Киир

Киир

(Саха сирин алмаастарын хайдах суортууллара уонна сыаналыыллара)

АЛРОСА алмааһын атыытынан дьарыктанар Саха сирин тэрилтэтэ төрүттэммитэ 30 сыл буолла.

АЛРОСА алмаастарын атыылыыр тэрилтэ (ЯПТА) сиртэн хостоммутунан сылдьар таҥастамматах таастары суортуурунан, кэмпилиэктииринэн (комплектация) уонна батарыынан дьарыктанар. Бу тэрилтэ үлэлээбитэ быйыл лоп курдук 30 сыла туолар. Сыччах былырыын бу тэрилтэ 10 мөл. тахса караат алмааһы суортаабыта.

Ыстатыыстыка бигэргэтэринэн, аан дойдуга сыаналанар хас биирдии уон иккис алмаас – бу тэрилтэ үлэһитэ суортаабыт тааһа буолар.

Тэрилтэ үлэлээн кэлбит устуоруйатын, күндү тааһы суортааһын уонна сыаналааһын хайдах ыытылларын, ЯПТА үлэһиттэригэр түбэһэр хатыламмат дьикти алмаастар тустарынан бу мантан аллара билсиэхпит.

ЯПТА 1993 сыл тохсунньу 28 күнүгэр, АЛРОСА оччотооҕу салалтатын быһаарыытынан тэриллибитэ. Ити сыл муус устар 1 күнүгэр регистрацияламмыта. Тэрилтэ түстэниитигэр Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна хаһаайыстыбатын диэйэтэлэ Ньургун Семенович Тимофеев оруоллаах.

IMG 6747

Тэрилтэ төрүттэммит историятыттан

Бу тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ алмааһы кырыылыыр тэрилтэлэрин сырьенан хааччыйар дьэҥкэ сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ. Сүрүн үлэтэ-хамнаһа – таҥастамматах алмаастары суортарга араарыы, олору сыаналааһын уонна батарыы.

1996 сылтан бу тэрилтэ ис уонна тас ырыынакка алмааһы батарыы көдьүүһүн үрдэтэр сыалтан тэриллибит АЛРОСА Кэлим батарар тэрилтэтин (ЕСО) салаата буолбута. ЯПТА Москубаҕа баар АЛРОСА ЕСО-тун, Мииринэйгэ түстэммит алмааһы суортуур Киини, АЛРОСА Владивостокка баар филиалын, ону таһынан тас дойдуларга баар хампаанньа атыыга-тутууга тэрилтэлэрин кытта АЛРОСА батарар булуогар киирэр.

Бастыҥ үлэһиттэр

ЯПТА үлэлээбит сылларыгар Арассыыйа алмаасчыттарын үгэстэрин, РФ Гохраныгар, «Алмазный центр» тэрилтэлэригэр, «Алмазювелирэкспорт» уонна «Якуталмаз» НПО-ҕа ыытыллар үлэ быраактыкатын көмөтүнэн үрдүк кылаастаах исписэлиистэрдээх үтүөкэн кэлэктиип таҥыллыбыта.

DSC 5395

Күн бүгүн тэрилтэ 166 үлэһиттээх. Кинилэртэн 80-тан тахса бырыһыаннара – үрдүк үөрэхтээхтэр, сүрүннээн, геолог, горняк, физик идэлээхтэр. Хас күн аайы үтүмэн үгүс сыаналаах таас суккуллар сиригэр идэлэригэр таһымнаах, үрдүк эппиэтинэстээх, бэрээдэктээх дьон ирдэнэллэрэ өйдөнөр. Ити курдук, уһун, кыһамньылаах, быыччык үлэ түмүгэр баай уопут мунньуллар, идэҕэ таһым үрдүүр, бииргэ идэлээхтэр билиниилэрэ кэлэр.

DSC 5965

ЯПТА бэтэрээннэринэн киэн туттар. Кинилэр ортолоругар – суортуур уонна кэмпилиэктиир сыах сүрүннүүр эспиэрдэрэ Ольга Владимировна Белова, Юрий Николаевич Свешников, оҥорон таһаарыы-технология отделын начаалынньыга Николай Афанасьевич Тобонов, кылаабынай эспиэр сулууспатын кылаабынай исписэлииһэ Анастасия Ивановна Герасимова, сүрүннүүр технолог Татьяна Иннокентьевна Васильева уонна да атыттар бааллар.

Интэриэһинэй чахчы: ЯПТА-ҕа үлэлэлээбиттэрэ үйэ чиэппэрэ буолбут уонна онтон да уһуннук үлэлээбит 83 киһи күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Каадыр састааба ол курдук күүстээх, уопуттаах, үөрэхтээх, бэртээхэй бэлэми ааспыт, оннун-тойун булбут технология, алмаас биисинэһигэр билиниллибит аат – бу барыта АЛРОСА алмаастарын атыылыыр Саха сиринээҕи тэрилтэтин тирэхтээх, туруктаах үлэтин бигэ тирэҕэ. 

DSC 5912

Хостооһунтан суортуурга тиийэ

Хайа-байытар кэмбинээттэриттэн булуллубут алмаастары Мииринэй куоракка баар алмааһы суортуур Киин тэрилтэтигэр ыыталлар. Ону күндү таастары суортуур 110 үлэһиттээх сыахтарга ылан наардыыллар. Алмааһы туталларыгар ыйыыллар, кээмэйдииллэр, учуокка ылаллар. Химическэй ыраастааһын, сууйуу түһүмэҕин аһардаллар. Кээмэйинэн-ыйааһынынан ханнык бөлөххө киирэрин быһаараллар.

Бөдөҥ, ол эбэтэр, 10-тан улахан карааттаах, «анал кээмэйдээх алмаас» диэн ааттанар күндү таастары Москубаҕа түстэммит АЛРОСА ЕСО-тугар илдьэн, туһунан учуоттууллар уонна суортууллар. Улахан, 1 карааттан (0,20 гр) улахан алмаастар сүүс бырыһыан тас көрүҥүнэн суортааһыны (визуальная сортировка) ааһаллар, хас биирдии таас кичэйэн көрүллэр.

DSC 5844

Орто уонна кыра кээмэйдээх алмааһы номенклатура улаатыннарыллыбыт категориятынан наардыыллар. Аттестация уонна бастакы сыана быһыы «представительнай боруобаны» суортааһын түмүгүнэн ыытыллар.

Алмааһы суортуурга араас көрүҥ олус чуолкайдык, чопчутук көрөр уонна оҥорон таһаарыыта үрдүк көрдөрүүлээх аныгы оборудование туттуллар. Холобур, моһуоннарынан (формаларынан) араартыырга туттуллар дьигиһийэр (вибрационнай) остуоллар, өҥүнэн-дьүһүнүнэн араартыыр оптическай аптамааттар, ыйааһынынан наардыыр аптамааттар, олус чуолкайдык көрдөрөр прецизионнай электроннай ыйааһыннар диэн бааллар.

Алмаас толору эбэтэр улаатыннарыллыбыт номенклатуранан суортааһыны ааспыт алмаас бастакы (первичнэй) сыаната Арассыыйа Үпкэ министиэристибэтин прейскураныгар олоҕуран, быһаарыллар. Ол суоттабыла анал бырагыраама көмөтүнэн быһа (автоматически) оҥоһуллар.

DSC 5994

Суортуур сыах

АЛРОСА ЯПТА суортуур сыаҕар алмаас быһа барыллаан суортааһынын ыыталларыгар аныгы оборудованиены тутталлар. Ол курдук алмааһы быһыытынан-таһаатынан араарар «VT-21» вибрационнай остуол уонна «Sartorius» пиирмэ оҥоһуга прецизионнай электроннай ыйааһын баар. Алмааһы ыйааһынынан наардыырга туттуллар «DWSM» Англия оҥоһуга аппараатын оннугар Арассыыйа оҥоһуга «Эксперт-01» аппараат, АКБ буоксаларын кэмпилиэктиир аптамааттары тутталлар.

Суортааһын үлэтэ 8000-тан тахса позициялаах анал классификаторга олоҕуран, алмаастары араас көрүҥ категорияҕа араарар сыаллаах. Алмаастар ыйааһыннарынан, кээмэйдэринэн эрэ араастаспаттар. Ону таһынан быһыыларынан, хаачыстыбаларынан уонна өҥнөрүнэн-дьүһүннэринэн эмиэ уратылаахтар. Алмаастары суортарга араарыы төһө сөпкө оҥоһуллубутуттан, хаачыстыбатыттан алмаас түмүк сыаната, алмаас атыытыттан төһө үп-харчы киирэрэ быһаччы тутулуктаах.

Бородууксуйа хаачыстыбатын салайыы уонна оҥорон таһаарыы туруга бигэ буолуутун хааччыйарга норуоттар икки ардыларынааҕы ISO 9001 хаачыстыба ыстандаардыгар олоҕуран сэртипикээссийэлэммит хаачыстыба менеджменин систиэмэтэ туттуллар.

vlcsnap 2023 01 12 11h36m58s720

Онуоха ол сөп түбэһии сэртипикээтэ хас сыл аайы хаттаан бигэргэнэр буолбута ыраатта.

Тэхиньиичэскэй сэбилэнии былааныгар олоҕуран, Арассыыйатааҕы «Буревестник» НПО оҥорон таһаарар, бэйэтэ (автоматически) алмааһы быһыытынан, өҥүнэн уонна хаачыстыбатынан наардыыр тэриллэрин туһаналлар. Ол оҥорон таһаарыыны биллэ улаатыннарар кыаҕы биэрэр. Хас биирдии аппараат алмааһы араас суол чопчу харахтарыыстыкаларга олоҕуран наардыыр. Ол курдук, холобур, «АСА-1Ц» диэн аптамаат алмааһы өҥүнэн көрөн, биидьийэ устуу ньыматын туһанан, 12 араас бөлөххө арааран наардыыр.»АСА-2Ф» аптамаат алмаас моһуонун 10 араас көрүҥҥэ араарар. Итинник наардыырга туттуллар муҥутуур түргэн тэтимнээх аптамаат 1 сөкүүндэҕэ 10 устууканы суортуур кыахтаах!

Алмаас сырьетун суортуурга төһө да араас көрүҥ аныгы аптамааттар уонна аппарааттар туттуллубуттарын иһин, үгүс өттүгэр суортуур үлэ олус быыччык уонна унньуктаах уһун бириэмэни ирдиир илии сылаалаах үлэтэ. Суортааччы уонна эспиэр хас биирдии быыкаа тааһы луупанан эбэтэр микроскобу туһанан сыныйан көрөллөр, анал классификаторга олоҕуран, чопчу позициятын быһаараллар. Онуоха өссө холобур быһыытынан туттуллар алмаас сэдэх кэллиэксийэтигэр суортуур таастарын тэҥнээн көрөллөр.

DSC 5833

«Эспиэрдэр суортуур кэмнэригэр бастаан утаа алмааһы көрөн баран, сэдэхтик көстөр кристаллографическай моһуоннаах, морфологическай уратылаах уонна өҥүнэн-хаачыстыбатынан атыннаах алмаастары туһунан бэлиэтиир (араарар) кыахтаахтар. Хас биирдии ураты экземпляр сыаннаһын, суолтатын анал хамыыһыйа быһаарар. Сорох алмаастар сөҕүмэр дьикти көстүүлээх буолаллар. Холобур, бас уҥуоҕун, бублигы, хаар кыырпаҕын, путбуол мээчигин санатар моһуоннаах буолааччылар. Ол тухары биһиги айылҕа барахсан хайдахтаах дьикти быһыылаах-таһаалаах алмааһы айан-тутан таһаарарыттан сөҕөрбүт-махтайарбыт тохтообот. Үүт-маас итинник экземпляр хатыланара саарбах буолар», – диэн бэлиэтииллэр ЯПТА үлэһиттэрэ.

Манна даҕатан эттэххэ, киэҥник биллибит, атыттарга маарыннаабат, ураты алмаастартан биирдэстэрин ЯПТА исписэлиистэрэ суортуу олорон булан ылбыттара. Ол алмаас иһигэр... өссө биир алмаас холкутук сүүрэлии сылдьара. Нуучча матрешкатын курдук, алмаас иһигэр алмаас баара. Ол иһин бу алмааһы матрешка-алмаас диэбиттэрэ. Булумньуну үөрэппит исписэлиистэр этэллэринэн, аан дойду историятыгар бу – аан бастакы уонна соҕотох маннык быһыылаах алмаас буолар.

Айсен Николаев: «ЯПТА кэлэктиибин үлэтинэн-сыратынан аныгы Саха сирэ тэриллибитэ уонна сайдар»

АЛРОСА алмаастарын атыытытынан дьарыктанар Саха сиринээҕи тэрилтэ түстэммит 30 сылынан тустаах кэлэктииби өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ:

– ЯПТА, АЛРОСА аахсыйалаахтар хампаанньаларын салаа тэрилтэтэ бу бэлиэр отутус сылын Арассыыйа алмааска салаатыгар дьоһуннаах миэстэни ылар.

Бу ааспыт сылларга оҥорон таһаарыыга үрдүк технологиялар киирдилэр, улахан, иллээх-эйэлээх кэлэктиип үөскээтэ, идэҕэ ураты, хатыламмат уопут мунньулунна.

Эһиги үлэни таптыыр илиигит нөҥүө сүүһүнэн мөлүйүөн карааттаах саха алмааһа наарданан, сыаналанан ааста. Алмааһы төһө сөпкө наардыыртан, хаачыстыбатыттан алмаас түмүк сыаната тутулуктаах. Ол аата, АЛРОСА ол алмааһы батаран, атыылаан төһө барыһы ылара, онтон сиэттэрэн биһиги өрөспүүбүлүкэбит ылар дивиденин кээмэйэ төһө буолара эмиэ тутулуктаах.

Бу бэлиэ күн анаан идэлэрин толору баһылаабыт маастар үлэһиттэри: кылаабынай эспиэр Светлана Михайловна Николаеваны – судаарыстыбаннай уонна аан дойду ыстандаардыгар эппиэттиир суортааһын хаачыстыбатын өрүү хонтуруолга тутарын иһин, сүрүннүүр эспиэрдэр Ирина Арсентьевна Протопопованы уонна Мария Васильевна Артемьеваны – суортааһын уонна оҥорон таһаарыытын үрдүк көрдөрүүтүн иһин бэлиэтиибит.

Анаан бэлиэтиэххэ наада ЯПТА кини быһаччы кыттыытынан 2022 сылга тэрилтэ үлэлээн кэлбит устуоруйатыгар муҥутуур рекорд кээмэйдээх 10 мөл. карааттан тахса алмаас сырьётун суортууру ситиспитин иһин, суортуур уонна кэмпилиэктиир сыах начаалынньыга Алексей Иванович Максимовы.

Бүгүн эһиги, АЛРОСА курдук улахан дьиэ кэргэн бары туруу үлэһиттэрин курдук, аныгы Саха сирэ сайдарыгар бигэ тирэҕи уурбут бастакы алмаасчыттар үтүө үгэстэрин илдьэ сылдьааччы буолаҕыт!

ЯПТА кэлэктиибин тэрилтэҕит 30 сылынан истиҥник эҕэрдэлиибин уонна өссө да салгыы сайдыыны баҕарабын!

Андрей Шилов
суруйуутуттан

Бүтэһик сонуннар