2003 сыл, муус устар 7 күнэ Саха сирин устуоруйатыгар хара хаанынан суруллубута. Бу күн Бүлүү улууһун Сыдыбылыгар Чочу орто оскуолатын 22 үөрэнээччитэ уокка былдьаммыттара. Оҕолор көмүс уҥуохтара ийэ буорга букатыннаахтык муус устар 13 күнүгэр кистэммитэ. Бу алдьархай күн бэҕэһээ буолбут курдуга да, номнуо 17 сыл ааһа охсубут...
Саха киһитэ ааспыт алдьархайы төттөрү хостоон эргитэри-урбатары сөбүлээбэт. Төһө да кэм-кэрдии сүрэххэ сөҥмүт бааһы эмтиир диэтэллэр, тустаахтарга бу иэдээн хаһан да оспот бааһы хаалларбыта. Кинилэртэн ааспыт алдьархайы санатарбытыттан бырастыы гыналларыгар көрдөһөн туран, быһылаан чахчыларын сэгэтэн көрөбүт: тыыннаахтар өйдүү-саныы сылдьалларын, маннык алдьархай хаһан да хатыламматын туһугар...
Уот билиэнигэр муҥнаахтар бэйэлэрэ эрэ...
2003 сыл, муус устар 7 күнэ. Сааскы сынньалаҥ кэнниттэн үөрэх бастакы күнэ. Сорох оҕолор барахсаттар оскуолаларыгар аны хаһан да төннүбэттии баран эрэллэрин оччолорго ким билиэ баарай? Норуодунай суруйааччы И.Гоголев-Кындыл аатын сүгэр Чочу орто оскуолатын икки этээстээх, 120 миэстэлээх мас дьиэтэ 1993 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Бастакы этээс олус тымныы буолан, оҕолор иккис этээскэ үөрэнэллэрэ. Баһаар буолар күнүгэр оскуолаҕа 108 оҕо үөрэнэрэ. Силиэстийэ быһаарбытынан, уот сыгынньахтанар сир аттыгар турбут электрощит умайбытыттан тахсыбыт. Миэхэ биир албакаат (бу дьыалаҕа быһаччы кыттыгастаах) хаһан эрэ “баһаар биир үөрэнээччи табахтаан баран онтун ситэ умулларбакка сиэбигэр уктубута умайбытыттан тахсыбыт буолуон сөп” диэн сабаҕалааһын баарын эппитэ. Эбии “бу сабаҕалааһын дьыаланы төрдүттэн уларытарынан, официальнайдык “самакаанньаттан” диэбит буолуохтарын сөп” диэн ахтан аһарбыттаах. Ону ким билиэ баарай?
Кыһыҥҥы тымныыга, сайыҥҥы куйааска лыҥкыначчы куурбут мас оскуола дьиэтэ аҕыйах мүнүүтэ иһигэр бүтүннүү күл-көмөр буолбута. Уот бастакы уруок буола турдаҕына барбыт. Бу кэмҥэ бастакы этээс көрүдүөрүгэр уот турбутун, буруо тахсыбытын ким да өйдөөн көрбөтөх. Ити кэмҥэ оскуолаҕа 7 учуутал баар эбит (биир да эр киһи суох). Уот саҕаланаат да, көрүөх бэтэрээ өттүгэр, тахсар ааны былдьаабыт. Учууталлар умайа турар оскуолаттан оҕолору быраҕан баран биир бастакынан тахсыбыттар. Инньэ гынан, оҕолор барахсаттар быыһанар кыһалҕалара бэйэлэригэр сүктэриллибит. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ кыра кылаастары иккис этээстэн тахсар ааҥҥа түһэрбиттэригэр, уот кинилэр түспүт кирилиэстэрин былдьаабыт. Онно аймалҕан, ыксал, буруо быыһыгар үгүс кырачаан сырдык тыына быстыбыт... Үрдүкү кылаас оҕолоро ытыы сылдьар оҕолору түннүгүнэн таһырдьа быраҕаттаабыттар. Тохсус кылаас үөрэнээччитэ люгу арыйан, баһаарынай кирилиэһинэн оҕолору таһаартаабыт... Улахан кылаас оҕолоро кыралары тиһэҕэр диэри быыһыы сатаахтаабыттар. Ол иһин даҕаны, ол сыл оскуоланы бүтэриэхтээх 7 оҕо өлбүт, ол иһигэр – 6 кыыс. Оскуоланы бүтэрэр кыргыттар барахсаттар бары кыра оҕолору быыһыы сылдьан уокка былдьаммыттар. Бу иэдээннээх баһаартан биир эрэ кылаас сүтүгэ суох төлө түспүтэ.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ оскуоланы бүтэрээри сылдьар кыыс – дьиэ хаһаайката, алаһа дьиэ араҥаччыта, балтыларын-бырааттарын көрөр-истэр көмө, туһа киһитэ. Инньэ гынан, бу кыргыттар, иитиллибит сиэрдэринэн, умайа турар оскуолаҕа кыра кылаас оҕолорун быраҕа куотар кыахтара суоҕа. Ахсыс кылааска үөрэнэр икки уол үс төгүл төхтүрүйэн умайа турар оскуолаҕа киирбиттэр. Кинилэр оскуола үрдэ сууллубутугар уотунан кытыастар оскуолаҕа букатыннаахтык хаалбыттар.
Сэттис кылаас биир оҕото буруо киирбэтин курдук ааны ыбылы сабан баран, түннүгү алдьатан оҕолор биирдиилээн аллара ыстаналларыгар өй укпут. Ол эбэтэр, маннык былаҕайдаах түгэҥҥэ саамай сөптөөх быһаарыныыны кини ылыммыт. Учуутал оҕолору кытта тэҥинэн аллара ыстаммыт. Ол 13 саастаах тобуллаҕас уол саамай бүтэһигинэн ыстаммыт.
Улахан дьон сүүрэн кэлбиттэрэ – номнуо хойутаабыттар. Кинилэр умайа турар оскуолаттан оҕолор тиһэх хаһыыларын эрэ истэн хаалбыттара... Уоту утары ким да охсуһар кыаҕа суоҕа. 22 км ыраах Бүлүү куоратыттан баһаарынайдар хаһан тиийэн кэлиэхтэригэр диэри, оскуола бүтүннүү күл-көмөр буолбута...
Эппиэтинэһи ким сүкпүтэй?
Быһылаан тахсаатын кытары, оччотооҕу өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров СМИ нөҥүө “буруйдаахтар бары сиэрдээх миэрэни ылыахтара” диэн эрэннэрбитэ. Силиэстийэ уонна сыл буолан баран буолбут суут көрдөрбүттэринэн, бу быһылаан тахсыбытыгар туһааннаах үөрэх министиэристибэтин уонна биэдэмистибэлэрин чөмчөкөлөрүттэн саҕалаан, Чочу оскуолатын техперсоналыгар диэри бу алдьархайга бэйэлэрин “кылааттарын” киллэрбиттэрэ көстөн кэлбитэ. ЫБМ министиэристибэтэ, оччотооҕу миниистир Валерий Сухоборов ыйааҕынан, үбү кэмчилиир сыалтан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, ол иһигэр Сыдыбылга эмиэ, баһаарынай орочуоттара сарбыллыбыта, баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ ууратыллыбыттара. Инньэ гынан, чугастааҕы баһаарынай чаас 22 км тэйиччи сиргэ баара, онно даҕаны, маассабай ууратыы кэнниттэн 2 эрэ үлэһиттээҕэ.
Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын оччотооҕу начаалынньыга Мария Иванова, бэйэтинэн үөрэх дьылыгар оскуолалар төһө бэлэмнээхтэрин бэрэбиэркэлиир анал хамыыһыйаны салайан олорон, Чочу оскуолатыгар хонтуруолу ыыппатах. Бу ынырыктаах быһылаан кэнниттэн кини Дьокуускайга саҥа үлэҕэ ананан көһөн барбыта.
Бүлүү улууһугар Госпожнадзор начаалынньыга Анатолий Хабытчаров дьыалаҕа туоһу эрэ быһыытынан сылдьыбыта. “Салайар үлэһиттэрэ бэйэлэрин быһаччы эбээһинэстэрин кыайан толорботохторугар начаалынньык эппиэти сүгүөн табыллыбат” диэн бириинсибинэн. Туоһулар эппиттэринэн, Хабытчаров хаһан даҕаны оскуолалары кэрийэн көрбөтөх, ол оннугар, сотору-сотору улуус ырыынактарыгар баһаар суоһаабатын бэрэбиэркэлиир эбит. Ол эрээри, көстөн турар толоос алҕастар, быраабыланы кэһиилэр баалларын үрдүнэн, оскуолаларга сылын ахсын көҥүлү биэрэ олорбут. Кини дуоһунаһыгар салгыы олорон хаалбыта.
Суут иннигэр баһаар кэмигэр баар эрээри бастакынан куотан барбыт 7 учуутал туох да миэрэҕэ тардыллыбатахтара. Ол гынан баран, кинилэр үгүстэрэ кэлин, сүтүктээх дьон толору өйдөнөр өһүөннэриттэн, бөһүөлэктэн көһөн барарга күһэллибитэ. Учууталлар ыксаллаах быһыыга-майгыга оҕолор тустарынан саныыр кыахтара суоҕа көстөн кэлбитэ. Биир эрэ учуутал баһаар кэмигэр тиһэҕэр диэри оҕолору кытта сылдьыспыта. Оттон атыттар оҕолору хааллартаан баран биология кэбиниэтин түннүгүнэн ыстаммыттар. Кинилэр, атын оҕолор курдук, буруоҕа улаханнык тумнастыбатахтар да этэ. Быһылаан кэннэ 39 оҕо араас эчэйиини ылан балыыһаҕа киирбитэ. Учууталлар сөптөөхтүк уонна түмсүүлээхтик быыһыыр үлэни ыыппыттара буоллар, маннык ыар сүтүк тахсыа суоҕа хааллаҕа...
Көрүдүөргэ “Баһаа-ар!” диэн хаһыытаабыттарын, төһө да буруо сыта кэлбитин иһин, икки учуутал кылаастан оҕолору таһаарбатахтара киһи өйүгэр кыайан баппат. Кинилэр “дьиэтээҕи үлэни суруна иликкитинэ тахсыбаккыт!” диэн мас-таас курдук этэн кэбиспиттэр. Суут кэмигэр бу учууталлар ытыы-ытыы кутталлаах, улахан баһаар буолбутун тута өйдөөбөтөхтөрүн, “учебнай тревога” буолла дии санаабыттарын эппиттэр.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын баһаары бохсор инструктора эвакуацияланар аан аһаҕаһын дуу, сабыылааҕын дуу өйдөөбөтөх, онно болҕомтотун да уурбатах.
Техперсонал үлэһитэ суут кэмигэр “баһаарынай ааннар аһаҕас турбуттара буоллар, оҕолор талбыттарынан бэрээдэгэ суох киириэ-тахсыа, сүүрэкэлиэ этилэр” диэбитин санатабыт...
Суут иннигэр оскуола дириэктэрэ Станислав Иванов эрэ соҕотоҕун эппиэттээбитэ. Станислав Самуилович баһаар буолар күнүгэр үөрэх министиэристибэтигэр оскуолаҕа тырахтарыыстар куурустарын астараары командировкаҕа сылдьыбыт. Суукка 400-тэн тахса туоһу көрдөрүү биэрбит (нэһилиэк улахан аҥаара), ити кэмҥэ дириэктэргэ ким да улахан болҕомтону уурбатах. Сүтүктээх төрөппүттэр суут ыскаамыйатыгар учууталлары, Госпожнадзор бэрэстэбиитэллэрин, улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччыларын көрүөхтэрин баҕарбыттара. Дириэктэри РФ ХК “дьалаҕай сыһыантан алҕаска дьону өлөрүү” уонна “баһаар куттала суох буолуутун быраабылатын кэһии” ыстатыйаларынан, уопсайа 15 сылга диэри хаайыахтарын сөп этэ. Борокуруор 7 сылы көрдөөбүтэ. Суут ону икки сылга диэри кыччаппыта. Бириигэбэр быһыытынан, сууттанааччыга улуус үөрэҕин управлениетыгар 2,3 мөл. солк. төлөтөргө уураахтаабыттара (оскуола итиччэ суумаҕа сыаналаммыта). Оччолорго киһи төбөтүгэр да баппат элбэх харчыны кини хайдах төлөөбүтүн ким да билбэт. Кини бириигэбэри кытары сөпсөспүтэ, салгыы ааһына сатаабатаҕа. Суукка “бу кэриэтин уокка бэйэм умайбытым буоллар” эрэ диэхтээбитэ... Станислав Иванов 3,6 сыл хаайыыга олорбута. Билигин кини, этэҥҥэ, атын сиргэ үлэлии-хамсыы сылдьар.
Штыров уурааҕынан өлбүттээхтэргэ 100-түү тыһ. солк. көмө оҥоһуллубута, эмсэҕэлээбиттэргэ – 50 тыһ. солк. Сыдыбылга тойон-хотун элбэхтик тоҕуоруспута. 120 миэстэлээх саҥа оскуола тутуута, нэһилиэги гаастааһын саҕаламмыта.
Тэҥнэбилгэ, Соҕуруу Кэриэйэҕэ 2014 с. паром тимирбитэ. Экскурсияҕа барбыт 325 оҕоттон 200-һэ ууга былдьаммыта. Оҕолору илдьибит, бэйэтэ тыыннаах ордубут оскуола саабыһа быһылаан кэннэ буруйдааҕын билинэн бэйэтигэр тиийиммитэ. Паром 14 үлэһитэ (ол иһигэр хапытаан) уһун болдьоххо хаайыллыбыттара. Тырааныспар миниистирэ, хас да чунуобунньук дуоһунастарыттан көппүттэрэ. “Манна мин тус эппиэтинэһи сүгэбин” диэн дойду премьер-миниистирэ астаапкаҕа барбыта.
Оттон 2003 с. Саха сиригэр биир да чунуобунньук буруйдаахпын диэн санамматаҕа даҕаны. Үөрэх миниистирин солбуйааччы эрэ ууратыллыбыта. Соторутааҕыта Кемеровоҕа буолбут баһаартан сылтаан губернатордара Тулеев астаапкаҕа бараат, аҕыйах хонон баран спикер буолан “төннөн кэллэ”. Чэ, ону хайыыр да кыах суох, Арассыыйаҕа олоробут.
Сыдыбыл иэдээнин кэннэ онно тойон-хотун бөҕө хотоҕостуу субуспута. Онто да суох нэһиилэ сылдьар төрөппүттэри, учууталлары мунньа-мунньа түүрэйдээһиннээх, мунньахтан дьону үүрэн таһаарыылаах эҥин. Оннук каадырдар эмиэ бааллара...
Куһаҕаны хостуур бэрдэ суох да... Бу быһылаан кэнниттэн улуус баһылыгын солбуйааччытын счетугар түспүт көмө харчы ханна барбыта биллибэккэ сүппүт айдаана эмиэ баара.
Муус устар 13 күнүгэр оҕолор кырамталарын биир уопсай ииҥҥэ араарталаан кистээбиттэрэ.
Бырастыы гыныҥ, Сыдыбыл оҕолоро...
-
Константинов Сергей Сергеевич – 1991 с.т.
-
Гоголева Мария Семеновна – 1990 с.т.
-
Иванов Петр Анатольевич – 1991 с.т.
-
Кириллин Михаил Васильевич – 1991 с.т.
-
Гаврильев Александр Андреанович – 1989 с.т.
-
Федоров Иннокентий – 6-с кылаас
-
Менкяров Олег Петрович – 1990 с.т.
-
Петров Мичил Васильевич – 1990 с.т.
-
Федорова Татьяна Александровна –1989 с.т.
-
Слепцова Варвара Андреевна – 1989 с.т.
-
Васильев Афанасий Васильевич – 1989 с.т.
-
Николаева Надежда Анатольевна – 1989 с.т.
-
Николаев Геннадий Павлович – 1988 с.т.
-
Догоюсов Александр Анатольевич – 1988 с.т.
-
Константинова Марина Сергеевна – 1986 с.т.
-
Николаева Елена Викторовна – 1986 с.т.
-
Николаева Ньургуна Викторовна – 1985 с.т.
-
Айдарбаева Райгуль Рысхановна – 1986 с.т.
-
Петрова Мария Ивановна – 1986 с.т.
-
Пышняк Мира Александровна – 1986 с.т.
-
Томская Диана Петровна – 1985 с.т.
-
Корякин Николай Андреевич – 1986 с.т.
kyym.ru