Хомус дьикти алыптаах дорҕоонун хас биирдии саха куттаах киһи эт кулгааҕынан истиэн истэн, сэргиэн сэргэҕэлээн күн бүгүҥҥэ дылы кэллэҕэ... Саха хомуһуттан тыыннаах дорҕооннор саас-сааһынан сыыйыллан тахсан, дууһа кылын таарыйаллар, куту-сүрү бобута туталлар.
Сэтинньи 29 күнүгэр, Хомус нэдиэлэтин чэрчитинэн, Клавдия Ильинична Максимова – Сайыына аатынан Духуобунас киинигэр “Өбүгэм ситимин көмүс дорҕооно” (хомусотерапия) диэн хайысхалаах бэрт истиҥ-иһирэх, олус дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин ыытылынна.
Мустубут ыҥырыылаах ыалдьыттар, Сайыына уһуйаанын араас сыллардааҕы истээччилэрэ бэйэлэрин тус санааларын сайа этэн, ахтан-санаан, кэпсэтиһэн аастылар.
Сайыына уһуйаанын маҥнайгы истээччитэ, Елена Васильевна Дьячковская, аан бастаан Клавдия Ильиничналыын хайдах билсибитин, доҕордоспутун, кини хомуһунан эмтээн саҕалыыр сылларыгар 20-чэ сыл бронхиальнай астма курдук эрэйдээх ыарыыттан босхоломмут үөрүүтүн наһаа истиҥник ахтан-санаан ааста.
Итини тэҥэ, уһуйаан истээччилэрэ Духуобунас киинигэр кэлэн, хомус алыптаах дорҕоонугар сууланан, хайдах курдук дууһа ханнык эрэ түгэх биллибэт муннуктарыгар үүйэ-хаайа тута сылдьыбыт күүрүүттэн босхолонон, өйдүүн-санаалыын ырааһыран, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, арылыйан, эттиин-хаанныын чэпчээн, салгыы сырдык суолу тобулан айан-тутан олороллоругар олус көмөлөөҕүн, оннооҕор ыарахан ыарыыттан босхолонон дьолломмуттарын туһунан кэпсээтилэр. Бу курдук, Духуобунас киинигэр сүүрбэччэ сыл тухары хас өрөбүл аайы ыытыллар тэрээһиннэргэ төһөлөөх элбэх киһи хомус тыаһын көмөтүнэн туһаммыта буолуой?! Итини таһынан, Туймаада хочотун үрүҥ тунах ыһыаҕар икки күн быыстала суох ыраастаныы-арчыланыы сиэрэ-туома буоларын бары кэриэтэ билэбит.
Күн бүгүнүгэр диэри Духуобунас киинигэр хомус дьикти дорҕооно тиһигин быспакка дьүрүһүйэр, дьон-норуот туһугар үлэлиир. Киин бэһис сылын Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа тымыр киинин ыарыһахтарыгар “дьонум туһа” диэн үтүө санаанан салайтаран, хомусотерапия ыытан, үтүөрэр суолга сирдииллэр. Онуоха, ыарахан ыарыыга ылларбыт дьон сеанс кэннэ астынан, илэ-чахчы чэпчээн, сырдаан үтүө өттүгэр уларыйыылара быраастар кэтээн көрүүлэринэн бигэргэнэр.
Тэрээһин күндү ыалдьыта, СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ мэдиссиинэтин “лэгиэндэтэ”, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Земфира Макаровна Кузьмина санаатын үллэһиннэ: “Үлэлиирим тухары биэс уонча сыл устата инсуллаабыт ыарыһахтары кытта үлэлээн кэлбитим. Улаханнык ыалдьыбыт дьону эмтээ да эмтээ буолабыт да, улахан оруннаах уларыйыы суох буолааччы. Ол иһин маннык ыарыһахтарга анаан Сосудистай киин тэриллэрэ наадалааҕын өйдөөн, онно үлэлэһэн, билигин туспа Региональнай сосудистай киин арыллыбыта. Билиҥҥи кэмҥэ олус элбэх эдэр дьон ыалдьан киирэр. Хаһан да бу күн сарсын ыарыһах буолуом дии санаабакка, сүүрэ-көтө сылдьыбыт дьон... Онон оҕустарыы бөҕө буолаахтыыллар. Сырдыкка угуйар уһуйаан үлэһиттэрэ биһигини кытта үлэлэспиттэрэ номнуо биэс сыла буолан эрэр. Кинилэр бу кэм иһигэр инсулунан ыалдьыбыт дьону атахтарыгар туруорууга быраастарга көмөлөһөн, “хомусотерапия” өҥөтүнэн үтүө дьыаланы оҥоро сылдьаллар. Хомус тыаһа хас биирдии киһиэхэ туһалаах, уратытык киирэр. Эгэ, ыарыһахтарга, биллэн турар”.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа Сосудистай киинин неврология салаатын сэбиэдиссэйэ Нина Афанасьевна Васильева:“Бары билэрбит курдук, муусуканан эмтэнии диэн өйдөбүл уруккаттан баар. Муусука киһиэхэ сабыдыала сүҥкэн улахан. Сэбиэдиссэй киһи быһыытынан биһиги ыарыһахтарбытын кэлэн хомуһунан эмтииллэрин олус диэн биһириибин. Сүрдээх махталлаах дьыала. Ыалдьар дьон санаалара наһаа көтөҕүллэр, дууһалыын ырааһыраллар, чэпчииллэр. Онон бу кыттыгас үтүө үлэбит өссө да сайда, туһалыы турарыгар баҕарабын”, – диэн баҕа санаатын эттэ.
Сосудистай киин психолога Айгылаана Николаевна Кугасова: “Үлэбэр ыарыһахтарбын “хомусотерапия” сеансын иннэ уонна кэннэ кэтээн көрөбүн. Онно үчүгэй өттүгэр уларыйыы баар диэн бэлиэтиибин. Ол курдук, кинилэр биллэ холкутуйаллар. Олус чэпчииллэрин, үчүгэйдик утуйар буолалларын, санаалара тупсарын бэлиэтииллэр. Өссө нэдиэлэҕэ биирдэ буоларын мыыныах курдуктар,” – диэн астына кэпсээтэ.
Маны таһынан тыл билимин дуоктара, ХИФУ профессора Иван Егорович Алексеев – Хомус Уйбаан уонна философия билимин дуоктара, ХИФУ профессора Андрей Саввич Саввинов кэлэн ыалдьыттаатылар. Иван Егорович хомус историятыттан, хомуһу үөрэтии билиҥҥи туругун кэпсээтэ. Бу билиҥҥи уустук үйэҕэ үгэспитигэр төннүөхтээхпитин, үгэс дьоҥҥо-норуокка үлэлиир кэмэ кэлбитин бэлиэтээтэ. Бу үгэһи тутан үлэлии сылдьар дьоҥҥо Сайыына уһуйааныгар, Неврология салаатын быраастарыгар махталын эттэ. Андрей Саввич Клавдия Ильиничналыын алтыспыт кэмин ахтан-санаан, сырдатанылла. Хомус киһиэхэ ураты дьикти дьайыылааҕын чорботон эттэ.
Бу биир ытыска батан хаалар кырачаан тимир оҕото туох көстүбэт сүдү күүстээх эбитий диэн ыйытыы үөскүүр эбит буоллаҕына, аҥардас тылынан эбэтэр суругунан быһаара сатыыр быһаҕас, итэҕэтэ сатыыр итэҕэс буолуо дии саныыбын... Ол да буоллар, бу улахан тапталынан, ис сүрэхтэн тахсар иэйиинэн, дьаныардаах үлэ түмүгэ буолара саарбаҕа суох. Маны илэ бэйэтэ истибит эрэ өйдүүр, хомус алыптаах тыаһыгар уйдаран олох атын эйгэҕэ тиийэн, этигэр-хааныгар иҥэриммит киһи дьиҥ-чахчы итэҕэйэркыахтаах.
Вера Петрова, kyym.ru