Үбүлүөйдээх дааталар, устуоруйа умнуллубат түгэннэрэ -- барыта дойду олоҕун-дьаһаҕын кэрэһиттэрэ буолаллар. 2018 сылга Арассыыйа эбэ хотун туох-ханнык бэлиэ түгэннэри бэлиэтиэҕэй?
Сталинградтааҕы кыргыһыы 75 сыла
Быйыл Аан дойду иккис сэриитин хаамыытын уларыппыт Сталинградтааҕы кыргыһыы 75 сылын бэлиэтиэҕэ. Бу киһи аймах олоҕун тосту уларыппыт кыргыһыы суоһар даататын Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуга бэлиэтиэхтэрэ. Эспиэрдэр бэлиэтииллэринэн, бу бэлиэ түгэни туһанан, Владимир Путин быыбар иннинээҕи хампаанньатыгар Сталинградтааҕы сэрии туһунан үгүстүк ахтыаҕа, “оборонительная риторика” курдук туһаныаҕа дииллэр. Сталинград кыргыһыыта 1942 сыл от ыйын 17 күнүгэр саҕаламмыта уонна 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр түмүктэммитэ. Бу кырыктаах кыргыһыы киһи ааймах саамай ынырык кыргыһыыта этэ. Манна икки өттүттэн 2 мөл. кэриҥэ киһи өлбүтэ. Суостаах кыргыһыыга сүүс бырыһыан урусхалламмыт бу куорат чөлүгэр кыайан түһэр кыаҕа суох этэ. Оннооҕор Мамай кургааныгар икки сыл устата миинэттэн сылтаан салаа да от үүммэтэҕэ. Ол эрээри Сталин хайаан даҕаны куораты чөлүгэр түһэрэр туһунан модьуйбута.
Кулун тутар 18 күнэ
Бары билэргит курдук, бу күн Арассыыйа олохтоохторо саҥа бэрэсидьиэни талыахтара. Быыбар түмүгэ биллибитин кэннэ, миниистирдэр кэбиниэттэригэр уларыйыы бөҕөтө буолара сабаҕаланар. Саҥа бырабыыталыстыба премьерин бэрэсидьиэн инаугурациятын кэннэ (2000 сылтан ыла ыам ыйын 7 күнүгэр буолар бэрээдэгэ олохтоммута) Госдумаҕа ыам ыйын 8-11 күннэрин икки ардыгар түбэһиннэрэн бигэргэтиэхтэрэ.
Бэс ыйын 14 күнэ
Бу күн футболга аан дойду чөмпүйэнээтин үөрүүлээх аһыллыыта буолуоҕа. Чөмпүйэнээт хаһаайына, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандата, Сауд Аравиятын кытта киирсиэҕэ. Биһиги хамаандабыт бу киирсиигэ хайдах да оонньоотор, устуоруйаҕа үйэ-саас тухары аан бастаан чөмпүйэнээт хаһаайына буолан кыттыбытынан киириэҕэ.
От ыйын 17 күнэ
Бу күн ыраахтааҕы дьиэ кэргэнин кыдыйбыттара 100 сыла туолар. Былырыын Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин үйэлээх үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит. Сэрэйиллэрин курдук, ыраахтааҕы ытыллыбыт күнүн иннинэ уопсастыбаҕа идеология мөккүөрэ тыҥыыр чинчилээх. Маны таһынан, Екатеринбург анныгар көстүбүт ыраахтааҕы дьиэ кэргэнин өлүктэрэ төһө кырдьыктаах, сымыйа эбитэ эмиэ аҕыс айдааны таһаарар чинчилээх. Романовтар трагедияларын туһунан судаарыстыба сулууспалаахтара, таҥара үлэһиттэрэ элбэҕи этэллэрэ-тыыналлара сэрэйиллэр.
Атырдьах ыйын 17 күнэ
Бу күн Арассыыйа олоҕун тосту-туора уларыппыт 1998 сыллаахха буолбут дефолт 20 сыла туолар. Бу күнү уопсастыбаҕа 90-с сыллардааҕы либеральнай-экэнэмиичэскэй бэлиитикэ самныытын курдук сыаналыыллар. Ити кэнниттэн Арассыыйа консервативнай мадьыалынан сайдар суолу тутуспута. Дефолт түмүгүнэн былааска “силовиктар” кэлитэлээн барбыттара: бастаан – Е.Примаков, онтон – В.Путин.
Алтынньы 4 күнэ
Бу күн Үрүҥ Дьиэни тааҥканан ытыалаабыттара үйэ чиэппэрэ буолар. Ельцин уонна Үрдүкү Сэбиэт икки ардыгар тыҥаабыт бэлиитикэ мөккүөрүн түмүгэр Үрүҥ Дьиэни ытыалаабыттара. Бу даатанан туһанан, оппозиция тустаах бэлиитикэтин иэҕээри араас хамсааһыны ыытыан сөп диэн эспиэрдэр сабаҕалыыллар. Маны таһынан дойду киин куоратыгар уонна улахан куораттарга дьон халыҥ араҥата уулуссаҕа араас былакааттаах хаамсан, улахан кутталы үөскэтиэн сөп дииллэр.
Сэтинньи 11 күнэ
Бу күн Аан дойду бастакы сэриитэ түмүктэммитэ 100 сылын бэлиэтииллэр. Сүрүн тэрээһин сэрии түмүктэммит дойдутугар – Францияҕа ыытыллыахтаах. Эспиэрдэр бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ саҥа талыллыбыт Арассыыйа бэрэсидьиэнин Э.Макрон Петербурга пуорумҥа кэлэ сылдьан ыҥырыа диэн сылыктыыллар. Эспиэрдэр ону ааһан Арассыыйа уонна Франция бэрэсидьиэннэрэ көрсүһүү түмүгүнэн, 2019 сылга ЕС биллэрбит сааҥсыйаларын сымнатар туһунан кэпсэтиини ыытыахтарын сөп. Оннук эрэ буоллун.
Ахсынньы 12 күнэ
Бу күн Арассыыйа Төрүт сокуону ылыммыта 25 сыла буолар. Төрүт сокуону 1993 сыллааҕы хамсааһын түмүгэр бигэргэппиттэрэ. Ол да буоллар күн бүгүн Төрүт сокуону тосту уларытарга Конституция сэбиэтин тэрийэр туһунан этиилэр киирэллэр. 2017 сыллаахха Госдумаҕа сокуон барыла номнуо киирбитэ, онон быйыл ылыныахтарын да сөп курдук. Быйыл бу үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, бэрэсидьиэн үгэс курдук парламеҥҥа киэҥ ыҥырыытын тиэрдиэҕэ.
Ахсынньы 18 күнэ
Бу күн, барыта этэҥҥэ буоллаҕына, былаан быһыытынан Кырыым күргэтинэн бастакы массыыналар айанныахтара. Боруоба быһыытынан бастакы массыыналары бэрэсидьиэн быыбарын баттаһа бу кулун тутарга туоратыахтара. Онно билиҥҥи бэрэсидьиэн Владимир Путин уруйдаабытынан-айхаллаабытынан илэ бэйэтинэн баар буолуо диэн сэрэйэллэр.
Дмитрий ИВАНОВ бэлэмнээтэ.