Киир

Киир

Таатта улууһун Уолба нэһилиэгиттэн төрүттээх Иван Семенов – саха киинэтин сайыннарааччылартан биирдэстэрэ. Киинэ күн сирин көрөрүгэр биир саамай сүрүн оруолу оператор толорор. Иван «Таптал», «Көҥүл боотурдар» «В поисках радости», «Кэскил» (иккис чааһа), «Герои 2», «Давлят», «Кэрэл», о.д.а. дьон аймах киэҥ биһирэбилин ылбыт киинэлэригэр үлэлэспитэ.

 

IMG 3007

– Киинэ эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний?

– Оскуоланы бүтэрэн баран, биология хайысхалаах үөрэххэ киирбитим. Кэккэ биричиинэнэн үөрэхпин тохтоппутум уонна 2003 сыллаахха Санкт-Петербурдааҕы Киинэ уонна тэлэбиидэнньэ университетын ман­нааҕы салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Ол курдук, Иннокентий Аммосов маастардаах 3 сыл – Дьокуускайга, салгыы кэтэхтэн Санкт-Петербурга үөрэнэн, киинэ операторын идэтин баһылаабытым. Даҕатан эттэххэ, дьупулуомум үлэтэ саха уустарын туһунан этэ. Саха быһаҕын туһунан бырайыакпын Петербурга маастар Эдуард Арзовскай туппута. Кини мин маастарбын эмиэ үөрэппит эбит, онон икки чулуу дьоҥҥо үөрэммиппиттэн дьоллоохпун.

Өссө устудьуоннуу сылдьан тэлэбиидэнньэ эйгэтигэр үлэлээн барбытым. Биһиги бастакы маастарбыт Иннокентий Иванович тус холобурунан, быраактыкаҕа уһуйуутунан, киинэҕэ сыстан барбыппыт. Бииргэ үөрэммит Михаил Кардашевскай диэн доҕорбун кытта айар үлэбит бииргэ саҕаламмыта.

– Бастакы устубут киинэҥ ханныгый?

– Биирдэ «ДетСАТ» айар бөлөх уолаттара сибээстэспиттэрэ. Ол сайыны быһа тиритэн-хорутан, киинэ устубуппут. Бу үлэбитин тоҕус ыйы быһа чочуйан, «В поисках радости» диэн киинэни оҥорбуппут. Бастаан утаа «ДетСАТ»-тары эрэ кытта үлэлиир этим. Онтон бэйэбин атын хайысхаҕа холонон көрөргө быһаарыммытым. Инньэ гынан, Степан Бурнашев режиссердаах «Күрүөйэх» киинэни -58 кыраадыс тымныыга устубуппут. Бу киинэ ис хоһоонунан, тутулунан бу иннинээҕи үлэлэрбиттэн букатын атын буолбута. Салгыы Дмитрий Давыдовтыын биир саамай табыллыбыт бырайыакпытын – «Костер на ветру» – оҥорбуппут. Бу киинэни RED диэн үчүгэй хаачыстыбалаах хаамыраҕа устубуппут. Бу киинэ Соҕуруу Кэриэйэҕэ Пусаҥҥа тиийэ премьераланан, кыайыы-хотуу аргыстаммыта.

IMG 3009

– Киинэ уста сылдьан, араас умнуллубат түгэн бөҕө буолан эрдэҕэ. Эн саамай өйгөр олорон хаалбыт түгэннэр ханныктарый?

– Мин «Герои» киинэ уһуллар кэмигэр Аркадий Новиковтыын чугастык алтыспытым. Салгыы «Давлят» диэн киинэни устубутум. Тоҕо эрэ кинини кытта көрсүһүүбүн айар үлэм биир саамай чаҕылхай түгэнин курдук саныыбын. Аркадий Михайлович миэхэ олус суолталаах сүбэни-аманы биэрбитэ бүгүҥҥү күҥҥэ диэри олус көмөлөһөр. Аны, кини артыыс быһыытынан хайдахтаах курдук талааннааҕын «Давляты» уста сылдьан бэлиэтии көрбүтүм. Киинэ уһуллар кэмигэр онно үлэлэһэр хамаанда дьоно хардарыта сыһыаныттан үлэ хаачыстыбата улахан тутулуктаах.

– Дьэ, айар куттаах дьон биир хамаандаҕа үлэлэрэ хайдах буоларый? Бэйэ бэйэҕэ сыһыан, алты­һыы...

– Араас «оробуочай» түгэннэр баар буолуохтарын сөп бөҕө буоллаҕа. Ол эрээри, өйдөспөт түгэн, мөккүһүү үлэ былаһааккатын чэрчититтэн тахсыбат. Күннээҕи олохпутугар иллээхтик кэпсэтэбит, хардарыта көмөлөсүһэбит, доҕордуу сыһыаннаахпыт уонна үлэ үөһүгэр сылдьабыт. Бары сахалыы киинэни сайыннарар, төрөөбүт тылбытын, култуурабытын тэнитэр, туруктаах оҥорор соруктаахпытын өйдүүбүт. Холобур, бу сайын быыһа суох үлэлээтим. Этэҥҥэ буоллаҕына, көрөөччүлэр аны саастан саҕалаан биһиги оҥорбут саҥа киинэлэрбитин көрүөхтэрэ, сыаналыахтара.

– Мааҕын кэпсэтии саҕала­ныы­тыгар идэ туһунан тыл-өс баара. Эн, биолог буолар баҕалаах киһи, тоҕо киинэҕэ көһөн хааллыҥ?

– Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына төрөппүттэрим уопсай билиигэ-көрүүгэ аналлаах кинигэ бэлэхтээбиттэрэ. Мин тоҕо эрэ үүнээйигэ, үөҥҥэ-көйүүргэ аналлаах тиэмэҕэ, естественнэй билимҥэ ордук интэриэстээх курдук этим. Ол иһин атын хайысха туһунан толкуйдуу да барбатаҕым. Оннооҕор анаан-минээн экология хайысхалаах оскуолаҕа үөрэммитим. Ол эрээри устудьуоннуу киирэн баран санаам уларыйан хаалбыта. Киинэ эйгэтигэр үлэлиир баҕабын аҕам өйөөн, үөрэхпин төлөһөргө көмөлөһөн, Санкт-Петербурга үөрэттэрэ ыыппытыгар махтанабын. Киһи дууһата сытар дьарыктаах, үлэлээх буолуохтаах эбит. Мин үлэбин наһаа сөбүлүүр буоламмын, бэйэбин үлэттэн сылайа-элэйэ, кэһэйэ сылдьар киһи курдук хаһан да санаммаппын.

IMG 3012

– Оператор диэн киинэҕэ баһы­лыыр-көһүлүүр оруолу ылар испи­сэлиис буоллаҕа дии. Билиҥҥи киинэлэр хаачыстыбалара, устуулара тупсан иһэрин үгүс көрөөччү бэлиэтиир...

– Билигин араас устар хаамыралар баар буоллулар. Ол иһин хаачыстыба өттүгэр сайдыы баара өйдөнөр. Аны туран, көрөөччүлэр хаачыстыбалаах киинэни ирдиир буолан иһэллэр. Биһиги көрөөччүлэрбит олус ирдэбиллээх сыһыаннаахтар. Салгыы эттэххэ, хас биирдии киинэҕэ бүтүн хамаанда үлэлиир. Бу дьон бука бары устубут киинэлэрэ үчүгэй буоларыгар улахан интэриэстээхтэр. Биллэн турар, үчүгэй хаачыстыбаны ситиһэр туһугар элбэх сыра-хара, үлэ, кыһамньы ирдэнэр. Атыннык эттэххэ, киинэ устуутугар аатыгар эрэ сылдьан баран хамнас аахсар туһугар буолбакка, хаачыстыба туһугар үлэлиир ордук. Бу маны хамаанда өйдүөхтээх. Төһө да үп-харчы кырыымчык буоллар, биһиги – киинэ устааччылар – кыһалҕалартан самнан хаалбакка, салгыы сайдар суолу тобула сатыыбыт. Онно сахалыы киинэни сэргиир, киинэ тыйаатырдарыгар сылдьар көрөөччүлэрбит, саха дьоно-сэргэтэ күүс-көмө, өйөбүл буолаллар. Кинилэр киинэҕэ сылдьалларын тухары биһиги үүнүөхпүт, сайдыахпыт турдаҕа.

– Эн сүрүн үлэлиир бириинсибиҥ туоҕуй?

– Хас биирдии каадыр драматургиятын табыахха наада. Ол аата, хас биирдии артыыс сирэйин-хараҕын, туттуутун-хаптыытын дьоҥҥо тиэрдэр гына устар сорук турар. Ол иһин саҥаттан саҥа каадырга болҕомтону уурар, хайдах уһуллуохтааҕын эрдэ өйгөр-төбөҕөр оҥорон көрөрүҥ наада. Оччотугар эрэ үлэ тахсар. Оттон «хайдах эмэ бүтэрэ охсон барбыт киһи» диэн сыһыан баар буоллаҕына, туох да үлэ тахсыбат. Көрөөччү да ону билэр. Холобур, артыыс аһара кыһанан, толору арыллан, оруолугар киирэн итэҕэтиилээхтик толорбутун оператор куһаҕаннык устубут буоллаҕына – ол үлэ, кыһамньы барыта халтайга хаалар. Эбэтэр, артыыс ортоһуор соҕус үлэтин оператор олус үчүгэйдик чочуйдаҕына – букатын атын хартыына үөскүүр. Онон бу эйгэҕэ үлэ түмүгэр барыта хамаанданан үлэттэн тутулуктаах. Мөлтөх хамаанда устар буоллаҕына, Голливуд улуу артыыһа да кэлэн киинэни «соһон таһаарар» кыаҕа суох.

– Билигин киинэ эйгэтигэр эдэрдэр ылсар буоллулар. Күрэстэ­һиит­тэн куттаммаккын дуо?

– Ыччат бу эйгэҕэ сыстан эрэр. Холобур, «Таптал», «Костер на ветру» киинэни монтажтаабыт Петр Стручков быйыл сайын дойдутугар Бү­тэй­дээххэ бэйэтэ режиссердаан киинэ уһулла. Кинини кытта бу күһүн бииргэ бэркэ үлэлээтибит. Тус бэйэм баҕалаах ыччакка өрүү сүбэ-ама буолабын, көмөлөһөбүн. Билигин аныгы технология сайдан, ураты билиилээх, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах исписэлиистэр элбээтилэр. Ол туох да куһаҕана суох.

– Саха киинэтэ салгыы ханнык хайысхаҕа сайдыа дии саныыгыный?

– Биһиги аны фэнтези хайысхатыгар сайдыахпыт дии саныыбын. Саха норуотун аатырбыт олоҥхото барыта фэнтези буоллаҕа дии. Ол кэм өр күүттэрбэтэ буолуо. Саамай сүрүнэ – үп харчы кыаллыан наада. Биһиэхэ усулуобуйа син баар эрээри, үпкэ-харчыга сыһыаннаах кыһалҕа элбэх. Өссө худуоһунньуктар, сценаристар сайдыахтарын наада. Уопсайынан, киинэнэн дьарыктанар исписэлиистэр холбоһуктара өссө саҥа, үрдүк таһымҥа тахсан иһиэн наада.

– Иван, маны таһынан эн өссө хаартыскаҕа түһэриинэн дьарык­танаҕын. Бу туһунан кыратык сырдат эрэ...

– Хаартыскаҕа түһэрии – ураты эйгэ. Мин онно умсан дуоһуйа сынньанабын. Ордук дьон мэтириэтин түһэрэрбин сөбүлүүбүн. Ону туспа философия дии саныыбын. Даҕатан эттэххэ, билигин хаартыскаҕа түһэрээччи да, сөбүлээн түһээччи да элбэх. Онон бэйэ икки ардыгар доруобай күрэстэһии баар. Билигин хаартыскаҕа түһэрээччилэр ортолоругар «Мисс Якутия» кэрэ куолар күрэхтэрин чэрчитинэн, күрэс ыытыллар. Онно эдэр оҕолор элбэхтэрэ үөрдэр. Киһи биир сиргэ олорон хаалбакка сайдан иһиэхтээх.

– Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

– Биһиги үлэбитин сыаналыыр, сэргиир көрөөччүлэрдээх буоламмыт бигэ тирэхтээх курдук сананабыт. Биһиги эһиги тускутугар үлэлиирбитин умнумаҥ. Билиҥҥи көрөөччүлэр ордук кэмиэдьийэ жанрдаах эбэтэр киһини толкуйдатар ис хоһоонноох киинэлэри сэргииллэр. Бастаан режиссер киинэ сценарийын ыыттаҕына, бу бырайыак инники дьылҕатын сылыктаан, үөрэтэн көрөр үгэстээхпин. Биллэн турар, хас биирдии киинэҕэ халыҥ хамаанда элбэх сыраны-сылбаны уурар. Ол эрээри, сорох киинэлэр көрөөччү интэриэһин тардыбакка, туох да тыаһа-сыма суох, көҥдөй көлөһүн буолан умнуллан дьылҕалаахтар. Ол иһин киинэнэн дьарыктанар дьон үлэбитигэр эппиэтинэстээхтик уонна дууһабытын, өйбүтүн-санаабытын барытын түмэн үлэлииргэ кыһанабыт. Саха киинэтин сэргээҥ, киинэ тыйаатырыгар көхтөөхтүк сылдьыҥ диэн ыҥырабын.

– Арба, көрөөччүлэр киинэ та­ҕыста да, интэриниэккэ көрөр баҕа­лаахтар. Саха киинэтэ интэриниэккэ түргэнник тахсан тарҕанарын туох дии саныыгыный?

– Киинэ – биһиги үлэбит. Прокат хайдах барарыттан, төһө элбэх киһи сылдьарыттан биһиги дьылҕабыт быһаччы тутулуктаах (күлэр). Хайа, биһиги эмиэ тыыннаах дьон буоллахпыт дии, тугу эмэ аһаан-таҥнан сылдьыахпытын наада. Киһи үлэтэ хайаан да сыаналаныахтаах. Харчы бөҕөнү ороскуоттаан, күн-дьыл бөҕөтүн ыытан, көлөһүн бөҕөнү тоҕон баран хайдах ол үлэҕин тута интэриниэккэ ыытан кэбиһиэххиний? Эрэй – тиллиэхтээх.

Эбэн эттэххэ, «Ютуб» ханаалыгар кэлин элбэх саха киинэтэ таҕыста.

– Иван, кэпсэтииҥ иһин махтал! Үлэҥ таһаарыылаах буоллун!

Сэһэргэстэ

Екатерина АФАНАСЬЕВА.

Санааҕын суруй