Киир

Киир

Тохсунньу бүтүүтүттэн “Саханефтегазсбыт” АУо филиалларыттан АЗС ситимнэрэ суох, өрөспүүбүлүкэ мөлтөх суоллаах-иистээх, ыраах нэһилиэктэригэр анал иһиттээх ньиэп бородуукталарын тиэйэн эрэллэр.

Бу туһунан “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ, СӨ норуодунай дьокутаата Виктор Лебедев иһитиннэрдэ.

Тохсунньу 25 күнүгэр АИ-92-Л5 маар­калаах, 40-лии лиитирэлээх 576 устуука анал иһиттээх ньиэп бородуукталаах уонна кутарга анал иһиттээх (ньиэп бородуукталарын уопсай ыйааһына – 16,704 туонна) бастакы массыына Дьокуускайдааҕы ньиэп базатыттан Ленскэйдээҕи ньиэп базатыгар айаннаата. Бу ньиэп бородууктатын салгыы Өлөөн, Анаабыр оройуоннарын нэһилиэктэригэр тиэрдиэхтээхтэр.

Тохсунньу 26 күнүгэр АИ-92-К5 мааркалаах анал иһиттээх ньиэп бородууктатын (уопсай ыйааһына – 33,408 туонна) тиэммит иккис массыына Дьо­куускайтан Орто Халыматааҕы ньиэп базатыгар аттанна. Уматыгы салгыы Аллараа Халыма уонна Орто Халыма оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар тиэрдиэхтэрэ.

Санатар наада: “Саханефтегазсбыт” АУо аахсыйатын 100 %-на Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр баар. Аахсыйалаах уопсастыба анал иһиттээх ньиэп бородуукталарын бэйэтин суотугар уонна сыанатын үрдэппэккэ-эппэккэ тиэрдэр дойду үрдүнэн соҕотох тэрилтэ буолар.

– Биһиэхэ анал иһиттээх ньиэп бородуукталара АЗС-ка кутар уматыкпыт сыанатын кытта тэҥ сыаналаахтар. Холобур, нэһилиэнньэлээх пуун оройуон кииниттэн төһө ыраах сытарыттан, тырааныспар логистиката төһө уустугуттан тутулуга суох. Бу – биһиги тэрилтэбит үлэтин-хамнаһын социальнай суолталаах биир сүрүн хайысхата, – диэн Виктор Лебедев бэлиэтээн эттэ.

image 30 01 24 07 41 1

Манна даҕатан эттэххэ, хампаанньа ньиэп бородуукталарыгар аналлаах былаастык кэниистирэлэри бэйэтин сыаҕар оҥорор. Сыах “Дьокуускайдааҕы ньиэп базата” филиал территориятыгар баар.

Полиэтилен матырыйаалга антистатическай компаунд эбииликтээх кэниистирэлэри (тааралары) оҥорон таһаарар сэдэх сыах буолар. Бу кэниистирэлэргэ эстэр кутталлаах ньиэп бородуукталарын кутан туһааннаах сиргэ тиэрдиэххэ сөп. Кэниистирэ төлөбүрүн туһанааччы маҥнай эрэ төлүүр. Ол кэннэ кураанах кэниистирэни туттарар, атыны ыларыгар уматык сыанатын эрэ төлүүр. Бу “Саханефтегазсбыт” АУо ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ньиэп бородууктатын төһөнү наадыйарынан сылы эргиччи харгыһа суох тиэрдэригэр кыаҕы үөскэтэр.

– Собуокка кэниистирэлэри намыһах дабылыанньалаах полиэтилеҥҥа компаунду эбэн экструзионнай-үрэн таһаарар ньыманан оҥороллор, – диэн “Саханефтегазсбыт” АУо Дьокуускайдааҕы ньиэп базатын дириэктэрэ Денис Чуев уматыгы кутарга аналлаах кэниистирэлэр хайдах оҥоһуллалларын быһаарда.

Кини этэринэн, сыах бу күннэргэ күннэри-түүннэри үлэлиир, суукка иһигэр 360–380 кэниистирэ оҥоһуллар.

Сороҕор дьон туһаммыт кэниистирэлэрин кэмигэр туттарбаттар. Ол иһин уопсастыба кэниистирэлэргэ идентификационнай куоду туруорарга анал тэрили атыыласта. Бу куод көмөтүнэн емкость ханна баарын быһаарыахха сөп. Маны таһынан анал иһиттээх ­ньиэп бородууктатын атыылаһалларыгар тыа сирин олохтоохторун үптэрин-харчыларын балаһыанньатын өйдөөн тэрилтэ төлөбүрү эрдэ (предоплата) көрдөөбөт. Бу быраактыка сороҕор хампаанньаҕа ороскуоттаах өттүнэн дьайар, дьон кэмигэр төлөөбөккө, иэстэрэ мунньуллар.

Дьокуускайдааҕы ньиэп базатын сэргэ, халлаан туругун учуоттаан, уматыгы кутар мобильнай тэриллэр анал иһиттээх ньиэп бородуукталарыгар ордук наадыйар оройуоннарга эмиэ үлэлиир. Балар уматыгы кыһыҥҥы суолунан тиэрдэр кэмҥэ, дэҥҥэ сайын үлэлииллэр.

image 30 01 24 07 41

Бу курдук, кэниистирэнэн хааччыллыбыт туһанааччыларга мобильнай ниэби кутар тэрил көмөтүнэн, номнуо “Саханефтегазсбыт” АУо оройуоннарга баар филиалларыгар кутталлар. Бу тырааныспарынан тиэрдии ороскуотун аччатар. Маны таһынан, элбэхтик туттуллар кэниистирэ көмөтүнэн тулалыыр эйгэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар бириинсибин тутуһаллар.

Яна БАЙГОЖАЕВА,
“Саханефтегазсбыт” АУо пресс-сэкирэтээрэ.