Киир

Киир

Тыйыс-куйаас, уйан-хатан өттүнэн айылҕабытынан уһаарыллан-чочуллан тахсыбыт омук быһыытынан, көҥүл тустууга сырдык эрэли сахпыт, дьоһуннаахтык ылсан туран дьулустахха, Кыайыы өрөгөйүн үрдүк чыпчаалыгар тахсыытын биллэрбит улуу ытыктыыр киһибит Роман Дмитриев 75 сааһын бэлиэтиир норуоттар икки ардыларынааҕы турнира буолан ааста. Мин кулун тутар 8 күнүгэр Сайсары эбэбитин эҕэрдэлээн кэлэн иһэн, күрэхтэһиини өҥөйөн аастым.

Чахчыта да 13 дойду, регион  (Армения, Казахстан, Кыргызстан, Азербайджан, Индия, Дагестан, Тува, Бурятия уо.д.) элбэх тустууктара кэлбиттэрэ көҥүл тустуубут балысханнык сайда турарын биһирэтиэх курдук. Манна дьэ көстөр эбит -- ким хайдах тутта-хапта сылдьара, кутун-сүрүн күүһэ, сүргэтэ, туох итэҕэллээҕэ, туохха олоҕуран, кыайыыны ситиһэрэ...

Сонуну тарҕатар тэрилтэлэр, соцситим бу турнирга 90 тахса Саха Сирин кэскиллээх спортсменнара кыттыыны ылаллар диэн истибитим. Бу спортсменнар быыстарыгар, биһиги омук эркин курдук эрэнэр эр бэртэрэ, кэскиллээх ыччаттар, дьиэ-кэргэн аҕа баһылыктара... буолар бастыҥ киэн туттар оҕолорбут кытыннахтара.

Күрэхтэһиигэ омос көрүүгэ барыта үчүгэй курдук. Ол эрээри, биир бэйэм биир түгэни сөбүлээбэтим. Оҕолорбут күрэхтэһиигэ эт-хаан өттүнэн эрчиллиилэрин тэҥэ спорт эйгэтигэр улахан суолталаах ис туруктарын, сүрдэрин (дух) күүһүрдэргэ, майгыларын-сигилилэрин иитиигэ таһымнаах үлэ ыытыллыбатын тус бэйэм бэлиэтии көрдүм. Спортсменнарбыт сирэйдэригэр-харахтарыгар тутатына ис туруктара дьэҥкэтик көстө сылдьар. Холобура, Нираш Нираш диэн Индия бөҕөһө тустарыгар олох биир кэм сылдьар, ис долгуйуутун олох таһаарбат, синигэр киирэн баран тустан кыайбыта.

Онтон биһиги эдэр кэскиллээх спорстмен уолбут соччото суох тыллары саҥара-саҥара, хараҕын уутун туттуммакка атын хоско ытыы сүүрбүтүн көрөн аһынным. Мин эрэ көрүөм дуо, атын омук дьоно бары да көрдөхтөрө-биллэхтэрэ...

Мин  бу көстүү кэнниттэн араас омуктар харахтарыгар  омукпутун күлүүгэ ыыппат, тэпсилгэн оҥорбот туһуттан, сахам норуотун туһугар ыалдьарым төрүөтэ тэһэ кэйэн бу суруйа олоробун.

Биһиги спортсмен оҕолорбутун иитиигэ бастатан туран, учууталлара, тренердэрэ, төрөппүттэр кинилэргэ нацияҕытын көрдөрөҕүт, эһигинэн сирэйдээн омук дьылҕатын инникитэ түстэнэр диэн туһааннаах өйгө-санааа иитиэхтээхтэр.  Итини киһи уйанын-хатанын кытта сөптөөхтүк дьүөрэлиэхтээхтэр. Оҕолору сүргэлэрин таһыма түһүүтүн-тахсыытын көрүнэ сылдьарга, кыайыыны, хотторууну сөптөөхтүк ылыныыга ураты болҕомто ууран үөрэтэр күүстээх үлэ түстэниэхтээх диэн бигэ санааҕа кэллим.

Бу сотору Чечня сиригэр эмиэ улахан күрэхтэһии буолуохтаах диэн “Тэтим” радионан истибитим. Оччотугар, биһиги “ытанньах” уолаттарбыт ол үлүгэр эр киһи энергията өрө күүрбүт, күүс өрө тутуллар сиригэр тиийэ да иликтэриттэн сүргэлэрэ тостон тиийбэтэ буолуо диэн диэн ыйытык туруорабын.

Биһиги өбүгэлэрбит тахсыылаах-түһүүлээх да кэмнэргэ көхсүлэрин кэҥэтэн, уйулҕаларын сааһыланан, саха омук киэҥ көҕүстээх диэн дириҥ өйдөбүлү эттэригэр-хааннарыгар удьуордаан иҥэрэн кэлбит үтүө өрүппүтүн умна быһыытыйбыппыт. Роман Дмитриев курдук эмоцияны хам баттаан,  аҕыйах сөкүүндэ хаалбытыгар хомулла охсон, Олимпиада үрдүк чыпчаалын кыһыл көмүһүн ылан, омугар үйэлэргэ сүппэт бэлэх оҥорбута. Ити улуу түгэн үүнэр ыччаттарбытыгар саха эр киһитин  күүстээх идеология быһыытынан сырдатыллыахтаах! Инньэ гымматахха, хаарыан кэскиллээх спортсмен оҕолорбут олимпиада үрдүк чыпчаалыгар тахсар күүстэрэ, сүрдэрэ тиийбэккэ хаалыан сөп.

Биһиги бары ытыктыыр олимпиецтарбыт Павел Павлович Пинигин, Александр Николаевич Иванов улуу тренердарбыт Дмитрий Петрович Коркин  курдук, тастарыгар эмоцияларын таһааран бырдааттана сылдьыбыттарын хаһан да көрдөрбөтөхтөрө. Саха омук дьоһунун күүскэ өрө туппуттара.

Биһигини —
Хабараан тымныы
Хаарыйан-хаарыйан
Хатан харахтаабыта,
Уордаах тымныы
Мускуйан-мускуйан
Уһаарыылаах уҥуохтаабыта.
Кыыдааннаах тымныы
Кыһарыйан-кыһарыйан
Быстыбат тыыннаабыта.
Ол буоллаҕына, —
Хоту муустаах муора хотун
Холугурас муус хоойнугар
Хорҕойо сытаммыт[68],
Аны биирдэ дьүһүк кубулунан,
Быста-быста салҕанан,
Тимирэ-тимирэ күөрэйэн,
Өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ...
Көһөн иһээччилэри
Көһүтэ-көһүппүччэ,
Кэлэн иһээччилэри
Кэтэһэ-кэтэспиччэ,
Тустаан иһээччилэри
Тоһуйа-тоһуйбучча —
Кинилэр диэтэх дьон
Бэйэлэрин киэнин,
Үөмэн тиийбэт
Үрдүк сололоох,
Үгүс үтүөнү үөдүппүт,
Үс дойду өйүн үксэппит
Үтүө үөрэхпит диэн ааттыыр,
Сэттэ уон сэттэ
Дьиибэ дьибилгэттэрин,
Дьэс эмэгэт гынан
Испитигэр иҥэрэн
Ийэ куппутун[69] иитиэхтиэҕиҥ,
Аҕыс уон аҕыс
Араас албастарын
Алкыйан ылан,
Ап гынан
Салгын куппутун69 алыптыаҕыҥ.
Тоҕус уон тоҕус Кудай[70] кубулҕаттарын
Куудьуйан[71] ылан,
Буор куппутун69 буҕатытыаҕыҥ...
Итиччэлэргэ буоллаҕына,
Кинилэр диэтэх дьон
Кэлбиттэрин иһин,
Тиис тиискэ,
Муос муоска,
Туйах туйахха буоллаҕына,
Онтон анараа өттүгэр —
Айыҥат хаан анабыла,
Таҥха хаан таҥхата,
Дьылҕа хаан дьылҕата
Сиргэ түспүт кэскилбитин
Киминэн тэрийбитэ,
Окко түспүт оҥоруубутун
Тугунан олохтообута —
Ол билиэ этэ буоллаҕа дии,
ноколоор...

Улуу убайбыт Өксөкүүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» айымньытыгар олоҕуран, спортсменнарбытын сүрдэрин өрө көтөҕөр үлэни билигин ылсыбатахпытына, туох буолуон сөбүн  Өксөкүлээх эмиэ эппит эбит:

Бэттэрбитин нэктэл-кулут,
Хаадыаппытын хамныыр кулут,
Эдэрбитин эллигэн-кулут
гыныахтара.
Аҕам дьахтар анахсыт,
Эдэр дьахтар эстэрээпэ,
Оҕо дьахтар оҕоһут буолуо.
Оҕонньор киһи
Оһох төрдүн олоччоҕо,
Куһаҕан эмээхсин
Кумалаан куолай буолуо.

Айыы Уордаах Күрүө Дьөһөгөй таҥаралаах уол оҕолорбутун өрүү ат уорҕатыгар буолар кэскиллээх айаннара куттарыттан-сүрдэриттэн, уйаннарыттан-хатаннарыттан тутулуктааҕын умнар сатаммат!

Туналҕааны Куо 13.03.2024 г.

Бүтэһик сонуннар