Тыйаатыр эдэр артыыстара Екатерина уонна Дмитрий Хоютановтары көрбүт-истибит буолуохтааххыт. Икки таптаһар сүрэхтэр ыал буолан, төрөппүт үрдүк аатын сүгэн, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тыйаатырдарга айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Екатерина – СӨ Үүнэр көлүөнэ, оттон Дмитрий Олоҥхо тыйаатырын эдэр талааннаах артыыстара буолаллар. Биһиэхэ айар куттаах дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Екатерина Хоютанова ыалдьыттыыр.
– Екатерина, үтүө күнүнэн! Дьэ, артыыстар, уоппускаҕа баран сынньана аҕай сылдьаҕыт дуу? Эбэтэр үлэ үөһүгэр дуу?..
– Үтүө күнүнэн! Биһиги уоппускаҕа барбыппыт, наһаа үчүгэйдик Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕар кыттан кэлбиппит. Билигин куоракка баарбын, Хаҥалас Төхтүрүгэр кэлэ-бара киинэҕэ уһулла сылдьабын. Ол курдук, Роман Дорофеев иилиир-саҕалыыр “Хвост и вымя” диэн кэмиэдьийэ жанрдаах киинэтигэр уһулла сылдьабын. Ол быыһыгар дьиэбин өрөмүөннэнэн кырааскалана сылдьабын, түбүк бөҕө, сүүрүү-көтүү үгэннээн турар кэмэ. Оттон кэргэним Дима Чурапчыга, дойдутугар баар, төрөппүттэригэр көмөлөһөн оттоһо сылдьар.
– Дьэ, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ... Артыыс дьиэ кэргэнэ хаһан, хайдах төрүттэммитэй?
– Биһиги 2014 сыллаахха ыал буолбуппут. Дималыын “Вконтакте” куйаар ситиминэн билсиспиппит, үс сыл билсэн баран, ыал буолбуппут. Мин бэйэм Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтиттэн, кэргэним Чурапчы улууһун Үрэх Күөрэтиттэн төрүттээхпит. Мин култуура колледжыгар култуура салаатын бүтэрэн баран, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтугар үөрэхпин үрдэтиммитим. Оттон Дима АГИИК-и бүтэрбитэ, артыыс идэлээх.
– Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар үлэлээбитиҥ син ыраатта быһыылаах дии, хаһааҥҥыттан үлэлиигиний?
– Үөрэхпин бүтэрэн баран тута киирбитим. Ол аата 2013 сыллаахтан үлэлиибин эбит. Бу тыйаатыры уруккуттан сэҥээрэр буоламмын, колледжы бүтэрэн баран, чопчу онно тиийбитим. Бэлиэтээн эттэххэ, АГИИК-ка туттарса сырыттахпына, Валентина Якимец баара. Киниттэн үлэ миэстэтин туоһуласпытым уонна анал кэпсэтиини ааһан киирбитим. Эбэн эттэххэ, Алексей Прокопьевич уонна Матрена Степановна Павловтар айар үлэлэрин уруккуттан сэҥээрэр этим. Ол эмиэ үлэҕэ киирэрбэр сүҥкэн сабыдыаллаах буолбута. Онтон ыла айымньылаахтык тапталлаах тыйаатырбар үлэлиибин.
– Тыйаатыр эйгэтин хайдах ойуулуоҥ этэй?
– Тыйаатыр диэн наһаа үчүгэй буоллаҕа. Кыайан тылбынан быһаарбаппын ээ. Хайдахтаах курдук идэбин сөбүлүүрбүн, ис дууһабыттан таптыырбын ойуулуур кыаҕым суох. Арай, тыйаатыртан атын үлэҕэ бар диэтэхтэринэ, ханна барыам эбитэ буолла? Артыыс үлэтиттэн ураты тугу да сатаабат курдукпун (мичилийэн, күлэн ылар). Кэргэним Дима эмиэ үлэтин олус сөбүлүүр, тыйаатырыгар олус бэриниилээх киһи.
– Ханнык оруоллары толорбуккунуй? Саамай сөбүлүүр оруоллааххын дуо?
– Островскай “Гроза” айымньытынан турбут “Этиҥнээх ардах” диэн испэктээккэ Катерина уобараһын толорбутум, Чехов “Три сестры” айымньытынан туруорууга улахан эдьиийдэрэ буолбутум. Чэ, араас элбэх оруоллаахпын, хас биирдии оруолум төрөппүт оҕобор тэҥнээх.
Биһиги тыйаатырбыт оҕоҕо аналлаах буолан, туруорууларбыт эмиэ кырачааннарга аналлаахтар. Онон сороҕор кутуйах да, куобах да, баҕа да буолуохпутун сөп. Оҕолор диэн саамай истиҥ көрөөччүлэр буоллаҕа, ол иһин оҕолорго анаан үлэлиир өссө сырдык, иэйиилээх, ураты курдук. Хайдах эрэ олус сырдык, ыраас турукка киирэн хаалбыт буолаҕын. Оҕолор мичээрдэрин көрө-көрө сыанаҕа бэйэҥ “көтө” сылдьыаххын баҕараҕын. Маны таһынан, обургу оҕолорго, улахан дьоҥҥо аналлаах эмиэ испэктээктэрдээхпит. Онон биһиги тыйаатырбытыгар кыра оҕолортон саҕалаан, аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ бука бары сылдьыахтарын сөп.
– Артыыс буолар туох үчүгэйдээҕий?
– Сыанаҕа тахсан көрөөччүгэ үөрүүнү, долгуйууну бэлэхтииртэн ураты диэ... Артыыс оруолун көрөөччүгэ итэҕэтиилээхтик тиэртэҕинэ, ол аата кини үлэтин-хамнаһын сыалын ситиспит дэнэр. Онон хас биирдии артыыс оруолун көрөөччүгэ тиэрдэргэ дьулуһар, көрөөччү ылыннын диэн сыанаҕа тахсан оруолун толорор.
Артыыстар өрүү айан аргыстаах дьоммут, наар кэлэ-бара сылдьабыт. Испэктээктэрбитин көрдөрө тас дойдуларга, Арассыыйа куораттарынан элбэхтик айанныыбыт, дьону кытта алтыһабыт. Уопсайынан, үлэбин олус сөбүлүүбүн, оруолларбын эмиэ. Бэйэм айан таһаарбыт, ииппит, бүөбэйдээбит оруолларбын сөбүлүүбүн бөҕө буоллаҕа. Син биир артыыс оруолугар бэйэтиттэн тугу эрэ биэрэр, ураты тыыны диэххэ дуу... Ол иһин артыыска оруол диэн олус күндү буолар. Мин сөбүлүүр, дууһам, өйүм-санаам сытар үлэлээх буоламмын, бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын.
– Иккиэн артыыс буоларгыт төһө уустугуй? Аны туран, атын-атын тыйаатыр артыыстара буоллаххыт...
– Оннук ээ. Туспа тыйаатырга үлэлиир буоламмыт, утуу-субуу айаҥҥа турунуохпутун, кэлиэхпитин-барыахпытын сөп. Хата, оҕобутун эбэлэрэ, эһэлэрэ көрөллөр, биһиэхэ наһаа көмөлөһөллөр. Тапталбыт туоһута Аман диэн уоллаахпыт. Хата, иккиэн биир эйгэлээх буоламмыт, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөбүт, кэпсэтэргэ уопсай тиэмэлээхпит наһаа үчүгэй.
– Күннээҕи олоххор эн хайдах киһигиний? Эйигин хайдах эрэ сытыы-хотуу диэн бэлиэтии көрөбүн ээ...
– Дима наһаа наҕыл буоллаҕына, мин сытыы-хотуу, саҥарбыт-иҥэрбит киһибин. Ол иһин бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон биэрэбит быһыылаах. Тапталлааҕым бэркэ өйдүүр, киһи тугу тиэрдиэн баҕарбытын иҥэн-тоҥон истэр, наада буоллаҕына сүбэлиир-амалыыр. Кини кыттыылаах тыйаатыр испэктээктэригэр барытыгар сылдьабын, айар үлэтин сэҥээрэбин. Дима “Дьырыбына Дьырылыатта” диэн испэктээккэ Абааһы Уола буолбута. Онно наһаа үчүгэй уобарастааҕын хайдах эрэ сөбүлээбитим аҕай уонна быйыл Өлүөхүмэҕэ Улуу Даарын оруолун оонньообута кэрэхсэбиллээх этэ. Кини хас биирдии испэктээкилин көрөн истэҕим аайы, кэргэммин саҥаттан арыйан, билэн-көрөн иһэр курдукпун.
– Бэйэҥ хайдах киһи буоларгын ситэ эппэтиҥ дуу?
– Ээ, мин боростуойбун. Киһи сиэринэн сылдьабын. Мааҕын этэн ааспытым курдук, саҥалаахпын-иҥэлээхпин, этэргэ дылы, “саҥаран баран биирдэ кэлээр” диэбит киһилэрэбин.
– Екатерина, аны туран, “Саха” НКИХ ханаалыгар “Хаһан сайын буоларый...” диэн былааһы ылбыт элбэх сиэрийэлээх киинэҕэ, били, айдааннаах Сюзанна кыыс дьүөгэтэ этиҥ дии? Киинэҕэ хаһааҥҥыттан уһуллаҕыный?
– Киинэҕэ бастакы холонуум “Сүлүһүннээх таптал” диэн сэрийээлгэ эпизодка кыттыбыппыттан саҕаламмыта. Ол кэнниттэн “Хара хаар” киинэҕэ сүрүн дьоруой балта этим, өссө “Хатаныы” диэн элбэх сиэрийэлээх киинэҕэ бу саас уһуллубутум уонна билигин уһулла сылдьабын. Бу “Хатаныы” диэн элбэх сиэрийэлээх киинэбит кыһын көрөөччү дьүүлүгэр тахсыахтаах. Эбэн эттэххэ, киинэҕэ уһуллар сүрдээх интэриэһинэй эбит. Киинэ эйгэтин эмиэ сөбүлээн аҕай сылдьабын. Билигин уоппуска кэмигэр үгүс артыыстар киинэҕэ уһуллаллар, араас бырайыакка кытталлар. Артыыс биир сиргэ олорон хаалбакка, өрүү бэйэтин сайыннара сылдьыахтаах дии саныыбын.
– Эмиэ дьиэ кэргэн, сыһыан тиэмэтигэр тиийэн кэлиэххэ. Дьиэнэн туох үгэстээххитий? Хайдах сынньанаргытын сөбүлүүгүтүй?
– Сарсыарда тура охсон үлэнэн, уһуйаанынан тарҕаһабыт. Киэһэ кэлэн, ас астана охсон, күннээҕи түбүкпүтүн ырытыһабыт, ситиһиилэрбитин үллэстэбит. Оҕобутун кытта оҕо буолан мэниктээн, оонньоон-көрүлээн да ылыахпытын сөп. Сөбүлүүр дьарыкпыт диэн, эт-хаан өттүнэн сайда сатыыбыт. Мин иллэҥ кэммэр макияж, бүрүчүөскэ оҥорорбун сөбүлүүбүн. Дима тэттик видео роликтары сөбүлээн оҥорор. Дьиэнэн тутуһар туох эрэ быраабыла, үгэс диэн суох. Бары дьон курдук үлэлээн-хамсаан, үөрэн-көтөн, этэҥҥэ олоробут, оҕобутун үтүө киһи буола улаатарыгар иитэбит. Иккиэн дьиэнэн артыыс буоллахха, өссө үчүгэй буолар эбит. Туох баар түһүүнү-тахсыыны бииргэ туоруур кыахтанаҕын. Ол – сүдү, ураты күүс.
– Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?
– Киһи сөптөөх суолунан айаннаатаҕына, барыта табыллар дииллэригэр сөбүлэһэбин. Талан ылбыт идэҕэр бэриниилээх, дьиэ кэргэн сыһыанын өрө тутар, тулалыыр дьоҥҥор үчүгэй сыһыаннаах буоллаххына – эн дьоллоох киһигин. Мин бүгүҥҥү кэпсэтиини маннык үтүө этиинэн түмүктүөхпүн баҕарабын!
– Екатерина, кэпсээниҥ иһин барҕа махтал! Айар куттаах, артыыс дьиэ кэргэнэ ситиһиилээх, доруобай буоллун! Кэрэхсэбиллээх оруоллары, бары ситиһиини!
– Ис сүрэхпиттэн махтанабын!
Екатерина АФАНАСЬЕВА.