Киир

Киир

Соторутааҕыта Тыва сүүсчэкэ сиригэр төрүт ааттарын төнүннэрбиттэрин туһунан сонун бассаап ситиминэн киэҥник тарҕаммыта. Бары “Биһиэхэ тоҕо оннук сатамматый?” диэн аймана, мөҕүттэ түспүттэрэ.  Онтон, буоларын курдук, тута умнубуттара. Ол эрээри биһиги умуннарар санаабыт суох. Тывалар сатаабыт буоллахтарына, биһиги да сатыахтаах буоллахпыт.

Олохтоохтор этиилэрин ылыммыттар

Тыва сонунугар “Cирдэр ааттара олохтоохтор көрдөһүүлэринэн уларыйда” диэн чопчу сурулла сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата бу хайысханан 2018 үлэлээн саҕалаабыт. Ол курдук,  бастакынан Улуг-Хемскэй кожууҥҥа  (оройуоҥҥа) баар Кок-Чыраанскай сумон (сэлиэнньэ) Арыг-Бажы диэн төрүт аатын 2019 сыллаахха төнүннэрбит. Ити курдук уһун-киэҥ ырытыһыы, быһаарсыы кэннэ Үрдүкү Хурал олохтоох сокуоҥҥа уларытыылары киллэрбит.

Хайа сир аатын хайдах уларытар туһунан этиилэри олохтоохтор бэйэлэрэ киллэрбиттэр. Ону бүтүн сэлиэнньэнэн мунньахтаан, олохтоох сүбэҕэ (хуралга) көрөн бигэргэппиттэр. Онон, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 96 сир аатын уларытар буолбуттар. Тыва үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарыгар«-ский» диэн нуучча тылын сыһыарыыта сыста сылдьарын соппуттар. Ол түмүгэр, Бай-Талскай төттөрү – Бай-Тал, оттон Хемчикскэй – Хемчик буолбуттар.

Биһиэхэ сир-дойду аатын уларытыы туһунан кэпсэтиилэргэ салайааччылар элбэх докумуон уларыйарыттан, үтүмэн үп баранарыттан иҥнэллэр. Оттон Тываҕа ол кыһалҕаттан ким да иҥнибэтэхэ. Төттөрүтүн олохтоохтор туох да кыһалҕаны көрсүөхтэрэ суоҕа, прописканы эбэтэр сир докумуонун хаттаан оҥорторор ирдэммэт диэн суруйаллар.

Биһиэхэ тоҕо сатаммат?

Биһиги “Тывалар курдук дьаһаныы Cаха сиригэр тоҕо сатамматый?” диэн ыйытыылаах сир-дойду аатын үөрэтэр удьуор учуонай, тыл билимин хандьыдаата Багдарыын Сүлбэ уола Ньургуҥҥа тиийдибит.  Кини саха сирдэрин төрүт ааттарыгар уонна таба суруллууларыгар улахан үлэни оҥорбут, онно олоҕуран үрдүкү салалтаҕа элбэх этиилэри киллэрбит киһи буолар. Хомойуох иһин, этиилэрэ күн бүгүнүгэр диэри олоххо киирэ иликтэр. Биһиги ыйытыыбытыгар маннык хоруйдаата:

- Сүүһүнэн ааты биирдэ уларытыы диэн сүрдээх дии. Биир киһи оҥорбот үлэтэ. Чахчы оннук буоллаҕына, тывалар сүҥкэн үлэни оҥорбуттар, улахан кыайыыны ситиспиттэр. Арааһа, туруорсуу олохтоохтортон бэйэлэриттэн тахсыбыт буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, сир-дойду аатын уларытыыны онтон атыннык ситиһиллибэт.

Биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ административнай-территориальнай тыырыллыытын быһаарар хамыыһыйа баар. Урут кинилэргэ сирдэр сахалыы-нууччалыы ааттарыгар көннөрүүлэри оҥорон биэрбитим. Онно араас министиэристибэ, биэдэмистибэ салайааччылара киирэллэр. Көннөрүүлэрбин көрүүгэ биир этиини өйдөөн хаалбыппын. Сир аатын уларытыы кадастр үлэтигэр харгыстары үөскэтэр курдук эппиттэрин. Биир эмэ буукуба уларыйдаҕына, сири кытта үлэлиир исписэлиистэр туохтара эрэ сатаммат үһү. Ол иһин баҕарбаттар эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Дьиҥэр, аҕыйах исписэлиис интэриэһинэн буолбакка, бүтүн омук интэриэһинэн салайтарыахтаах этибит буоллаҕа.

Онон, мин тыл үөрэхтээҕин быһыытынан туруорсуум күүһэ кыра. Төһө да сир-дойду аатыгар үлэ көннөрүүлэри киллэрбитим иһин, олохтоохтор баҕарбат, туруорсубат буоллахтарына, ол өтөрүнэн туолбат. Олохтоохтор бэйэлэрэ туруорсуохтаахтар. Холобура, мин Ньургун диэн аатым сөпкө сурулларын туруорсарым курдук. Манна нэһилиэк, улуус баһылыктарын кыһамньылара быһаарар суолталаах. Кинилэр олохтоохтору кытта мунньахтаан, быһаарыы ылынан, сурук бэлэмнээн Ил Түмэҥҥэ киллэриэхтээхтэр. Оччоҕо салгыы дьокутааттар үлэлиэхтээхтэр.

Хомойуох иһин, нэһилиэнньэ улахан аҥаара сир аатыгар буолуохтааҕар, тус аатыгар да кыһаммат. Холобура, соторутааҕыта “Cаҥа күн” биэриигэ “Хаҥалас улууһун Кэрдэм сэлиэнньэтигэр…” диэн сонун кэпсээтилэр уонна оннук суруйдулар.  Онуоха биир даҕаны Күөрдэм олохтооҕо эрийэн сыыһаларын ыйбата, сэмэлээбэтэ. Ити курдук сирбитигэр-уоппутугар итинник сыһыаннаахпыт.  

Сүлбэ уола Ньургун этэринэн, сирбит-дойдубут аатын 30 %-на уларыйыан сөп. Манна төрүт сахалыы ааттаах эрээри нууччалыы ааттана сылдьар сирдэр уонна сахалыы-нууччалыы сыыһа сурулла сылдьар ааттар киирэллэр. Ол сыыһалары күннэтэ көрө, истэ сылдьабыт. Дэлэҕэ, кэлии дьон Шея диэн суол бэлиэтигэр ыйаастан туран киинэҕэ уһуллуохтара дуо?

Онон, Сахабыт сирин олохтоохторун, бары баһылыктары уонна дьокутааттары сирбитигэр-дойдубутугар сахалыы төрүт ааттарын төнүннэриигэ уонна сыыһаларын көннөрүүгэ бары күүскэ үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырабыт. Тывалартан туох итэҕэстээхпитий?

Матырыйаалы бэлэмнээтэ Күндэли.