Сэрэдэҕэ (атырдьах ыйын 31 күнүгэр) – саха бөҕөһө Роман Дмитриев Мюнхен Олимпиадатын (1972) чөмпүйүөнэ буолбута – лоп курдук 50 сылын туолар!
Нуучча аатырбыт спортсмена Всеволод Бобров пааматынньыгар – “Шаляпин русского футбола, Гагарин шайбы на Руси...” диэн бэйиэт Евгений Евтушенко хоһоонун тыллара суруллубуттар. Киэҥ далааһыннаах, күүстээх, дириҥ иэйиилээх тыллар.
Александр Беленькэй диэн буоксаҕа идэтийэр успуорт суруналыыһа баар. Кини “Сүдү чөмпүйүөннэр” (2004) диэн аар-саарга аатырбыт боксуордар туһунан кинигэтигэр: “Биһиги, арааһа, Эмиэрикэҕэ – муҥутуур ыарахан ыйааһыҥҥа аан дойду чөмпүйүөнүн дьиҥ суолтатын, ситэн-хотон өйдүөхпүт суоҕа. Биһиги “чөмпүйүөн”, “кыайыылаах” диэн тылларбыт ол суолтаны ырааҕынан арыйбаттар. Арай, Сэбиэскэй Сойууска сэрии иннинэ сөҕүмэр уһун көтүүлэри оҥорбут лүөччүктэргэ уонна Юрий Гагариҥҥа сыһыаммытын тэҥнии тутуохха сөбө буолуо. Буокса ыарахан ыйааһыныгар аан дойду чөмпүйүөннэрэ – үрдүктэн үрдүк чыпчаалга дабайбыт дьиҥнээх дьоруойдар”.
Биһиги Роман Дмитриевпыт – туһунан итинник курдук киэҥ далааһыннаах, чаҕылхай этиилэри суруйуоҕу баҕарыллар. Ол гынан баран, этэргэ дылы, “сүрэх баҕатын сүһүөх кыайбат” буоллаҕа.
Сэбиэскэй Сойуус успуордун чаҕылхай “сулуһа”! Үөһээ айыылартан айдарыылаах бөҕөс! Нууччалыы үрдүк хайҕабыл тылын туттар буоллахха – “небожитель”! Саха бөҕөстөрүгэр суол тэлээччи, суолдьут сулус! Биһиги көлүөнэ кини соргулаахтык тустар, кыайар-хотор кэмигэр улааппыппыт, оскуолаҕа үөрэммиппит. Кини аатын Лев Яшин, Олег Блохин, Валерий Харламов, Владислав Третьяк курдук успуорт чаҕылхай “сулустарын” кытта тэҥ кэккэҕэ туруорарбыт. Роман Дмитриев кыайыы-хотуу көтөллөөх күрэхтэспит куораттарын ааттара биһиэхэ муусука курдук кэрэтик иһиллэрэ: Мар дель Плата (1969), Эдмонтон (1970), Мюнхен (1972), Тегеран (1973), Стамбул (1974), Монреаль (1976)...
“Бастакы” диэн тыл Роман Михайловичка сыһыаран элбэхтик туттуллар: сахалартан бастакы Олимпиада чөмпүйүөнэ (1972, Мюнхен), сахалартан бастакы аан дойду чөмпүйүөнэ (1973 сыл, Тегеран); сахалартан бастакы Европа чөмпүйүөнэ (1969 сыл, София); сахалартан бастакы ССРС чөмпүйүөнэ (1969, Минскэй).
50 сыл анараа өттүнээҕи Мюнхен Олимпиадатын түһүлгэтин ахтан-санаан ылыаҕыҥ. Бөҕөстөр “Рингерхалле” диэн успуорт саалатыгар атырдьах ыйын 27-31 күннэригэр күрэхтэспиттэрэ. Саммай алын ыйааһыҥҥа, 48 киилэҕэ 14 бөҕөс баара. Оччолорго күрэхтэһии олох атын систиэмэнэн ыытыллара. Бөҕөстөр хайдах тустубуттарынан көрөн “ыстарааптыыр бааллар” бэриллэллэрэ.
Роман Михайлович 2006 сыллаахха тахсыбыт “Покоренный Олимп” диэн кинигэҕэ Мюнхен көбүөрүгэр бары хапсыһыыларын сиһилии кэпсээбитэ.
Акбар Марути (Индия) – (15:0) ыраас кыайыы!
– Көбүөргэ “бастакы уолбун, Индия бөҕөһүн, ыраастык хоттохпуна сатанар” диэн былааннанан киирбитим. 15 очукуоҕа диэри араастаан быраҕан көрдүм да, киһим бэриммэт. Сүрдээҕин сылайдым. Имигэһэ сүрдээх. Оннук да буолуохтаах этэ. Олимпийскай оонньуу көбүөрүгэр мөлтөх бөҕөс диэн суох. Инньэ гынан бастакы утарылаһааччыбын тохсус мүнүүтэҕэ эрэ тиийэн “чыыстайдаабытым”.
Акихиро Умеда (Япония) – 15:10
– Көбүөргэ киирээт, Умеда очукуо ылаттаабыта. Бастакы түһүмэх бүтүүтэ – ахсаан мин туһабар буолбута (8:5). Сынньалаҥ кэнниттэн наһаа киммэккэ, тэҥ соҕустук тустарга былааннаммытым. Ону билбиттии, Умеда киирдэ да үлэлээбитинэн барбыта, үс очукуону субуруччу ылбыта. Онтон өссө “накаттаабыта”. Инньэ гынан, иккис түһүмэх бүтүүтэ Умеда очукуота элбээбитэ.
Тиһэх үс мүнүүтэҕэ хардарыта бырахсыы буолбута. Кэлин дьон кэпсииринэн: хардарыта бырахсан, көлүөһэ курдук кулахачыйа сылдьыбыт үһүбүт. Туох албастары оҥорбуппун, хайдах тустубуппун үчүгэйдик өйдөөбөппүн.
– Уон сөкүүндэ хаалла! – диэн Сергей Андреевич Преображенскай саҥатын истэбин. Тустар-хапсыһар кыйыкпын туттунан, көбүөр кытыытыгар турунан кэбистим. Биэс очукуонан (15:10) хотон иһэр киһи быһыытынан. Санаабар, ол 10 сөкүүндэ биир мүнүүтэтээҕэр уһун курдуга. Алтыс мүнүүтэттэн ыла олус сылайбыппын билбитим. Умеда да илистибит этэ. Кэлин Загалав Абдулбеков: “Иккиэн кумааҕы курдук кубарыйан хаалбыт этигит”, – диэбитэ.
Огнян Николов (Болгария) – 13:4
– Мюнхен көбүөрүгэр хапсыһыыларбыттан Николовы кытта тустуубун ордоробун. Тиһэх мүнүүтэҕэ дылы ахсаан 13:3 этэ. Гонг тыаһыан аҕай иннигэр Николов атахха киирэн, биир очукуону ылбыта. Инньэ гынан, ахсаан 13:4 буолбута. Доҕотторум: “Мотуор курдук тигинэччи үлэлээтиҥ”, – диэн хайҕаабыттара. Николовы хас да төгүл ыраастык ууруохпун сөп этэ. Кэлин санаатахпына, ыраастык кыайбатаҕым үчүгэй эбит. Николов финалга диэри салгыы тустан Джавадины кыайыыта – миэхэ да, бэйэтигэр да туһалаах буолбута.
Ибрагим Джавади (Иран) – 6:8
– Джавадины кыайыам диэн санаабын (очукуонан баһыйтара да сылдьан) хапсыһыы тиһэх сөкүүндэтигэр диэри мүччүрүппэтэҕим. Хара ааныттан кимиилээхтик тустубутум. Биир түгэҥҥэ Джавади тиҥилэхпиттэн тардан – очукуо ылбыта. Джавади атахпар киириитигэр “обратнай” диэн ньыманы туттаары гынабын. Онуоха кини төбөтүнэн атахпын өрө көтөҕөр, тирэхпин сүтэрэн, албаһы кыайан оҥорбоппун. Ити албаска киллэрэ сатааһынынан уонна кимэн киириинэн аһара үлүһүйбүт этим. Хапсыһыы былаһын тухары: “Албаска киллэриэм, син биир кыайыам”, – диэн санаалаахпын. Иккиэн биирдии сэрэтиилэммиппит. Ахсаан Джавади туһатыгар 5:10 буолбута.
Ити курдук Роман Дмитриев Иран бөҕөһө Джавадига икки баалынан баһыйтарар, оттон бэһис эргииргэ Огнян Николов Джавадины кыайар (үс очукуонан чорбойон). Ибрагим Джавади “ыстарааптыыр баала” элбээн – олох да үһүс миэстэҕэ тэбиллэр. Бүтэһиктээх түмүк маннык буолбута: 1 – Роман Дмитриев (ССРС); 2 – Огнян Николов (Болгария); 3 – Ибрагим Джавади (Иран).
– Биир күн саалаҕа ССРС өрөгөй ырыата биэс төгүл дуораһыйбыта, –диэн кэпсээбитэ Роман Дмитриев. – Ити мин саамай дьоллоох күнүм этэ.
Федор РАХЛЕЕВ.
Роман Дмитриев улахан түһүлгэлэргэ ситиһиилэрэ
Сыл |
Куорат |
Ч |
Кг |
Бөҕөс |
М |
1969 |
Минскэй |
ЧС |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1969 |
София |
ЧЕ |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1969 |
Мар дель Плата |
ЧМ |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
II |
1970 |
Эдмонтон |
ЧМ |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
III |
1971 |
Москуба |
ЧС |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1971 |
Москуба |
СП |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1972 |
Минскэй |
ЧС |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1972 |
Мюнхен |
ОИ |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1973 |
Красноярскай |
ЧС |
52 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1973 |
Тегеран |
ЧМ |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1974 |
Лас-Пальмас |
КМ |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1974 |
Стамбул |
ЧМ |
52 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
III |
1975 |
Киев |
ЧС |
52 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
II |
1976 |
Одесса |
ЧС |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1976 |
Монреаль |
ОИ |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
II |
1977 |
Красноярскай |
ЧС |
52 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
III |
1978 |
Минскэй |
ЧС |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
II |
1979 |
Москуба |
СП |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1979 |
Москуба |
ЧС |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
II |
1980 |
Москуба |
ЧС |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
I |
1981 |
Лодзь |
ЧЕ |
48 кг |
Роман ДМИТРИЕВ |
III |
Табылыыссаҕа быһаарыы: ОИ – Олимпиада; ЧМ – аан дойду чөмпүйэнээтэ; КМ – аан дойду Куубага; ЧЕ – Европа чөмпүйэнээтэ; СП – ССРС норуоттарын Спартакиадата; ЧС – ССРС чөмпүйэнээтэ.