Мииринэй куорат олохтоохторун бастыҥ хааччыстыбалаах, сибиэһэй бородууксуйанан хааччыйыыга дьоhуннаах тэрээhин буолла. Бу тэрээhини Саха сирин тыатын хаhаайыстыбатын министиэристибэтэ, «АЛРОСА» «Профалмаас» профсойууhа, Мииринэй оройуонун дьаhалтата,«Ситим» медиа-бөлөх, мээрийэ кыттыһан ыыттылар.
Балаҕан ыйыгар «Алмаастаах күhүн-2018» диэн олохтоох бородууксуйа быыстапка-атыытын олус астыммыппыт.
Ол кэнниттэн, өр кэмҥэ сибиэһэй эти-балыгы амсайбакка, хараарҕаан ахан олордубут.
Онон бу күннэргэ «Алмаастаах түөлбэ - 2018» дьаарбаҥка ыытыллан сүрдээҕин көнньүөрдүбүт.
Атыы-тутуу олус көхтөөхтүк барда. «Юбилейнай» эргиэн киинигэр дьон тоҕуоруһа муһунна.
Ыраах сиртэн кэлбит тэрилтэлэрбит кимнээх эбиттэрий?
Дьокуускайтан – «Северное сияние» фирма, Бүлүүттэн – «Сыа Бүлүү» кээпэрэтиип, Ньурбаттан – “Байар” фирма, Маалыкай хаһаайыстыбата, Сунтаартан - «Тирэх» фирма, «Тускул» ТХКП (Күндэйэ), Кириэстээхтэн – «Yрдэл» ТХПК.
Уһун-Күөлтэн Светлана Павлова уонна Юрий Павлов хаһаайыстыбалара, Уһун-Күөл агрооскуолата.
Эмис эттэн, полуфабрикатыгар, быырпахтан саҕалаан чөчөгөйгө, сүөгэйгэ, дьэдьэннээх чохооҥҥо, бэйэ оҥоһуута туортка тиийэ ас талбыккыттан баар.
Эмис туут балык, бөкүнүк чыыр, муксуун, быраҥаатта, тууhаммыт балык, дьуухала, собо, сыалаах эт эгэлгэтэ, үүт аhылык – талбыккыттан.
Манна ыыһаммыт эт, сибиинньэ сыата, Сунтаар Күндэйэтин дьикти минньигэс, сып-сымнаҕас сыыра, халбаһыы, суорат, иэдьэгэй, йогурт, кыыгынас быырпах, быластаах арыы, саахыматтаах баахыла, саҥыйахтаах алаадьы, сүөгэйдээх алаадьы, ис, харта, быар, хаан, ынах тыла, уомул искэхтэрин икки суорда, тиэптэл, кэтилиэт, бэлимиэн, фарш, куурусса этэ...саха санаабыта барыта баар!
Дьэ ити курдук, тыа улуустара уонна дьокуускайдар талыы-талба аһы мииринэйдэргэ анаан, тилэри тартылар.
Мииринэйгэ олохтоох бородууксуйаны бу да сырыыга бэркэ диэн сөбүлээн ыллылар.
Уочараттарын былдьаһан, мииринэйдэр, көрүдьүөс этиһиилэрэ да баара. Хаһааҥҥы эрэ сэбиэскэй кэми санаппыта.
Дьаарбаҥка – олохтоохторго дьиҥнээх бырааһынньык. Дьэ арай, «Юбилейнай» эргиэн киинин ахсыс павильона, сиэри таһынан кыараҕаһын ааһан, бачча элбэх киһи мустарыгар ончу барсыбатын бэлиэтиибин.
Дьэ маннык тоҕуоруһууну көрөн, аныгыскы сылларга, дьаарбаҥканы, арыый кэҥэс сиргэ, холобур "Кимберлит” успуорт дыбарыаһыгар ыытыахха наада.
Атыы-тутуу быыhыгар, үгэскэ кубулуйбут күндү балыгы кыhыыга күрэх ыытылынна. Күрэхтэhии элбэх дьон интэриэhин тарта.Дьаарбаҥка кэмигэр лотерея эмиэ оонньонно.
«Алмаастаах түөлбэ-2018» атыы-тутуу дьаарбаҥкатыгар ситиhиилээхтик кыттыыны ылбыт тэрилтэлэргэ, урбаанньыттарга сэртипикээттэр уонна сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.
Бастыҥ эт бородууксуйатын иһин Сунтаартан С.Спиридонов бириэмийэлэннэ.
Бастыҥ атыылааччы аатын Уһун Күөллээҕи агрооскуола(Сунтаар улууһа) ылла.
“Норуот биһирэбилэ” бириэмийэ Уһун-Күөлтэн Ю.Павлов хаһаайыстыбатыгар тигистэ.
Аны, уһулуччу бастыҥ бириистэрбитигэр тиийиэххэ.
Мииринэй улууһун баһылыгыттан 50 тыhыынча солк. харчынан бирииhи «Сыа Бүлүү»(Бүлүү куората) кээпэрэтиип тутта.
Оттон «Профалмаас» эмиэ 50 тыһ. солк. бириэмийэтин Кириэстээх «Үрдэл» ТХПК ылан үөрдэ-көттө.
Ити курдук, киһини астыннарар атыы-тутуу дьаарбаҥката буолан ааста. Мииринэйдэр уһун кыһыҥҥа анаан, ас арааһын хаһааннылар, астыннылар, санаалара көтөҕүлүннэ.
Станислав Алексеев, Мииринэй куората. Ааптар хаартыскалара.