Саха хорсун муораһыттара Хотугу байҕалынан катамаранынан айаннара
Иллэрээ сыл күһүн “Кыымҥа” биология билимин хандьыдаата, РФ бочуоттаах полярнига, Арассыыйатааҕы Быыһааччылар сойуустарын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Николай Находкин салайааччылаах 8 саха хорсун муораһыттарын эспэдииссийэтэ “Кочевник” катамаранынан Хотугу Муустаах байҕалга ыраах турар Беннет арыытыгар айанын туһунан “Беннет арыыта: устуоруйа арамаантыката уонна геобэлиитикэ иирсээнэ” диэн ыстатыйаҕа кэпсээн турабыт.Өссө Кыра Буш бэрэсидьиэннии олорон бигэргэппит АХШ Арктикаҕа доктринатын быһыытынан, Арктикаҕа дьон олорбот, туһаныллыбат сирдэр кимиэнэ да буолбатахтар диэн биллэриллэллэр.
Эмиэрикэ сорох сенатордара ити доктринаҕа олоҕуран, Беннет арыыта киирэр Де Лонг архипелагын арыыларын Арассыыйа киэнэ буолбатах диэн, былдьаһар боппуруостары туруораллар. Беннет арыытын 1881 с. Де Лонг эспэдииссийэтэ арыйбыта. Арыы билигин Арассыыйа бас билиитэ, Саха сирин уонна Булуҥ улууһун сирдэригэр киирэр. Арыы Тиксииттэн хотугулуу-илин 1 тыһ. км ыраах сытар. Тиийэргэ уустугунан, баччааҥҥа диэри бэрт кыратык үөрэтиллибитэ. Кэлин сылларга сир аргыһыттан хаартыскаларга арыы чугаһыттан сөҕүмэр улахан буруо тахсан, Канадаҕа, Аляскаҕа тиийэ барара көстөр. Ол аата Саха сиригэр умуллубатах уу аннынааҕы булкаан баар эбит диэн сабаҕаны үөскэтэр. Билигин глобальнай сылыйыы түмүгэр муус ирэн, хараабыллар сылдьар уулара кэҥээбит кэмигэр булкаан эстэриттэн, цунами үөскүүр кутталлаах. Улахан цунами биһиги намыһах сиргэ турар хотугу бөһүөлэктэрбитин таах тимирдиэн сөп. Онон биһиги Беннет арыытыгар улахан болҕомто уурарбыт ирдэнэр.
Ити санааҕа тирэҕирэн, РОССОЮЗСПАС Саха сиринээҕи салаатын үлэһиттэригэр Беннет арыытыгар эспэдииссийэ тэрийэр, арыыны бэйэтин, тулатын дириҥник үөрэтиини саҕалыыр, бу арыыга саха балаҕанын тутан, сэргэ туруоран, Арассыыйа судаарыстыбатын илиитэ тиийбитин көрдөрөр санаа үөскээбитэ. Итиэннэ арыы быыһааччылар базалара (депо) буолуо диэн быһаарбыппыт. Ырааҕа бэрт буолан, бөртөлүөт учуонайдары мала-сала суох илдьиэн эрэ сөп. Арыыга тирэх база баара билим чинчийиитин күүһүрдэр. Онон ити идиэйэни Нуучча географическай уопсастыбата өйөөбүтэ.
Арыыга тиийэргэ биһиги ПВХ-ттан оҥоһуллубут үрүллэр катамараны, айанньыттар Сири эргийэ устарга тутталларын иһин, талбыппыт. Биһиги Хотугу Муустаах байҕал кытылыттан 1 тыһ. км иһирдьэ сиргэ муус уулларыттан Арктикаҕа килиимэтигэр туох уларыйарын билиэхпитин баҕарбыппыт. Устуоруйа матырыйаалларын, Э.Толль, А.Колчак ыстатыйаларын аахпыппыт. Беннеккэ сылдьыбыт дьону булан кэпсэппиппит. 2003 с. устуоруйа өйдөбүлүн тилиннэрэр О.В.Волынкин эспэдииссийэтэ Беннеккэ тиийэн таҥара кириэһин туруорбута. Кинилэр Тиксииттэн тахсан, Остоолбо арыытын аттынан, Котельнай арыытын арҕаа өттүнэн устан тиийбиттэрэ. Төннөллөрүгэр “Вайгач” теплоход ылан аҕалбыта.
Сахалар эспэдииссийэрин суола уонна соруктара атын этилэр. Биһиги Дьокуускайтан А.В. Колчак суолун тутуһан барбыппыт. Үрүллүбүт катамаранынан аан дойдуга аан бастаан биһиги, сахалар, Улахан уонна Кыра Ляхов арыыларыгар тиийбиппит, Анжу архипелагын (Бунге сирин, Фадеевскай уонна Саҥа Сибиир арыылары) быһан ааспыппыт.
2020 с. эспэдииссийэ бастакы чааһыгар Өлүөнэ устун 2400 км устан Тиксиинэн Лаптевтар муораларын туораан, Улахан Ляхов арыытыгар тиийбиппит. Онно тиийэн тутуу матырыйаалын хаалларбыппыт. Былырыын эспэдииссийэ кыттыылаахтара бары баһаары умулларыыга сылдьыбыппыт. Быйыл айаммытын Нижнеянскай бөһүөлэгиттэн саҕалаатыбыт. Састааппыт барыта -- олохтоох саха дьоно. Мин Арассыыйа Азия Хотугулуу-Илин өттүн историческай арыйыыларын (Приморье, Камчатка, Чукотка. Аляска) барыта төрүт олохтоох дьон, сахалар уонна атын норуоттар көмөлөрүнэн оҥоһуллубуттара диэн бигэ санаалаахпын. Ол хааммытыгар сылдьар диэн, уолаттарбар эрэнэрим. Сүрүн састаап быыһааччылар сулууспаларын үлэһиттэрэ: В.Андросов, Т.Алексеев, С.Гуляев, катамаран капитана Н.Павлов уонна Питертан Дьокуускайга кэлбит биллэр блогер И.Ермаков (Эркин Питерскай) сылдьыбыттара. Быйылгы эспэдииссийэҕэ Г.Башарин уонна М.Туркменов саҥа кытыннылар.
Мин учуонай буоларбынан, айаммыт устата кэлим экологическай чинчийии оҥордубут. Беннет арыытыгар үүнэр үүнээйилэртэн аан бастаан гербарий хомуйдубут. Манна баар уулартан уонна ледниктэн гидробиологическай боруобалары ыллыбыт.
Элбэх көтөр мустубут көтөр баһаардарыгар оҕолоро көтөн эрэллэр. Ол аата арыы тулатыгар балык элбэх саппааһа баар. Де Толль сылдьарыгар суох хотугу табалар баар буолбуттар. Арыы эриэккэс айылҕатын, моржалар уонна үрүҥ эһэлэр тустарынан киинэ уһулунна.
Беннет арыытыгар биһиги саха балаҕанын быыһааччылар саппаастарын уурар деполарын быһыытынан туттубут. Саха булчутун үгэһинэн ас-үөл, испиискэ, оһох, бэйэтэ иитиллэр сырдатынар тэрил уо.д.а. хааллардыбыт. Учуонайдар балаҕаны өссө Нуучча географическай уопсастыбатын научнай стационарын быһыытынан туһанан кэлин үлэлиэхтэрэ. Балаҕан иннигэр Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан уонна бу Саха сирин саамай хотугу кытыыта диэн бэлиэтээн, сэргэ туруордубут. Буоста кэмбиэрдэригэр Арассыыйа Федерацията, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Булуҥ улууһа, Беннет арыыта диэн аадырыс киллэрдибит.
ЛОРП-лар көрдөһүүлэринэн Арктика бастакы айанньыттарын кэриэстэригэр 7 миэтэрэлээх Поклоннай православной кириэһи 76,703557 N, 149,249632 E координаттаах сиргэ туруордубут. Тутуу матырыйаалын барытын бэйэбит илдьибиппит.
Аһаҕас акыйааҥҥа биһиги суолбут атын хараабыллар сылдьар суолларыттан туспа сытарынан, ким өйүүр, көмөлөһөр кыаҕа суоҕа. Бэйэбит кыахпытынан Лаптевтар уонна Сибиир илин муоратын туораабыппыт, эспэдииссийэ иннигэр туруоруммут сорукпутун барытын толордубут. Уолаттар элбэх хонук сири көрбөтөллөр да, хотугу муоралар тургутууларын үчүгэйдик тулуйдулар. Билигин дьиэлээн иһэн, Улахан Ляхов арыытыгар Киһилээх метеостанциятыгар буурҕа бүтэрин кэтэһэбит.
Ураты уустук эспэдииссийэни өйөөбүт: ЯТЭК ПАО-ҕа, ЛОРП ПАО-ҕа, “Якутия” уонна “Полярные авиалинии” авиакомпанияларга, “Технологии выживания” маҕаһыыҥҥа уо.д.а. успуонсардарга, партнердарга махталбытын биллэрэбит.