Киир

Киир

Бу – реклама буолбатах. Бар дьоҥҥо “олус туһалаах саайт баар” диэн кэпсиир быһыыбыт.

Сахалыы

Омугуттан, сааһыттан тутулуга суох арыт тылбаасчыкка наадыйарбыт баар суол. Сахалыыттан – нууччалыы, нууччалыыттан – сахалыы. Сороҕор, бэл, омуктуу.

Нууччалыы да, сахалыы да судургу тиэкиһи киһи барыта тылбаастыыр кыахтаах. Ол эрээри киһи тылбаастыы олорон биирдиилээн өйдөммөт тылларга, тыл ситимнэригэр кэлэн иҥнэн хаалыан эбэтэр элбэх өйдөбүллээх тылы “сөптөөх тылбааһа хайдах буолуой?” диэн мунаарыан сөп. Биллэн турар, оннук түгэҥҥэ киһи тута тылдьыт үрдүгэр түһэр. Оттон тылдьыт дьиэҕэр суох буоллаҕына хайдах гынаҕын? Биир тылы көрүөм этэ диэн бибилэтиэкэҕэ сүүрэн иһиэҥ дуо? Суох буоллаҕа. Дьону сүпсүгүрдэр, аралдьытар эмиэ табыгаһа суох.

Оннук түгэҥҥэ үгүс киһиэхэ “SakhaTyla.Ru” диэн саайт көмөлөһүөн сөп. Бу саайт үлэлээбитэ номнуо уонтан тахса сыл буолла. Оччолорго Москубаҕа үлэлии, айа-тута сылдьар Василий Иванов, Александр Андреев уонна Альберт Габышев диэн саха ыччаттара айбыттара.

Ити саайка киирбит киһи тута тылбаастыыр онлайн-тылбаасчыт өҥөтүнэн туһаныан, саха тылыгар сыһыаннаах араас кинигэни ааҕыан, көрүөн, истиэн сөп.

Холобур, онлайн-тылбаасчыт 20 тыһыынчаттан тахса тылы сахалыыттан нууччалыы, 35 тыһыынчаттан тахса тылы – нууччалыыттан сахалыы, 2000 кэриҥэ тылы – сахалыыттан аангылыйалыы уонна тыһыынча кэриҥэ тылы аангылыйаттан сахалыы тылбаастыан сөп. Тута. Тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар оҥорбут анал тылдьыттарыгар олоҕуран.

Итини таһынан, кинигэ арааһа баар. Саха тылын учуобунньуктара, сомоҕо домох, таба суруйуу тылдьыттара, бочуоттаах академик Э.Пекарскай үс туомнаах тылдьыта, Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын бары туома, о.д.а...

Аны туран, андроидка, айфоҥҥа туруоруллар сахалыы клавиатуралар, Сахалыы Бикипиэдьийэ, Сахалыы бикитиэкэ сигэлэрэ (сыылкалара) бааллар. Баттаатыҥ эрэ, тута ол саайтарга тиийэҕин.

Онон, тылбаасчыкка, саха тылын араас тылдьыттарыгар наадыйар дьон ити саайты өҥөйөн ааһыаххытын сөп.

Бэлиэтээн эттэххэ, “SakhaTyla.Ru” саайт төлөбүрэ суох, босхо үлэлиир. Саайт тэрийээччилэрэ даҕаны үп-харчы киллэрэр, онон туһанан байар-тайар, бэл, хамнас аахсар соруктара суох. Бар дьон, төрөөбүт тыл туһугар үлэлииллэр.

Өссө биир тылбаасчыт

Ессе биир тылбаасчыт

Өссө биир төлөбүрэ суох, харчыны эрэйбэт онлайн-тылбаасчыт баар. Ол – “Яндекс тылбаасчыт”. Бу тылбаасчыты Алексей Иванов диэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин научнай үлэһитэ, эдэр киһи көҕүлээн оҥорторбута.

Билигин бу тылбаасчыт сахалыы биирдиилээн тылы, тыл ситимин уонна толору этиини нууччалыы, аангылыйалыы – барыта 98 атын омук тылыгар тылбаастыыр кыахтаах. Онтун ааһан, ити омуктар тылларыттан сахалыы эмиэ тылбаастыыр.

Онон, наадыйар дьон бу тылбаасчытынан толору туһаныаххытын сөп. Биллэн турар, онлайн-массыына, көмпүүтэр арыт олуттаҕастык тылбаастыыр эрээри, этии сүрүн ис хоһоонун бэркэ тиэрдэр. Төлөпүөн сыһыарыытын да, саайт да быһыытынан үлэлиир.

“Айаана”

айаана

Сахалыы, нууччалыы уонна омуктуу тылбаасчыттары ахтан баран, “AYANA” туһунан эппэт буолар табыллыбат, тумнар сатаммат. “Айаана” – эбэҥки тылын онлайн-тылбаасчыта. Аан дойдуга нууччалыыттан эбэҥкилии тута тылбаастыыр бастакы сыһыарыы. Онон, наадыйар, сэргиир дьон бу сыһыарыыны “апп-стортан”, “плей-маркеттан” хачайдаан туһаныаххытын сөп.

“Айаана” биир уратыта диэн, кини киһилии эмиэ саҥарар. Киһи саҥатын истэр, билэр, ыйыттахха, хоруйдуур. Биирдиилээн тылы, кылгас этиини тылбаастыыр да, быһаарар да.

Сыһыарыыны өссө да тупсараллар. Онон, кэҥиир, сайда турар чинчилээх.