Аан дойдуга буола турар иирсээн, атааннаһыы айылҕабытыгар эмиэ дьайарга дылы. Айылҕа эмиэ соннук быыппастыгас, киҥнээх майгыланна, ууга барыы, баһаар элбээтэ, сайын куйаастан тыыммыт хаайтарар, кыһын тымныыттан турбалар дэлбэритэ бараллар... Киһи бэйэтэ онуоха тиэрдэн баран, онтон быыһанар туох миэрэлэри ыларый? Экология саамай тирээн турар кыһалҕаларын туһунан экология эспиэрдэрин санааларын истиэххэ.
Саахал куттала
Сахамин Афанасьев, Ил Түмэн экологияҕа, айылҕа баайыгар уонна сиргэ сыһыаннаһыы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Билигин биһиэхэ саамай кутталлаах эбийиэктэр – стационарнай нефтебазалар, уматыгы быстах кэмҥэ тутар-харайар, уматыгы хачайдыыр сирдэр, гидро-тэхиниичэскэй эбийиэктэр, хвостохранилищелар, көмүс хостооһунугар ууну эргитэр, тутар хранилищелар... Бу манна туох эмэ алдьаныы-кээһэнии дуу эбэтэр айылҕа иэдээнэ дуу тахсар түбэлтэтигэр экологияҕа улахан саахал буолар кутталлаах.
Биисинэскэ былааннаммыт бэрэбиэркэни ыытыы тохтотуллан турар. Онон өскөтүн биэдэмистибэ бэйэтин иһигэр тэхиниичэскэй, экология өттүнэн хонтуруолу тутуспат буоллаҕына, айылҕа уларыйыыларынан сибээстээн (аһара итии сайын ирбэт тоҥ ууллан эбэтэр күүстээх уһун ардах кэнниттэн), саахал тахсар куттала төһө эмэ улаатар. Ол баар – киһи дьиксинэрэ.
Билигин уу тырааныспарын туһаныыга тахсар киртийии аһара улаатта. Онно устар аалы туттарга “подсланевай” дэнэр тобох уу хомуллубата, утилизацияламмата быһаччы дьайар. Сыл аайы өрүстэр оннук ууттан киртийэллэрэ элбиир.
Биир улахан кыһалҕа – ойуур баһаара. Манна 1,6 млрд солк. анаммыта. Ол эрээри хонтуруолга түбэһэр сир (“зона контроля”, ол аата ыраах сытар, спутниктан кэтээн көрүүгэ эрэ түбэһэр сир) син биир кутталлаах балаһыанньаҕа сылдьар.
Аны көҥүлэ суох сыбаалкалар, кирдээх ууну тоҕуу син биир салҕанан барар. Дьокуускайга сыбаалка умайар түбэлтэтигэр салгын киртийиитэ сытыытык туруон сөп. Бөх полигоннарын көрүү-харайыы ирдэбил быһыытынан барбат, оттон саҥа полигоннары бырайыактааһын, тутуу олус бытаан.
Итини сэргэ кыылы-сүөлү харыстыыр үлэ, уу-биология эйгэтэ, көҥүлэ суох булт, балыктааһын мэлдьи даҕаны болҕомто киинигэр сылдьаллар. Кэнники кыра бөртөлүөттэри туһанан бултууллара олус элбээн эрэр, итини бобор наада. Дьон-сэргэ ООПТ-лар тэриллэллэрин сөптөөх диир уонна кыраныыссалар кэһиллибэттэрин, ООПТ-лар сөпкө үлэлииллэрин көрөргө-кэтииргэ бэлэм. Кыһалҕабыт итинник.
Ити боппуруостар Ил Түмэн хонтуруолугар сылдьаллар.
Тэрээһин үлэ, үбүлээһин
Дьулустаан Хон, СӨ экология миниистирин бастакы солбуйааччыта:
– Кыһалҕа элбэх. Министиэристибэ ууга, ойуур хаһаайыстыбатыгар, бултааһыҥҥа, баһаартан көмүскүүргэ уо.д.а хайысхаларга сорук туруоран үлэлиир. Ол эрээри быһаарылла охсуохтаах сүрүн боппуруостарбыт эмиэ бааллар. Мантан инньэ айылҕаны алдьатыы иһин киирбит төлөбүрдэр – ыстарааптар, хоромньу төлөбүрэ ону туоратыыга эрэ туттуллуохтаахтар диэн буолла. Министиэристибэ администратор быһыытынан ону олоххо киллэриэхтээх. Билигин муниципальнай тэриллиилэргэ оннук бэлэмниир үлэ барар. Бу үлэни урут биһиги ыыта илик этибит.
Маны сэргэ баһаартан көмүскэнэр сир (“охраняемая зона”) быйыл кээмэйэ өссө улаатта – 20 мөл. гектарга тиийэ. Былырыын 10 мөл. гектарга тиийэ улааппыта. Биир кыһалҕа – итиннэ, үбүлээһин тиийбэтэ. Ол эрээри биһиги иннибитигэр баһаартан 70 мөл. гектары көмүскүүр сорук турар. Биллэн турар, ити барыта элбэх тэрээһини, үбүлээһини эрэйэр. Ити мин сүрүн соруктарбытын аҕынным, атын үлэлэр – экология туругун кэтээн көрүү (мониторинг), халаан уутугар бэлэмнэнии, биэрэги бөҕөргөтүү, ООПТ, үөрэтии-сырдатыы – барыта сыл ахсын былаан быһыытынан барар.
Технологияларга ирдэбил
Михаил Черосов, биология билимин дуоктара:
– Саамай сүрүн кыһалҕа биһиэхэ айылҕа баайын хостооччулар сир баайын туһаныыны сөпкө ыыталлара буолла. Өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар сир баайа элбэх. Сир баайын хостооччулар кэлэн, араас технологияны тутталлар. Кинилэр үлэлэрин тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа хоромньута суох хайдах ыыталлара – бу сүрүн долгутар боппуруос. Итиннэ кытаанах ирдэбил туруохтаах, ол хаһан да сымнатыллыа суохтаах. Экология хонтуруола, кэтээн көрүүтэ (надзор) кыраҕы буолуохтаах. Ол эрээри олоххо оннук буолбатах. Онон бу тиэмэ мэлдьи биһиги болҕомтобутугар туруон, дьүүлгэ сылдьыан наада. Араас таһымнаах структуралар, федеральнай, эрэгийиэннээҕи, муниципальнай былаас уорганнара, тэрилтэлэр – бары бииргэ үлэлиэхтээхтэр. Оччоҕо эрэ Саха сирин айылҕатын тыыннаах тутан хаалыахпыт.
Биллэн турар, федеральнай да, эрэгийиэннээҕи да сокуоннар бааллар, оттон сокуон туолуохтаах. Туолбат түбэлтэтигэр ол туһугар эппиэттэниллиэхтээх диэн судургутук өйдөнүллүөхтээх. Сокуону тутуһар, толорор буоллахтарына, хайгыыр наада.
“Сокуоннар тоҕо туолбаттарый?” диэ суохтаахпыт. Олох уларыйа турар, сокуоннар ону батыһа уларыйаллар, эбии-сабыы киирэр, быһата, тупсарыллар – ол тохтоло суох барар үлэ. Экология эйгэтэ билигин саамай сүрүн буолла, киһи аймах оҥорон таһаарара, химияны туттара соннук элбээн, тулалыыр эйгэбит киртийиитэ түргэтээн иһэр. Онон таах олорор бырааппыт суох.
Төрүт омуктар уонна хампаанньалар
Петр Герес, Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар ассоциациялара:
– Сылтан сыл, сир баайын хостооччулар уонна аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар сыһыаннаһыылара тыҥаан иһэр чинчилээх. Ыраата барбакка, ону Өлүөхүмэ улууһугар үлэлиир “Нерюнгри-металлик” диэн көмүс хостуур хампаанньа уонна “Тээнэ” родовой община икки ардыларыгар үөскээбит быһыыттан-майгыттан да көрүөххэ сөп. Ил Түмэн дьокутаата, “Тээнэ” община урукку баһылыга Арсентий Николаевы буруйдааһын билигин да тохтообот. Дьиҥинэн, бу тэрилтэ тулалыыр эйгэни, айылҕаны киртитэр чахчылара Өлүөхүмэ улууһугар элбэхтик бигэргэммиттэрэ да, ким даҕаны ол хоромньутун аахпат да, суоттаабат да. Тоҕо? Биһиэхэ этнология эспэртиисэтин олоххо киллэрэр боломуочуйалаах Арктика уонна Хотугу омуктар дьыалаларын министиэристибэтэ баар, ону кытта СӨ Экологиятын, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэрибэтэ. Кинилэргэ элбэх ыйытыы үөскүүр.
Бу “Нерюнгри-Металлик” ХЭТ аҕыйах ахсааннаах омуктар олорор сирдэригэр сир баайын хостуур. Кини оннук түбэлтэҕэ этнология эспэртиисэтин булгуччу ыытыахтаах этэ да, билиҥҥэ диэри ол суох. Кини суукка хоттордо, Арбитраж суута киниттэн ирдэбил ылартан туттунна да, бу хампаанньа тээнэлэр сирдэригэр хаһаайыстыбаннай үлэтин ыыппытын курдук ыыта сылдьар. Хампаанньалар кэлиэхтэрэ-барыахтара, оттон кинилэр кэннилэриттэн алдьаммыт сир-уот, айылҕа хаалыаҕа. Норуот дьылҕата тулалыыр эйгэтиттэн, айылҕатыттан, төрүт үгэстэриттэн быһаччы тутулуктаах ээ! Онон аҕыйах ахсаааннаах төрүт омуктартан бырамыысыланнай баһылааһын сиэртибэтин оҥорор олох наадата суох.
Айылҕаҕа хоромньу төлөнүөхтээх
Александр Жураковскай “Аар айылҕабытын харыстааҥ” (“Защитим природу Якутии”) экология өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһынын салайааччыта:
– Биһиги уопсастыбаннай түмсүү буоллахпыт, хамсааһыммыт бэрэстэбиитэллэрэ 12 улууска, ол иһигэр бырамыысыланнай улуустарга бааллар. Кинилэр туох эмэ кыра түбэлтэ дуу, улахан саахал дуу туһунан суһал иһитиннэрии киирдэ да, биһиги ону Экология министиэристибэтигэр тиэрдэбит. Министиэристибэ онно анаан үлэ ыытар, чопчулуур, улуустааҕы кэмитиэттэн бэрэбиэркэ ыытар. Онон ити олоххо туттулла сылдьар үлэ ньымата диэххэ сөп.
Туох кыһалҕа баарый диир буоллахха, этнология эспэртиисэтин (КМНС) уонна иккиһинэн, уопсастыбаннай-экология эспэртиисэтин ыытыы туһунан санатабын. Ити эспэртиисэлэри кыайа-хото тутан ыытар буоллар, бырайыактааһын кэмигэр куттал хантан суоһуура дьэҥкэтик көстөн тахсыа этэ. Онон, ити эспэртиисэлэри ханнык баҕарар бырайыакка киллэрэр, туттар, ирдиир наада.
Ыстараап уонна хоромньуну ааҕыы туһунан: саас буолла даҕаны, холобур, көмүс сууйар өрүстэрэ киртийэн, хойуу чэй курдук өҥнөнөр. Оттон ол – сорох олохтоохтор иһэр уулара. Биһиги олохтоохтортон киирбит иһитиннэриилэри Экология министиэристибэтигэр тиэртэхпитинэ, көмүсчүттэри ыстарааптыыллар. Ону баара, ол 50 тыһ. ыстараапка кинилэр “ымыр” да гымматтар. Син биир киртиппиттэрин курдук киртитэ тураллар. Онон итиннэ сокуону кэспэттэрин курдук, эрдэттэн биир ньыманы туттар наада: “сиэптэригэр” охсон. Ол аата, тулалыыр эйгэҕэ оҥоһуллубут хоромньуну ааҕан, ону булгуччу төлөтөр курдук. Ол сокуоҥҥа баар, ону ааҕар ньымалар бааллар. Ыстатыыстыканы көрдөххө, С.Афанасьев миниистирдээн олордоҕуна, ити хоромньу ааҕыллар буолбут. Саамай үрдүк кылаастаах эспиэрдэр ааҕаллар, онон, баҕар, кыһалҕа баар буолуон сөп – ким эрэ билиитэ-көрүүтэ, үөрэҕэ-уопута тиийбэтинэн сатыа суоҕа, ким эрэ баҕарыа суоҕа. Онон хоромньуну ааҕыыны олоххо киллэриэххэ наада диэн, саҕалааһын курдук, босуобуйа таһаараары сылдьабыт. Улуустар туһанан, хоромньуну ааҕа үөрэнэллэрин курдук. Кылгастык итинник.
Түгэни туһанан, Бэчээт күнүнэн сибээстээн, экология эйгэтигэр уопсастыбаннай хонтуруолга улахан оруолу социальнай ситимнэр уонна СМИ-лэр ылаллар диэн этиэм этэ. Биһигини кытта аттыбытыгар үлэлии-хамныы сылдьар, экология кыһалҕаларын арыйан суруйар суруналыыс доҕотторбутугар улахан махталбытын уонна идэлээхтэр күннэринэн эҕэрдэбитин тиэрдэбин.
Сааҥсыйалар уонна экология кыһалҕалара
Наталья Кузьмина, “Аар айылҕабытын харыстааҥ” хамсааһын чилиэнэ, Нерюнгри:
– Билигин, дойдубут кытаанах сааҥсыйаларга түбэһэн, судаарыстыба айылҕа баайын туһанааччылары өйүүрүн күүһүртэ. Биир өттүнэн, ол сөптөөх миэрэ. Ол эрээри, иккис өттүнэн, итинник дьаһаныы хонтуруола суох буоллаҕына, экология кыһалҕаларын үөскэтэрэ саарбахтаммат. Тоҕо диэтэххэ, айылҕа баайын хостуур хампаанньаларга лиссиэнсийэлэрин, лиссиэнсийэ кэһиилэрин туоратыы болдьоҕун уһатыы көрүлүннэ, оттон геология эрэспиэскэтин, хостуур үлэлэрин кээмэйигэр уонна көрүҥэр хайдах баҕарар уларытыылары киллэриэххэ сөп буолла. Аны РФ Айылҕа баайыгар уонна экологияҕа министиэристибэтэ тутуу матырыйаалын хостуур карьердары киллэриигэ докумуоннары хомуйуу, оҥорторуу болдьоҕун төһө кыалларынан кылгатар соругу туруорда. Урут онно сыл аҥаара барар эбит буоллаҕына, билигин миниистир А.Козлов ити болдьоҕу биир ыйга диэри кылгатар наада диэтэ.
Итинник түргэн тэтиминэн баһылыырга экология боппуруоһа кэнники үтүрүллэрэ саарбахтаммат. Дьэ, оннук буолар буоллаҕына, экологтар, уопсастыбанньыктар болҕомтобутун күүһүрдэрбит наада. Холобур, Саха сиригэр, чуолаан Нерюнгри оройуонугар, кыһыл көмүс хостонор. Манна Иенгра диэн эбэҥки сэлиэнньэтигэр көмүс хостооччулар айылҕаны алдьатан айбардаабыттара ыраатта. Олохтоохтор көмүсчүттэри “уубутун киртитэллэр” (ордук Иенгра таһынан устар Волковскай диэн үрэҕи), “ойууру дьаабылыыллар” диэн үҥсэллэр да, лиссиэнсийэлэрин ким да былдьаабат. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ салалтата кытта билэр. Лиссиэнсийэни тохтотуу ыараханын уопсастыанньыктар билэллэр. Көмүсчүттэр олохтоох айылҕаны киртитиэ суохтаахтар, ол эрээри кинилэри ким да уодьуганнаабат, олохтоохтор ыраас тулалыыр эйгэҕэ бырааптарын ким даҕаны көмүскээбэт.
Нерюнгри оройуонугар ТОР тэриллэн, манна баар чоҕу хостуур тэрилтэлэр араас чэпчэтиини туһаналлар. Кинилэр эмиэ олохтоох өрүстэри, үрэхтэри киртитэллэр. Онуоха Чульман өрүһү киртиппитин иһин “Колмар” хампаанньа хоромньутун толуйан балык ыытыа диэн быһаарыы ылыллыбыта. Ол эрээри сүүрбэччэ сыл Саха сиригэр үлэлээбит хампаанньа, онтун олоххо киллэрбэккэ, билиҥҥэ диэри ол бырайыак быһыытынан хаала сылдьар. Сүүрбэ сылы быһа хампаанньа тулалыыр эйгэни киртиттэ. Чульман өрүс хаһан эмэ чөлүгэр түһүө дуо? Дьэ, уустук...
Кэнники сылларга Нерюнгринка өрүһү “Якутуголь” ААУо киртитэр. Урут маннык суоҕа: хампаанньа тулалыыр эйгэни хонтуруоллуур бэйэтэ лабаратыарыйалааҕа, сөптөөх миэрэ ылыллара. Билигин оннук суох...
Тугу гыныахха? Олохтоох нэһилиэнньэ көрөн олоруо суохтаах. Ити адьырҕалартан экология нуормаларын тутуһууну күннэтэ ирдиир буоллахха эрэ, тугу эмэ ситиһиэххэ сөп. Тулалыыр эйгэни киртитии түбэлтэтин барытын уста, бэлиэтии сылдьар, социальнай ситимҥэ таһааран хонтуруоллуур, кэтиир-маныыр уорганнарга үҥсэн иһэр наада. Итинник кииристэххэ эрэ, туох эмэ түмүк баар буолуо. Бэйэбитин бэйэбит эрэ быыһыыр кыахтаахпыт.
Нина Герасимова.