Киир

Киир

Сэтинньи 30 күнүгэр Саха сирэ Хомус күнүн бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ куйаарын ситимэ барыта былыр-былыргыттан норуот дууһатын чөмчүүгүн уйата буолбут хомус дьүрүскэн тыаһынан туолар. Хомус күнэ СӨ бэрэсидьиэнэ Е.Борисов ыйааҕынан 2011 сылтан бэлиэтэнэр.

***

Бу күннэргэ хомуска Саха сиригэр аан бастакы аан дойдутааҕы Гиннесс кинигэтин рекорда олохтоммута 10 сылын туоларынан, рекорд олохтонуутугар бэйэм быһаччы кыттыбыт, харахпынан көрбүт  түгэннэрбэр олоҕуран  санатан ааһыаҕы баҕарыллар. Бу рекорд олохтонуутугар биһиги “Ситим” медиа-бөлөхпүт улахан кылаатын киллэрбитэ.

6813476e 4406 41f6 87e7 f4f5732a3fe4

Хаҥастан уҥа: тылбаасчыт А.Пахомов, Гиннесс судьуйата Клер Бергисс, М.Н. Христофорова

Ол хайдах саҕаламмытай? 2011 сыл олунньутун диэки этэ, генеральнай дириэктэрбитигэр М.Н. Христофороваҕа оччолордооҕу Хомус мусуойун дириэктэрэ Н.С. Шишигин салайааччылаах хас да киһилээх дэлэгээссийэ кэлэ сылдьыбыта. Мунньахтаабыппытыгар  Николай Спиридонович “Дьокуускайга 2011 с.  бэс ыйын 23-26 к. Аан дойдутааҕы  "Хомус аан дойду култуурунай эйгэтигэр" диэн VII  кэнгириэс-бэстибээл буолар, ол эрээри сырдатарга, дьону түмэн 1991 с. ыытыллыбыт II кэнгириэс курдук хомус тула өрө күүрүү (ажиотаж) оҥоруохпутун баҕарбыппыт кыайтарымаары гынна, көрүллүбүт бүддьүөппүт кыра, ханна барытыгар матырыйаал таһаартараары гыннахха, төлөбүр көрдүүллэр, кыаныа суохпут, эһиги Саха сиригэр биллэр, элбэх хаһыат, сурунаал таһаарар тэрилтэҕит, сырдатар пресс-киин буолуоххут, көмөлөһүөххүт дуо?” диэн көрдөспүтэ.

***

Биһиги сөбүлэһэн, Хомус кэнгириэһигэр ыытыллар тэрээһин мунньахтарга биир тэрийээччи, пресс-киин салайааччытын быһыытынан толору үлэлэһэн барбыппыт. Хомуска Гиннесс рекордун олохтуоҕуҥ диэн оччолорго СӨ Тас сибээскэ миниистирэ Валерий Максимов этии киллэрбитэ. Гиннесс ыстаап-кыбартыыратын кытта  министиэристибэ үлэлэспитэ. Конгресска бэлэмнэнии чэрчитинэн ити сыл кулун тутар 6-7 к. Саха сириттэн төрүттээх, хомус энтузиаһа Николай Соболев тэрийбит Москубатааҕы варган 1 бэстибээлигэр В.И. Максимов, М.Н. Христофорова, биллэр хомусчуттар К.А. Борисов, С.С. Шишигин уонна мин буолан, көрө-билсэ, атын дойдулар хомусчуттарын тылларын-өстөрүн истэ бара сылдьыбыппыт. В.И. Максимов тыл эппитэ, сайыҥҥы кэнгириэскэ ыҥырбыта, Спиридон Шишигин, Ким Борисов оонньоон улахан сэҥээриини ылбыттара. Мин онно Саха сириттэн илдьэ кэлбит тоҥ балыкпытын кыһан амсаталаан, үйэбэр аан маҥнай “маастар-кылаас” көрдөрөн турабын.

***

Москуба бэстибээлигэр сылдьан көрбүппүн-истибиппин, глобальнай буолан иһэр аан дойду олоҕор хомуспут тэҥҥэ хаамсан истэҕинэ күүскэ сайдыан, урукку үгэс буолбут хомуһу тардыыны сэргэ аныгы тэтим, үҥкүү муусукатын хайысхатынан бардаҕына күүскэ сайдыыһы, хомуһу, варганы сайыннара сылдьар омук элбэх эбит, онон уруккуттан сахалар хомуска инники сылдьар балаһыанньабытын бытааран, олорон биэрэн былдьатарбыт табыллыбат, өссө сайыннаран өрө таһаарарбыт табыллар диэн ыстатыйа суруйан “Кыымҥа” таһаарбытым. Ол ыстатыйабын туппутунан, бастаан хомуһу сырдатыыны босхо тэрийиэххэ диэн “Саха” НКИХ тэлэбиидэнньэҕэ дириэктэрэ Чокуур Гаврильевка барбытым. Онно кини “ыстатыйаны аахтыбыт, сөбүлэһэбит, сахалар хомуска наар бастакы сылдьыахтаахпыт,  тэлэбиидэнньэ сырдатыыга кыттар, харчы көрдөөбөппүт” диэбитэ. Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ бары сонуну тарҕатар тэрилтэрэ үөрүүнэн кэнгириэһи сырдатары, Гиннесс рекордун бэлэмнииргэ көмөлөһөр буолбуттара. Ити ыстатыйаны маҥнай Н.С. Шишигин саха үгэс буолбут сыыйа тардыытын кытта утарсар диэн “мөккүөрдээх ыстатыйа” диирэ, хаста да ырытыһан турабыт. Онтон кэнгириэс кэннэ, сыыстарбат буоллахпына, 2014 с. венгрдэр А.Силади салайааччылаах ансаамбыллара кэлэн барбытын кэннэ  киирэ сылдьыбыта. Кини улуустарынан арыаллаан илдьэ сылдьыбыт этэ.  “Сөпкө эппиккин, үҥкүү тэтимэ хомуска киирбитин дьон наһаа сөбүлүүр, ыалдьыппыт тэтимнээх оонньоон барда да, бэл, биһиги туран, онтон саала барыта үҥкүүлэһэн баран, дьон сүргэтэ көтөҕүллэр, хомуспут кэмиэрчэскэй суолга киирбитэ эмиэ сайдыыбытын арыйар эбит”, – диэн кэпсээбитэ. Хомойуох иһин, Н.С. Шишигин олохтон эрдэ туораан, элбэҕи оҥоруо хааллаҕа.

19e882c4 fa04 46f7 8d5b ee5f946ea591

Кэнгириэһи, хомус рекордун сырдатарга, дьону көҕүлүүргэ анаан “Кыымҥа” анал муннук көрүллэн, тохтоло суох хомуһу бырапагаандалыыр элбэх матырыйаал бэчээттэммитэ. Атын СМИ-лэргэ, нууччалыыларга эмиэ тахсара, араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн эмиэ хомус туһунан матырыйааллары быыстала суох таһааран барбыппыт. Омуннаан эттэххэ, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа хомус тыаһынан уһуктара, үлэтэ түмүктэнэрэ. Рекорка кыттыан баҕалаах дьон үөрэтэллэригэр анаан Гиннесс рекордугар оонньонор мелодия бэчээттэнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕанан, хомусчуттар эрдэттэн бэлэмнэнэн барбыттара.

Рекорд олохтонор күнэ-чааһа ыйыллан, баҕалаахтар бары кэлиҥ диэн илдьит барбыта. Кими даҕаны хайаан да кэлэҕит диэн ыгыы-түүрүү суоҕа. Циркэҕэ тиһэх бэлэмнэнии мунньаҕар, өйдүүбүн, чуолкай төһө киһи кэлэр диэн кыайан этиллибэтэҕэ. Тыалар бэйэлэрэ көлө булан кэлиэхтээхтэрэ. “Сарсыҥҥы күн көрдөрүө диэн буолбута, ол санаата уһун түүнү быһа долгуйуу төрүөтэ буолбута.

***

Сарсыныгар бэс ыйын 24-дүгэр  9-с саҕана циркэҕэ тиийбитим. Арай, циркэ иннин сиэрэй таас болуоссата сайыҥҥы алаас сибэккинэн симэммитин курдук, араас өҥнөөх дьэрэкээн сахалыы таҥастаах, киэргэллээх оҕолор, улахан дьон мустан ыы-быччары туолбут кэрэ хартыыната, билигин да харахпар баар.

Дьэ, онтон ааһар дьону ааҕар анал тэриллээх дьону туруортаан иһирдьэ дьону ааҕан киллэртээһин саҕаланна. Ити кэмҥэ М.Н. Христофорова аэропорка Дьокуускайга кэлбит Гиннесс судьуйатын көрсө барбыта.

Циркэ саалата аһара туолбута, сорох дьон турбуттара. Киһи сэргиэх, рекорка кытта элбэх араас омук дьоно, атын дойдулартан тиийэ кэлбит этилэр. Ааҕар тэриллэрбит 1344 хомусчут циркэҕэ киирбитин аахпыттара. Иһирдьэ судьуйа кэлиэр диэри мелодияны оонньоон боруобалааһын буолбута. Бары аан бастаан мустубут дьон түҥ-таҥ оонньоон бардаҕына, кус-хаас тойугун ким да рекорд диэбэтэ чахчы. Хата, эрдэттэн бары бэлэмнэммит буолан, барыта эҥкилэ суох толоруллубута.

***

Циркэҕэ судьуйа Клер Бергисс кэлбитэ, кини рекорду хайдах тутар быраабылатын быһаарбыта, үс эрэ холонуу бэриллэр, сатамматаҕына ылыллыбат диэбитэ. Биһиэннэрэ оонньоон барбыттара. Бастакы төхтүрүйүү кэннэ, арай судьуйабыт сүрдээх кытаанах, үлэтигэр эппиэтинэстээх этэ, эрээттэргэ үөһэ таҕыста, быыстарынан сыыдам баҕайытык балайда өр сылдьан кыттар дьон хомустара дьиҥнээҕин, сорохтору оонньотон, чахчы, хомусчуттарын  бэрэбиэркэлээтэ.

Онтон түһэн баран аан дойдуга 1344 киһилээх “Саамай улахан хомус ансаамбыла”  диэн рекорд бастакы холонуутугар ылыллыбытын биллэрбитэ.

Оттон Аан дойдутааҕы VII кэнгириэс-бэстибээл 1991 сыллааҕытааҕар да үрдүк өрө көтөҕүллүүлээх, тэрээһиннээх ааспыта. Билиҥҥэ диэри омук дьонун сөхтөрбүтүн туһунан информацияны интэриниэт эйгэтигэр элбэҕи булуохха сөп.

***

Өссө санаттахха, эһиилгититтэн Дьокуускай куорат мээрийэтин, оччолорго куорат баһылыгынан Айсен Николаев үлэлиирэ, уонна “Ситим” медиа-бөлөх, “Кыым” хаһыат тэрийиилэринэн, Мария Христофорова идиэйэтинэн:

- 2012 с. Туймаада ыһыаҕар 15293 киһи кыттыылаах “Саамай улахан оһуокай үҥкүүтэ”;

- 2014 с. Туймааада ыһыаҕар 11136 киһи кыттыылаах “Саамай улахан кымыс иһиитин туома”;

- 2017 с. Туймаада ыһыаҕар 16620 сахалыы таҥастаах киһи кэлэн “Саамай элбэх сахалыы таҥастаах дьон” диэн рекордар олохтоммуттара.

***

Кымыс рекордугар 2014 с. кэлэн кыттыбыт, оччолорго АСИ (стратегическай инициативалар ааҕыныстыбалара) “Эдэр профессионаллар” диэн хайысхатын салайааччыта Дмитрий Песков “саха мифологиятыгар” миллиардынан дуоллар көмүллэ сытар диэбитин элбэхтик ахтааччыбын. Духуобунай, култуурунай баайбыт оннук кыахтаах буолан, кыра саха норуота кылгас кэм иһигэр элбэх дьон маассабай кыттыылаах 4 Гиннесс рекордун олохтообута да бигэргэтэр.

Бу рекордар Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр төрүттээбит өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин саҥа салаатын – креативнай экэниэмикэ сайдыытын тирэҕэ буолбуттара саарбаҕа суох. Итини мин 2018 с. Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕынан холобурдуохпун сөп. Бырамыысыланнай оройуоннарга саха төрүт олоҕунан, култууратынан, аһынан, оҥоһуктарынан аҕыйах сыллаахха диэри букатын интэриэһиргээбэттэр этэ. Эгэ, сиэрбитин-туоммутун билиэхтэрэ дуо? Оннук, биһигини билбэт олох дьон ити рекортар дьайыыларын кынатыгар олорсон, Алдан ыһыаҕын дьиҥнээх сахалыы тыыннаан ыыппыттара. Дьон бары сахалыы таҥастааҕа, ол аата элбэх иистэнэр дьоммут үлэлэрэ хамнастаммыта. Онно туттуллубут хомус, саха киэргэлэ, иһитэ-хомуоһа, сахалыы тэрил барыта – саха таҥаһыгар, малыгар-салыгар тиийэ идэтийэн үлэлиир дьоммут хамнастара буолбуттара. Күн бүгүҥҥэ диэри саха таҥаһа, мала-сала сайдар, аан дойдуга тиийэ атыыланар.

***

Алданнар, бэл, сахалар төрүт сүөһү баайдаахпытын ити сыл аан маҥнай билбиттэр этэ. Саха сүөһүтүн энтузиаһа Степан Заровняев Бартыһаан диэн оҕуһу илдьибитин оҕотуттан салайааччыларыгар тиийэ “сахалар сүөһүлээхтэр эбит дуу?” диэн сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбуттар, икки күнү быһа хаартыскаҕа түһээри хаамтарбатахтар да этэ.

Ити курдук норуоппут төрүт култуурунай, духуобунай баайа тоҥ сыһыаны ириэрэн, аныгы интэриниэт үйэтигэр норуоппутун өссө да ааттата, кыахпытын өссө арыйа туруо диэн эрэнэбит.

Владимир Степанов.

 

Хомуспун илдьэ сылдьабын

 

Тус бэйэм сахабыт хомуһун кэнсиэрдэргэ, араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн кыра эрдэхпиттэн сэҥээрэн истэрим. Улаатан баран кыра-кыралаан тардан, хомуска оонньуурга үөрэммитим. 2011 с. Дьокуускай куоракка Аан дойдутааҕы хомус кэнгириэһин кэмигэр  Саха сирин хомуһун аан дойду таһымыгар өссө киэҥник таһаарар сыал-сорук туруорунан, бу кэнгириэс тэрээһинин кэмигэр Гиннесс рекордун олохтуурга быһаарыммыппыт.

Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ санаалара көтөҕүллэн, биир киһи курдук этиини ылынан, элбэх улуустартан Дьокуускай куоракка кэлэн рекорд олохтонуутугар кыттан хомуспутун аатырдарга улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ. Дойдум дьонун өйөбүлэ баар буолан хомус тардыыга Гиннесс рекордун идиэйэтэ олоххо киирбитэ.

Хомус кэнгириэһигэр 21 дойдуттан кэлэ сылдьар ыалдьыттар Саха дьоно өбүгэлэриттэн силистэнэн сайыннарбыт култуураларын саҥа чыпчаалга таһаарбыттарыттан сөҕөн-үөрэн барбыттара.

Түгэни туһанан, Сахам сирин дьонун хомус күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Үлэбинэн Канадаҕа ананан дойдубуттан ыраах тэйдим эрээри, хомуспун куруук илдьэ сылдьабын, санаатым эрэ хомуспун тардан дойдубар биирдэ баар буолар курдукпун. Бары, этэҥҥэ буолуҥ!

 

Валерий Максимов,

Канадаҕа РФ эргиэнин бэрэстэбиитэлэ.

 

Санааҕын суруй