Киир

Киир

Хатырык нэһилиэгин “Махсыым уолаттара” эр дьон ансаамбыла муус устар 27 күнүгэр Нам бөһүөлэгэр М.К. Аммосов аатынан култуура дыбарыаһыгар киэһэ 19 чааска тэриллибитэ 5 сыллаах айар киэһэтигэр ырыаны таптааччылары ыҥырар. Бу күн ааспыт кэм умнуллубат үйэлээх ырыалара ылланыахтара. Өрөспүүбүлүкэ күнүн “Махсыым уолаттарын” кытта эрчимнээхтик бэлиэтээҥ! 

Ансаамбыл уус-уран салайааччыта И.А. Татариновы эрэдээксийэҕэ ыҥыран, атах тэпсэн олорон сэһэргэһэбит.

Maxswwm 2

– Иннокентий Афанасьевич, Хатырык төрүт олохтооҕо буоллаҕыҥ?

– Хатырыкка төрөөбүтүм, манна оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитим. 2016 сыллаахха Дьокуускайдааҕы муусука колледжын вокалист идэтигэр үөрэнэн бүтэрэн, төрөөбүт дойдубар, Хатырыктааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыгар, оччотооҕу Хатырык нэһилиэгин баһылыга А.М. Пинигин “эдэр киһи, дойдугар кэлэн үлэлээ, эйигин эрэнэбин” диэн ыҥырбытыгар сөбүлэһэн, дириэктэринэн ананан үлэлии кэлбитим. Онон баара-суоҕа 22 саастаах уол долгуйа-долгуйа үлэбин саҕалаабытым. 

– Билиҥҥэ диэри үлэлиигин дуу?

– 2021 сылга диэри дириэктэрдээбитим. Онтон 2021 сыл тохсунньутуттан 4 тус-туһунан тэрилтэни биир тэрилтэ оҥорбуттара. Онон биһиги оскуолабыт З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын Н.Н. Атласов аатынан Хатырыктааҕы филиала буоламмыт, филиал сэбиэдиссэйэ диэн дуоһунаска үлэлии олоробун. 

– Ансаамбылыҥ туһунан тоҕо-хоро кэпсээн кэбис.

– Бастакы айар киэһэбитин 2020 сыл кулун тутар 7 күнүгэр  оҥорбуппут. Истиҥ-иһирэх кэнсиэр буолбута. Ол кэнниттэн хамсыгынан сибээстээн, улахан тэрээһиннэр буолбатахтара. Хааччах намыраабытын кэннэ, 2021 сылтан, кыра-кыралаан ыллыыр буолбуппут. Тэрээһиннэргэ, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустарга кыттан киирэн барбыппыт. Быйыл Саҥа дьыл кэнниттэн идиэйэ киирэн, дьоммутун-сэргэбитин кытта 5 сылбытын бэлиэтиэххэ диэн санааттан, саҥа дыбарыаска кэнсиэр тэрийэн эрэбит.

– “Махсыым уолаттара” дорҕоонноохтук, астыктык иһиллэр аат.

– Бастаан “Махсыым ыччаттара” кэмиэрчэскэйэ суох түмсүү тэриллибитэ. Ол кэнниттэн “ансаамбыл тэрийбит киһи” диэн баҕа санаа кыыма саҕыллыбыта. Аҕам Афанасий Татаринов диэн. Кини эмиэ ыллыыр, байаныыс, матыыбы эмиэ айар. Урут Хатырыкка олорон, кулуупка үлэлиир эрдэҕинэ “Уолан” диэн эр дьон ансаамбыллаахтар этэ. Кыра сылдьан кинилэр ыллыылларын сөбүлээн көрөрүм. Онон да буолуо, ансаамбыл тэрийэр санаа киирбитэ.

Биир дойдулаахпыт, киэн туттар чулуу киһибит М.К. Аммосов аата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттаныахтаах диэн санааттан ансаамбылбытын бастаан “Махсыым ыччаттара” диэн ааттаабыппыт. Онтон хас да сыл буолан баран, 2019 сыллаахха ансаамбылбыт биир тутаах киһитэ Егор ыччат сааһыттан тахсар түгэнэ кэлбитигэр: “Бары да сотору ыччат сааһыттан тахсыахпыт, хаһааҥҥа диэри ыччат буола сылдьыахпытый?” – диэн ааппытын “Махсыым уолаттара” диэҥҥэ уларыппыппыт. Былырыын, 2022 сыл сайыныгар, Үөһээ Бүлүү уола Малик Тойтоновка “Чулуу Махсыым” диэн ырыа тылын суруйтарбыппыт, матыыбын бэйэм айбытым, аранжировкатын, муусукатын оҥорбутум. Ону кэнсиэрбит аһыллыытыгар толоруохпут.

– Ансаамбыл быһыытынан ыыргыт ыраах, сырыыгыт киэҥ эбит. 

– Былырыын М.К. Аммосов үбүлүөйдээх сылынан “Чаҕылхай Махсыым сыдьааннара” ыччат десана Аммосов табаарыстара П.Ойуунускай, С.Аржаков, И.Барахов, С.Васильев дойдуларынан сылдьан, Саха сирин автономиятыгар сүҥкэн оруоллаах бэлитиичэскэй диэйэтэллэр олохторун, үлэлэрин үйэтитэр сыаллаах-соруктаах айаҥҥа сылдьыбыппыт. Манна улуу убайдарбыт пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу, ыччаты кытта көрсүһүү, санаа үллэстиитэ, кэнсиэр буолбута. Улууспут баһылыга фургон массыына биэрэн, босхо бэнсиининэн хааччыйан, сүрдээх үчүгэйдик табыллан сылдьыбыппыт.

– Дьон-сэргэ төһө билэр? Биллэриигитин түбэһэ көрөммүн, интэриэһиргээтим ээ.

– Биһиги үксүн улууспут иһинэн эрэ ыллыыр этибит. Репертуарбытыгар урукку кэмҥэ ылламмыт “Доҕордоһуу” диэн ырыабытын дьон сэҥээрэ истибиттэр этэ. Урукку тэтимин уларытан ыллаабыппыт. Бу ырыабытын уһултаран, араадьыйаҕа биэрбиппит олус бэркэ иһиллибитэ. Бу ырыанан билэннэр, кэлин араас биэриигэ, тэрээһиҥҥэ ыҥырар буолбуттара.  

Ситиһиилэрэ:

2017 сыл – “Поющее мужское братство” эр дьоҥҥо улуустааҕы ырыа күрэҕэр 1-кы истиэпэннээх лауреат;

2018 сыл – Тулагыга “С любовью в сердце” ансаамбыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэригэр “Надежда конкурса” анал аат;

2019 сыл – Н.Трапезникова аатын үйэтитэр “С песней по жизни” өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэр Гран-при;

Покровскай куоракка “Золотой шлягер” ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр Гран-при үрдүк аатын ылбыттара.

– Ол аата, ырыаҕыт үксэ урукку кэмнээҕи ырыалар буоллаҕа?

– Эппитим курдук, ити ырыаттан репертуарбыт саҕаламмыта диэххэ сөп. Былыргы, урукку ырыалары ыллаан, тупсаран ыллыахха наада эбит диэн идиэйэ үөскээбитэ. Онон билигин репертуарбыт үксэ ааспыт кэм ырыаларыттан турар. 70-с, 80-с, 90-с сылларга ылламмыт ырыалары аҕам, орто саастаах дьон истиэхтэрин  баҕараллара биллэр диэн, ол хайысханы тутустубут. 

 – Оччотугар кэнсиэргит, сүрүннээн, урукку ырыалартан турар буоллаҕа дии? 

– “Ыйдаҥалаах киэһэ” ырыа тылын биир дойдулаахпыт, Аппааны нэһилиэгиттэн төрүттээх, хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох, Спартак Эверстов суруйбута уонна матыыбын айбыта. Бу ырыа 90-с сылларга биллэн, ыллана сылдьыбыта. Оччолорго Намҥа “Хатыҥчаан рекордс” устуудьуйа баара. Ол саҕана оҥоһуллубут. Бу ырыаны соторутааҕыта эрэ саҥалыы матыыптаан, ыллаан эрэбит. Кэнсиэрбитигэр ылланыаҕа. Эдьиий Марыына “Кэскил” ырыатын фонограмматын саҥа оҥорторон ыллаары сылдьабыт. Бу ырыа кэнсиэрбит финала буолуоҕа. “Туундараны” ыллаабыппыт балайда кэм буолла. Уопсайынан, фонограмманан 3 ырыа ылланыаҕа, атыттара гитара доҕуһуолунан тыыннаах куолаһынан буолуоҕа.

Маны тэҥэ Лэгэнтэй репертуарыттан “Ол саха буолбатах”, “Нам кыыһа” ырыалар бааллар. “Нам кыыһа” киэҥник тарҕамматах ырыа, биһиги гитаранан ыллыырга арыый уларыттыбыт уонна сөбүлээн ыллыыр ырыабыт буолар. “Туйаарыма Куону” ыллаабыппыт 3–4 сыл буолла. Чэ, ити курдук уостан түспэт ырыалар ылланыахтара. Кэнсиэргэ кэлбит саастаах дьон ааспыт кэмнэрин ахтан-санаан ааһыахтара, көрөөччү, чахчы, астынар ырыа дьоро киэһэтэ буолуо диэн эрэнэбит.

– Үҥкүү доҕуһуоллаах буолан эрдэҕэ.

– Тапталлаах кэргэним, олоҕум аргыһа Римма Татаринова бэйэтэ хореограф идэлээх. Намҥа Бэдьээлэ аатынан олоҥхо дьиэтигэр үлэлиир. Кини тэрийбит “Ай-Ледис”, “Амаана” орто саастаах дьон үҥкүү ансаамбыла уонна “Үргэл” үөрэнээччи кэлэктиибэ толорор үҥкүүлэрэ туруохтара.

– Састаапкытыгар хаскытый, кимнээх баалларый?

– Биэспит. Мин салайааччыбын. Бииргэ төрөөбүт убайым Ариан Хатырык дьаһалтатыгар ыччат бэлиитикэтигэр исписэлииһинэн үлэлиир. “Хатырык ыччаттара” кэмиэрчэскэйэ суох түмсүүнү (НКО) салайан үлэлэтэр. Сайдам Мухин саамай эдэрбит, 27 саастаах. Кини 2016 сыллаахха култуура колледжын үөрэнэн бүтэрэн, мин салайар оскуолабар гитара кылааһыгар учууталлыыр. Билигин иккис үөрэҕэр кэтэхтэн муусука колледжыгар үөрэнэр. Соҕотоҕун олус табыллан ыллыыр, наһаа үчүгэй куоластаах уол. Егор Местников – Хатырык оскуолатыгар техүлэһит, Михаил Левин оскуолаҕа сопхуостуур. Онон бары Хатырыкка олороллор, айа-тута сылдьаллар.

– Бары олохтоох уолаттар буоллаххыт дии?

– Бары буолбатах. Егор – Уус Алдан Суоттутуттан, оттон Миша Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан сылдьаллар, күтүөттэр. Олохсуйбуттара ыраатта. Онтон атыттар төрүт хатырыктарбыт.

– Баһылыктаргыт сүрдээҕин өйүүллэр эбит.

– Улууспут дьаһалтата (баһ. Ю.И. Слепцов) биһигини улаханнык өйүүрүттэн астынабыт, киэн туттабыт. Ол курдук, былырыын М.К. Аммосов үбүлүөйүнэн сибээстээн уонна “ыллыы-туойа сылдьар уолаттарбытын өйүөххэ” диэн, 700 тыһ. солк. үбү көрөннөр, ансаамбылбытыгар тыыннаах доҕуһуолга анаан саҥа үстүрүмүөннэри – барабааны, гитараны, бас гитараны, электрогитараны, электробарабааны, устуудьуйа мониторун ылынныбыт. Сайдарбытыгар бэртээхэй төһүү күүс, тирэх буолар. Бэйэбит нэһилиэкпит баһылыга бэйэтэ эмиэ эдэр киһи Ю.В. Дьяконов мэлдьи өйүүр, кыаҕа тиийэринэн көмөлөһөр. Буолаары турар кэнсиэрбитигэр саҥа көстүүм тиктэрбитигэр үбүнэн-харчынан бэркэ көмөлөстүлэр.

Онон улууспут баһылыга Ю.И. Слепцовка, баһылыгы үпкэ-экэниэмикэҕэ солбуйааччы А.И. Егороваҕа, социальнай боппуруоска солбуйааччы М.С. Игнатьеваҕа, Хатырык нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Ю.В. Дьяконовка улаханнык махтанабыт. Ыччаты маннык өйүүр баһылыктардаах улуус кэскиллээх, ыччаттара түмсүүлээх буолара саарбахтаммат. Ыччат хамсааһынын өйүүллэриттэн биһиги, ыччаттар, кынаттанабыт, айар-тутар баҕабыт өссө күүһүрэр.

– Инники былааҥҥытын хайдах торумнуугут?

– Былааммыт элбэх. Улуу убайбыт М.К. Аммосов олорбут, үлэлээбит сирдэринэн – Кыргызстанынан, Казахстанынан – айаны-сырыыны ыра санаа оҥостобут, ансаамбылбытынан онно ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга кыттар санаалаахпыт.

Maxswwm 3

– Иннокентий, айар киэһэҕит толору көрөөччүлээх, дохсун ытыс тыаһа доҕуһуоллаах аастын, “Махсыым уолаттара” ааккыт дорҕоонноохтук иһилиннин!

Билсэр нүөмэр: +7 (968) 156 81 73

Кэпсэттэ
Саргылаана БАГЫНАНОВА.