: отлов – стерилизация (кастрация) – вакцинация – выпуск” диэн. Маныаха бэйдиэ сылдьар ыттары тутуу киһилии сиэрдээх (гуманнай) быһыынан эрэ ыытыллыахтаах, аттаан, ыраастаан, чииптээн баран,  хайаан да ыт тутуллубут сиригэр биирдэ көҥүл ыытыахтаахтар.

Судургутук эттэххэ, холобур, ыты оҕо уһуйаанын аттыгар туттахтарына, хайаан да төттөрү онно ыытыахтаахтар. Оттон ол төһө да аттаммытын, быһыыламмытын кэннэ “ыт кими да ытырыа суоҕа” диэн ким да мэктиэлээбэт. Адьырҕа тииһэ ханна барыай.

Салгыы. Сокуону айааччыларбыт ОСВВ кыылларга сыһыаннаан бэрт гуманнай, киһилии диэн, хас муннук аайыттан этэллэр. Оттон ол бэтэринээринэй бороссодуураны ыытан баран, биһиги курдук -50 кыраадыстаах тыйыс тымныыбытыгар төттөрү ыытыы төһө гуманнайый? Ордук кыһынын ыт аһын кыайан булан ылар кыаҕа суох буолан адьырҕатыйар. Ыттар ас көрдөөн үөрдэһэллэр. Оттон үөр ыт сүрдээх кутталлаах. Аны туран, ол чииптээх, бииркэлээх ыты хос тутар көҥүллэммэт. Дьэ, сити курдук, барыта таҥнары иэҕиллэн эргийэ турар.

Маныаха эбиитин хаһаайыннар ыттарын бэйдиэ ыытан кэбиһэллэрэ мэһэй буолар. Чульман чаттарыгар хаһаайыннаах ыттар бөһүөлэк устун дьиэлэригэр курдук көҥүл-босхо күүлэйдии сылдьар хаартыскалара хара баһаам. Оттон ол ыттар хаһаайыннарын булан ылар олус уустук.

Ону быһаарарга дьиэтээҕи  ыттары барыларын чииптээн баран, кытаанах учуокка ыллахха эрэ, кыаллар кыахтаах. Ону тутуспатахтарына, хаһаайыннар тиэрэ кэлэн түһүөхтэригэр диэри ыстарааптаан саайыахха. Ол эрээри биһиги уопсастыбабыт дьиэ кыылыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарга бэлэмэ суох. Билигин даҕаны даачаларга ыттарын быраҕан кэбиһэр дьон элбэх.

Дьокутааттар туох дииллэрий?

Быйыл бэс ыйыгар Ил Түмэҥҥэ хаһаайына суох дьэллик ыттары өлөрөрү көҥүллүүр эрэгийиэннээҕи сокуону ылынан тураллар. Инньэ гынан, Саха сирэ Арассыыйаҕа кыыллары эвтаназиялыыры көҥүллээбит тохсус эрэгийиэн буолбута (билиҥҥитэ 12 эрэгийиэн оннук сокуону ылынан турар).

Ити эрэгийиэннээҕи сокуоммут бэйдиэ сылдьар ыттарга сыһыаны бэрээдэктиир. Сокуон ыттары хайдах тутары, кинилэр матыыба суох агрессияларын быһаарарга көрүүнү ыытыыны, чииптээһини уонна приюттарга угууну, оттон приют суох буоллаҕына, быстах кэмнээх пууннарга (пункты временного содержания) угары көрөр. Онно, дьэ, вакцинация ыыталлар, ууһуур уорганнарын ыраастыыллар, ол кэннэ хаһаайыннары көрдүүллэр.

Сорох түгэҥҥэ ыттары суох оҥоруохха сөп. Холобур, бу ыт өрүттэр кыаҕа суох ыалдьыбыт буоллаҕына эбэтэр кини туруга киһиэхэ уонна атын ыттарга кутталлаах буоллаҕына. Маны таһынан эмтэммэт баастаах уонна матыыба суох саба түһүтэлиир буоллаҕына, эмиэ эвтаназиялыыр көҥүллэнэр.

Оттон ыттарга 30 күн иһигэр саҥа хаһаайыннары булбатахтарына, кинилэри “наадалара суох” (невостребованные) диэн ааҕаллар. Ити түгэҥҥэ ыты тутуллуоҕуттан отут биирис хонугар укуоллаан кэбиһэллэр.

Ол эрээри Конституционнай суут ити дьэллик ыттары өлөрөр Ил Түмэн сокуонун тута сытар. Ити сокуоммут сорох нуормата Бурматов бэлэмнээбит федеральнай сокуонун утарар, ол иһин өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү суута ону быһааран биэрэригэр Конституционнай сууттан көрдөспүт. Генеральнай борокуратуура “федеральнай сокуоҥҥа киирбит эбии  уларытыылар эрэгийиэннээҕи сокуоннарга федеральнай сокуоннары баһылыылларыгар кыах биэрдэ” диэн матыыптаан, ону Конституционнай сууттан ити утарыта турсуулары ылан быраҕарыгар көрдөспүт. Билиҥҥитэ бүтэһиктээх быһаарыы ылылла илик.

Төһө приют баарый?

СӨ Бэтэринээрийэҕэ дэпэртээмэнэ иһитиннэрбитинэн, билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ дьэллик ыттары тутар 12 пуун баар: Бүлүү улууһугар – 20 ыкка аналлаах, Кэбээйигэ – 11, Нерюнгри оройуонугар (Нерюнгри куоракка – 59, Серебряный Бор бөһүөлэккэ – 50, Чульмаҥҥа – 50), Ньурбаҕа – 5, Өймөкөөҥҥө – 19, Өлүөхүмэҕэ – 17, Өлөөҥҥө – 30, Орто Халымаҕа – 25, Сунтаарга – 25, Уус Алдаҥҥа 30 миэстэлээх.

Ил Түмэн: “Сокуон үлэлии турар”

Бэйдиэ сылдьар, биир ый устата кинилэргэ ким да наадыйбатах ыттары утутар ньыманы көҥүллүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуону  норуот дьокутааттара Александр Атласов, Юрий Николаев, Владимир Прокопьев, Андрей Находкин уонна Александр Кошуков бэлэмнээн, ылылларын ситиспиттэрэ. Ол эрээри, ити сокуон ылыллыбытын кэннэ, Мииринэй куорат зооволонтердара (үс дьахтар) ким да наадыйбат ыттарын өлөрөрү (умерщвление) көҥүллүүр пуунун утаран, СӨ Үрдүкү суутугар административнай үҥсүү түһэрбиттэр. Ону балаҕан ыйын 17 күнүгэр суут көрөн баран, зооволонтёрдар сөпкө туруорсалларын ыйбыт уонна ити ыттары эвтаназиялыыр пууну көтүрэргэ көҥүллээбит. Билиҥҥитэ ити суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

Александр Кошуков, Ил Түмэн дьокутаата:

Александр Кошуков

– Дойду Судаарыстыбыннай Дуумата бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларын быһаарыыга эрэгийиэннэр олохтоох сокуоннарын уонна быһаарыыларын ылыныахтарын сөбүн көҥүллээбитин кэннэ, биһиги Ил Түмэҥҥэ 2024 сыл бэс ыйын 13-с күнүгэр бэйэбит олохтоох сокуоммут барылын ылыммыппыт. Бу сокуон хаһаайына суох, бэйдиэ сылдьан тутуллубут ыттары приюттартан, тутар-иитэр пууннартан биир ый устата ким да ылбатаҕына, кинилэри ыарыыта суох утутан кэбиһэри көҥүллүүр суолталаах.

Бу сокуон ис хоһоонун быһаарар буоллахха, маннык: бэйдиэ сылдьар ыт тутуллубутун кэннэ биир ый, ол эбэтэр 30 хонук устата, хаһаайына ирдэспэтэҕинэ эбэтэр саҥа хаһаайын ыла кэлбэтэҕинэ, бу ыты, эрэйэ-моhуога суох утутуллар буолуохтаах.

Бу – сөптөөх сокуон. Тустаах сокуон барыла нэһилиэктэргэ бэйдиэ сылдьар ыттар ахсааннарын элбэппэт туһуттан оҥоһуллубута, билэргит курдук, сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга бэйдиэ сылдьар ыттары төһө да чииптээбиттэрин, бэлиэтээбиттэрин үрдүнэн, кинилэр син биир дьулаан кыыл төрүт инистиинин син биир сүтэрбэттэр, адьырҕа быһыыларынан дьоҥҥо кутталы үөскэтэллэр.

Сокуон өссө биир өрүтэ – бүддьүөт харчытын харыстааһын. Өйдүүргүт курдук, “Бурматов сокуона” диэн ааттаммыт Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, олохтоох дьаһалта бэйдиэ сылдьар ыттары хаһан бэйэлэрэ өлүөхтэригэр диэри иитиэхтээх, көрүөхтээх-истиэхтээх диэн.

Мииринэй куорат кыыллар бырааптарын көмүскээччилэрэ суукка үҥсүүлэрин туһунан этэр буоллахха, маннык.

Бэйдиэ сылдьар ыттары утутар ньыманы көҥүллүүр сокуон ылыллыбыта 3 ый буолбутун кэннэ, балаҕан ыйын 17-с күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суута, тустаах сокуон 2-с чааһын 5-с хос пуунун дьиҥэ суоҕунан билиммитэ. Бу пууҥҥа бэйдиэ сылдьар ыт тутуллубута 30 күн буолан баран, кинини хаһаайына ирдэспэтэҕинэ, эбэтэр саҥа хаһаайын иитэ ылбатаҕына, ыт утутуллара көҥүллэнэр диэн.

Ону биһиги, дьокутааттар, Үрдүкү суут быһаарыытын көтүртэрэр санаалаахпыт.

Биири тоһоҕолоон этиэм этэ: Мииринэй куорат кыыллар бырааптарын көмүскэһээччилэрин үҥсүүлэрин Үрдүкү суут төһө да толордор, хаһаайына суох, ый устата ким да наадыйбатах ыттары ыарыыта суох утутан кэбиһэри көҥүллүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон бүгүҥҥү күҥҥэ диэри үлэлии турар.

Кыыллары көмүскээччилэр үҥсүүлэрэ тустаах сокуон үлэтин тохтотор кыаҕа суох. Суут быһаарыытын көтүрэр үҥсүү син биир сурулла туруоҕа, биһиги тустаах быһаарыы көтүллүөр диэри утара туруохпут.

Онон сокуон син биир үлэлиир. Бэйдиэ сылдьар ыттар 30 хонук устата хаһаайыннарын булбатахтарына, куораттарга, бөhүөлэктэргэ, нэһилиэктэргэ босхо ыытыллыбакка, ыарыыта суох утутуллан, "дьаhаллан" иhиэхтээхтэр.

Ким эппиэттиир?

Чульман быһылаанын кэннэ Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ А.Бастрыкин тус туруорсуутунан тута холуобунай дьыала көбүтүллүбүтэ. Виканы харайар күннэригэр силиэдэбэтэллэр бөһүөлэк баһылыга Сталик Дерягины тутан ИВС илдьэн хаайбыттара. Дерягин “дьалаҕайдык сыһыаннаспытын түмүгэр оҕону алҕаска өлөрдө” диэн буруйданар. Кинини силиэдэбэтэллэр уонна борокуратуура СИЗО-ҕа утаара сатаабыттара. Онуоха Нерюнгритааҕы суут Ил Түмэн дьокутаата Александр Кошуков уонна Нерюнгри оройуоннааҕы дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Наталья Бараханова тус мэктиэлээһиннэринэн босхолообута. Дерягин албакаата Марина Афанасьева “буруйу кимиэхэ эрэ түһэрбит эрэ диэн тэриллибит холуобунай дьыала” диир. Дерягины кыайан хаайбатылар эрээри, силиэстийэ туруорсан, дуоһунаһыттан туораттылар. Уорганнар “Дерягин баһылыктыы олорон силиэстийэ хаамыытын туорайдаһыан сөп” дииллэр. Билиҥҥитэ Дерягин быстах кэмнээх уоппуска ылбыт уонна ити үлэтиттэн туоратар быһаарыыны салгыы аахсар санаалаах.

Социальнай ситимнэргэ “2021 сыллаахха ХИФУ учуонайа Сардаана Слепцованы ыттар тутан өлөрбүттэригэр куорат мээрэ тоҕо эппиэккэ тардыллыбатаҕай? Тоҕо Автодорожнай бырааба боростуой үлэһитэ эрэ сууттаммытай?” диэн мунаахсыйаллар.

Кырдьык, бу быһылааҥҥа ким эппиэти сүгүөхтээҕий? Айдааннаах Бурматов сокуонун айбыт уонна ылыммыт дьон дуо? Эбэтэр 52 куораттаах уонна бөһүөлэктээх, 582 нэһилиэнньэлээх өрөспүүбүлүкэҕэ быйылгы бүддьүөккэ ыт боппуруоһун быһаарарга баара эрэ 80 мөл. солк. көрдөрбүт Ил Түмэн дуу? Биллэн турар, муниципалитет салайааччыта дьонун иннигэр эппиэтинэһи сүгүөхтээх. Оттон кини илиитэ-атаҕа бааллыбыт буоллаҕына, пууну тутар харчыта, ыттары тутар үбэ суох буоллаҕына, аҥаардас бэйэтэ эрэ эппиэттиирэ төһө сөбүй? Ыттарын кыайан дьаһайбат, уулуссаҕа быраҕаттыыр дьон эмиэ эппиэттиэхтээхтэр. Уопсайынан, манна бары да эппиэтинэһи сүгэбит. 

656x361 1 914e4a9d17f884b118849e60bde932aa1282x705 0xtYPRx3tw 7131682712514613923.jpg

Дмитрий ИВАНОВ бэлэмнээтэ.