Киир

Киир

Киирии тыл оннугар

Биhиги – Мииринэй оройуонун олохтоохторо, Саха сирин атын улуустарыттан тиэллэр тыа сирин сибиэhэй аhын-үөлүн сыл баһар-атаҕар эрэ амсайабыт.Хата, бэйэбит «Новай» сопхуостаах буолан абыранабыт.«Новай» сопхуос кыhыны-сааhы быhа убаһа, куурусса этинэн, сымыытынан, үүт аһынан балачча сорунуулаахтык хааччыйар. Ынах үрүҥ, хара иһэ, туйаҕа эҥин атыыланар.2017 сылтан ыла «Новай» сопхуоhу икки эдэр саха уола салайар.

Дириэктэр - МПТИни горняк идэлээх бүтэрбит Сергей Корнилов, сүрүннүүр инженер, эмиэ МПТИни « хайа бырамыысыланнаһын энергетигэ» идэлээх бүтэрбит Николай Ноттосов. Сергей Ленскэй тыатын уола, Николай – Бүлүү Ноттосовтарыттан сыдьааннаах эдэр киhи.

Сергей Корнилов 2017 сылга диэри Мииринэй куорат мээрин солбуйааччытынан, Николай Ноттосов Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтин автобазатын кылаабынай энергегинэн ситиhиилээхтик үлэлээбиттэрэ.

mir

«Новай» сопхуоска былырыын саас иэдээннээх быhылаан (үyт собуотугар икки киhи өлүүлээх, хас да киhи эчэйиилээх саахал) буолбута. Ол кэннэ салалта уларыйбыта. Сопхуос кылаабынай инженерэ холуобунай эппиэккэ тардыллыбыта. Инньэ гынан, бу урукку дуоhунастарыгар олус бэркэ үлэлии сылдьыбыт саха уолаттарын «Новай» сопхуоhу салайтара ыыппыттара. Кыһалҕаттан күhэллэн, салайар каадыр суох буолан.

Хайа инженердэрэ тыа хаhаайыстыбатынан дьарыктаналлара олуона буолбатах дуо?! Оттон ТХМтан, тыа хаhаайыстыбатын академиятыттан каадырдарбыт ханналарый?!

«Новай» сопхуос Сунтаары кытары аhатар

«Чуона нэhилиэгэ» муниципальнай тэриллиитигэр, Арыылаах сэлиэнньэтигэр, 1800 киhи олорор. Сахатын ахсаана баhыйар. Манна «АЛРОСА» хампаанньа «Новай» сопхуоhун киин уhаайбата баар. Онон 313 киhи хампаанньаттан хамнастанан олороллор. Сопхуос 60.000 кууруссалаах. Сылга ортотунан 10 мөл. устуука сымыыты, 1500-1700 туонна үүтү атыыга таhаарар. Хаhаайыстыба бородууксуйата – ынах, убаһа, куурусса эттэрэ, сымыыт, фарш, полуфабрикаттар, бакыаттаах үүт астар, иэдьэгэй, суорат, йогурт. Бородууксуйаны Мииринэй оройуонун маҕаһыыннарынан батараллар. Т/х бородууксуйата Накыын уруудалаах сиригэр, Айхал, Удачнай нэhилиэнньэлээх пууннарыгар ыытылла турар. Аны билигин бородууксуйа алмаастаах Мууна баhыгар, тыhыынчаттан тахса киhилээх баахта «куоратыгар» ыытыллар.

mir2

Арыылаахха – «Мэнкэр», Мииринэй куорат үрдyнэн үс фирменнэй лааппы - «Туой-Хайа», «Юбилейнай», «Катунь» тигинэччи үлэлии олороллор.     «Новайдар» бородууксуйалара, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Удачнайга, Айхалга, Чернышевскайга, Светлэйгэ атыыланар. Уон устуука сымыыт сыаната – 80 - 85 солк. Хааччыстыбатын «материктан» тиэллибит сымыыты кытары холообоккун – быдан сибиэhэй, минньигэс амтаннаах. Сопхуос бородууксуйатын сыанатын манна «кыбытабын». Убаһа этэ (киилэтэ) – 422 солк., ынах быара – 488 солк, сүрэх – 522 солк. 3,2, 3,5 бырыhыан хойуу пастеризацияламмыт үүт бакыата - 97 солк. Стерилизацияламмыт үүт – 98 солк. Йогурт – 140 солк, суорат – 130 солк, иэдьэгэй – 522 солк, ынах арыыта – 750 солк.

mir3

Бу бородуукталар тиhигин быспакка Мииринэй лааппыларыгар атыыга тахса тураллар.          

mir4              

Сопхуос оройуону эрэ буолбакка, эбиитин Сунтаар, Ленскэй улуустарын куурусса этинэн, сымыытынан хааччыйар.

Кириэстээх, Бүлүүчээн, Наахара, Куокуну, Тойбохой, Аллыҥа, улуус киинэ – Сунтаар, «Новай» сопхуос сымыытынан, атын бородууксуйатынан хаайтарыы суох кэмигэр үчүгэйдик хааччыллаллар. Ол да буоллар, «Новай» сопхуос «АЛРОСА» «Профильнайа суох актыыба» буолбута долгутар. Хас сыл ахсын хампаанньаттан 200 мөл. солк. сопхуос бигэ туруктаах буолуутугар ананар. Аны туран, ««Новай» сопхуос, алмааска «профильнайа суох» буолан, хайдах-туох инникилэнэрэ биллибэт. Оттон хампаанньа далбарыттан матта да, хаhаайыстыба кэрэгэй балаhыанньаланар. Күн бүгүн сопхуос бэйэтэ туспа буруо таhаарынар бигэ балаhыанньата суох. 2016 сылтан ыла тыа хаhаайыстыбатын министиэристибэтиттэн «Новай» сопхуоска субвенция кэлэр буолла. Бу субвенция улаатарын туhугар үлэ барара ирдэнэр.

mir5

«Новай» сопхуос ТХМ уонна «АЛРОСА» кыттыгас дьаhайар тэрилтэлэрэ буолара - ордук барыйаан.

Саха сирин бу диэки эргинэ, Удачнайтан, Ленскэйтэн Сунтаарга диэри - бүтүннүүтэ сопхуос бородууксуйата – этэ-үүтэ, сымыыта, куурусса этэ суох сатамматтар.

Итини учуоттаан туран, Саха сирин бырабыытылыстыбата, тыатын хаhаайыстыбатын министиэристибэтэ, «Новай» сопхуоhу, сэлиэнньэни инникитин хайдах баарынан хаалларага уталыппакка үлэлэhэрэ ирдэнэр.

Сэлиэнньэ социальнай эйгэтэ

Экэниэмикэ, социальнай эйгэ сүрүн боппуруоhа – чэпчэки сыаналаах уматык. Гаас. 2015 сылтан ыла гаас утумун тардыы тиһэҕэр диэри тириэрдиллэ илик. Арыылаахха гаас уматыгын киллэрии Саха сирин бырабыытылыстыбатын уталытыллыбат барылларыгар киирбэтэх. Онон үлэ «АЛРОСА» хааччыйар оҥорон таһаарар эбийиэктэригэр эрэ бара турар. Урут уот күүрүүтүттэн ороскуоттаахтык хааччыллар «Новай» сопхуос эбийиэктэрэ гаас утумугар холбонон ороскуоттарын улаханнык кыччаттылар. Оттон улахан сэлиэнньэ, Таас-Yрэхтэн кэлэр гаас утумун сэргэ сытарын туhаммакка хаалара хайдах эрэ. Гаас былаан быhыытынан Арыылаах сэлиэнньэтигэр олорор дьиэлэри эмиэ хааччыйыахтаах этэ. Ол суох. Арыылаах сэлиэнньэтигэр спордунан дьарыктанарга усулуобуйа билигин баар. Оройуон инвестициятын суотугар сэлиэнньэ олохтоохторо арочнай быhыылаах спорт саалата тутуллан, спордунан дьарыктанааччы ахсаана элбии турар. Аны стадион тутулларын күүтэллэр. Мантан атын дьоhуннаах ситиhии суох.

mir8

Инники кэскил

Мииринэйгэ оптоволокно хаабыла 2016 сыллаахха кэлбитэ. Оттон куораттан 20 биэрэстэ эрэ тэйиччи сытар Арыылаахха Интэриниэт сол да аныгы тэтиминэн сайда илик. Арыылаахха Сбербаан филиалын сабан кэбиhэннэр, дьон оптуобуhунан Мииринэй куоратыгар тиэстэр. Саатар банкоматтары туруорбаккалар дьон олус эрэйдэннилэр. Арыылаах ПТВС дьаhалыгар сылдьар. Оттон хоммунаалканы аахсаары олохтоохтор эмиэ Мииринэйгэ тиэстэллэр. Бэл, Арыылаахха баанньык дьиэтин сабан кэбиспиттэрэ. Норуот оптуобуска симиллэн Мииринэйгэ баанньыктанан абыранаары айанныыр. «101-с» оптуобус алдьанна да, олохтоохтор олороллор. Таксыыстар Мииринэйтэн Арыылаахха айан иhин биир тыhыынча солк ирдииллэр. Арыылаахтар Оччугуй Ботуобуйаттан иhэр ууларын ылаллар. Оттон үрэх уута ирдэбилгэ толору эппиэттээбэт. Водозабор да аатыгар эрэ турар курдук. Манна аныгылыы технологиялаах ууну ыраастыыр ыстаансыйа наада. Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү Саха сиригэр син кыралаан барда. Оттон Арыылаахха дьыала соччото суох. Туой Хайаттан кэлээт олохсуйбут самнархай дьиэлэригэр олорооччу элбэх.

mir9

Оройуон дьаhалтатын 2018 сыл тохсунньуга суруллубут отчуотугар сигэннэххэ, «4 түөртүү кыбартыыралаах, икки элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хаарбах туруктаммыттар».

Бэйэм бэлиэтээн эттэхпинэ, эдэр үлэhиттэргэ аналлаах тупсарыылаах дьиэлэр, атын улуустарга курдук манна маассабайдык тутуллубаттар. Боппуруостар элбэхтэр. Маннык ыарахаттары туоратарга, олохтоох дьаhалта, дьокутааттар утумнаах үлэлэрэ ирдэнэр.

Арыылаахха олорор дьон, ханнык да «материкка» санаммат, манна букатыннаахтык олорор дьон. Оройуоммутугар ураты суолталаах, алмаас бырамыысыланнаһын сайдыытыгар хаарыаннаахай Туой Хайатын сүтэрбит нэhилиэк - Арыылаах бигэ туруктаах, кэскиллээх буолуохтаах.

Станислав Алексеев, Мииринэй куорат.

Ааптар хаартыскалара.

 

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар