Биллиилээх эколог, уопсастыбанньык, Чернобыллааҕы АЭС саахалын туоратыы бэтэрээнэ, саҥаны айааччы, учуонай, 70 саастаах Анатолий Чомчоев дьыалата, сылтан ордук силиэстийэҕэ сылдьан баран, бэс ыйын 14 күнүгэр Дьокуускай к. суутугар бастакытын судьуйа Лена Егорова салайыытынан көрүлүннэ. Киһини бистэлиэттэн ытыалаан, быһаҕынан анньан өлөрө сатаабыт Дмитрий Ермолов буруйун билиммэт, барытын тиэрэ эргитэр санаалаах.
Суут хайдах ааспытын билиһиннэриэх иннинэ былырыын ыам ыйын 12-с түүнүгэр туох буолбутун санатабыт. Биһиги эмсэҕэлээччи Анатолий Игнатьевич көрдөрүүтүгэр олоҕурабыт.
Ол түүн Чомчоевтар дьиэ кэргэн олорор уонна үлэлиир научнай полигоннарыгар - Кэҥкэмэҕэ икки итирик киһи күүс өттүнэн үрэххэ ааһа сатаабыттара. Биллэн турар, көҥүллэммэт сиргэ шлагбаум аһыллыбатаҕа. Түүҥҥү ыалдьыттартан биирдэстэрэ, сөбүлэһэн барбыта буолан баран, төннөн кэлбитэ. Кэтэх санаалаах кырдьаҕас киһини кытта кэпсэппитэ буола туран быарга охсубута уонна куотан истэҕинэ табельнай бистэлиэтинэн ытыалаабыта. Салгыы, Анатолий Игнатьевич дьиэтиттэн саатын таһааран салгыҥҥа ытыалаабытыгар, бэриммитэ буолбута. Онтон хааман иһэн, эмискэ эргиллэ биэрээт, быһаҕынан түөскэ аспыта. Саба түһээччиттэн төһө эмэ кыра уонна кырдьаҕас киһи, тэҥэ суох киирсииттэн кыл мүччү кыайыылаах тахсан, массыынатыгар олорон уруулун куорат диэки туппута. Нэгэй ыччат сиэртибэтин ханна да ыытымаары массыынаҕа утары тахсан кэлбитэ. Онуоха Анатолий Игнатьевич, атаҕын икки ардыгар сиргэ ытан баран, быыһанар суолугар тахсыбыта, куораттааҕы дьиэтин аттыгар бэйэтэ тиийбитэ. Хаана баран өйүн сүтэрээтин кытары, суһал көмө ылан тута эпэрээссийэ оҥоһуллубута.
Ити курдук Анатолий Чомчоев, ыксаллаах быһыыга-майгыга уопуттаах, түргэн төбөлөөх, чөл туруктаах эрэ буолан, тыыннаах ордубута. Кини түүҥҥү ыалдьыттар Росвгардияҕа үлэлииллэрин туоһулуур В946МВ14 нүөмэрдээх УАЗ-Патриот массыыналарын, саба түһээччи киһиргээн көрдөрбүт докумуонун үчүгэйдик өйдөөн хаалан, кинилэр кимнээхтэрэ биллибитэ, дьыала тэриллибитэ. Ол эрээри бу ыар буруйдара көстөн турар, буолаары буолан, Росгвардия аатын киртитэ сылдьар дьону, тоҕо эрэ уопсастыбаҕа куттала суоҕунан ааҕан, хаайбакка дьиэлэригэр ыыппыттара.
Дьулаан түүнтэн биир сылтан ордук кэм ааспытын кэннэ, кэмниэ-кэнэҕэс, дьыаланы суукка көрүү саҕаланна. Суут аһаҕастык барара быһаарыллан, бүгүн Анатолий Игнатьевиһы өйүү чугас дьоно, доҕотторо, “Кыым” хаһыат суруналыыстара тиийдилэр.
Оттон суут ыскаамыйатыгар түүҥҥү ыалдьыттартан биирдэстэрэ – Дмитрий Ермолов эрэ кэлэн олорор. Кини, бастатан туран, буруйун билиммэтин, быһаҕынан анньыы адьас атын быһыыга-майгыга буолбутун, ону дьыаланы көрүү түмүктэнэрин саҕана билиһиннэрэр баҕалааҕын эттэ. Саба түһээччи дьыаланы атыннык эргитэн таһаарар санаалааҕын бары өйдөөтүбүт. Кини силиэстийэ кэмигэр Анатолий Игнатьевиһы бэйэтин бастаан саба түспүт, ол иһин быһахтаммыт курдук оҥоро сатыырын истибиппит. Ол да иһин бүгүн Ермолов «эмиэ эчэйбитин» туһунан эспэртиисэ түмүгүн ааҕан иһитиннэрдилэр. Тоҕо диэтэххэ, саба түһээччи айдаан тахсыбытын кэннэ, хас да хонон баран, «Чомчоев ыппытыгар атаҕар доруобунньук кэлэн түспүтүн, онтон сылтаан атаҕа ыалдьыбытын» балыыһаҕа көрдөрбүт уонна анаан эспэртиисэ оҥорторбут. Икки албакаат тухары киниэхэ сүбэ-ама, көмө элбэҕэ өйдөнөр.
Манна даҕатан эттэххэ, Ермоловы урут атын араспаанньалаах, иккитэ холуобунай дьыалаҕа тардылла сылдьыбыт курдук суруйбуттара (Артык.ру телеграм-ханаал). Ол кырдьык буоллаҕына, кини ууттан кураанах тахсарга үөрүйэх киһи буолар.
Өскөтүн буруйа толору дакаастаннаҕына, Холуобунай кодекс 111 ыстатыйатын 2-с чааһын З пуунунан – «Бирэдимиэти өлөрөр сэп быһыытынан туһанан киһи доруобуйатыгар ыар эчэйиини соруйан оҥоруу» иһин кини10 сылга диэри хаайыыга ууруллуон сөп.
Бүгүн дьыаланы суукка көрүү эспэртиисэлэр түмүктэрин иһитиннэриинэн түмүктэннэ. Суут салгыыта бэс ыйын 23 уонна 28 күннэригэр ананна. Онно туоһулары барыларын ыҥырыах буоллулар.
Дьыаланы сырдатта Күндэли.