Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрилтэлэр пресс-сулууспаларыгар сахалыы суруйар биир үлэһит көстүбэккэ (эбэтэр тыл бэлиитикэтэ мөлтөҕүттэн дуу), сонун барыта нууччалыы суруллан тарҕанар. Кэнникинэн өссө улуус дьаһалталара кытары нууччалыы эрэ суруйар буоллулар. Ону үтүктэн, нэһилиэк дьаһалталара сыыйа-баайа нуучча тылыгар көһөн эрэллэр. Үрдүкүлэртэн хаалсыахтара дуо?
Онон, пресс-сулууспалар, бу аныгы кэм «ирдэбилэ» диэн ааттаан, үлэлэрин чэпчэтэн эбэтэр хамнаһы харыстаан, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, сахабыт тылын сонуну тарҕатар эйгэттэн симэлитэн эрэллэр. Кинилэр нуучча тылыгар көһүүлэрэ сахалыы тыллаах социальнай ситим сайдыытыгар, сахалыы сонун элбииригэр улахан харгыс буолар.
Дьиҥэр, СӨ «Тыл туһунан» сокуона ирдииринэн, салалталар уонна тэрилтэлэр икки судаарыстыбаннай тылынан үлэлиэхтээхтэр. Кинилэр бэйэлэрин үлэлэригэр сонуну сахалыы ааҕыан баҕарар араҥаны эмиэ учуоттуохтаахтар. Кыһыыта диэн, пресс-сулууспа үлэһиттэрэ, саатар сахалыы үлэлиир хаһыаттарга, ситимнэргэ ыытар матырыйаалларын сахалыы суруйан ыытарга кыһаллыбаттар. Ол да иһин, ыыппыт матырыйаалларын улахан аҥаара электроннай пуочтаҕа хаалан хаалар. Дьиҥэр, биһиги сахалыы суруллан кэлбит сонуну үөрэ-көтө таһаарыах, тарҕатыах этибит буоллаҕа.
Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрилтэлэргэ, пресс-сулууспаларга ама биир сахалыы суруйар үлэһит көстүбэтэ улаханнык сонньутар, дьиксиннэрэр.
Күндэли