РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра кулун тутар 20 күнүгэр, Аан дойдутааҕы оҕо уонна ыччат тыйаатырын күнүн көрсө, Аркадий Гайдар айымньытынан «Кибальчиш Уолчаан уонна кини байыаннай кистэлэҥин туһунан остуоруйа» испэктээк премьератын көрдөрдө.
Туруорааччы режиссер - тыйаатыр уус-уран салайааччыта Алексей Павлов, туруорааччы худуоһунньук - Дора АйКуо. Оруолларга: Евгений Шамаев, Кирилл Рожин, Ньургун Черов, Екатерина Хоютанова, Владислав Портнягин, Илья Яковлев, Спартак Ларионов, Владимир Охлопков, Юрий Афанасьев, Георгий Бессонов, Никита Соловьев, Арсен Семенов, Елизавета Далбараева, Татьяна Хомподоева уонна Айыына Слепцова.
Туруоруллубут айымньы патриотизм, дойдуга таптал, хорсун буолуу, сидьиҥ буржуиннары кытта дьаныардаахтык кыргыһар оҕолор хоодуот быһыыларын-майгыларын туһунан сэһэргиир. Ол курдук, испэктээк бу билиҥҥи уустук кэмҥэ үүнэр көлүөнэ ыччаты иитиигэ сүҥкэн суолталаах айымньынан буолар. Остуоруйа эдэр көрөөччүлэри туох да буолбутун иһин толлугаһа суох, дойдуга бэриниилээх буолууга ыҥырар.
Сэбиэскэй кэмҥэ бу остуоруйанан бэртээхэй мультик уонна киинэ көстүбүтэ. Ол саҕанааҕы оҕолор уонна ыччаттар айымньы дьоруойдарын хорсун быһыыларын холобур оҥостон, бэл, этэр этиилэрин иҥэринэн, партиотическай өйдөөх-санаалаах улааппыттара.
Туруорааччы режиссер, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов испэктээк туһунан маннык кэпсиир.
- Билиҥҥи кэмҥэ буола турар быһыыга-майгыга сөп түбэһиннэрдим. Билигин дойдуга бэриниилээх буолуу, патриотизм инники күөҥҥэ турар. Ол иһин, бу маннык ис хоһоонноох испэктээги туруорар санаа киирбитэ. Туруорарга Аркадий Гайдар «Кибальчиш Уолчаан уонна кини байыаннай кистэлэҥэ» диэн остуоруйатын таллыбыт. Биһиги көлүөнэ дьоно бу айымньы киинэтин уонна кинигэтин аахпыппыт. Оччотооҕу оҕолор бары Мальчиш-Кибальчиш курдук буолуохпутун баҕарар этибит. Ийэ дойдубутугар бэриниилээх, көмүскүүр, куһаҕаны утары охсуһар, туруоруммут сорукпутун ситиһэр уонна бу маннык байыаннай кистэлэҥи этэн биэрбэт кытаанах санааны, хорсун быһыыны көрдөрүөхпүтүн баҕарар этибит. Маннык өй-санаа кытаанахтык иҥэн хаалбыта. Онон, оҕо сааспыттан сүрэхпэр, дууһабар иҥмит айымньыны испэктээкил гынан туруорарга быһаарыммытым.
Маны сэргэ, сороҕор көрүдьүөс, сороҕор курус даҕаны түгэннэрдээх, күүстээх уобарастардаах «Кибальчиш Уолчаан уонна кини байыаннай кистэлэҥин туһунан остуоруйа» испэктээкил дириҥ ис хоһоонунан көрөөччүнү толкуйдатар уратылаах буолла. Сыанаҕа аныгылыы, ураты таҥастаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын эдэр уонна орто көлүөнэ артыыстара олус бэртээхэйдик уобарастарыгар киирэн туран, оруолларын толордулар. Айымньы төһө даҕаны ааспыт сэбиэскэй кэм саҕанааҕы гражданскай сэрии, революция тиэмэтин таарыйдар, аныгы кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн туруоруллубут. Онон, айымньыны 21-с үйэ оҕото бэйэтин кэмигэр ойуулаан көрөн, быдан чугастык ылынарын курдук, сценографиятыгар билиҥҥи туттар мал-сал уонна техника туттулунна. Сыанаҕа сорох дьайыы кэмигэр артыыстар оҕолортон боппуруос ыйытан, алтыһан ыллылар. Ити курдук, сааланы кытта сыана биир кэлим холбоһон, бэйэтэ биир ураты эйгэ буолан ылла.
Киһилии сиэргэ-майгыга иитэр, үтүөнү-мөкүнү араарарга үөрэтэр уонна ардыгар куту-сүрү долгутар түгэннэрдээх испэктээктэн хас биирдии көрөөччү дуоһуйууну ылла уонна астынна диэтэхпитинэ, сыыспаппыт буолуо.
Испэктээк кэнниттэн үөрбүт-көппүт, сирэйдиин-харахтыын сырдаабыт көрөөччүлэри көрөн, айымньы сыалын-соругун ситистэ диэн этэбит. Онон, Кибальчиш Уолчаан туһунан остуоруйа сүрүн санаата, кэпсиир тиэмэтэ уонна сыала-соруга кэлэр көлүөнэҕэ үчүгэй өттүнэн дьайан, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа диэн эрэнэбит.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-киинэ