Соторутааҕыта “Алдаҥҥа кэлии хампаанньалар тыаны кэрдэн эрэллэр” диэн видео-ролик тарҕаммыта. Онон, уопсастыбанньык Афанасий АЛЕКСЕЕВ тутатына Алдаҥҥа тиийэн, “Вудленд” уонна “Ангара” ХЭТ үлэлиэхтээх учаастактарыгар тахсан, билсэ сырытта.
Ол туһунан А.П. Алексеев бэйэтин ТГКгар таҕыста, ону кытта араас сайтарга суруйдулар. Бакаа мас кэрдэр үлэ саҕалана илик, ханна мас баарын чинчийэ сылдьаллар, сотору тиэхиньикэ кэлиэхтээх диэн буолбут. Кинилэр 49 сылга – уһуна да бэрт! – болдьохтоон, 34 гаа сири арыандаҕа ылбыттар. Кэрдиллэр учаастак кээмэйэ итинэн эрэ муҥурдаммат, кэлин улаатыаннарыахпыт диэбиттэр. Афанасий Алексеевка үлэһиттэрэ киһи “16 см диаметрдаах маһы эмиэ кэрдэбит”, – диэбит. Дьэ, олорбуппут эрэ сыччах буолбут. “Аукцион сокуону кэһиилээх барбыт, суутунан кыайдыбыт, мас кэрдиитин тохтоттубут” диэбиппит баара, бэйэлээх бэйэбит судаарыстыбаннай уоргаммыт, Экология министиэристибэтэ, суут түмүгүн билиммэтэҕэ. Ол туһуттан билигин Алдан тыата, Амма өрүс дьылҕата хайдах буолуо биллибэт...
Биллибэт буолбатах – биллэр. Ону нэһилиэнньэ кураанахха “эмоциялаан” эбэтэр куолулаан эрэ буолбакка, учуонайдар кытта бигэргэтэллэр. Ол эрээри биһиги дьикти кэмҥэ олоробут... Биир уоһунан, “барыта сокуон этэринэн” диэн, онон, сорох дьонтон (ордук кыра-хара өттүттэн) сокуон туох баар буукубатын тутуһары ирдии, хас биирдии пууну толорору кыраҕытык көрө олороллор. Дьэ, онно “хоннохторо арыллан”, суутунан соскойдоон, мөлүйүөнүнэн ыстыраап уураллар, холуобунай буруй ыйыыллар. Оттон бэйэлэрэ көстө сытар сокуону кэһиини көрбөттөр. Билиммэттэр. Дьэ, дьикти!
Бэйэтигэр бобор, атыттарга – тэрийэр
“Мас барыта быһа Кытайга тахсыаҕа” диэн Афанасий Алексеевка “Вудленд”-“Ангара” ХЭТ үлэһитэ аһаҕастык эппит. Кырдьык, суол барыта чугас, онно улахан уустугу көрсүөхтэрэ суоҕа. Салгыы барыта биллэр исхиэмэлэрэ буолуохтаах. Аһаҕас суруйуулартан көстөрүнэн, Арассыыйа тыатын улахан аҥаара Кытайга тахса турар. КНР маһы тастан атыылаһыыга (импорт) бастакы миэстэҕэ сылдьар (ол кэннэ АХШ уонна Япония). 2014 сыллаахха КНРга бэйэ тыатын кэмиэрчэскэй сыалга кэрдиини боппуттар – “айылҕабыт балаансата кэһиллэр” диэн. Онтон ыла, дьэ биһигини буулууллара өссө күүһүрбүт. Кытай дааннайынан, мас уонна “лесоматериал” кинилэргэ саамай элбэх Арассыыйаттан киирэ турар – 30%.
Арассыыйа кэрдиллибитинэн бүтүн маһы (“кругляк”) тиэйэн таһаарыыга таможня пошлинатын үрдэппитин да иһин, маска интэриэс намтаабатах, аны “пиломатериалы” таһаарар буолбуттар – ол 62% тиийбит. “Сатаа да саһыл саҕалан” диэбиттии, “кыратык суорулунна да, ол аата, пиломатериал” диэн уонна пошлината “кругляктааҕар” быдан кыратын өйдөөн, аны итинник ньымаҕа охтубуттар.
Онон, Сибиирдээҕи таможня 2021 с. иһитиннэрбитинэн, мас 70%-на Кытайга тахса турар. Манна аһаҕастык үлэлиир биисинэһи сэргэ араас кистэлэҥ исхиэмэлэр, махынаассыйалар туттуллаллар. Барыстаах салаа буолан, кириминээл үгүөрү. Сороҕор, былааһы, омук биисинэһин кытта силлэһэн, сокуону кэһии “болҕойуллубакка” ааһар. Таможня сулууспата кэнники Сибиир тыатыттан маһы сокуоннайа суох тиэйии иһин 13 холуобунай, 631 административнай дьыаланы көбүппүт да, ол уопсай балаһыанньаҕа дьайбат буолбут. Итини барытын аһаҕас куйаар ситимиттэн билсиэххэ, итэҕэйиэххэ сөп.
Пилорама – барыстаах
Кэнникинэн, кытай урбаана аны атын суолу тобулбут: Арассыыйаҕа киирэн, бэйэ лесопилкатын, пилораматын арынар буолбут – ол ордук барыстаах. Биһиги сокуоммут ону утары баран, көҥүллээбит. Ол курдук, Кытай өлүүлэспит барыта 564 маһы таҥастыыр хампаанньата баар диэбиттэр (ахсаана уларыйбыт буолуон сөп). Кинилэр ону тиэхиньикэнэн эрэ хааччыйаллар уонна Арассыыйа дьонун буор-босхону үрдүнэн эрэ үлэлэтэллэр. Үлэтэ суох сылдьар дэриэбинэ дьоно өссө “Кытай абыраан олорор” дииллэр. Ити курдук, ойуур бырамыысаланнаһа баһыйар улахан аҥаара Кытай диэки хайыһан үлэлиир. Дойдубут биир сүрүн баайа сырье эрэ курдук, атын дойдуга тахса турар. Кытай биһиги маспытын бэйэтэ таҥастаан, атыылаан баран, салгыы ону ыарахан сыанаҕа кумааҕы, тутуу матырыйаала гынан, миэбэл, о.д.а. оҥорон, бэйэбитигэр төттөрү атыылыыр, хас да бүк барыс киллэринэ, байа-тайа олорор... Оттон биһиги 30 сыл тухары сол бадарааммытыгар батыллан олоробут. Оо, абалаах даҕаны!
Инбэстииссийэни киллэрии, сокуону иэҕии
Мас кэрдиэхтээх сирдэрин 49 сылга, сылга ортотунан биир гааҕа арыандата 2 дуоллар диэн дуогабардаһаллар. Онно аҕыйах сылынан баар мастан туох да хаалбат. Олохтоох чунуобунньуктар итиннэ “инбэстииссийэни киллэрэбит” диэн ааттаан, сөбүлэһэллэр. Тоҕо диэтэххэ, субъект салайааччыларыгар “инбэстииссийэ киириитэ” диэн былаан түһэр уонна ол көрдөрүүтүн кэтээн көрө, ирдии олороллор. “Инбэстииссийэҥ суох – ол аата, эн мөлтөх салайааччыгын” диэн.
Биһиги да чунуобунньуктарбыт Алдан, Амма тыатыгар мас соҕотуопкатын бука, “инбэстииссийэни киллэрэр” сырдык санаанан салайтаран, аукцион ыыттахтара. “Аукцион сыыһалаах ыытыллыбыт, онон дуогабары көтүрэргэ” диэн суут быһаарыытын да билиммэттэрэ туоһулуур – сокуоннааҕар, сууттааҕар кинилэргэ атын суолталааҕын. Сокуону хайа баҕарар эргитэ, иэҕэ сылдьыахха сөп буоллаҕа...
“Хараҥа” ньымалар
Маһы кэрдиигэ араас “хара” ньымалар туттуллалларын биир туоһута – “ойууру быыһыыбыт” диэн ааттаан, саньытаарынай кэрдиинэн саптан, маһы аҥаар кырыытыттан кэрдэллэрэ. Ол туһунан, Гринпис да суруйар. 2021 сыллаахха суруналыыстар Сибиир тыатын “саньытаардаатаҕа” буолан кэрдибит мастара IKEA Кытайга уонна Индонезияҕа баар фабрикаларыгар тиэллибитин силиэстийэлээн билбиттэр уонна айдаан тардыбыттар.
Биир “хараҥа” ньыма быһыытынан, баһаары ыытыыны ааттыыллар: оннукка урукку кэрдиллибит тыа туга-ханныга биллибэккэ умайан хаалар, оттон уот алларанан таарыйан ааспыт, силистэрэ эмсэҕэлээбит үчүгэй мастары барытын “кэрдэргэ” диэн быһаарыы таһаараллар. Саатар эрэ буоллаҕа! Биһиэхэ былырыын буолан ааспыт алдьархайдаах баһаар кэннэ, “үс сыл иһигэр баһаарынан хаарыллыбыт маһы кэрдиллиэ суохтаах” диэн быраабыланы тутуһуохтара дуо?
Красноярскай кыраайга
Красноярскай кыраайдааҕы Россельхознадзор сулууспата хонтуруоллаабытынан, сүрүн маһы атыылаһааччы манна – Кытай. Мас экспорын 85%-на киниэхэ тиксэр. Ол барыта 4,6 мөл. кубометр “пиломатериал”, мөлүйүөн аҥаара кубометр “кругляк”. 2021 сыллаахха “ойуур реформата” саҕаланарыгар, В.В. Путин “2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “кругляк” тас дойдуга тахсара тохтуур” диэбитэ. Ол эрээри, билигин маһы таҥастаан таһаарар буолан, Путин бобуута баар үөскээбит балаһыанньаҕа улаханнык дьайбат диэххэ сөп.
Кытайа суох – эстэбит?
Ол быыһыгар маннык баар. 2020 сыллаахха, хамсык туһуттан, Кытай Арассыыйаттан тиэллэн кэлбит табаары, ол иһигэр маһы тутары тохтотон кэбиспит. Били, тугу да аһарбат, киллэрбэт буола сылдьыбыт кэмнэригэр. Инньэ гынан, кыраныысса таһынааҕы тимир суол ыстаансыйаларыгар баһаам элбэх маһы тиэммит кэнтиэйинэр мунньуллан, улахан ыксаллаах быһыы-майгы тахса сылдьыбыт. Кытай маһы туппат буолла да, Арассыыйа сүүһүнэн маһы таҥастыыр бырамыысыланнай тэрилтэтэ эстэрэ, эргитэр үбэ лаппа аччыыра, дьон бөҕө үлэтэ суох хаалара өйдөнөр.
Ити курдук, мас бырамыысаланнаһа барыта Кытайы кытта ыкса сибээстээх. Бу сыллар тухары Арассыыйа бэйэтэ маһы таҥастыыр, оҥорон таһаарар бырамыысыланнаһа атаҕар турбата. Билигин өссө бу буола турар балаһыанньанан, биһиэхэ бэйэлэрин сыаналарын, усулуобуйаларын этэ олоруохтара, баар нуормалары, быраабылалары “сымнаттара” сатыахтара турдаҕа.
Сокуонунан эрэ хатыһыахха сөп
Ойууру кэрдэн харыыта суох тиэйэн таһаарыыны утаран Судаарыстыбаннай Дуумаҕа, РФ Уопсастыбаннай Палататыгар, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа тиийэ туруорсубут Иркутскай уобалас биллэр уопсастыбанньыга Любовь Константиновна Аликинаны кытта сибээскэ тахса сылдьыбыкка манныгы кэпсээтэ.
Мас чымадааннаах кэлбиттэрэ
– Кытайдар Забайкальеҕа, Бурятияҕа, буфернай зонаҕа кэлбиттэрэ ыраатта, инньэ 2006 эҥин сылтан. Өйдүүбүн ээ, бастаан кэлэллэригэр паньыара чымадаан тутуурдаахтара, билигин барбах бөртөлүөтүнэн көтөн кэлэр буола байдылар. Хамсыгынан сибээстээн, кэнники сылга сүтэ сылдьыбыттара, ол эрээри, пилорамалара син биир үлэлии турдулар. Бу соторутааҕыта биһиги Забайкалье сорох оройуоннарынан, Бурятиянан сылдьан кэллибит. Ханнык да дэриэбинэҕэ тиий – онно кытай пилорамата үлэлиир... Онно бэйэлэрэ суохтар, барыта бэйэбит дьоммут. Саамай кыһыылааҕа, кэрдэн бүтэн баран, өссө сирэллэр-талаллар: ол курдук, тыһыынчанан гектардаах ойуурбутун кэрдэн баран, сөбүлээбэккэ, хаалларан кэбиспиттэрэ тэлгэнэн, таах сытыйа сытар. Борокуратуураҕа үҥсэн да кыайбатыбыт. 2019 сыллаахха Иркутскай уонна Ангарскай икки ардыгар тыаҕа соруйан уматыыттан баһаардар күөдьүйэ сылдьыбыттара. Ол баҕас маһын “туһата суох буолбут” диэн сылтаҕынан, кэрдэн баран, учаастагын ылар туһуттан оҥоһуллубут дьыала этэ.
Суукка тардар төрүөт
– Биһиги хас эмэ сыл тыаны кэрээнэ суох кэрдиини утаран, билэбит – итиннэ исхиэмэтэ наар биир буолар: арендатордар хаһан даҕаны миэстэтигэр суохтар, онно бэдэрээтчиттэри ыытан үлэлэтэллэр. Итиннэ хайаан даҕаны икки дуогабары түһэрсибит буолаллар. Биир дуогабара маһы бэлэмнээһиҥҥэ (“на заготовку древесины”) диэн. Иккиһэ – “хлыст атыылаһыыга” диэн (“на покупку хлыста” – хлыст диэн – төрдө, төбөтө эрбэммит бэлэм мас – сырье – НГ). Ол “хлыст” атыылаһалларын кээмэйэ ханна да көстүбэт, ыйыллыбатах буолар. Баҕар, арендатор реестргэ учуокка турар буоллаҕына, кэтээн көрүөххэ сөп. Ол эрээри, үксүгэр ол суох буолар. Дьэ ити – кинилэри суукка тардарга төрүөт буолуон сөп. Онон, хайаан даҕаны кинилэртэн сүрүн докумуоннарын куопуйатын ирдээн, бэрэбиэркэлиир наада. Сокуон ымпыгын-чымпыгын, дьыаланы иһиттэн билэр буоллахха, хатыһар төрүөт көстүөн сөп.
Биһиги эрэ уодьуганныахпытын сөп
– Биһиги уопсастыбаннай тэрилтэбит норуот хонтуруолун ыытан, араас оройуоннарынан, чугастыы уобаластарынан сылдьар. Эһиэхэ да тиийэн, итинник мас кэрдэр учаастактарга миэстэтигэр тахсан, хонтуруол хайдах ыытылларын көрдөрүөхпүтүн сөп. Биһиги бииргэ ылыстахпытына эрэ, ити адьырҕалары муоһалыахпыт. Баҕар, эһиэхэ кэлбит дьон маска соччо кыһаллыбаттара буолуо. Эһиги сиргит хостонор баайдааҕын бары билэллэр. Сибиир айылҕа баайдаах хаартатын кытайдар 90-с сыллар дьалхааннарыгар 15 мөлүйүөҥҥэ атыыласпыттара биллэр. Онон, өссө туох сыаллаахтарын билбэккит буолуо...
Ойуун уҥуоҕа кытта Кытайдаабыт
– Мин 2018 сыллаахха бүрээт уопсастыбанньыга улахан мунньахха (ОП киэнэ этэ дуу?) тахсан, “биһиги улахан ойууттарбыт уҥуохтара кистэммит мастарын кэрдэн Кытайга таһаардылар” диэн улаханнык хараастан тыл эппитин умнубаппын. Кэрдээччилэр бэйэлэрин олохтоох дьоно этэ. Биир үлэһиттэн “Тоҕо бэйэҥ бэйэҕинэн өбүгэлэриҥ сирин харыстаабаккын?” диэн сөҕөн ыйыппыппар эппиэтэ “Оҕом быйыл 1 кылааска барар, онон, кинини таҥыннарыахпын наада” – диэн этэ... Ону туох диэххиний?
***
Ханнык эрэ уонча сыл иһигэр Уһук Илиҥҥи уонна Сибиир суугунуур күөх тыата кураанах сиргэ кубулуйан эрэр. Биһиги маска Кытай “сырьевой холуонньата” буолан бүттүбүт. Приморьеҕа сыаналаах боруода маһы кэрдэртэн да туттумматтар, бэл, Бикин ураты кэрэ, Амыр баабыра үөскүүр тыатын кэрдээри хаайаллар. Хабаровскай кыраай тыатын куосумастан устубут видеоҕа көрөн киһи хараастар. Аҕыйах сылынан биһиги Сахабыт сирин тыата итинник буолар кутталлаах. Тугу гыннахха, балаһыанньа уларыйыан сөбүй? Тыабытын, айылҕабытын хайдах көмүскүүбүт?
Нина ГЕРАСИМОВА