Саха сиригэр кэнники кэмҥэ тутуу олус тэтимнээхтик барар. Ыраата барбакка, аҕыйах сыллааҕыта Туймаада туоната мас дьиэлэринэн кэчигирэспит эбит буоллаҕына, кэнники уон сылга таас дьиэлэринэн дьэндэйдэ. Тутуу комплексыгар туох, ханнык тирээн турар кыһалҕалар баалларый? Дьиэни өлүүлэһэн тутааччылар кырдьыктарын хайдах булаллар? Тутуу тэтимэ салгыы хайдах буолуоҕай? Бу туһунан бүгүн СӨ Архитектураҕа уонна тутуу холбоһугар миниистир Вера Кузаковалыын кэпсэттибит.
– Вера Алексеевна, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу холбоһугун (комплексын) туруга хайдаҕый?
– Тутуу комплексыгар ыытыллыбыт үлэни икки түгэнинэн сыаналыыллар – үлэ туолуута уонна инвестиция. Бу сыл үс бастакы ыйдарыгар 28 млрд 301 мөл. солк. суумалаах тутууну түмүктээтибит. Сыл саҥатыгар маннык улахан көрдөрүү ааспыт сыл бүтүүтүгэр түмүктэммит үлэ суотугар тахсар. Оттон инвестиция чааһыгар эттэххэ, күн бүгүн сүрүн хапытаалга 70 млрд солк. үп баар. Ити ааспыт сыллааҕы көрдөрүүттэн элбэх.
– Тутуу эйгэтэ инвестицияны төһө тардарый?
– Инвестицияны тардар кыаҕа туох да хара баһаам буоллаҕа дии. Сыллата сүрүн хапытаалбыт үрдээн иһэрэ да ону туоһулуур.
– Сүрүн инвестордар кимнээхтэрий?
– Инвестиция үс гыммыт биирин тустаах салааҕа үлэлиир (профильнай) министиэристибэлэр, чааһынай инвестордар, бүддьүөт таһыттан киирбит үп уонна кыттыһан тутууга киирсэр дьон (дольщиктар) ыллаллар. Сороҕун тэрилтэ бэйэтэ уйунар. Ордук элбэх инвестицияны сир баайын туһанааччылар угаллар.
– Оттон тас дойду инвестордара?
– Омук инвестордара соччо-бачча биһиги диэки хайыспаттар. Көрдөрүүбүт татым соҕус.
– Билигин социальнай инфраструктура сайдыытыгар балай эмэ болҕомто ууруллар. Үөрэхтээһин, мэдиссиинэ тэрилтэлэрин тутуу демография хаамыытын кытта тэҥҥэ хардыылаһан иһэр дуо?
– Биллэн турар, биһиги ханна нэһилиэнньэ улаатарынан сирдэтэн тутууну ыытабыт. Билигин ордук дьааһыла бөлөхтөрүн тутуу сытыытык турар.
– Ааспыт ыйга дьыссаат миэстэтин таһаарарга бүддьүөккэ эбии харчы көрүлүннэ диэн буолбута. Ханнык улуустарга дьыссааттары тутуохтарай?
– Дьыссааттары судаарыстыба-чааһынайдар кыттыһан тутуутугар (ГЧП) муниципальнай тэриллиилэр бары киирсибэтэхтэрэ. Нам, Хаҥалас, Томпо улуустара хабыллыбатахтара. Үөһээ Бүлүүгэ дьааһыла бөлөҕөр улаханнык наадыйаллар. Инньэ гынан болҕомто бу улуустарга ууруллуохтаах. Дьокуускайга, Өлөөҥҥө, Намҥа, Хаҥаласка уонна Үөһээ Бүлүү Хоротугар тутуу барыаҕа.
– Тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарыы туруга хайдаҕый?
– Биһиэхэ 350 тыһ. т цемени оҥорон таһаарарга судаарыстыба сакааһа баар. Билиҥҥи туругунан, тохсунньу-кулун тутар ыйдарга ааспыт сыллааҕар сакааһы толоруу 97 % тэҥнэстэ. Кыра хаалыы бэдэрээтчиттэр быһаарынан испэттэриттэн сэдиптэнэр. Оттон атын тутуу матырыйаалларын туһунан эттэххэ, чуолаан таҥыллар тутуу матырыйаалларыгар тохтоотоххо, онно кыралаан түһүү баар. Билигин тутааччылар ордук монолит-каркаас ньыматынан үлэлииллэр.
– Быйыл уопсайынан хас кв.м олорор дьиэ тутуллан киирэрэ былааннанарый?
– Бу сылга – 520 тыһ. кв. м. Билиҥҥитэ номнуо 149 тыһ. кв.м иэннээх олорор дьиэни тутан үлэҕэ киллэрдибит.
– Оттон хаарбах дьиэттэн көһөрүү чааһа хайдаҕый?
– Биһиги өрөспүүбүлүкэбит саамай элбэх хаарбах дьиэлээх эрэгийиэҥҥэ киирсэр. Былырыыҥҥы көһөрүү бырагыраамата 97 % туолбута. Хаалбыт 3 % толорботулар: Нерюнгри, Серебрянай Бор, Үөһээ Бүлүү, Томпо, Ленскэй улуустара. Бэдэрээт тэрилтэлэрэ бэлэмнэрэ суоҕуттан маннык быһыы-майгы таҕыста.
– Тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы хайдах баран иһэр?
– Билигин уочаракка 1116 тулаайах турар. Итилэртэн 2015-2017 сс. дьиэ ылар бырааптара кэлбит – 640 тулаайах, 2018 сылга 476 тулаайах баар. Бүддьүөт төһө уйарынан, уочараты сыҕарыта сатыыбыт. Быйыл 650 тулаайаҕы дьиэлиэхпит.
– Бэдэрээтчиттэр федеральнай үбү ылан баран, кыайан туһаммакка төннөрөр түгэннэрэ буолбута дуу?
– Федеральнай үбү төнүннэрии буолбатаҕа, тоҕо диэтэххэ, ити бырагыраама федеральнай харчыны өрөспүүбүлүкэ үбүгэр көһөрөр кыаҕы биэрэр. Биһиги Нерюнгри уонна Чернышевскай тэрилтэлэрин кытары хантараагы көтүрбүт түгэммит баара. Онуоха көрүллүбүт 200 мөл. тахса солк. үбү өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр көһөрбүппүт.
– Саха сиригэр дьиэ кв.м сыаната тоҕо наһаа үрдүгүй?
– Итиннэ, сүрүннээн, тырааныспар ороскуота дьайар. Тутааччылар сүрүн ороскуоттарын тиэйиигэ-таһыыга ыыталлар. Маны таһынан эбийиэги тэхиниичэскэй холботуу эмиэ олус сыаналаах. Биһиги эрэгийиэммит килиимэтэ, логистиката, инфраструктурата сыанаҕа син биир охсор. Саха сиригэр, сүрүннээн, 9-12 этээстээх дьиэни туталлар, оттон киин – эрэгийиэннэргэ 20-30. Инньэ гынан, кыбартыыра сыаната араастаһар. 2015 сыллаахха биһиэхэ дьиэ кв.м 71,608 солк. эбит буоллаҕына, былырыын 65,312 тыһ. солк. этэ.
– Тутуу матырыйаалын хантан аҕалалларый?
– Сүрүннээн, Новосибирскай, Москуба нөҥүө. Хабаровскайтан эмиэ аҕалаллар. Билигин кытай бородууксуйатыттан аккаастанан тураллар. Сыаната да ыараата, хаачыстыбата да мөлтөх.
– Хотугу муора суола сайыннаҕына, тутуу ырыынагар дьайыыта улахан буолуохтаах...
– Биллэн турар. Тиксии нөҥүө Арктика улуустарыгар таһаҕаһы тиэрдии быдан барыстаах буолуо этэ. Оччоҕуна ити эҥээр тутуу да тэтимириэ этэ.
– Соторутааҕыта кэллиэгэм улуустарга эрийэн, дьиэ сыанатын ыйыталаспыт этэ. Ханна да биир кэлим, бэрээдэктэммит сыана диэн суох. Баатаҕайга 450 тыһ. солк. эбит буоллаҕына, Сунтаарга уута-хаара, ититиитэ суох дьиэ 3 мөл. солк. кытары тиийэр. Ким эбит итини бэрээдэктиир дуо?
– Ити барыта ырыынак сокуонунан салаллар. Дьааҥы улууһуттан дьон көһөр, инньэ гынан дьиэҕэ наадыйыы эмиэ кыччыыр. Оттон Бүлүү бөлөххө сайдыы барар, үлэ миэстэтэ тахсар, дьон олохсуйар... Барыта демографияттан тутулуктаах буоллаҕа. Дьон ханна үчүгэй усулуобуйа баар да, ол диэки талаһар.
– Тыа сиригэр ыччат дьиэлэниитигэр судаарыстыбаннай бырагыраамалар бааллар дуу?
– “Үтүө дьыала” чэрчитинэн, анал бырагыраама үлэлиир. Маны таһынан муниципальнай тэриллиилэр эдэр исписэлиистэргэ анаан дьиэ туталлар. Маны таһынан тыа сиригэр ИЖС (индивидуальнай олорор дьиэ) туттууга “Туймаада” ҮАПК бырыһыана суох кирэдьиит биэрэр. Ол кирэдьиити 10 сыл иһигэр төннөрөҕүн. Маны таһынан, ТХМ лииньийэтинэн судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир.
– Бэтэрээннэри дьиэнэн хааччыйыы хайдаҕый?
– Сайабылыанньа биэрбит Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын, кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрин 100 % дьиэнэн хааччыйдыбыт. Быйыл икки огдообоҕо кыбартыыра бэриллиэҕэ.
– Соторутааҕыта Юрий Трутнев кэлэн барбыта уонна “Симиир” Чайковскай уул. тутар дьиэтин көрөн сэмэлээбитэ. Албыннаабыт кыттыгас өлүүскэлээхтэр дьылҕалара хайдаҕый?
– Ити этэр эбийиэгиҥ билигин үлэҕэ киирдэ. Кыттыгас тутууга киирсибиттэр дьиэлэрин күлүүһүн ылан, өрөмүөннэнэ сылдьаллар. Тутууну түмүктүүргэ “Адгезия” хампаанньаны наймыласпыппыт. “Симиирдэр” хайдах да тутууну түмүктүүр кыахтара суох. Билигин подъезка эҥин кыра сиппэтэх үлэ баар. Ону сыл устата туоратыахтара.
Бу сыл саҥатыгар 301 албыннаппыт өлүүскэ кыттыгастаах (дольщик) баара. Былырыын “Северная строительная компания” икки эбийиэгин (Пекарскай уонна Каландаришвили уул.) уонна Чурапчыга икки дьиэни ситэри тутан биэрбиппит түмүгэр, бу испииһэк 158 киһиэхэ диэри аҕыйаата. Бу реестр “тыыннаах”, күн ахсын уларыйа турар.
– “Черов и К” албыннаппыт дьоно биһиэхэ хаста да кэлэ сылдьыбыттара. Оннооҕор, быйыл кыһын бу хампаанньа үлэһиттэрэ, биир тыа дьахтарыгар сымыйанан кыбартыыра атыылаан турардаахтар. Фиктивнэй дуогабары биэрэн туран...
– Ити эн этэр түбэлтэҥ гражданскай быраапка сыһыаннаах. “Черов и К” туһунан эттэххэ, бу тэрилтэ билигин үлэлии турар. Инньэ гынан биһиги кинилэр көҥүллэрэ суох эбийиэктэри туттарарга туораттан атын тутааччыны аҕалар кыахпыт суох. Дириэктэр өлбүтүнэн сибээстээн, нэһилиэстибэ кимиэхэ тиксэрин да билбэппит. Ону кэтэһэ сылдьабыт. Ол кэннэ эрэ биирдэ саҥа тутааччыны тардары, эбэтэр ЖСК тэрийэри дуу быһаарыахпыт. Маныаха “дольщиктар” биири өйдүөхтэрин наада – эбийиэги ситэ туттарарга син биир эбии харчы угуохтарын наада. Ханнык да атын тутааччы оччотооҕу сыананан билигин ылсан үлэлэһэр кыаҕа суох. Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн тугу эмэ тобула сатыахпыт.
– Дуогабары суутунан көтүрбүт буоллахтарына хайыылларый?
– Албыннаппыт өлүүскэ кыттыгас тутааччылар реестрдэригэр киирэллэр, оччоҕуна эрэ кэмпэнсээссийэ ылыахтарын сөп.
– Сотору өлүүлэһэн тутуу сокуонугар уларыйыы киирээри турар. Онуоха олохтоох тутааччылар төһө бэлэмнээхтэрий?
– От ыйыттан, кырдьык, улахан уларыйыы киирээри турар. Саҥа сокуон быһыытынан, тутааччы биир эрэ эбийиэги тутарга көҥүл ылыахтаах. Хас да эбийиэги тэҥинэн тутар кыаҕа суох буолар. Оттон тэрилтэ үлэтин иэнэ улахан буоллаҕына эрэ ситиһиилэнэр буоллаҕа дии. Эбиитин тутуу кээмэйэ кыччыы турдаҕына, хантан бигэ туруктаныай? Аны туран, бу сокуон киирдэҕинэ, дьиэ сыаната эмискэ үрдүүр кутталлаах. Тоҕо диэтэххэ, үлэһиттэр хамнастара, тэрилтэ офиһын тутан олороругар ыытар ороскуота хас да тутуллар эбийиэккэ түҥэтиллибэккэ, биир эрэ эбийиэккэ ыытыллар буолар. Ити уларыйыыларга олохтоох тутааччылар, аһаҕастык эттэххэ, бэлэмнэрэ суохтар. Биһиэхэ 67 тутар тэрилтэ баарыттан 96 % аччыгый уонна орто урбаан субъектара. Инньэ гынан, биһиги РФ Тутуу министиэристибэтигэр уларыйыылар олус тыйыстарынан, ону хаттаан көрөллөрүгэр этии киллэрбиппит. Истэллэр ини диэн эрэллээхпит.
– Хоту улуустарга Сэбиэскэй кэмтэн хаалбыт иччитэх таас дьиэ бөҕө баар. Олору хайдах эмэ туһанар кыах баар дуу?
– Ил Дархан ити эн этэр кураанахсыйан турар олорор дьиэлэргин саҥардан, хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ, эдэр ыаллары дьиэлииргэ туһанар курдук толкуйдааҥ диэн сорудахтаабыта. Ол иһин ДьУоХХ министиэристибэтин кытары кураанах кыбартыыралардаах дьиэлэр испииһэктэрин оҥоро сылдьабыт. Ол дьиэ тэхиниичэскэй туругун үөрэтэн баран, атыылаһарга эбэтэр хапытаалынай өрөмүөнү ыытарга барсыан сөбүн быһаарыахпыт.
– Кэпсээниҥ иһин махтал, Вера Алексеевна!
Дмитрий ИВАНОВ сэһэргэстэ.