Ааспыт сайын буруоҕа тумнастан, дьыл кылгас эрээри, саамай кэрэтин билбэккэ хаалбыппыт. Оттон быйылгы сайыммыт хайдах буолуой? Тыабыт туохтан умайарый? Ол хоромньуну хайдах чөлүгэр түһэрэбитий? СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх, Арассыыйа ойуурун хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, “Растим лес” ХЭУо Дьокуускайдааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта Вячеслав ПОПОВУ кытта кэпсэтии ити сүнньүнэн салалынна. Айылҕаҕа үлэ түмүгэ тута көстүбэт айылгылаах. Ол сиэринэн, кини тутуһар хайысхата хас да көлүөнэни инники көрөр уһун болдьохтоох.
Өртөөһүнү туруорсарбыт оруннаах
– Вячеслав Егорович, бу эйгэҕэ хаһааҥҥыттан үлэлиигин?
– Райкомол сэкирэтээриттэн саҕалаан, өр кэмҥэ салайар үлэҕэ сылдьыбытым. Онтон сэттэ сылы ойуур хаһаайыстыбатыгар анаабытым. 2011 с. ыам ыйыттан улахан баһаардар саҕаламмыттарыгар, салалтаны уларытыы кэмигэр, Ойуур хаһаайыстыбатын дэпэртээмэнигэр анаммытым. 90-с сылларга буолбут уларыйыылар ойуур хаһаайыстыбатыгар эмиэ улахан охсууну оҥорбуттара. 1200 киһилээх “Авиалесохрана” диэн парашютнай-десантнай тэрилтэ састааба уон гыммыттан биирэ эрэ хаалбыта, өрөспүүбүлүкэ үбүлээһинигэр бэриллибитэ. Сэбиэскэй кэмҥэ лесничество диэн тэрилтэ хас оройуон аайы баара. Олор айылҕа хаамыытын көрөн, мэлдьи бэлэм олороллоро. Сөптөөх тиэхиньикэлээх, үлэһиттээх буоланнар, баһаары кэмигэр бохсоллоро. Ити кэмҥэ лесничестволарга үлэһит ахсаана лаппа аччатыллан, суолтата биллэрдик түспүтэ. Бөдөҥсүтүү ыытыллан, лесничестволарга улуустар салалталарыгар бас бэриммэт, өрөспүүбүлүкэттэн быһаччы салаллар ситим оҥоһуллубута. Оттон улуустар, олохтоох бэйэни салайыныы дьаһалталара ойуур баһаара буолар түгэнигэр уоту умулларар боломуочуйалара сокуонунан көрүллүбэт этэ. Онон, ойуур баһаардарын умулларыыны тэрийиигэ үгүс ыарахаттар баалларын үлэлии киирээт, билбитим.
– Сокуон үлэни харгыстааһынын биир түмүгэ...
– Оннук. Боломуочуйа уларыйан, үп аччаан, ыстаат сарбыллан, чуолаан саха норуота тутуһан кэлбит олоҕун укулаата оннуттан туллараҥнаан барбыта. Өбүгэ саҕаттан кэлбит өртөөһүммүт умнуллубута. Кэлин сопхуостар эстэннэр, ыраах сирдэр оттонор кыахтан маппыттара. Тыа хаһаайыстыбатыгар араас тутуллаах бас билии киирэн, ыраах тэлэһийэн сытар оттуур сирдэрбит оттоммокко хаалан, кэлин олус элбэх сир лаҥхаҕа кубулуйуутугар тириэрдибитэ. Олор ойуур баһаара турар түбэлтэтигэр уот күүскэ, түргэнник киэҥ сири хабан тарҕаныытыгар биир сүрүн төрүөт буолаллара саарбахтаммат. Үлэлиир сылларбар Судаарыстыбаннай дуума тустаах кэмитиэтигэр ойуур хаһаайыстыбатын боппуруостарын туруорсубутум. Онтон Федерация Сэбиэтигэр сенатор А.К. Акимовтыын эмиэ ити боппуруоһу көтөҕөн, дьүүлгэ туруора сылдьыбыппыт. Бу боппуруоска өрөспүүбүлүкэ салайааччылара Егор Борисов, Галина Данчикова Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар, Ойуур хаһаайыстыбатын салалтатыгар туруорсан, эбии көмө оҥоһулларын ситиспиттэрэ. Ол түмүгэр хоту улуустартан ураты хас улуус аайы лесничестволар баар буолбуттара. “Авиалесоохрана” тэрилтэлэрин ахсаана эбиллибитэ. Дьокуускай куоракка 65 киһилээх киин тэрилтэ тэриллибитэ. Бары улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара ойуур баһаарын умулларыыны тэрийиигэ тус эппиэтинэстэрин үрдэтии ситиһиллибитэ.
– Өртөөһүнү бобуу хаһааҥҥа диэри салҕаныай?
– Өртөөһүнү суолталаан туран, сокуоннары уларытыыга Арассыыйа таһымыгар туруорсуохха наада. Ил Түмэн, бырабыыталыстыба, дьокутааттар үлэлэригэр эрэнэбит. Өртөөһүн таба ыытылларын ситиһиэхтээхпит. Сопхуос кэмигэр ити үлэ олус бэркэ тэриллэрэ. Ол быраактыканан олохтоох дьаһалталар эппиэтинэһи ылынан, өртөөһүн ньыматын үөрэтиэхтэрин наада. Кинилэргэ боломуочуйа бэриллиэхтээх, хааччыналларыгар үп көрүллүөхтээх, өртөөһүнү ыытыы ньымаларын үөрэтии тэриллиэхтээх. Ханнык да түгэҥҥэ өртөөһүн үлэтэ тэрээһинэ, олохтоох дьаһалта көҥүлэ суох ыытыллыа суохтаах.
– Сопхуос ыһыллан, бытархай хаһаайыстыбаларынан тарҕаммыт билиҥҥи нэһилиэнньэҕэ ол уустуктардаах буолуох курдук...
– Билигин сиргэ-уокка сыһыан олус мөлтөөтө. Дьиҥэр, сир-уот барыта хаһаайыннаах. Ходуһата ыраастамматах киһи уот турар түгэнигэр эппиэтинэһи сүгэрин ситиһэр наадалаах. Билигин үгүс киһи киин сиргэ көһөн, сирин дьоҥҥо куортамныыр. Дьон бэйэлэрин бас билиилэригэр ылбыт сирдэрин туһаммат түгэннэрэ хас нэһилиэк, улуус аайы баар. Бас билээччитэ да суох сир элбэх буолуохтаах. Олору барытын сааһылыахха, быһаарыахха наада. Сиргэ үлэ барыахтаах. Сир хаһаайына суох туруо суохтаах. Бу боппуруос быһаарылла илигинэ, баһаар боппуруоһа сыл аайы күөрэйэ туруоҕа. Ити иһигэр ымпыга-чымпыга олус элбэх. Сорунан үөрэтии, ырытыы, утумнаах үлэ эрэйиллэр.
– Быйыл баһаар туругун хайдах сабаҕалыыгыный?
– Былырыыҥҥыттан лаппа аҕыйыа дии саныыбын. Былырыын 8,5 мөл. гектар сир умайбыта. Быйыл улааппыта 1,5 мөл. гектар умайыа диэн сабаҕалыыбын. Сылыктыыр дьон бары кураан сайын иһэрин этэллэр. Сир былырыыҥҥыттан сииктээх диэн көрөбүн. Сааспыт хойутаан кэлэн, хаар хойут уулунна, быстах да буоллар, көтө-көтө ардаата. Онон, ыам ыйыгар ойуур баһаара турбата. Быйылгы сылга ойуур хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин хас эмэ төгүл улааппытын, баһаардары умулларар тэрилтэлэргэ анал үөрэхтээх дьон ахсаана, анал тиэхиньикэнэн хааччыллыы лаппа эбиллибитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Өртөөһүн ыстарааба улаатан, дьон туттунара эмиэ элбэҕи быһаарыа.
Урукку кэмҥэ Ил Дархан Егор Борисов сыл аайы ойуур хаһаайыстыбатын боппуруостарынан муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын ыҥыран, мунньахтыыр үгэстээҕэ. Баһылыктар, төһө да боломуочуйалара суоҕун иһин, ойуур баһаара турар түгэнигэр эппиэтинэһи бэйэлэрэ сүгэллэрин, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр көмөлөһүөхтээхтэрин өйдөөбүттэрэ. Ол биһиги үлэбитигэр олус көмөлөөх. Саас аайы улуустарынан сылдьан, сирэй үлэлэһиибит түмүгэр олохтоохтор элбэх баһаары бэйэлэрин күүстэринэн саба туталлар. Быйыл Ил Дархан Айсен Николаев ардаҕы түһэрэр сөмөлүөтү Дьокуускайга кииннээн үлэлэтиини ситиспитэ – улахан кыайыы, сөптөөх дьаһаныы, улахан көмө. Маннык дьаһал баһаар кыаҕын аччатарын таһынан кураанныыр улуустарга ардаҕы түһэрэн, от үүнүүтүгэр туһалаах буолара саарбахтаммат.
Нэһилиэнньэттэн мас туорааҕын тутуохпут
– Уокка былдьаммыт, туһаҕа тахсыбакка турар сирдэри чөлүгэр түһэриигэ үлэ ыытыллыахтаах буоллаҕа.
– Сир баайын туһанааччылар, ньиэби, гааһы, алмааһы хостооччулар, маһы кэрдээччилэр айылҕаҕа улахан хоромньуну оҥороллор. Ону аччатар сыалтан, Арассыыйа бырабыыталыстыбатын анал дьаһала тахсан, төһө иэннээх сиргэ ойуур кэрдиллэр да, оччо иэннээх сиргэ ускуустубаннай маһы олордон, чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллыахтаах. Онуоха көмө буолар үлэм туһунан сырдатыым.
Хабаровскайга бииргэ үлэлии сылдьыбыт доҕорум И.В. Денисов мас сиэмэтин хомуйан, үнүгэһи үүннэриигэ ылсыбыт “Растим лес” диэн хааччахтаммыт тэрилтэлээх. Кинини Дьокуускайга ыҥыран, төрдүс сылын сэминээр ыыттардым. Ол түөрт сыл тухары Нерюнгрига, Дьокуускайга 2 тыһыынчаттан тахса гектар сиргэ үнүгэһи олордууга үлэлээтэ. “Растим лес” мас сиэмэтин хомуйууга Уһук Илиҥҥэ биир тарбахха баттанар тэрилтэнэн биллэр. Суолталаах, кэскиллээх дьыала буоларыгар итэҕэйэн, саха дьонун маһы олордууга, мас сиэмэтин хомуйууга үөрэтэр туһуттан Саха сиригэр бэрэстэбиитэл быһыытынан ылсан, үлэлии сылдьабын.
Кэлии мас сиэмэтэ тыйыс килиимэккэ олохсуйара саарбахтаах. Ол иһин олохтоох мас сиэмэтин хомуйуу быраактыкатын киллэрэн эрэбит. Саха сиригэр билиҥҥитэ саамай сытыы боппуруос – мас сиэмэтин хомуйуу.
– Оннук дьарык баарын туһунан биир бэйэм саҥа иһиттим...
– Урукку кэмҥэ ити быраактыка баара эрээри, айылҕа бэйэтэ бэйэтин оһорунар күүһүгэр бэринэн, тохтотуллан хаалбыт. Бу этэр дьыалабар мас туораахтара оруоллаахтар. Онон, тиит уонна бэс мастар эриэхэлэрин хомуйууну көҕүлээн эрэбит. Тиит мас сиэмэтэ атырдьах ыйын саҕаланыытыттан 20 чыыһылатыгар диэри ситэр. Онтон арыллар уонна ыһан кэбиһэр. Онон, араскыта арылла илигинэ хомуйар наадалаах. Бэс сиэмэтин алтынньыттан муус устарга диэри хомуйуохха сөп. Саас халлаан сылыйыыта арыллан, сиэмэтин ыһар. Ол иһин алтынньыга халлаан арыый сылаас кэмигэр эбэтэр сааһыары хомуйар наадалаах. Дьэ, оннук туорааҕы нэһилиэнньэттэн тутуохтаахпыт.
– Туһугар уустук үлэ буоллаҕа. Хомуйарга туһунан ньыма баара буолуо дуу?
– Ити, биллэн турар, отону дуу, моонньоҕону дуу хомуйуу курдук буолбатах эрээри, эмиэ сир аһын курдук, араастаан үүнэр. Мас сиэмэтэ 4-5 сыл буола-буола ситэр эбит. Ханна үүммүтүнэн көрөн, эбэтэр ханна мас кэрдиллэрин билэн, ыйыталаһан, хомуйуохха сөп. Үүнэн турар үрдүк мастан хомуйарга кыра массыына сыарҕатын үрдүгэр кирилиэс туруоран баран, күрүчүөктээх ураҕаһынан тардыалаан, хомуйаллар. Чуолаан бэс туорааҕын кыһыҥҥы кэмҥэ кэрдиллибит мас лабаатыттан хомуйуохха сөп. Хайа баҕарар дьыалаҕа курдук, уопут сыыйа кэлэр.
– Ону ханна туттаралларый? Төлөбүрэ хайдах буоларый?
– “Якутлесресурс” нөҥүө хаачыстыбатыттан көрөн, биир киилэтин 200-350 солк. тутуохпут. Хас биирдии туттарар киһини кытта дуогабар түһэрсиллэр. Хомуллубут туораахтары Хабаровскайга ыытабыт. Бородууксуйаны куурдаллар, сиэмэтин ылаллар. Салгыы лабаратыарыйаҕа илдьэн, хаачыстыбатын быһаараллар. Ол кэнниттэн буорга олордон, үнүгэстэри таһаараллар. Үс-түөрт ыйынан 20-чэ см уһуннаах үнүгэстэри рефрижераторынан Саха сиригэр аҕалаллар. Сир баайын туһанааччылартан үгүстэрэ ити үлэни бэйэлэрэ ыыппаттар, анал тэрилтэлэр өҥөлөрүнэн туһаналлар. Оннук тэрилтэлэр, бэдэрээччит быһыытынан эрдэттэн төһө иэннээх сиргэ үлэни ыыталларын учуоттаан, дуогабар түһэрсэн, олордор сирдэрин булан, бэлэмнээн, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин кытта сүбэнэн үлэлииллэр. Итинник быраактыканан былырыын манна 950 гектар сиргэ үнүгэстэри олордубуппут.
– Чахчы туһалаах, үтүө дьыала саҕаламмыт эбит. Оччотугар үлэлэһиэн баҕалаахтар бу сезоҥҥа үлэлиирдии оҥостон, сиэхтэрин ньыппарыныахтарын наада эбит.
– “Якутлесресурс” тэрилтэ хомуллубут бородууксуйаны харайыыга усулуобуйаны тэрийэн, нэһилиэнньэни кытта үлэлэһэн эрэр. Интэриэстээхтэр миэстэтигэр туһааннаах тэрилтэни кытта билсиэхтэрин наада. Бу хамсааһын сайдыытыгар сүрүн күүһү нэһилиэнньэ ыларын таба өйдүөххэ наада. Ону тэҥэ туһааннаах лесничестволары, үөрэх тэрилтэлэрин кытта кэпсэтии бара турар. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин кыһалара иитэн таһаарар исписэлиистэригэр сыһыаннаах хайысха буолуон сөп. Агрооскуолалары, оскуола лесничестволара эмиэ үлэлэһэр кыахтаахтар. Итилэргэ питомниктар да тэриллиэхтэрин сөп.
– Аҥаардас экология эрэ буолбакка, иитэр-үөрэтэр да суолтата улахан хамсааһын буолсу.
– Сөпкө этэҕин. Ити – быйылгыга эрэ буолбакка, хас да сылы нөҥүөлээн, инникигэ сыалламмыт үлэ. Үлэлэһэргэ икки өттүттэн барыстаах, туһалаах даҕаны. Ону таһынан бэйэ эт илиитинэн хомуллубут туорааҕа айылҕа маанылаах маһа буолан силигилиирин көрөрү, инники көлүөнэҕэ хаалар дьыалаҕа кылааты уурбуттан дуоһуйууну саныыр оруннаах.
– Вячеслав Егорович, ырааҕы өтө көрөр үлэҕитигэр ситиһии эрэ сиэттистин!
Оксана ЖИРКОВА кэпсэттэ.