Бириискэттэн репортаж түмүк чааһа.
Хотугу эргимтэҕэ “Молуода” бириискэ 2013 сыллаахха иккис тыынын ылбыта. Ол быһыытынан, “Анаабыр алмаастара” түҥ тыа быыһыгар толору хааччыллыылаах уопсай дьиэлэрдээх, туһунан Култуура кииннээх, эрчиллэр саалалаах, баанньыктаах, остолобуойдаах, аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттэһэр бэртээхэй баахта бөһүөлэгин олохтообута. Ону ааһан суотабай сибээс, спутнигынан барар тэлэбиидэнньэ холбоммута. Бөһүөлэккэ эрэйэ суох тиийэр суол-иис оҥоһуллубута, уулаах сирдэри туоруурга муосталар тутуллубуттара. Бу барыта алмаас хостооччулар олорор уонна сынньанар бары усулуобуйаларын оҥорорго анаан оҥоһуллубута.
“Молуода” бириискэ дириэктэрэ Евгений Васильев бу бара сырыттахпытына биһиэхэ эбэни кыйа хостонор күн тааһын сууйар саҥа сезоҥҥа бэлэмнэнии үлэтин-хамнаһын, туох уларыйыы, сонун киирэрин сиһилии билиһиннэрдэ.
– Молуода – оҥорон таһаарыы сөбүгэр дьоҕус учаастага буолар. Күн бүгүн Молуода уонна Далдын алмаастаах сиригэр 498 киһи үлэлиир. Дьыл кэмиттэн тутулуктаах үлэ сайыҥҥы сезона саҕаланаары турар. Хайалаах учаастактарга улахан кыамталаах, модун 21 тиэхиньикэ – самасыбаал, погрузчик уонна бульдозер үлэлиэ.
Ааспыт, 2021 сыл түмүгүнэн, алмааһы хостуурга уонна байытыыга ылыллыбыт туох баар былаан барыта таһыччы туолбута. Быйыл да былааны куоһарар баҕалаахпыт. 2,4 мөл. кууп хайа маассатын таҥастыахтаахпыт. 2023 сылга “переработканы” – 2,9 мөл. куупка, 2024 сылга тиийэн, салгыы улаатыннаран, 3 мөл. кууптан таһаарарга суоттанабыт.
Билигин алмаас хостооһунугар алмааһы суортарга араарар үс баабырыка үлэлиир буоллаҕына, 2024 сылтан түөрт буола эбиллиэхтээх. Оччотугар алмааһы хостуур кээмэй да улаатыа. Сүрүн үлэ Далдын эбэ кытыытыгар буолуоҕа. Онон, сотору кэминэн бөһүөлэкпит онно көһүөхтээх. Үөһээ Молуодаҕа “доводка” сыахтаах, ГСМ уонна ВМ сыахтаах улахана суох база эрэ хаалыаҕа. Суол, муоста даҕаны икки бөһүөлэк ыккардыгар холкутук сылдьыһыыны толору хааччыйыа.
– Тус бэйэҥ хайдах уонна хаһан бу хампаанньаҕа кэлбиккин билиһиннэрбэккин, ээ?
– Хаандыгаттан төрүттээхпин, сааһым – 41. Игирэм аҥаара эмиэ “Анаабыр алмаастарыгар” үлэлиир, кини – хааччыйыы инженерэ. Оскуоланы Хаандыга 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрэн баран, өрүс училищетыгар киирбитим. Ол кэнниттэн икки навигация кэмигэр моторист-мотуруостаабытым, үһүспэр хапытаан көмөлөһөөччүтэ буолбутум. Аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим кэнниттэн эдьиийим Евдокия Федоровна “Анаабыр алмаастарыгар” барарга уонна үрдүк үөрэххэ туттарсарбар сүбэлээбитэ. Инньэ гынан 2003 сылга силиэсэринэн, сири үүттээччи көмөлөһөөччүтүнэн үлэбин саҕалаабытым. Хайдах үлэлииллэрин, балаһыанньаны илэ көрөн-истэн баран, СГУ хайа факультетыгар туттарсыбытым. Онон, үлэлии-үлэлии, үөрэнэн барбытым. Ол эбэтэр, кыһыҥҥы каникул кэмигэр сири үүттээччинэн үлэлиирим, оттон сайынын суоппардыырым. Ол быыһыгар манипулятор ыытааччытын идэтигэр үөрэммитим. МАЗынан кумах тиэйэр этим. Билигин оннук массыына суох, БелАЗ-тар үлэлииллэр.
– Тэхиниичэскэй идэлэри эдэр эрдэххиттэн биһирээбитиҥ буолуо?
– Оннук бөҕө буоллаҕа. Тиэхиньикэ – эр дьон дьарыга. Салгыы хайа маастарынан, үлэ кэмигэр куттал суох буолуутун инженеринэн үлэлии сылдьыбыт кэмнээҕим. Дьэ, оттон 2013 сылтан “Молуода” бириискэтин дириэктэрин солбуйааччытынан, 2018 сылтан бэттэх дириэктэринэн үлэлиибин.
– Улахан, 500-чэ үлэһиттээх, тэрилтэни салайыы олус судургу буолбатаҕа буолуо?
– Бириискэ дириэктэрдэринэн үлэлээбит Михаил Митрофанович Маковей, Николай Николаевич Игнатьев олус үчүгэй оскуолаларын ааспытым. Кэлэктииппит олус үчүгэй, тыл аҥаарыттан өйдөһөбүт, өйөһөбүт. Ол иһигэр бэлиэр “бэйэ дьоно” буолбут, кэлэктиип сүрүн тутула, сүнньэ буолбут дьон Молуодаҕа, Маякка да бааллар. Анал үөрэтэр-такайар бырагыраамалардаах буолан, саҥа үлэлии кэлээччи да элбэх. Ким эрэ сөбүлээн, салгыы үлэлии хаалар, оттон сорох миэхэ барсыбат эбит диэн өйдүүрэ да бааламмат. Баахтанан үлэ уустуга диэн – уһун кэм дьиэ кэргэҥҥиттэн, дьоҥҥуттан тэйиччи олорон үлэлиэххин наада.
– Арктика улуустарыттан кэлээччилэр хайдахтарый?
– Бэркэ диэн сөбүлээн үлэлииллэр. Манна, бириискэҕэ үлэлииргэ санаммыт дьон – холобур, ыраахтан, Белоруссияттан дуу эбэтэр маннааҕы Булуҥтан кэлбит олохтоох дьон буолалларыттан тутулуга суох – үгэс курдук, сүрүннээн материальнай интэриэстээх буолаллар. Биллэн турар, онуоха үлэлиир үлэҥ, дьарыгыҥ санаа иһинэн, бэйэҥ дьиҥ баҕалаах буоларыҥ ордук. Ити – ким хантан кэлбититтэн тутулуга суох бастакынан ирдэнэр усулуобуйа.
Кэм-кэрдии аастаҕын аайы «кырдьаҕастар» сыыйа тохтууллар, оттон ыччат үлэҕэ уопутуран, үөрүйэхтэнэн, саҥа солбук үөскүүр, үксүүр. Маннык көстүү “АЛРОСА” хампаанньа бары тэрилтэлэригэр эмиэ көстөр. Ыччат толлубакка, кэтэмэҕэйдэммэккэ кэлэн, үлэлээн холонуон наада. Биһиги саҥа кэлбит үлэһит уопутурарыгар, үлэтин сүнньүн булунарыгар тоҕоостоох бары усулуобуйаны хара ааныттан оҥорон барабыт. Настаабынньыктааһын күүскэ туһалыыр. Ол аата, саҥа саҕалааччыны хайаан да уопуттаах исписэлиискэ сыһыаран үлэлэтэбит. Биһиги ааммыт дьиҥ үлэлиэн, үрдүк хамнастаныан, олоҕун суолун, бэйэтигэр барсары, сөптөөҕү булунан, олоҕун-дьаһаҕын оҥостор баҕалаах дьоҥҥо өрүү да аһаҕас.
Дьэ, ити курдук, бырамыысыланнас, чопчута, алмаас хостуур бырамыысыланнас эйгэтигэр хорсуннук киирсэн, оскуола сылларыттан эрдэттэн бэлэмнэнэн, ордук ирдэнэр идэлэргэ үөрэнэн, биһиги кэпсиир дьоруойдарбыт курдук алмаас хостуур салаа дьоһуннаах үлэһиттэрэ буоларгытыгар сүбэлиибит. Биһиги үйэбитигэр, бэл дьиэттэн тахсыбакка, остуолтан турбакка да олорон, алмаас ханнык тэрилтэтигэр туох үлэһиккэ наадыйалларын истэ-билэ олорор кыахтаахпыт. Ол курдук, АЛРОСА уонна кини бөлөҕөр киирсэр тэрилтэлэр дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн, хас нэдиэлэ аайы куйаар ситимигэр баар официальнай аккауннарыгар сиһилии иһитиннэриини таһаара, иһитиннэрэ олороллор. Ол иһигэр ыччат биһирээн туттар VK социальнай ханаалыгар бу сигэнэн киириэххэ сөп: https://vk.com/alrosasakha. Ону таһынан TГ-ханаалга бу манныны баттаан киирэр кыахтааххыт: https://t.me/Alrosa_news.
Игорь Саввинов матырыйаалын туһанан, бэй.кэр.
Кылгас ыспыраапкаДалдын алмаастаах сирэМолуода эбэ хаҥас салаата Далдын өрүс алмаастаах сирэ Саха сирин “Булуҥ улууһа” муниципальнай тэриллии сиригэр-уотугар киирсэр. Далдын өрүс тардыытыгар бастакы алмааһы ааспыт үйэ 1961 сылыгар булбуттара. Бу сир алмааһа олус үчүгэй, ювелирнай хаачыстыбатынан уонна кээмэйинэн атыттартан уратылаах.
“Анаабыр алмаастара” АУо геологияҕа управлениета Үөһээ Молуодаҕа алмаастаах сири көрдүүргэ, таба тайанан чинчийэргэ сүҥкэннээх үлэни ыытар. Бу диэки алмаас бырамыысыланнай таһымнаах саппааһы булар кыах, кэскил улахан. Чопчута, Далдын өрүс төрдүттэн Молуода үөһээ өттүгэр диэри, 180-220 км уһуннаах сиргэ алмаас саппааһа үгүөрү. Быһа холуйан ааҕыынан, манна көстөр алмаас саппааһын, баар алмааһы туһаҕа таһаарыы инньэ 2040 сылга диэри холкутук барар кыахтаах.
2024 сылга Далдын учаастагар аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттэһэр, толору хааччыллыылаах саҥа баахта бөһүөлэгин тутуу былааннанар. Ону тэҥэ кумаҕы таҥастыырга түөрт алмааһы суортуур комплекс тилэри уонна толору кыамтатынан үлэлиир буолуоҕа.
Үлэһиккэ наадыйаллар
АЛРОСА уонна “Анаабыр алмаастара” олохтоох каадыры бырамыысыланнаска үлэлэтиигэ – инники күөҥҥэ
“Саха ынаҕын кутуругуттан ырааппат”, ол аата, тыа хаһаайыстыбатынан эрэ дьарыктанар диэн өйдөбүл өлбөөдүйбүтэ ыраатта. Оҥорон таһаарыы араас эйгэлэригэр, бырамыысыланнаска, билимҥэ саха дьоно көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук, “Олохтаах каадыры—бырамыысыланнаска” диэн олус туһалаах бырайыак олоххо киирбитэ быйыл алтыс сылыгар барда. Хамсык хааччаҕа киирбитэ, куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх дииллэринии, бу бырайыакка кыттааччы тэрилтэ элбииригэр тирэх буолла. Кэнники этиллибит чахчынан, бу бырайыакка 43 тэрилтэ киирэн үлэлэһэр. Ол аата, 2018 сыллааҕыга тэҥнээтэххэ, кыттааччы икки бүк эбиллибит.
Онон, ким чахчы баҕалаах алмаас хостуур тэрилтэҕэ үлэ булунуон сөп. Ситиһиилэри баҕарабыт.