Киир

Киир

РФ – Билим уонна технология, СӨ – Доруобуйа сылыгар, “Кыым” төрүттэммитэ 100 сылыгар сыһыаран, “Тыа сирэ – мин дойдум” диэн оскуола оҕолорун ортотугар ыытыллыбыт күрэхтэһии түмүктэммитэ. Бу туһунан хаһыат 30-с №-гэр сиһилии суруллубута.

Оттон бүгүн күрэс Гран-притин ылбыт Нам улууһун 1-Хомустаах Д.Ф. Алексеев аатынан орто оскуола 11 кыл. үөрэнээччитэ Иванна Петрова суруйуутун (сал. А.А. Томская) билсиҥ.

Лоһуура

 

Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ 480-ча тыһ. саха боруода сүөһүлээх этибит. Кэлин холкуостары, сопхуостары тэрийии бэлиитикэтэ саҕаланан, элбэх эти, үүтү ылар туһуттан боруоданы уларытыы, кэлии сүөһүнү аҕалыы күүскэ ыытыллыбыта. Ол курдук, 1934-36 сс. Нам, Хаҥалас улуустарыгар холмогуору олохсутуу, үөскэтии саҕаламмыта. Түмүгэр саха сүөһүтэ улам-улам аҕыйаан, боруода быһыытынан эстибитэ.
Боруода быһыытынан билинэллэригэр, кырата, 1000 ынахтаах буолуохтаахпыт. Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыл ахсынньы 11 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тыын суолталаах (стратегическай) хайысхаларын туһунан» ыйааҕа тахсыбыта. Бу докумуоҥҥа 2024 сылга диэри саха ынаҕын ахсаанын 1 тыһыынчаҕа тиэрдэр сорук этиллэр.

гоголев

Бу күннэргэ “Саха сүөһүтэ” өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан үбүлэнэр генофонда хаһаайыстыбатын Нам Таастааҕар баар отделениетын управляющайа Ефим Ефимович Гоголевы кытта үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэ сырыттыбыт.

– Ефим Ефимович, сахабыт төрүт боруода сүөһүтүн ахсаана, кырдьыга да, лаппа аччаан, боруода быһыытынан эһиннэ диэххэ сөп.

– Сэбиэскэй былаас саҕана Эбээн Бытантай улууһун Саккырыыр бөһүөлэгэр эрэ, онно олохтоох нэһилиэнньэ үрдүкү салалтаттан көрдөһөн, сөбүлээн иитэр саха сүөһүтүн хааллартарбыта. Бу – оччотооҕу кэм хорсун быһыыта этэ. 3000 кэриҥэ сүөһү “Мирнинскэй” сопхуоска сыһыарыллан иитиллибиттэр.

Ааспыт үйэ 90-с сс. “Сахаплемобъединение” тэрилтэ Горнай оройуонун Улуу Сыһыытыгар (Таастаахтан 30-ча км чугас) саха сүөһүлэрин иитэ аҕалбыт. Салайааччылара Олег Петрович Марков дьаһалынан урукку сопхуос дириэктэрэ Васильев бастаан 4 төбөнү, оттон 40-ча борооскуну аҕалар. Бу сүөһүлэр 2007 сылга диэри Улуу Сыһыыга иитиллэллэр. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун быһаарыытынан, 2007 с. сүөһү кыра аҥаарын – Горнай Маҕараһыгар, сороҕун Таастаахха көһөрөллөр.   Горнайга Петр Васильев иитэ сылдьан, улуус баһылыгынан талыллар. Онон хаһаайыстыба сүөһүтэ Виктор Никифоров дьиэ кэргэнин көрүүтүгэр киирэр. 1994-2007 сс. ГУП-ка бэриллэр. Сүөһүлэр салгыы “Племобъединениеттан” ТХНЧИ бас билиитигэр бараллар. Институкка саха сүөһүтүн салаата тэриллэр. Саха сүөһүтүн – Горнай Маҕараһыгар, оттон 70-тан тахса сүөһүнү Нам Таастааҕар аҕалаллар.

Таастаахха Егор Аргунов 2006 с. диэри нэһилиэнньэни кытта кэпсэтии ыытар. ТХНЧИ үлэһиттэрэ Горнай өттүттэн айан табыгаһа суоҕунан үксүн Таастааҕынан сылдьаллара. Аргуновтарга тохтоон, Улуу Сыһыыга диэри тыраахтарынан бырахтараллара. Таастаах нэһилиэгин дьаһалтатын кытта билсэллэрэ. Василий Герасимов Аргуновтары үлэһит, кыахтаах дьон диэн булларар. Аргуновтар саха ынаҕын иитэр барыстаах, нэһилиэкпитигэр үлэ-хамнас ыытыллыан сөп эбит диэн санааҕа кэлэллэр. ТХНЧИ, “Племобъединениены” кытта кэпсэтэн, нэһилиэгинэн куоластаан, уураах ылынан,   саха сүөһүтүн Таастаахха көһөрөллөр. Иччитэх хотону сөргүтэн, онно олохтууллар. Иван Иванович Аргунов дириэктэринэн ананар. Кини кэнниттэн Ольга Андреевна Аргунова салайар. Кэргэнэ Егордуун кыһамньылаахтык көрөн-истэн, сүөһүлэрэ эбиллэр. Хомойуох иһин, Егор бу дойдуттан бараахтаабыта. Оттон Ольга Андреевна күн бүгүнүгэр диэри үлэ үөһүгэр сылдьар.

Айсен Николаев «СӨ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тыын суолталаах (стратегическай) хайысхаларын туһунан» ыйааҕар 2024 сылга диэри кэмҥэ саха ынаҕын биир тыһыынчаҕа тиэрдэр соругу туруорар. 2018 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, 1901 саха боруода сүөһүтэ, ол иһигэр 742 ынах баара.

6d697ebe 1a5d 4006 9d09 9b4406bdc256

Нам Таастааҕа – киин улуустарга саха сүөһүтүнэн дьарыктанар соҕотох нэһилиэк. Таастаах отделениета кэлин 500-тэн тахса саха сүөһүтүн араас улууһунан тарҕатта. Билигин 155 сүөһүлээхпит. Билиҥҥитэ 35 ньирэй төрөөн, 190-ча сүөһүлэннибит. Уопсайа 60-ча ньирэй төрүөхтээх. О.э, быйыл 220-чэҕэ тиэрдиэхтээхпит. Итинтэн 68-һа – ыанньык. Хаһаайыстыба 12 үлэһиттээх. Биригэдьиир Ольга Андреевнаны кытта 3 ыанньыксыт, 3 хачыгаар, 1 тырахтарыыс-инженер, 3 сүөһү көрөөччү баар. Штатынан – ахсыабыт. Хачыгаардар кыһын үлэлииллэр. Нэһилиэк дьаһалтата өйөөн, көмөлөһөн, үлэ былааннаахтык барар.

Саха ынаҕа быһа холуйан 1,8-2 т отунан кыстыыр. Оппутун Үөдэйтэн, Модуттан, Көбөкөнтөн, олохтоохтортон атыылаһабыт. Комбикормунан хааччыллыылаахпыт.

– Бу саҥа хотоҥҥут хаһан үлэҕэ киирдэ этэй?

– Мин улуус баһылыгын э.т. олорон, боротокуолга киллэртэрэн, хотон тутуутун ситиспитим. Айсен Николаев дьаһалынан олоххо киирэр кыахтаммыт, Таастаахха   50-тан тахса мөл. солк. суумалаах,   150 сүөһүгэ суоттаммыт тутуу 2020 с. сэтинньи 6 күнүгэр үлэҕэ киирбитэ.

Матырыйаала – сэндвич-панель, автоматизациялаах, толору хааччыллыылаах, ТСН-наах. Үлэһиттэр сынньанар, таҥас уларыттар анал хостордоохтор. Хочуолунайдаах, уота-күөһэ үчүгэй. 2007 сылтан саҕалаан, бүтүн 12 сыл туруорсубут туруорсуулара, баҕарбыт баҕа санаалара туолан, үлэһиттэрбит үөрүүлэрэ үксээтэ.

– Саха ынаҕын сиэмэлээһин туһунан туох санаалааххын?

– Саха сүөһүтэ ахсаана быста аҕыйаан, уруурҕаһан хаалан, аанньа өнүйбэт. Ону атын боруодалары кытары төрүт булкуйбакка, чөкө тутуллуохтаах. Хаһаайыстыбаҕа 8 оҕустаахпыт. Саха ынаҕын генофондун ыраас хааллараары, ускуустубаннай сиэмэлээһини туһаммаппыт. Ынахтар төрүөхтэрэ үчүгэй. Оҕустар нэһилиэк ынахтарын эмиэ буоһаталлар. Нэһилиэккэ ускуустубаннай буоһатыы ыытыллыбат. Саха ынаҕа ускуустубаннай сиэмэни ылыммат дииллэрин соччо төрүөтэ суох дии саныыбын. Дьиҥэ, ылынар буоллаҕа. Төрүөҕэ да чөл буолар.

– Саха ынаҕын үүтэ, этэ аҕыйах дииллэр...

– Бэйэтин холугар сөптөөҕү биэрэр. Үүтүн сыата үрдүк. Бастыҥ ынах күҥҥэ 6-7 кг үүтү биэрэр. Олус оҕомсох, дьиэмсэх сүөһүлэр, үөрүнэн сылдьаллар. Үүттэрин сыата – 5%. Сылга 1 ынах, ортотунан, 800 кг тахса үүтү биэрэр. Сорох хаһаайыстыбалар 1 ынахтан 1000-1200 кг ыыллар.

Этин ыйааһына – араастаһар. Атыыр оҕустарбыт 400-тэн тахса кг тардаллар. Этин ыйааһына 140 кг курдук.

– Төрүт сүөһүбүт хаачыстыбатын тупсарарга туох үлэ барарый?

– Саха сүөһүтүн аҥаардас кутуруга да атын боруодалартан ураты. Ньолбуһах көрүҥнээх, лэппэгэр. Этэ – сыа быыстаах (мраморнай). Сыата, этэ олус үчүгэй амтаннаах. Үүтэ хойуу. Түүтэ уһун, дьыл кэминэн уларыйар: сайын убуур, кыһын көбүүр. Атын боруода сүөһү тириитигэр тэҥнээтэххэ, сымнаҕас. Туйаҕа эмиэ туспа оҥоһуулаах.

Саха сүөһүтэ сүрдээх ыраас уонна сыта суох. Атын боруодалартан оһоҕоһо 1 миэтэрэнэн уһун. Онон аһы-үөлү үчүгэйдик буһарар, элбэҕи иҥэринэр.

Саха сүөһүтэ күһүн хойукка диэри хотоҥҥо киирбэккэ, кэрийэн аһыан сөп. Сэтинньигэ диэри таһырдьа аһыыр, уулуур. Хаҥаласка хонуктарыгар эрэ хотоҥҥо киллэрэллэр эбит. Борооскуну, оҕуһу оннук иитиэххэ сөп. Ынаҕы, ньирэйи кылгас кэмҥэ таһаарабыт. Муус устартан таһырдьа сылдьаллар. Сиргэ бардахтарына, хойут кэлэллэр. Атырдьах, балаҕан ыйдарыгар сиргэ ыытабыт. Алтынньыга кэлэллэр. Оҕустар, борооскулар – сэтинньигэ. Тымныыны тулуйумтуолар. Киэҥ сиринэн, ойуурунан сылдьан мэччийэллэр. Саха сүөһүтэ ойуурунан дугуйданар. Сылгы курдук хаһан аһыыр. Дулҕа быыһын сиир.

– Билим өттүнэн чинчийиини ким ыытарый?

– Саха сүөһүтүн соччо үөрэппэтэхтэр. Дьон этин сиэри иитэллэр. Учуонайдар П.А. Романов уонна Г.П. Коротов 50-с сс. Эбээн Бытантайга ыыппыт эспэдииссийэлэрин чинчийиилэригэр олоҕуран үлэлиибит. Саха сүөһүтэ – аборигеннай, атын хаан булкуспатах боруодата. Уруккута холмогуор, сэмэнтээл боруодалар саха сүөһүтүн кытта холбоһон, сахатытыы барбыта. Билиҥҥи холмогуор, сэмэнтээл боруодалар бары да саха сүөһүтүн кытта булкаас хааннаахтар. Ыраас саха хааннаах сүөһү Эбээн Бытантай улууһуттан Таастаахха кэлэн, өрөспүүбүлүкэҕэ тэнийэн эрэр.

Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын билим-чинчийэр института биһиги хаһаайыстыбабытын база оҥостон, ыкса ситимнээх үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 800-тэн тахса саха сүөһүтэ баар. Бу – билим үлэни тэрийиигэ аҕыйах. Сүөһүбүт 3 тыһыынчаҕа тиийдэҕинэ эрэ, орто таһымҥа (ыстаатыска) сылдьар буолабыт. 10 тыһыынча төбөҕө тиэртэхпитинэ, дьэ, племенной-сэлиэксийэлиир үлэ саҕаланыахтаах.

Саха боруода сүөһү уҥуоҕунан кыра, сиһэ уһун, дьүһүнэ араас. Ыраас геннээх. Хас биирдии норуот төрүт сүөһүлээх, сылгылаах түгэнигэр кини норуот быһыытынан ааҕыллар. Онон саха сүөһүтүн хаанын тупсарарга үлэ үтүмэнэ күүтэр.

– Инники соруккутуттан билиһиннэр эрэ. Үбүлээһин хайдаҕый?

– “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ дириэктэрэ, урукку тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Еремеевич Артемьев салайыытынан бырайыак оҥоро сылдьабыт. “Саха сүөһүтүн сайыннарар киин” аатын ылан, өрөспүүбүлүкэҕэ саха боруода сүөһүнү элбэтэр аналлаах, билиминэн уонна оҥорон таһаарыынан дьарыктанар киин буолуохтаахпыт.   Ил Дархан дьаһалын толорон, 2022 сылга саха сүөһүтүн – 3 тыһ. төбөҕө, ыанньык ахсаанын 1 тыһ. тиэрдэр сорук турар. Бу ыйаах туолар кыахтаах. Зоотехник нуорматынан, сэлиэксийэлиир племенной үлэни ыытарга сүөһүбүт ахсаана аҕыйах.

Хас да саҥа тутууну былаанныыбыт. Александр Еремеевич үбүн-аһын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн туруорса сылдьар. Үлэ Ил Дархан ыйааҕынан салаллан барар. “Туймаада” ГУП ФПК өссө 1 хотон тутуохтаах. 150 миэстэлээх хотоммут 2-с уочарата үлэҕэ киириэхтээх. Сүөһүбүт ахсаана сыллата эбиллэр. Төрүүр ынахтарбыт, борооскуларбыт, атыыр оҕустарбыт тус-туспа көрүллэр хотоннонуохтаахтар.

Племүлэни күүһүрдэр туһуттан атыыр оҕустары иитиигэ ураты болҕомто ууруллуохтаах. Манна билим стационар-базатын тэрийэбит. Ирдэбил быһыытынан, тутуу нэһилиэктэн тэйиччи туруохтаах. Онно 50 миэстэлээх хотон, 2 кыбартыыралаах дьиэ былааннанар. Дьиэ аҥаарыгар – үлэһиттэр, атыныгар учуонайдар олорон, чинчийиини ыытыахтаахтар. Маны сэргэ баанньык, гараас баар буолуохтаах. Сайылык тутуллуохтаах. 3 сайыҥҥы кэмҥэ олорор балаҕан, титиик үлэҕэ киириэхтээх. Ынах ыыр уотунан барар аппараатынан хааччыллыахтаахпыт. Сүөһү аһыыр былаһаакката тутуллуохтаах. Чугас сытар отделениелартан оҕустары аҕалан, идэһэлэнэр сүөһүнү онно иитиэхтээхпит. Сүөһү астыыр, үүтү астыыр сыахтар, пиэрмэттэн чугас үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ былааннанар.

fd063188 e450 49e9 9e8e 96b0c9975765

Былырыын ТХМ “Тыа территорияларын бигэ сайдыыта” бырагыраама уонна олохтоох бырабыыталыстыба көмөтүнэн 3 муниципальнай дьиэ үлэҕэ киирбитэ. 2 дьиэ – үлэһиттэргэ, 1 дьиэ муниципалитет быһаарыытынан, учууталларга анаммыта. Үлэһиттэргэ анаан эбии дьиэ туттарар баҕалаахпыт.

Быйыл штат эбиллэрин кэтэһэбит. Уопсайа 20-чэ үлэһит буолуохтаах. Сүөһүбүт ахсаанын эбэбит.

– Ефим Ефимович, кэпсээниҥ иһин махтанабын, үлэҕэ-хамнаска ситиһиилэри! Саха сүөһүтүн элбэтиигэ үлэлиир дьон үксээн, ылыллыбыт сорук туолуохтун, төрүт сүөһүбүт кэскилэ улааттын!

Санааҕын суруй