Быстах хомуур биллэриллибитин кэннэ өрөспүүбүлүкэбит военкомата сыыһа-халты хамсаныылары оҥорбутун бары истэ-билэ сылдьаҕыт. Ыаллар аҕаларын, уолаттарын, кимнээх эрэ убайдарын-бырааттарын доруобуйаларын, дьиэ кэргэннэрин, үлэлэрин да туругун аахса барбакка, ол иһигэр ханнык да байыаннай хомуурга барар кыаҕа суох дьону эмиэ балабыай хомуйан, нэһилиэнньэ ортотугар улахан аймалҕаны, соһуйууну-уолуйууну таһаарда.
Ол алҕас ыҥырыллан барбыт дьону Хабаровскайга сыныйан көрөн, мантан өрөспүүбүлүкэ салалтата орооһон, дойдуларыгар төттөрү аҕаллылар.
“Кыым” эрэдээксийэтэ военкоматтар ону хайдах быһааралларын истээри бэйэлэригэр тахсан, официальнай сурук суруйан көрдүбүт эрээри, бакаа туох да хоруй суох, уу-чуумпу. Быһата, хоруйдууртан туттуннулар.
Баҕар, биэрбит ыйытыктарбытын атыҥыраабыттара буолуо. Маны тэҥэ, мобилизация дьыалатыгар моонньуларыгар диэри тимирэн олороллоро, бокуойдара суоҕа, улахан истириэскэ сылдьаллара сылыктанар.
Оттон бу туһунан Сахабыт сирин былааһын эргимтэтигэр сылдьар дьон туох санаалаахтарый, бар дьонноругар-сэргэлэригэр тугу сүбэлииллэрий?
Федот ТУМУСОВ, Госдума дьокутаата:
– Биһиги элбэх бутуур-булкуур, албын-сымыйа кэбэҕэстик тарҕанар дьалхааннаах кэмигэр олоробут. Ол гынан баран, былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри биир тулхадыйбат өйдөбүл баар: Хас биирдии эр киһи Ийэ Дойдутун көмүскүүр ытык иэстээх! Ол кини кимиттэн-тугуттан, баайыттан-дьадаҥытыттан тутулуга суох.
Сэрии – туох да үчүгэйэ суох. Сэрии диэн өлүү-сүтүү, иэдээн! Сэрииттэн киһи барыта дьаарханар, дьиксинэр. Киһи аймах наар Эйэҕэ эрэ дьулуһар.
Эйэлээх кэмҥэ судаарыстыба ыытар бэлиитикэтин төһө баҕарар кириитикэлиэххэ, сөбүлүүбүн-сөбүлээбэппин диэн этиниэххэ, хамсаныахха көҥүл курдук.
Оттон сэрии кэмигэр балаһыанньа тосту, төрдүттэн уларыйар. Өскөтүн сэбилэниилээх иирсээн хайыы-үйэ саҕаламмыт, буола турар буоллаҕына, дойду гражданинын иннигэр икки эрэ суол хаалар. Ол бастакыта – Ийэ Дойдуну кытта бииргэ буолуу, кинини көмүскээһин! Иккиһэ – таҥнарыы! Атын суол суох.
Бу ыарахан гынан баран, судургу бириинсиби бары билиниэхпитин, иккиттэн биирин талыахпытын наада.
Ийэ Дойдуларын көмүскээччилэр – дьоруойдар; утарааччылар, куотааччылар – таҥнарыахсыттар!
Хомойуох иһин, билигин сорох эдэр дьон атын дойдуларга куотар адьынаттаннылар. Ол дьону, киһи быһыытынан, өйдүү сатыахха сөп эрээри, Дьылҕа Хаан, Кэм-Кэрдии ыйытыга сүрдээх кытаанах.
Мобилизациянан сибээстээн, буола турар быһыыга-майгыга миэхэ быыбардааччыларым элбэхтик этинэллэр. Биһиги – "Сиэрдээх Арассыыйа" баартыйа уонна Госдума дьокутааттара – быстах хомуурга хабыллыбыт дьон кыһалҕаларын быһаарыыга РФ сокуоннарыгар элбэх уларытыылары киллэрэ сылдьабыт. Ол курдук, ипотекалаах дьоҥҥо кирэдьиити "тоҥоруу", үлэлэрин миэстэтэ хааларын уо.д.а. түгэннэргэ сокуоннарга уларытыылары киллэрэргэ үлэлэһэ сылдьабыт.
Биирдиилээн дьон кыһалҕаларын эмиэ быһаарса сатыыбын. Холобур, кэргэнниилэр иккиэн иккистээн ыал буолбуттар. Эр киһи бастакы кэргэнигэр биир оҕолоох, алимент төлүүр. Дьахтар бастакы кэргэниттэн икки оҕолоох. Бэйэлэрэ уопсай үс оҕолоохтор. Ол аата, бу аҕа алта оҕону иитэр. Аны саахсаланарыгар араспаанньатын уларыппыт. Онон пааспарыгар – биир, байыаннай билиэтигэр атын араспаанньа. Дьэ, булкуур. Дьэ бу ыал аҕатын быстах хомуурга түбэһиннэрэн аармыйаҕа ылбыттар. Сыыһа тахсыбыт. Быһаарса сылдьабыт.
Бу уустук кэмнэргэ дьоммор-сэргэбэр туһаайан этиэм этэ: киэҥ көҕүстэнэ сатыаҕыҥ, сырдыгы, үчүгэйи эрэ ыраланыаҕыҥ. Куһаҕан санаа куһаҕаны эрэ тардар. Ону өйдүөх тустаахпыт. Уолаттарбытыгар, оҕолорбутугар үчүгэйи эрэ баҕарыаҕыҥ, алгыаҕыҥ. Этэҥҥэ буолуҥ!
Өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан
Ил Түмэҥҥэ Феодосия Габышева салайааччылаах “Быстах хомуур ыстааба” диэн тэриллибит. Кинилэр былаас өттүттэн хомуур билиҥҥи балаһыанньатыгар быһаччы кытталлар, араас боппуруоһу быһаарсаллар.
Феодосия ГАБЫШЕВА, Ил Түмэн дьокутаата:
– Биһиги Парламент дьахталларын кулуубун чилиэннэрэ байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт уолаттарбытыгар, дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр анал ыстаап тэриммиппит. Бу сайыҥҥыттан үлэлии сылдьабыт. Нэһилиэнньэттэн араас кыһалҕалаах дьон күн аайы кэлэ тураллар. Кыһалҕа, биллэн турар, араас. Сураҕа суох сүппүт, бааһырбыт... Быстах хомуурга алҕас ыҥырыллан барбыт, анарааттан сыыйыллыбыт уолаттары төнүннэрэр боппуруос эмиэ турар.
Биллэн турар, федеральнай былаас уорганнарыгар Уһук Хоту олорор, аҕыйах ахсааннаах норуоттарбыт, тыа сирин кыстыкка бэлэмниир туруу үлэһит дьоммут, халаан содулун туората сатыы сылдьар хоту улуустар олохтоохторун туһугар этинэбит, туруорсабыт.
Ити, биллэн турар, дойду таһымыгар быһаарыллар, элбэх бириэмэни эрэйэр боппуруостар. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бу быстах хомуур чэрчитинэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр таһаарбыт анал ыйааҕын 2-6-с пууннарынан үлэлиибит. Бу пууннар туолаллар дуу, суох дуу – ону хонтуруоллуубут. Ону таһынан, эрдэ эппитим курдук, биирдиилээн кэлбит дьон кыһалҕаларын быһаарсабыт.
СӨ Уопсастыбаннай палаататын иһинэн, Дьокуускай куорат Курашов аатынан уулусса – 24 №-дээх дьиэтигэр (401 хос) ол үлэни Сүрүннүүр киин тэрилиннэ. Бу киин улуустар түмсүүлэрин кытары биир тиһиккэ киирэн үлэлиир. Быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт дьон дааннайдара барыта манна түмүллэр. Алҕас барбыт уолаттары төнүннэрэр, тиийэн баран сэриилэһэ сылдьар, бааһырбыт, сураҕа суох сүппүт дьонноохтор кыһалҕаларын быһаартарар. Байыаннай дьайыыттан төннөн кэлбит дьон реабилитацияларыгар үлэ барар.
Ыраах улуустарга олорор дьон сайабылыанньаларын Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра. электроннай аадырыска ыытыахтарын сөп. Сүрүннүүр Киин нэһилиэнньэттэн киирбит сайабылыанньаны СӨ Байыаннай комиссариатыгар, Дьокуускайдааҕы байыаннай борокуратуураҕа ыытар. Юристар сайабылыанньа суруллуутугар, туох докумуон хомулларыгар барытыгар сүбэ-ама биэрэллэр, көмөлөһөллөр. Ону маннык төлөпүөнүнэн билсиэхтэрин сөп: 8(4112)507-363.
Маны сэргэ, ыҥырыллыбыт дьон дьиэ кэргэннэригэр уйулҕа үлэһиттэрэ эмиэ көмө оҥороллор. Онно бу төлөпүөнүнэн эрийиэхтэрин наада: 8(4112) 31-91-09.
Сардаана ГУРЬЕВА, СӨ Киһи быраабын көмүскүүр боломуочунайа:
– Биһиги өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун быраабын көмүскүүр уорган буоларбыт быһыытынан, хас биирдии кыһалҕалаах кэлбит киһиэхэ барытыгар көмөлөһөргө кыһанабыт. Бу күннэргэ нэһилиэнньэттэн уопсайа 40 сурук киирдэ. Быстах хомуурга алҕас ыҥырыллан барбыт уолаттардаах төрөппүттэр, ыаллар аҕаларын ирдэһэн быыстала суох кэлэллэр. Хас биирдии киһи үҥсүүтүн тула сыныйан үлэлэһэбит, тустаах тэрилтэлэргэ, уорганнарга ыыталыыбыт, онно хоруй бэриллэрин булгуччулаахтык ирдиибит. Наада буоллаҕына, Арассыыйатааҕы киһи быраабын көмүскүүр боломуочуйалаах Татьяна Москальковаҕа быһаччы тахсабыт.
Түргэн тэтимнээхтик, ыксалынан ыытылла турар быстах хомуурга туох баҕарар буолуон, сыыһа-халты да тахсыан сөп. Хас биирдии киһи дьылҕата быһаарыллар. Ол иһин биһигиттэн ирдэнэри барытын үтүө суобастаахтык толоро сатыыбыт. Тустаах уорганнарга тахсан, хас биирдии киһи дьыалатыгар чопчу хоруйу ирдиибит.
Бу маннык уустук, ыгым кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо, ыала, бука диэн, бэйэ-бэйэҕитигэр көмөлөсүһэ, харыстаһа, болҕомтолоохтук сыһыаннаһа сылдьаргыт буоллар... Уу нуурал олохпутун төһө даҕаны бүдүк-бадык күннэр сабардааталлар, саха дьоно, уолҕамдьы санааҕа киирэн биэримэҥ, бэйэ бодоҕутун тардыныҥ, уһуну-киэҥи толкуйдааҥ, киэҥ көҕүстэниҥ.
Айхал ГАБЫШЕВ, СӨ Аҕаларын түмсүүлэрин салайааччыта:
– Бу кэнники күннэргэ дойду үрдүнэн буола турар быһыыны-майгыны бары истэ-билэ сылдьабыт. Быстах хомуур биһиги өрөспүүбүлүкэ-битин эмиэ хаарыйда. Военкоматтар сыыһа-халты дьаһалларыттан хомуурга хапсыа суохтаах дьоммут хабылла сырыттылар.
Өрөспүүбүлүкэ аҕалара маннык балаһыанньа тахсыбытыттан улаханнык долгуйдубут. Биһиги эрэ буолуо дуо, Саха сирин хас биирдии ыала долгуйда, айманна. Байыаннай комиссариаттар бу үлүгэр ыксаллаах, эппиэтинэстээх кэмҥэ маннык толоос алҕаһы таһаарыа суохтаахтар этэ. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан Уһук Илин уокуругун Саха сиринээҕи постпредствота ыҥырыллыбыт дьону туох-ханнык киритиэрийинэн хабыллыбыттарын чуолкайдыы сылдьар. Алҕас ыҥырыллыбыт дьон үксүлэрэ дойдуларыгар төннөн кэллилэр. Постпредство үлэһиттэрэ Илиҥҥи байыаннай уокурук салалтатын кытта кэпсэтэн, Саха сириттэн төһө киһи ыҥырыллан барбытын, ол дьон доруобуйаларын туруга хайдаҕын, дьиэ кэргэннэрин, ханнык тэрилтэҕэ үлэлииллэрин барытын бэрэбиэркэлии сылдьаллар.
СӨ Уопсастыбаннай палаатата Дьокуускай куорат Курашов уулуссатын 24 №-дээх дьиэтигэр 4 этээскэ Сүрүннүүр киин тэрийдэ. Онно уопсастыбанньыктар нэһилиэнньэҕэ юридическай уонна психологическай көмө оҥоруохтара. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр буола турар быстах хомуур кэмигэр тахса турар быһыыны-майгыны кэтээн көрөллөр, нэһилиэнньэни кытта ыкса үлэлэһэллэр.
Ким эрэ оҕото, кэргэнэ, убайа, быраата эбэтэр аймаҕа алҕас ыҥырыллыбыт буоллаҕына, суһаллык бу ыстаапка тахсыаххытын наада.
“Улуустарга миэстэтигэр баар Аҕалар түмсүүлэрэ, Дьахталлар сэбиэттэрэ уо.д.а. түмсүүлэр бары бу ыстаап үлэтигэр көмөлөһүөҕүҥ!” – диэн этии киллэрэбин. Оччотугар алҕас ыҥырыллыбыт дьоммутун түргэнник дойдуларыгар, дьиэ кэргэннэригэр төнүннэриэхпит. Өрөспүүбүлүкэбит Аҕаларын түмсүүтэ Дьокуускай, Бүлүү, Амма, Таатта улуустарыгар кыһалҕалаах тахсыбыт төрөппүттэргэ юридическай көмө оҥордо.
Бу үлүгэр аймалҕан, сүпсүлгэн кэмигэр, биллэн турар, араас сурах барыта тарҕанар. Быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт саха уолаттарыгар М.А. диэн улуус көрдүүр-быыһыыр сулууспатын начаалынньыгынан үлэлээбит хоһуун киһи старшинанан анаммытын туһунан суруйуулар бааллара.
Биһиги кинини кытта быһаччы сибээскэ тахса сырыттыбыт. Киниттэн бүгүҥҥү балаһыанньа хайдаҕын ыйыттыбыт, социальнай ситимнэргэ тарҕанар араас сурахтары чуолкайдыырыгар көрдөстүбүт.
М.А.:
– Биһиги билигин Сергеевка диэн сэлиэнньэҕэ баарбыт. Уолаттар бойобуой “настройдара” үчүгэй. “Аһаппаттар үһү, бронежилет, кааска биэрбэттэр үһү” диэн сурах туһунан эттэххэ... Аһаталлара үчүгэй, манна ким даҕаны аччык сылдьыбат. Оттон бронежилет, кааска туһунан этэр буоллахха, стандартнай бронежилеты, каасканы, байыаннай таҥаһы-сабы барытын биэрэллэр. Өссө төгүл тоһоҕолоон этэбин – “стандартнайы”. Оттон ону сөбүлээбэт буоллаххына, ити дьон социальнай ситимнэргэ суруйар сүүһүнэн тыһыынчалаах бронежилеттарын, кааскаларын ким кыахтаах уонна баҕалаах бэйэтэ көрдөөн булунуон сөп. Ол хас биирдии киһи бэйэтин интэриэһэ. Ол гынан баран, төһө да харчы булбуттарын иһин, оннук бронежилет, кааска ханна да ыһылла сыппат, ону көрдөөн да булбаккын.
Ыҥырыллыбыт дьону бастаан хайаан даҕаны анал полигоҥҥа үөрэтэллэр. Сабыс-саҥа тиийбит дьону сэриигэ умса анньыбаттар. Биһиги сарсын көтүөхтээхпит. Хайдаҕын-тугун миэстэтигэр тиийэн баран, бэйэм эппинэн-хааммынан биллэхпинэ эрэ, этэр кыахтаахпын.
Онон, төрөппүттэр аймамматыннар, барыта этэҥҥэ буолуо.
Балаһаны бэлэмнээтэ Туйаара СИККИЭР.
Хаартыска: 1sn.ru