Сэтинньи 30 күнэ – Хомус күнэ. Бу күн быйыл Хомус Аан дойдутааҕы киинэ уонна түмэлэ төрүттэммитэ 30 сыла бэлиэтиибит. Бүгүҥҥү суруйуум – саха хомуһун туһунан.
Лыҥкынас тыаскынан
Ырыаларын ыллыктаар,
Хоҥкунас ырыаҕынан
Хоһооннорун холлотоор,
Кэҕэ чуораан тойуккунан
Кэпсээннэрин кэҕэһирдээр...
А.Е.Кулаковскай.
Дмитрий Бэстиинэп:
“Национальнай омук тус уратыта көстүөхтээх”
Хомус түмэлин, киинин дириэктэрэ, эдэр салайааччы Дмитрий Бястиновы кытта сэһэргэстим. Кини кэпсээнин ааҕыҥ:
– Маннык халыыптаах түмэл Саха сиригэр суоҕун тэҥэ. Атыттар түмэл диэн ыстаатыстаах эбит буоллахтарына, биһиги түмэл уонна киин буолабыт. Ол – үлэбит хайысхатыгар көстөр.
Түмэл маҥнайгы дириэктэрэ – К.Д. Уткин. Саха мындыр киһитэ, бөлөһүөгэ. Кини оруола улахан. Түмэл атын омуктары кытта сибээһи олохтоон барбыта. Маҥнайгы улахан Кэнгириэс тэриллибитэ. Иккис дириэктэр – С.В. Иванов. Семен Викторович салайарын саҕана түмэл саҥа дьиэлэммитэ. Кини туруорсан ылбыт дьиэтигэр-уотугар олоробут. Н.С. Шишигин уонча сыл салайбыта. Өссө да элбэҕи үлэлиэхтээх, үрдүк таһымҥа таһаарыахтаах киһибит хомолтолоохтук олохтон барбыта. Саха сирин бырапагаандалааһыҥҥа, имиджин оҥорууга күүстээх үлэни ыыппыта. Ыыппыт үлэтэ бүтүн дойдуга сыаналаммыта. Хомус норуоттар икки ардыларынааҕы киинин бэрэсидьиэнэ И.Е. Алексеев – ыытар тэрээһиннэрбитигэр барыларыгар кыттыһар, сүбэ-ама биэрэр мындыр киһибит.
Күн бүгүн 9165 эспэнээттээх олоробут. Ол иһигэр 1700 хомустаахпыт. Хомуһу сэргэ документальнай матырыйааллары, докумуоннары, маллары-саллары уо.д.а. хомуйабыт, чинчийэбит. Судаарыстыбаннай тэрилтэ буоларбыт быһыытынан, былаан түһэр. Ол чэрчитинэн сыл аайы саҥаттан саҥа эспэнээт киирэн иһэр. Билигин 2030 сылга диэри торумнаммыт кэнсиэпсийэнэн салайтаран үлэлиибит. Киин буоларбыт быһыытынан, араас хайысханы хабабыт: үөрэхтээһин, билим уо.д.а. 2018 с. ХИФУ-тун кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, устудьуоннары хомуска үөрэтэргэ куурустары тэрийэбит. Биирдиилээн да дьонтон көрдөһүү киирэр. Маҥнай утаа ааптарыскай куурустаах биллэр хомусчуттары наймылаһан үөрэттэрэ сылдьыбыппыт. Харантыын буолан хаалан, ютубка түмэл ханаалга видео-уруоктары устан угабыт. Ким баҕалаах онно киирэн, көрөн, үөрэниэн сөп.
Миэхэ биир муударай киһи этэн турар: “Национальнай норуот буоллахпытына, тус уратыбыт биллиэхтээх, көстүөхтээх”, – диэн. Түмэлбит үлэлии олороро онно туоһу буолар. Омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр кыахтаах түмэл. Бу отут сыл тухары араас кэрдиис кэми ааста, сайынна. Аан дойдуга биллэр тэрилтэ буолла да диэтэхпинэ, алҕаһаабаппын. Ону дьон, норуот кэрэхсиирэ, элбэх киһи сылдьара, араас омук дойдуларыттан музыковедтар сүбэ көрдөөн суруйаллара туоһулуур.
Хомус Аан дойдутааҕы түмэлэ 1990 с. сэтинньи 30 күнүгэр тэриллибитэ. Тыл үөрэҕин билимин дуоктара, Хомус норуоттар икки ардыларынааҕы киинин бэрэсидьиэнэ И.Е. Алексеев көҕүлээһининэн төрүттэммитэ. Түмэлгэ диэн отучча хомуһу бэлэхтээбитэ. Араас сылга К.Д. Уткин, С.В. Иванов, Н.С. Шишигин айымньылаахтык салайбыттара.
Омуктар санаалара
Хомус түмэлэ, киинэ атын омуктары кытта алтыһан үлэлиир. Былырыын Монголияҕа сырыыларыгар 16-с уопсастыбаннай филиалы аспыттара, бииргэ үлэлэһэргэ дуогабар түһэрсибиттэрэ. Эмиэ бу сыл Хомус күнүн көрсө Монголияттан отучча киһилээх дэлэгээссийэ айаннаан кэлбитэ. Тэрээһин чэрчитинэн киин 15 саха ууһугар 20 хэл хууру оҥорторон, Монгуол дэлэгээссийэтигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыта.
***
Б. Амаржаргал – Монгуол-саха уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ. Саха сиригэр хаста да кэлэ сылдьыбыта. Саха хомуһун эт илиитинэн тутан-хабан, тардан турар:
– Таһыттан көрдөххө, саха уонна монгуол хомуһа үүт-үкчү курдуктар. Ол гынан баран оҥоһуллар тиэхиньикэлэрэ, таһаарар тыастара биллэ уратылаах. Кыра эрдэхпинэ дьиэбитигэр бамбуктан оҥоһуллубут хэл хуурдар бааллара. Аҕам олус үчүгэйдик оонньуура. Билигин, хомойуох иһин, умнулла быһыытыйда. Ону, дьэ, бу саҥа тилиннэрэ, сайыннара сатыыбыт. Сахалар онно кыттыгастаах буоларгытыттан олус махтанабыт. Хэл хуурбутун норуоппутугар төнүннэриэхпитин баҕарабыт.
***
Оюунчимэг Чимэд УлаанБаатар куоракка монгуоллар национальнай үстүрүмүөннэрин оҥорор хампаанньа вице-дириэктэрэ:
– Хэл хуур – эһиги хомускутугар олус маарынныыр төрүт үстүрүмүөммүт. Ол гынан баран умнуллан эрэриттэн олус хомойобут. Хэл хуурга букатын аҕыйах киһи оонньуур. Олоҥхо дойдутугар – Саха сиригэр – былырыын маҥнайгыбын бара сылдьыбытым. Хомойуох иһин, хэл хуурга сатаан оонньообоппун. Ытык кырдьаҕас дьоммут эрэ оонньуур. Олор да аҕыйаатылар. Сахалар кыра оҕоттон саҕалаан кырдьаҕаска тиийэ бары хомус тардалларын көрөн олус сөхпүтүм. Эһиэхэ анаан-минээн хомуһу оҥоруунан дьарыктанар тимир уустардаах эбиккит. Биһиги хомуспут үксүн сүбэниир курдук ыскаапка турар.
Сэдэх, дьикти хомустар
ХIХ-ХХ үйэтээҕи хомус
Саха былыргы хомустара кыра кээмэйдээх (8-10 см. уһуннаах) буолаллар. Былыргы хомустар итини дакаастыыллар. Бу хомуһу Николай Аржаков-Боло Уус уонча сыллааҕыта сахалар сайын аайы тоҕуоруһа мустар сирбититтэн, Үс Хатыҥтан, булан Хомус түмэлигэр тиксэрбитэ. Боло Уус булбут хомуһун ортотунан ХIХ-ХХ үйэтээҕи диэн быһаарбыттар. Оҥоһуллубут чопчу сылын быһаарарга хомуһу эмтэритэн ылан чинчийэллэр эбит. Ол иһин лабаратыарыйаҕа ыытары тохтоппуттар.
Эмиэрикэттэн кэлбит “Үс кут” хомус
Эмиэрикэ Бостон куоратын университетыгар үлэлиир биир дойдулаахпыт, этномузыковед Э.Е. Алексеев хааҕа угуллубут үс хомуһу түмэлгэ бэлэхтээбитэ. Чинийиинэн саҥа дьарыктанан эрэр кэмигэр Абыйга Кириэс Мойуор сэлиэнньэтигэр тиийэн умнууга хаалан эрэр саха үстүрүмүөннэрин сөргүтүүнэн дьарыктанар уус П.Е. Слепцову кытта билсибит. Кэлин, 70-с сылларга, уус Москубаҕа тиийэ сылдьан Э.Алексеевка үс хомуһу бэлэхтиир. Хаатыгар үс чыычааҕы ойуулаабыт. Ону Эдуард: “Арааһа, үс эмдэй-сэмдэй оҕолонорбун түстээн ойуулаабыт”, – диэн кэлин ахтара. Онон, үйэ аҥаара анараа өттүгэр оҥоһуллубут, өр кэмҥэ Эмиэрикэҕэ “олорбут” саха хомуһа түмэлгэ баар.
Баара-суоҕа аҕыс милимиэтирдээх хомус
Аан дойду үрдүнэн саамай кыра хомус биһиэхэ баар. Бу хомус уһуна – баара-суоҕа 8 мм.! Бу иннинэ 1,9 см. уһуннаах дьоппуон коукина (хомуһа) кыранан ааҕыллара. Хомус ааптара – Кадзимо К. 2009 с. түмэл доҕоро, варгановед Лео Тадагава бэлэх ууммут.
Бу көрөр сахалыы хоппо хаалаах, үс кэчигирэспит кыракый хомустары Чурапчы олохтооҕо, Ырыа Ылдьаа уола Никифор Неустроев оҥорон түмэлгэ бэлэхтээбит. Икки арыый обургу хомустарынан тыас таһаарыахха сөп буоллаҕына, кырата көннөрү эспэнээт эрэ быһыытынан турар эбит.
Саамай улахан хомус
Кылаассыкалыы быһыылаах-таһаалаах саамай улахан хомуһу Александр Данилов (Хаҥалас) Хомус Кэнгириэһигэр анаан уһааран оҥорбута. Эдьиий Дора алгыс тылынан арчылаабыта. Тылыттан тутан баран баҕа санааҕын эттэххинэ, туолар диэн этэллэр.
Уһуна – 98 см., тылын уһуна – 106 см.
Түмэл аһыллыаҕыттан уопсайа 57 омук дойдутуттан 1700-чэ хомуһу хомуйан түмпүттэр. Күн бүгүн түмэлгэ 9165 эспэнээт хараллан сытар. Саамай былыргы хомус 16-с үйэҕэ оҥоһуллубута биллэр. Аан дойду үрдүнэн саамай кыра кээмэйдээх хомус биһиэхэ, эмиэ бу түмэлгэ, баар. Уһуна – баара-суоҕа 8 мм.
– 1914 с. Дьокуускайга бирикээсчиктэр дьиэлэригэр 30 дьахтар сыанаҕа тахсан хомус тардыбыт.
– 1930 с. композитор А.Скрябин Саха национальнай тыйаатырыгар аан маҥнайгынан хомус ансаамбылын тэрийэн бүтүн муусука кэллэктиибэ буоларын дакаастаабыта.
– 1948 с. Л.Турнин сахалартан бастакынан Москубаҕа хомус тардан иһитиннэрбитэ, дьон биһирэбилин ылбыта.
– 1972 с. хомуска маҥнайгы симфоническай айымньыны Н.Берестов суруйбута.
Куосумаска көппүт хомус
Реворий Чемчоев-Чөмчөө хомуһа Уус Хомус кэнгириэһигэр бастаан турар. Кини хомуһун 2011-2012 сылларга “Союз” хараабыл хамандыыра Олег Кононенко куйаарга илдьэ тахсан тыаһатан иһитиннэрбитэ. Хомуспут салгыҥҥа уйдаран көтө сылдьарын көрөр дьикти этэ. Саха норуотун дьылҕатыгар эмиэ биир историческай түгэн диэххэ сөп. Куосумаска 172 суукка сылдьыбыт саха хомуһа Хомус түмэлигэр дьикти дьылҕалаах эспэнээт буолан турар.
“Дьыл түөрт кэмэ” – уус дьахтар оҥоһуга
Саха сиригэр хомуһу оҥорор соҕотох уус дьахтар баар – С.И. Акимова. Бүлүүгэ олорор. Бу көрөр хомускут “Дьыл түөрт кэмэ” диэн композия буолар. Маҥнайгы үлэлэриттэн биирдэстэрэ.
Уус дьахтар: “Чопчу төһө хомуһу оҥорбуппун аахпатаҕым. Быһа холоон, сүүсчэкэ буолуо”, – диэн кэпсээбитэ сурукка тиһиллэн хаалбыт. Хомустарын эр дьон киэниттэн ураты буоллун диэн, оҕуруонан киэргэтэн, тас көрүҥүн тупсаран биэрэр эбит. Сайыҥҥы, сааскы хомустар үрдүк, оттон күһүҥҥүлэр, кыһыҥҥылар намыһах тональностаахтар эбит.
***
Дьоҕус кээмэйдээх эрээри, “лыҥкынас тыастаах, хоҥкунас ырыалаах, кэҕэ чуораан тойуктаах” саха хомуһун туһунан суруйуубун түмүктүүбүн. Норуоппут култуурунай, духуобунай баайын сөргүтэр, сайыннарар, киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыалы тутуһан айымньылаахтык үлэлиир-хамсыыр Хомус Аан дойдутааҕы түмэлэ, киинэ төрүттэммитэ 30 сылынан бары үлэһиттэрин эҕэрдэлиибит.
Хомуспут тыаһа намыраабакка, уостан-симэлийэн хаалбакка, үйэлэргэ дуорайа турдун. Кэм-кэрдии уһуннаҕын ахсын “лыҥкынас тыаһа, хоҥкунас хоһооно” өссө чөллөрүйэн, дуорааннанан истин.
Диана КЛЕПАНДИНА.