Киир

Киир

Олунньу саҥатыгар “Московский комсомолец” хаһыакка “Татаар элиитэтин муоһун тоһутуу, Дагестан кылааннарын үлтүрүтүү: Кириэмил сценарийын “боруобалааһын” диэн заголовок анныгар “национальнай өрөспүүбүлүкэлэр сотору суох буолуохтарын сөп” диэн РФ Төрүт сокуонун кэһэр дьикти хос быһаарыылаах, ааптара суох, киһини соһутар ыстатыйа бэчээттэммит.

“Кавкаһы аһатан бүтүҥ!” диэн омугунан иирсээни күөртүүр луоһуннаах А.Навальнай, сүрүннээн, дьадаҥы олохтоох нуучча эрэгийиэннэрин ыччатын былааһын утаран уулуссаҕа таһааран, былырыын Кириэмили улаханнык соһуппута.

***

Оттон бу “МК” тахсыбыт ыстатыйа Кавказ, атын да национальнай өрөспүүбүлүкэлэр   Арассыыйаҕа үтүөлэрин көрбөт, наар буруйдуур ис хоһоонноох. Кавказ өрөспүүбүлүкэлэригэр “бу дьоҥҥо хоруупсуйа хааннарыгар баар” диэн таайтаран этэр. “Биир кылааны тохтоттоххо, иккис кылаан тахсан эмиэ бүддьүөтү ыан барар диэн хара дьаралыгы сыбыыр. Оттон 1999 с. Басаев сэриилэрэ кимэн киирбиттэригэр, Дагестан дьоно өлөллөрүн кэрэйбэккэ утарсан Арассыыйаны быыһаабыттара ээ. Билигин ону ким эмэ өйдүүрэ дуу... Саарбах. Оччотооҕу балаһыанньа кытаанаҕын премьер С.Степашин Дагестаҥҥа сылдьан кэлэн баран киин тэлэбиидэнньэнэн “биһиги Дагестаны сүтэрэр кыахтаахпыт” диэбитэ да туоһулуон сөп. Сирия сэриитигэр чэчиэннэр 400 киһилээх байыаннай полицияны ыыппыттара. Итинник элбэх холобуру булуохха сөп.

***

Бу маны суруйбут дьон “Арассыыйа курдук элбэх национальнай өрөспүүбүлүкэлэрдээх дойду аан дойдуга суох” дииллэр. Ол бассабыыктар Арассыыйаны эһээри иитэн хаалларбыт миинэлэрэ үһү. Кинилэр бассабыыктар ыраахтааҕы былааһа сатаан дьаһайбакка ыспыт импиэрийэтин ССРС былааҕын анныгар “көҥүл омуктар сойуустара” диэн хомуйан, чөлүгэр түһэрэн, улуу судаарыстыба оҥорбуттарын таһы-быһа мэлдьэһэллэр. Дьаабы дьон.

***

Салгыы өрөспүүбүлүкэлэри хайдах суох гыналлара кэпсэнэр. Дойду Төрүт сокуонугар уларытыы киллэрэн сотуохтарын сөп. Дагестаҥҥа курдук олохтоох омугу салалтаттан күүһүнэн туоратыахтарын, эбэтэр Хакасияҕа курдук экэнэмиичэскэй ырычааҕынан хабарҕалыахтарын сөп үһү.

Былаас кытаанах турунуута Москуба Татарстан уонна Арассыыйа икки ардыларынааҕы дуогабары уһатартан былырыын тосту батыммытыттан саҕаламмыт. Татаар элиитэтэ саҥа дуогабары туруорса сатаабытын, өрөспүүбүлүкэҕэ баар нуучча нэһилиэнньэтэ татаар тылын үөрэтэри утары турбут. В.Путин “атын тылы күүс өттүнэн соҥноон үөрэтэр сыыһа” диэбитин кэннэ, өрөспүүбүлүкэлэргэ борокуруордар бэрэбиэркэлэрэ ыытыллар. Ыстатыйаҕа өссө “Татарстан салалтатыгар үксэ татаардар, 30 миниистиртэн 7-тэ эрэ нуучча, оттон өрөспүүбүлүкэҕэ нууччалар 40 %-ны ылаллар” диэн  баайсыбыттар.

Итиннэ “эс, хайдах, Татарстан Арассыыйа бастыҥ, ситиһиилээх, күүстээх эрэгийиэнэ. Ол аата салалта үчүгэйдик үлэлиир, онно ким туох омуга туох оруоллааҕый?” диэхпитин сөп. Холуннарааччылар “Минниханов кэмигэр өрөспүүбүлүкэ иэс бөҕөҕө киирдэ, судаарыстыбаннай иэһэ 90 млрд солк. тиийдэ (Арассыыйаҕа 4-с элбэх иэстээх), ол аата Татарстан ситиһиитэ – сымыйа, экэниэмикэ өттүнэн мөлтөх, моҥкурууттуур туруктаах эрэгийиэн” диэн суруйаллар. Ыаллыы Башкортостан иэһэ 22 эрэ млрд буоларын холобурдаабыттар. Дагестан кыаҕын мөлтөтүү биир холобура: бу күннэргэ аатырар бырааттыы Магомедовтар “Суммалара” мөлтөөн эрэрин, төрөөбүт Дагестаннарыгар көмөлөспөккө, төттөрүтүн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн сии олороллорун туһунан суруйуулар тахсаллар. Биһиги “Якутгазпроммутун” уччутан ылбыттара эмиэ көбүтүллэн тахсыан сөп курдук.

***

Ыстатыйа “Кириэмил автономияларга бэйэтин дьонун: Бречаловы – Удмуртияҕа, Цыбульскайы – Ненец уокуругар, Цыденовы – Бурятияҕа, Евстифееви – Марий Элга, Дагестаҥҥа В.Васильевы – анаталаабыта, “Башнефть” тэрилтэни атыылааһын, башкир бэрэсидьиэнэ Хамитовы И.Сечин күтүөтэ Т.Каримов солбуйуон сөбүн туһунан кэпсэтиилэр, татаар элиитэтин сөһүргэстэтии – бу барыта Кириэмил сэрэтэр сигналлара”. “Саамай элбэх омук олорор Дагестаныгар Хотугу Кавкаһы барытын хабыахтаах Төрүт сокуон тыйыс бэрээдэгин олохтуур көрдөрүүлээх эспэримиэн ыытыллара – күүһүрбүт федеральнай киин олохтоох кылааннар мафияларын кытта оонньоһон бүтүүтүн, саҥа олох саҕаламмытын туоһута, ол илдьитэ” үһү.

***

Өйдүүргүт курдук, милииссийэ генерал-полковнига В.Васильев Дагестан салайааччытынан 2017 с. алтынньы 3 күнүгэр анаммыта. Ол иннинэ Р.Абдулатиповы Кириэмилгэ ыҥыран ылан мас-таас курдук соһуччу уураппыттара. Кавказка улахан уларыйыылар буолуохтарын сөбүн, Васильев анаммытын кэннэ, 2017 сэтинньитигэр Рамзан Кадыров «Россия 1» ханаалга дуоһунаһыттан уурайарга бэлэмин, Чечняҕа уларытыылары таһаарар уолдьаспытын туһунан тыллаһан дьону соһуппута. Чечня баһылыга, Путин чугас соратнигынан ааҕыллар киһи, маны мээнэҕэ саҥарбатах буолуохтаах үһү.

Кадыров этиититтэн хаһыат “дойду элиитэтэ Путин син-биир талылларын итэҕэйэр, өссө Ельцин курдук 2024 сылга тиийбэккэ уурайыахтааҕын, онно былааһын кимиэхэ хаалларарын билэ сатыырын” сабаҕалыыр. Бу – дьикти этии. Ол аата Арассыыйаҕа инникитин демократтыы быыбарынан буолбакка, былыргы ыраахтааҕылар курдук хаан аймаҕынан, эбэтэр кырдьан мөлтөөбүт тойон “биэнсийэҕэ” барыан иннинэ бэйэтин ылгын уолугар былааһы туттарар Ельциннии үгэһинэн олоруохпут эбитэ үһү. Ыстатыйа “Путин кэнниттэн кэлээччигэ (эмиэ үйэтин тухары олоро кэлэр киһиэхэ буолуо) былааһы туруктаах туттарар туһугар, Сирияттан Украинаҕа тиийэ иирсээннэри кыайыылаах-хотуулаах быһаарар, сааҥсыйалары тохтотон дойдуга инвестиция киирэрин ситиһэр курдук улахан соруктар быһаарыллыахтаахтар” диэн түмүк оҥорор. Ол аата дойдуну байыаннай аҥаардаах мобилизация экэниэмикэтэ күүтэр курдук.

Бу ыстатыйа ааптардара айымньыларын “Арассыыйа инникитэ төбө ыарыыта буолбут автономиялар боппуруостарын төһө сөпкө быһаарартан быһаччы тутулуктаах” диэн түмүктээбиттэрэ киһини кэлэтэр.

***

Ыстатыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэри эрэ утарбат. Былырыын Кириэмил эрэгийиэннэргэ, бэл, сирэйдиин кытта майгыннаһар “эдэр технократ” диэн ааттанар салайааччылары анаталаан барбыта. Ол эрээри, кэбиниэт иһигэр кумааҕыны эрэ сыҕарытар, олоҕу билбэт, “инкубаторга” иитиллибит тойоттор букатын бөөхүллэ салайааччы буолаллар эбит. Холобурга, Иваново уонна Новгород уобаластарын баһылыктарын: С.Воскресенскай уонна Арассыыйа инникитин быһаарар суолталаах Стратегическай чинчийиилэр ааҕыныстыбаларын (АСИ) урукку тойоно А.Никитин – үлэлэрин ырыппыттар. “Тэпилииссэҕэ” үөскээбит, “тойон буолан төрөөбүт” технократтар олоҕу букатын билбэт буолан, эрэгийиэннэргэ тиийэн олоххо киирбэт “халлаан дьыалатын” собуоттаан барбыттар. Онон ити эрэгийиэннэр олохтоохторун бэлиэргэттэн кэлэппиттэр. Ити Кириэмил салайааччылары үүннэрэр систиэмэтэ мөлтөҕүн, “кэбиниэт теоретиктара уонна дьыбаан стратегтара” эрэгийиэннэри салайар кыахтара суоҕун көрдөрбүт. Онон “эрэгийиэннэр салайааччыларынан “саллааттан пуолка хамандыыра” буола үүммүт дьону аныырга” диэн эппиттэр.

Үөһэ ааттаммыт икки эрэгийиэн олохтоохторо Кириэмил оонньоон ыыппыт “эдэр варяг технократтарын” хаһан көрүлэтэн бүтэн төттөрү Москубаҕа харайарын, “анал поликлиникаҕа уопукка” илдьэрин күүтэллэр үһү. “Бу дьон онно тиийэн тэлэбиисэринэн сыбыс-сымыйанан “инновациялар, нейроситимнэр, телемедицина” туһунан дойҕохтоотуннар, оттон кинилэр “нанореформаларыттан” сылайбыт дьон кинилэри ыраахтан көрөллөрө быдан ордук. Эрэгийиэни хайдах салайары билбэт, билэ да сатаабат дьону күбүрүнээтэринэн анааһын – Кириэмил улахан сыыһата” диэн кытаанах түмүк оҥорбуттар.

***

Бу быыбар иннигэр тахсыбыт мөккүөрдээх ыстатыйа араас санааны үөскэтэр. Дойдуга кыахтаах салайааччыны иитэр систиэмэ чахчы олохтоммото, араас “оонньууларга үүммүт технократтар” олохтон букатын тэйиччилэрин көнөн быстыбат олохпут да көрдөрөр. 2012 с. В.Путин дойдуга 2020 сылга диэри 25 мөл. үрдүк технологиялаах үлэ миэстэтин тэрийэр соругу туруорбута. Ону “олоххо итинник бэлэмэ суох, кыһыл тылынан кыырары эрэ сатыыр “эдэр технократтар” тохтулар” диир сыыһа буолбата буолуо. Оттон олохтоох усулуобуйаны, дьону-сэргэни билбэт “варягтар” тугу да ситиспэттэрин кэлиҥҥи кэм элбэх холобура көрдөрөр. Билигин В.Путин “сыыппара экэниэмикэтин” сайыннаран кэлэр алта сылга “тоҕо көтөн тахсар” соругу туруоран эрэр да... Чэ, ол баҕар кыаллыа эрээри, бу соругу чахчы үлэҕэ буспут-хаппыт, дьон билэр, итэҕэйэр, көдьүүстээх салайааччылара эрэ кыайыахтарын сөбө өйдөнөр.

***

Оттон национальнай өрөспүүбүлүкэлэри утары ис хоһоонноох суруйуулар тахсалларын быыбар иннинээҕи күдээринэ сахсаан диэн итэҕэйиэ суохха эмиэ сөп. Элбэх эрэгийиэни бөдөҥсүппүттэрэ эрээри, олортон хайалара да ойуччу, “тоҕо көтөн” сайдан барбыт сураҕын истэ иликпит. Ол да буоллар, улахан омук “хаартытын оонньуутугар” наар туох да буруйа суох национальнай өрөспүүбүлүкэлэри толук оҥосторо, кинилэринэн оонньуура – бэрдэ суох көстүү.

2022 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 100 сылын бэлиэтииргэ бэлэмнэнэбит. Өрөспүүбүлүкэ тулхадыйбакка сайда туруо диэн эрэнэбит.  

Владимир Степанов

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар